Учуутал диэн анал буоларын оччолорго хантан билиэхпитий? Онтон үөрэттэхтэринэ киирэн үлэлээн көрүллүө этэ буоллаҕа диэн санаа баара. Учуутал үөрэҕэр киирбиппин истэн ийэм куттаммыта. “Тыый, эн ону кыайыам дии саныыгын дуо?” (1912 с. төрүөх, паартаҕа биир да күн олорботох киһи).
Оттон мин спордунан дьарыктаммыт тулуурдаах, дьулуурдаах эрэ буолан, быста-быста салҕанан ити үөрэҕи син бүтэрбитим. Оройуон уһугар учууталынан ананан, оскуолаҕа бараары эрэ туран, били ийэм курдук куттаммытым. Арай сатамматын?.. Оччолорго ирдэбил кытаанах этэ. Үөрэҕи бүтэрдиҥ даҕаны булгуччу идэҕинэн үлэлиэхтээҕиҥ. Дипломҥун былдьыахпыт эҥин диэн куттууллара. Оччотооҕу ыччат кэнэн буоллахпыт.
Учуутал идэтэ дьикти идэ. Кыайар, сатыыр буоллаххына туох ыарахана кэлиэй? Оттон идэҕин сыыһа талан баран, киирэн буккулла-тэккиллэ турдаххына, бэрээдэги туппат буоллаххына онтон ордук эрэйдээх үлэ суох буолуохтаах.
Уруккуну саныыбын. Алыс сымнаҕас, муҥкук-кэнэн учууталы оҕо куоттарбат. Мэниктээн бөҕө биэрэрбит. Ытатарбыт даҕаны. Барахсан баран үҥсэн, тохтотоору гынар даҕаны, биһиги өссө тэбиэһирэн мэниктиирбит. Ол аны бэйэбэр кэлиэ диэн онтон ордук дьиксиммитим, куттаммытым…
Мин Булгунньахтаах оскуолатын бүтэрбитим. Эрдэтээҕи үөрэхтээх, дуоһунастаах, үтүө даҕаны учууталларга үөрэммиппит. Чахчы үрдүк таһымнаах учууталларга. Идэлэрин сөбүлүүр, үрдүктүк тутар учууталларга. Биһиги 8 кылааһы кыракый оскуоланы бүтэрэн, букатын атын ирдэбиллээх, киэҥ-куоҥ сиргэ тиийэн анааран хаалбыппыт. Көлөһүн сыттаах туспа турар спорт саалалаах, интернаттаах, оннооҕор духовой оркестрдаах. Оҕолоро билиилэрэ, сайдыылара диэн. Учууталлары утары көрүстэхтэринэ дорооболоһор этилэр (ону биһиги дьиктиргиир буоларбыт).
Оскуолаттан чугас Иванов Афанасий Егорович диэн сэдэх үчүгэй майгылаах, көрдөөх-нардаах ырыа учуутала олорбута. Саас дьиэтин иннигэр күөл саҕа хаар уута тахсара. Сарсыарда эрдэ туран, онтон көҕөнү ытан ылан баран оскуолаҕа аҕалан көрдөрөрө. Учууталлыын, оҕолуун ону көрөөрү үмүөрүһүү бөҕө буолара. Ол көрө.
Музыкальнай туох үөрэхтээҕэ буолла? Духовой оркестры үлэлэтэрэ. Оччолорго музыкальнай оскуола диэн хантан кэлиэй? Көннөрү оҕолору мунньан дьарыктыыра. Дьон кини туһунан дьиктини кэпсэтэллэрэ. “1942 с. борокуот трабын устун хоромуоскаҕа оонньуу-оонньуу киирэн барбыта. Уонна 1945 с. ол трабынан эмиэ хоромуоскаҕа оонньуу-оонньуу тахсыбыта”, – диэн. Сэриигэ тааҥкаҕа сылдьыбыт. Улахан кылааска биһиэхэ Гражданскай оборонаны үөрэппитэ. Уруок ортото биһиги теманы туора салайан, сэрии туһунан кэпсэтэр этибит. “Өр сырыттахха киһи бүөрүн үлтү сиксийэн, бүөрүм ыалдьар”, – диирэ. Европа былаһын тухары били хоромуоскатын (баянын дуу) өрүү тиэнэ сылдьыбыт. “Нууччалар барахсаттар ырыаны-тойугу алыс өрө тутар, сөбүлүүр норуот”, – диирэ.
