Омтоочук Туолалыын күһүн кус оҕото көтөн эрдэҕинэ Кумах Үрэххэ кустаатыбыт. Уолум Түргэн диэн налбыгыр кулгаахтаах кусчут маҥан ыттаах. Үрэххэ киирэн саанан даҕаны, ытынан да туттаран кус бөҕөнү өлөрдүбүт. Биир көтө охтубут ийэ ууһа көҕөн оҕотун барытын ыллыбыт. Кыра соҕус ууну уҥуор-маҥаар кэһэ сырыттыбыт.
Ол сылдьан уолум:
– Оо, кус сылдьар, оо, кус сылдьар! – дии-дии аҥаар илиитинэн ууга түһүөлүүр. Оннук хаста да түһүөлээн тугу эрэ ороон таһаарда.
– Хайа, доҕор, бу тугуй?! – диэн баран үөһэ уунна. Онто доҕоор, улахан баҕайы андаатары көхсүн ортотуттан бобо харбаан турар. Андаатара тахсымаары уу түгэҕинээҕи оттон, ньамахтан тииһинэн, түөрт атаҕынан тутуһа сатаабытын барытын ороон таһаарбыта, дьэ, атын көстүү.
Ону көрөөт мин:
– Хайа, нокоо, андаатар дии! Андаатарга ытыттараайаҕын, сэрэниий! – диэтим.
– Маны хайыыбын? – киһим бэйэтэ да ыксаата быһыылаах.
– Ыытан кэбис, эбэтэр баһын маска хампы оҕус.
– Мас суох…
– Сааҥ маһыгар охсуолаа.
Уолум саатын маһыгар төбөтүн саайан андаатарын өлөрдө.
– От быыһынан боругулдьуйан барарын, мин кус сылдьар диибин ээ, – диир.
Онтубутун сүлээри, тыаҕа тахсан улахан дулҕаларга олордубут. Ыппыт мин таспар кэлэн сытта. Мин андаатары сүлэ олордум. Ытым ол сытан мин олорор дулҕам аннын диэки сытырҕаан туран кэллэ да, күүскэ баҕайы дулҕа анныгар кэлэн түстэ! Чуут түөрэ бара сыстым. Биир сара тыйааҕы тутан таһаарда. Муҥнааҕыҥ ол сыппытын, оруобуна кэлэн олорбуппут да баар ээ.
Сүөһү бүтэһик хомуурун саҕана ыкса күһүн Туола биһикки кэлэ-бара андаатарга буор уйатыгар туу угабыт. Биир күн тууларбытыттан уон алта андаатары ыллыбыт. Мин ону сүлээри кэриигэ олордум. Уолбун анараа түгэх алааһы көрдөрө ыыттым, баҕар биир эмэ сүөһү киирбитэ буолаарай диэн. Ыта иччитин батыспата, андаатар сүлүллэрин билэн мин таспар сытынан кээстэ. Сүлэ-сүлэ ыппар быраҕан биэрэ олордум. Сиппит, ийэлэрин саҕа буолбут андаатардар.
Ытым уонча андаатары бэрт түргэнник кур-хар ыстыы-ыстыы ынтах ыытан истэ. Онтон кэлин улам сымсайан бастааҥҥытын курдук ыытан испэтэ, ол эрээри син биир дьүккүйэ сытта. Бүтэһик икки андаатары тохтуу-тохтуу син сиэтэ. Иһэ бэрэмэдэй курдук буолбут. Киһи эрэ буоллар дьэ топпут. Уолум сүөһүлэр суохтар диэн кэллэ.
Дьиэлээтибит. Ыппыт ат кэнниттэн иһэр, хаала-хаала нэһиилэ сүүрбүтэ буолан ситэн кэлэр. Урукку курдук туора-маары сүүрэр эрэ мадан эрэ, нэһиилэ ат хаамыытын ситэр.
– Топпутун дьэ көрдүм, – диир иччитэ.
Таркаайы Киһитэ.