Биһиги Сахабыт сиригэр биир соҕотох балыгы үөскэтэр собуот – “рыборазводный завод” Чернышевскай бөһүөлэгэр баар. Сотору-сотору НВК каналыгар көрдөрөллөр, бачча балык ыамаларын ыыттыбыт, үлэ бөҕөтүн оҥордубут диэн. Дьиҥэ ити сыаннай хатыыс, омуль курдуктар.
Тоҕо итилэр маҕаһыын прилавоктарыгар суохтарый?
Ити ыытыллыбыт ыамалар исскуственнайдык тахсыбыт буолан улааттахтарына даҕаны бэйэлэрэ искэхтэрин сатаан ыабаттар. Холобур, саха кууруссата баттаан чоппуускалары таһаарар. Онтон фабрика уонна инкубатор кууруссалара чоппуускалаабаттар. Ол курдук искусственнайдык тахсыбыт балыктар эмиэ искэхтэнэллэр гынан баран, ыыр сатабылларын сүтэрэллэр. Соҕуруу дойдуларга кинилэр товарнай, киһи сиир ыйааһыннарыгар тиийэллэр, элбииллэр. Биһиги тыйыс тымныы усулуобуйабыт төрүт атын, барсыбат.
Балыкпыт билиҥҥи туругунан суох буолбатах. Уонна биир да питомник спутник диэн көрүллүбэт. Барыта сүүрүктээх киэҥ-куоҥ сирдэринэн сылдьан, контрольнай лов диэн оҥоһуллар дуо? Мэнээх үлүгэрдээх харчыны ууга ыытааһын буолар. Эбэтэр улахан-кыра частик, сордоҥ (щука), окунь эрдэ биригээдэнэн балыктаныахтаахтар. Кинилэр сиэмэхтэр уонна кинилэр ханнык баҕарар кирдээх ууга үөскүүр буолан “индикатор загрязнения” буолаллар. Уруккута балыктааҕынан аатырар Бүлүү өрүспүт улуу Ленаҕа түһэр. Үчүгэй балыктарбыт өрө дабайан иһэн аан бастакынан Бүлүү устьетыгар киирэр эбиттэр. Мин ФАПК «Якутия» үлэлии сылдьан илэ харахпынан көрөн уу элбэҕин онно сөхпүтүм. Ефремов Петр Семеновичка, биир дойдулаахпар хоту дойду араас муннуктарын көрдөрбүтүн, элбэх табаарыстаммытым иһин барҕа махтал.
Ити иннинэ Институт прикладной экологии (ИПЭС) Севера ас кырыымчык кэмигэр үлэлээн ааспытым. Бэйэм эдэр сылдьан Тюменскай уобаласка үөрэммитим, хас семейство үөрэттэхпит аайы практикаҕа ыыталлара. Волгоградка түөрт ый Рыбный бөһүөлэккэ карповай хозяйствоҕа, осетровайга Тобольскайга, форелевайга Челябинскайга, Свердловскайга сылдьыбытым. Тоҕо эрэ атын сиргэ сылдьан наар собоҕун ахтаҕын, саныыгын. Биһиэхэ эрэ күһүн собо өллөөх буолар. Бу сүрдээх минньигэс, кини иҥэмтиэлээх свойствота, хабаҕа чыыстай белок буолар. Былыр даҕаны балыксыт оҕонньоттор собо балыгы атын күөлтэн тыыннаахтыы көһөрөллөрө. Ол өҥөтө туох да баһаам.
Бэйэлэрин дьаһанан Уус Алдан Баатаҕайдара балыксыт Федоров Николай дьиэлэрин таһыттан эп-эмис, 45х45 иҥнэр собонон аһаан олороллор. Үтүө мааны дьоммутугар, хаһан да кыайтарбат үлэлээх балыксыттарга өссө да өр сылларга кыаххытын ылларбакка, сүһүөххүтүгэр уйдара сылдьыҥ. Ыччаттаргыт, чугас дьоҥҥут тапталларыгар сууланан уһун үйэлэниҥ диэн алгыс тылбынан эттэҕим буоллун!
Октябрина Нюргуновна
КИЛИБЕЕВА.