(Учуонай санаатын үллэстэр)
“Совхоз сайдыы харгыта буолла, аан дойдуну фермер аһатар” диэн туос сымыйаны туойбут, коллективнай хаһаайыстыбаларбытын ый ыһыаҕа, күн көмөрө гыммыт дьон республикаҕа саамай убаастанар дьон буоллулар. Биир да түмсүү кинилэрэ суох барбат буолбута ыраатта.
Дьэ, буолар да эбит! Республиканы салайбыт, ол аата республика олохтоохторун дьылҕаларын быһаарбыт салайааччылар М.Е.Николаев, В.А.Штыров, Е.А.Борисов тыа сирэ – ол аата олохпут төрүтэ, тылбыт, культурабыт уйата эстэн эрэрин көрбөтүлэр, быыһыыр суолу көрдөөбөтүлэр.
Мин колхозка 12 сыл үлэлээбит киһи, оройуон салайааччытын быһыытынан 10 сыл тыа сирэ сайдыытын салайбыт киһи республика хаһыаттарыгар суруйан көрөбүн да тааһы ууга бырахпыт курдук. Тыа сирин олохтоохторо да, республика салайааччылара да дьүлэйдэр, отой хайдах да буоллун диир курдуктар.
1917-1922 сылларга Саха норуота 0,7% үөрэхтээх, алаастарынан ыһыллан олорор норуот этибит. Ону улуу В.И.Ленин уонна И.В.Сталин советскай автономияны биэрэн, сайдар аартыкпытын ыйан, суолбутун солоон биэрбиттэрэ. Бу суолу тутуһан сахалар сайдыы чыпчаалыгар тахсыбыппыт. Ону төлө тутан саха нацията норуот быһыытынан эстэр суолга аҥаар атаҕынан үктэммитэ ыраатта. Хайдах норуот быһыытынан быыһанабыт диэн боппуруос турар!
Сахалар бу дойдуга 11 үйэ саҥатыгар ынахтаах, сылгылаах, козалаах, барааннаах, тэбиэннээх кэлбиттэрэ. Саха сирин кыыдааннаах кыһынын саха ынаҕын кытта бииргэ дьиэҕэ куустуһан кыстаан быыһаммыттара, саха сылгыта бэйэтэ хаһан аһыыр кыахтааҕа арыллыбыта. Ол саханы быыһаабыт ынахпытыттан биир тыһыынча төбө хаалла дииллэр. Сахалар баайбыт – ынахпыт уонна сылгыбыт. Олор эһиннилэр да саха нацията симэлийэн, сүтэн хаалыаҕа. Ону унаарбат дьон биһигини салайан кэллилэр.
Улуу В.И.Ленин уонна И.В.Сталин ыйбыт коллективнай хаһаайыстыба сахалары саха гыммыта, аны да атын быыһанар суолбут суох. Бастаан сири таҥастыыры, сири сатаан туһаныыны баһылыахха наада (акционернай общество, корпорация, консорциум). Биһиги бааһынабыт Россияттан биир дууһаҕа тиксэрэ икки төгүл кыра. Россия иэнин 20% ылар республикаҕа сүрэ да бэрт буолбат дуо? Оҥоһуллубут сиргэ тирэҕирэн элбэх сыллаах оту, бурдугу ыһан бөдөҥ сүөһү, сылгы, сибииньэ, көтөр хаһаайыстыбаларын сайыннарар суол арыллар.
Ааспыт олохпут холобурун билэр дьон билигин да элбэхтэр. Кинилэри сатаан туһаныахха, үлэлиир-олорор усулуобуйаларын тэрийэн, ытыс үөһэ түһэрэн – бу дьыаланы өйдүүр, өйүүр, сатаан тэрийэр дьону көрдүүр, булар, туһанар кэм кэллэ. Норуот былааһын кэмигэр салайар кадрдары иитэр үлэ бөҕө барара. Ол холобура остуолбутугар сыттаҕа. Ону ылан туһанар эрэ хаалла. Ону өйдүүр өй тобуллара, сайдара, тупсара наада буолла.
Республикаҕа ону өйдүүр салайааччы наада. Винокуров, Борисов,Чиряев курдук салайааччылар эрэ республиканы өрө тардыахтара.
Лазарь ФИЛИППОВ,
философскай наука
доктора, профессор.