Уруут-урут, биһиги оҕо эрдэхпитинэ “Дулҕа” сайылыкка Сааба диэн эдэрчи киһи баара. Бостуук этэ. Мааппа диэн дьахтарга дьукаах олороро. Тулаайах үөскээбит буолан дьонтон тэйиччи туттара. Оччолорго сааһа отуччата эбитэ буолуо. Биир да дьахтар аймахха чугаһаабат. Таҥаһын-сабын Мааппа бэрийэр. Аһыы ууну амсайбат, табаҕы тардыбат. Быһата, “туругурдун үлэ!” диэн сылдьар киһи.
Биир үтүө күн сүөһү үлэһиттэрин бырааһынньыгын тэрийдилэр. Ас-үөл, атыы-кутуу, ырыа-тойук буолла. Сааба ыллаһыа эбит да, биир да ырыа тылын билбэт. Мааппаҕа тастыҥ балта Туонньа кыыс айан массыынатынан кэлбит. Сытыы-хотуу кыыс. Таҥаһын-сабын уларыттан, Саабаны мааны таҥаһын таҥыннаран түһүлгэҕэ сиэтэн киллэрдэ. Биһиги киһибит кирик-хорук тутта сылдьар. Киэһэ: “Сөрүүҥҥэ хаамса түһүөххэ”, – диэн Туонньа тыл көтөҕөн хаамыстылар. Күттүөннээх кэпсэтии тахсыбата.
Эдьиийигэр икки хонон кыыс дойдулаата. Саабаны пиэрмэ үлэһиттэрэ: “Хаарыан кыыһы мүччү тутума”, – дииллэр. Суруктар кыырайа көтөллөр. Сааба биир да кэрэ тылы суруйбат. Дьэ, көлөөк киһи… Сыл курдук сырыттылар, ылбат-биэрбэт, иэппэт ынах курдук.
Нөҥүө сылыгар пиэрмэ үлэһиттэрин бырааһынньыгын күн Туонньа сарсыарда эрдэ айан массыынатын тутан тиийэн кэллэ. Урукку Туонньа буолбатах, кырааска-самааска бөҕө. Муодунай таҥас. Киэһэ дэриэбинэҕэ кулуупка таансыга бардылар. Сааба муннукка кирийэн олорор. Дэриэбинэ уолаттара саҥа кыыс кэлбитин көрөн, үҥкүүгэ ыҥыр да ыҥыр. Быһата Туонньа былааһы ылла… Үҥкүү кэнниттэн Саабатынаан сайылыкка бардылар. Саҥа-иҥэ суох. Сааба кыыһы сөбүлүүр да, таптыырын кыайан эппэт. Киэһэ кинини санаан утуйар, сарсыарда Туонньа аатын ааттаан уһуктар. Иһигэр киҥинэйэн ыллыыр идэлэннэ. Тугу ыллыырын истибит суох.
Кэлин Туонньаттан сурук кэлбэт буолла, сибээс быһылынна. Сааба үүтүн тохпут оҕо курдук сылдьар.
Биир үтүө күн Мааппа хантан эрэ сурах иһиттэ, Туонньа эргэ тахсан эрэр үһү диэн. Киһитэ уонча сыл аҕа үһү. Эмиэ да Хоту дойдуттан төрүттээх киһи дииллэр. Сааба уйатыгар дьэ уу киирдэ. Ымыы оҥостубут Туонньата ол саастаах киһиэхэ эргэ тахсан Булуҥҥа барыста. Онно тиийэн саахсаланан Болтуновтар диэн ыал буолан олороллор. Сааба эрэйдээх бэйэтэ да саарбах майгылаах киһи санаата оонньоон, табах тарпат бэйэтэ табахтыыр идэлэннэ. Мааппа дьиксинэр, аны арыгыга уйманыа диэн.
Сыллар-хонуктар хотоҕостуу субуллан ааһан иһэллэр. Сааба сааһа ыраатан иһэр… Инники олоҕун хайдах оҥостуон толкуйдаабат. Таах ээл-дээл сылдьар. Кэлтэй да буоллар Туонньа кыыһы таптаабыт эбит. Мааппаттан Туонньа хаартыскатын көрдөөн ылан, өрүү бэйэтин кытта блокнокка сыһыаран илдьэ сылдьар. Киэһэ сыллаан астынан утуйар, сарсыарда сыллаан, санаата көнньүөрэн уһуктар. Урут Туонньаҕа сэмэй муҥутаан тапталын билиммэтэҕиттэн кэмсинэр. Таах хаарга хааман, сииккэ сиэлэн сырыттаҕа. Олох табылыннаҕына табыллар.
Харыстаана КАРДАШЕВСКАЯ.
Дьокуускай к.