Бу сыл атырдьах ыйын 3 күнүгэр күөх экраҥҥа Сайсары күөл тумустаан киирбит арыытыгар сүҥкэн улахан Моҕол ураһаны туруорабыт, быһата архитектурнай комплекс тутулларын туһунан кэпсии-ипсии олорооччуну көрбүтүм-истибитим.
Хомойуох иһин кини аатын-суолун, дуоһунаһын көрбөккө хаалбыппын. Сайсары күөл бэйэтин туругун, ол тумустаан үөскээбит арыы хайдаҕын харахтаан да көрбөккө олорон кэпсиирэ өтө көстөрө.
Хата, Сайсары күөлү быыһыаххайыҥ диэн Мэҥэ-Хаҥалас Нөөрүктээйититтэн суруйаллар. Сайсары күөл уута ханан да салҕанан тахсыбат. Киниэхэ хантан да уу киирбэт.
Тыаҕа элгээннэри, күөллэри көрдөххө, кинилэргэ ханан эрэ от үрүйэ сүүрэн киирэр уонна хайа эрэ өттүнэн сүүрүгүрдэн тахсар. Ол аата уута сайҕанар, ыраастанар.
Оттон Сайсары күөл уута итии дьиэҕэ миискэлээх ууну ууран турар курдук. Сайсары күөлгэ үөһэттэн ардах суох, уута үөһээ көтөр. Ол иһин тумус арыы хомус ото төрдүттэн үлтү сытыйан, тыал хоту бысталана-бысталана Лермонтов уулусса диэки биэрэгэр кэлэн сыстар, мунньуллар. Муоста таһынааҕы биэрэгиттэн хомус от чөмөҕө устан кэлэн тумус арыы утары саҥа арыыны үөскэтэн эрэр. Хата, ол баар.
Дьэ ол иһин ити сытыйбыт тумул арыыны, алларанан сытыйан босхо барбытын туһунан, хомуйа тардан ыраастаан суох гыныахха наада. Оччоҕуна Сайсары күөл уута сытыйан, былыык уу үрдүгэр дагдайара тохтуо этэ.
Ол Моҕол ураһаны Красильников уулусса өттүгэр күөл кытыытыгар миэстэ баар, ол эбэтэр Ийэ искибиэригэр оҥоттордоххо да тоҕо сатаммат.
Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө Ийэ искибиэригэр 3-4-5 уол оҕолоруттан мэлийбит ийэлэр тустарынан туох да көрдөрүүтэ, чиэстээһинэ оҥоһуллубата, хаһан силигэ ситэрин туһунан иһитиннэрии суох.
Азия оҕолорун оонньуута буоларыгар сахсыллан оҥоһуллубут Сайсары күөл тулатынааҕы тротуар-суол дэлби иҥнэри-таҥнары алдьана турар, сорох сиринэн сатыы да киһи кыайан хаампат үлүгэрэ буолан эрэр. Онон саҥардан-көннөрөн оҥоруу үлэтэ наада буолбут. Биир тылынан эттэххэ, Сайсары күөл Тумус арыытыгар ханнык да тутуу-садьык ыытыллар кыаҕа суох.
Дьокуускай куорат иһигэр үс күөлү ситимниир бырайыак баар диэн кэпсээн эмиэ баар. Этэрбэс араадьыйата билигин да үлэлиир. Онон эрэ олоробут.
Дьоҥҥо чугаһыыр сыалтан эрдэттэн туох уларыйыы, хамсааһын буоларын биллэрии, сэрэтии куруутун тиһигин быспакка баар буолуохтаах.
Вера Григорьевна
НИКОЛАЕВА.
tuymaada.ru