Мин пенсиялаах, кырдьаҕас эмээхсин дьиэбэр олоробун. Сороҕор туппай-иппэй тугу эрэ гыммыта буолабын. Бу олордохпуна ааным аһылла түстэ, арай көрбүтүм сиэним барахсан сирэйэ-хараҕа күлүгүрэн, бэйэтэ сап-салыбырас буолбут. “Хайа, тукаам, хайдах буоллуҥ? Ыарыйдыҥ дуу, тугуй”, – диэн ыйытааччы буоллум. Онтукайым маннык буолбут.
Сиэним Киров уулуссаттан 16 нүөмэрдээх оптуобуска олорсубут. Лермонтов уулуссаттан биэс доруобай баҕайы көрүҥнээх эдэр дьон оптуобуска киирбиттэр. Мин сиэммиттэн бириэмэни ыйыппыттар. Сиэним Дьокуускай куоракка төрөөбүт, улааппыт, сахалыы оскуолаҕа миэстэ суох буолан нууччалыы үөрэммит буолан, ыйыппыттарыгар нууччалыы эппиэттээбит. Онтон доҕоор, били дьоммут сэттэ этээстээх маатырыны түһэрбиттэр: “Саха буолан бараҥҥын сахалыы билбэккин”, – диэн баран сутуруктара күөрэҥнээн эрдэҕинэ, сиэним эрэйдээх: “Сахалыы билэбин ээ”, – дии охсубут, нэһиилэ быыһаммыт. “Сахалыы билэр эрээригин тугу киэбирэҕин!” – диэн күргүйдээһин кытаанаҕа буолбут. Сиэним уолуйан илибирээн барбытыгар биэс киһиттэн биир аһыныгас киһи баар эбит, кини буойталаабыт. Хата хайа эрэ остановкаҕа түһэн абыраабыттар.
Сиэним кыратыттан төһө да нууччалыы иитилиннэр, дьиэбит иһигэр сахалыы кэпсэтэбит, онон төрөөбүт тылын билэр буолан быыһаннаҕа. Бэйэтэ да доруобуйата мөлтөх буолан аармыйаҕа ылбатахтара. Сахалыы билбэтэ буоллар кырбаныа эбитэ буолуо, манныгы санааммын кутталбыттан бэйэм салыбыраан ыллым.
Мин сахалыы санаалаах төрөппүттэргэ сүбэлиэм этэ. Төһө да нууччалыы оскуолаҕа оҕолоргут үөрэммиттэрин иһин, дьиэҕитигэр сахалыы кэпсэтиҥ. Эбээлэр, эһээлэр, сиэннэргитин кытары нууччалыы саҥаран муҥнанымаҥ. Сахалыы билбэт саха оҕото эрэйи көрүүһү. Атын сиргэ бардаҕына төрөөбүт тылын билбэт эбит диэн омуктар убаастыахтара суоҕа. Бэйэтин дойдутугар туора көрүллүөн, куһаҕаны баран эттэххэ холуочук дьонтон атаҕастаннаҕына да көҥүлэ. Оннук эрэ буолбатын. Үтүөнү, этэҥҥэни эрэ баҕарыаҕыҥ.
“Киин куорат” от ыйын 9 күнүгэр тахсыбыт хаһыакка герой-ийэ Дария Фёдоровна Яковлева суруйуутуттан быһа тардан билиһиннэрэбин. Дьокуускайга оҕолорун сахалыы үөрэтиэн баҕарар төрөппүттэр олус элбэх кыһалҕалары көрсөллөр. Быйыл икки сиэним сахалыы кылааска хапсыбакка, нууччалыы барарга күһэлиннилэр. Билиҥҥи оҕо тулалыыр эйгэтэ барыта нууччалыы кутуллан киирэ турар буолла, онон нууччалыы иэҕиэхтэрин баҕараллар. Ордук кыралар. Ону “эбээ, эһээ отой сахалыы эрэ өйдүүллэр” диэн сокуоннаахпын. Ол иһин төрөөбүт тылларыттан тэйбэттэригэр биһиги кылааппыт эмиэ баар дии саныыбын.
Герой-ийэ Дария Фёдоровна Яковлева саха дьонугар-сэргэтигэр холобур буоллун.
М.С. ПОПОВА.
tuymaada.ru