Биһиги кыра оскуолаттан саҥа тиийэн, духовой оркестры саҥа иһиттэхпит дии. Саҥа дьылга “Түүлэй түүнү сырдатан” вальсы аан бастаан кыыһы кытта үҥкүүлээн эдэр саас этиллибэт дьиктитин аан бастаан билбиппит.
Оркестр үчүгэйгэ эрэ оонньуур буолбатах эбит. Тиийдэхпит утаа оскуолабыт директора Х.Константинов диэн кырдьаҕас оҕонньор өлөн хаалбыта. Онно оркестр похороннай маршы оонньообута ыарахан баҕайы этэ.
Күһүн колхоз төһүү үлэһиттэрин слёта буолара. Оркестр онно куруллан тиийэн “туш” оонньуура. Киһи санаатын күүрдэр өрөгөйдөөх музыкатын истэр үчүгэй да этэ. Биһиги бэйэбит дьоммутун көрсөөрү онно тиийэр этибит. Оччолорго үчүгэй таҥас-сап дефицит буоллаҕа. Убайбар маҥан өҥнөөх түү свитер биэрбиттэрэ. Онтукатын миэхэ анаабыта. Маҥан свитралаах уол хайыһардаан тэлээрэрим.
Интернакка олорон сарсыарда 6 ч. туран сүүрэр идэлээх этим. Мыраан үөһэ “өтөх көлүйэтэ” диэн кыракый чоҥолох алааска Афанасий Егорович кус манаан сытар буолара. Мин ааһа баран, төннөрбөр сыыры түһэн иһэр буолара. Ситэн ааһарбар соһуйан татакалыы түһэрэ. Наһаа көрдөөх киһи этэ. Онтун кэлэн уруокка кэпсиир: “Сима ааһан иһэрин көрө сытабын ээ. Уонна бу сырыыга баҕас соһуйуом суоҕа диибин даҕаны, син биир соһуйабын…” – диэн күлэр-үөрэр буолара.
Кэргэнэ арааһа Булгунньахтаах эбит быһыылаах. Төрдө Нам Таастааҕа эбит. Гоша, Даша диэн биһигини бараллаа оҕолордоох этэ. Гоша аҕатыгар көмөлөһөн баяҥҥа оонньуура. Даша комсомол активиһа. Андрей диэн биһигиттэн кыра уол хайыһардыыра. Уоннааҕылары билбэтим.
Мин араас сирдэринэн 30-тан тахса сыл учууталлаан аһаатаҕым дии. Ол тухары араас дьону кытта үлэлээн, алтыһан хааллаҕым. Идэлэрин толору баһылаабыт, үрдүк кылаастаах, араас эгэлгэ ааттаах-суоллаах үгүс учууталы кытта көрүстэҕим. Ол тухары бу боростуой тыа сиригэр олорор көннөрү ырыа учууталыгар тэҥнээх, биир муостаҕа туруох айылааҕы көрсүбэтим да быһыылаах. Бу киһи биллэн турар соҕотох буолбатах буолуохтаах. Силистэрэ-мутуктара сир-сир ахсын баар буолуохтаахтар. Ол эрээри сэдэх киһи. Сэдэх учуутал. Айылҕа анаан-минээн ыйан-кэрдэн ыыппыт киһитэ. Үрдүк аналларын чиэстээхтик толорбут дьон. Кинилэр аҕыйахтар.
Серафим.