Саха ынаҕа аан дойдуга саамай бастыҥ хаачыстыбалаах эт-үүт бородууксуйатын биэрэр. Үүтүн сыата 6-8 % буолар, муҥутаан 12 %-ҥа тиийэр. Маннык үрдүк хаачыстыбалаах үүт аан дойдуга ханна да суох.
Этэ-сыата омега-3 витаминнаах, саамай минньигэс амтаннаах буолар. Бородууксуйатын хаачыстыбатынан саха ынаҕар тэҥнэһиэхтээҕэр, чугаһыыр да атын боруода сүөһү суох. Маннык көмүстээҕэр да күндү сыаналаах кылааты уктан олороммут сатаан өйдөөбөккө, сатаан туһаммакка сылдьабыт. Ол биричиинэтэ биир. Биир төбөттөн хайдах да буоллун, саамай элбэх үүтү ыахха диэн өйдөбүлтэн буолар.
Холобур, маннык. 4000 литр үүтү биэрэр ынах, 2000 литр үүтү биэрэр ынахтааҕар икки төгүл элбэҕи аһыыра чуолкай. Физика сокуонун албыннаабаккын. 2000 литр үүтү биэрэр икки ынахтан холбоон 4000 литр үүтү ылабын. Аһылыктарын ороскуота тэҥнэр. Биир ынах биир төрүөҕү – биир идэһэни биэрэр. Икки ынах икки төрүөҕү – икки идэһэни биэрэр. Биир идэһэ дуу, икки идэһэ дуу хайата барыстааҕый? Үчүгэйдик ырыҥалаан ааҕан-суоттан көрдөххө, итинник түмүк тахсан кэлэр. Ити сүөһү бородуксуйатын себестоимостан аахтахха итинник буолар. Ханнык баҕар бородуксуйа себестоимостан ааҕыллыахтаах. Оччоҕо эрэ сөптөөх сыана бэриллэр, биир төбөттөн буолбатах.
Биир төбөттөн диэн сыыһа өйдөбүлтэн сылтаан саха ынаҕын олох орто дойдуттан эһэн суох гына сыстыбыт. Ону хата Эбээн-Бытантай улууһа баар буолан, саха ынаҕын тыыннаах хааллардылар. Саха омугу улахан сааттан-сууттан быыһаатылар. Ол иһин бу улууска дьоруойдуу үлэлээн, саха ынаҕын тыыннаах хаалларбыттарын иһин “Хотугу сулус” (“Полярная звезда”) уордьаны наҕараада биэрэр саамай сөптөөх. Дьон-норуот үлэтэ бэлиэтэниэхтээх.
Саха ынаҕа туспа, ураты сыаналаах боруода буоларын быһыытынан кини бородууксуйатыгар регион иһигэр туспа стандарт оҥоруохпутун наада, сыаналаах боруода диэммит. Саха ынаҕын регионтан таһаарар сатаммат. Ол оннугар саха атыыр оҕустарын соҕуруу ыытан, атын боруодалары тупсарыахха сөп.
Биһиги тымныы айылҕаҕа олоробут, ол иһин элбэх калорийдаах үүтү, сүөгэйи, арыыны, сыалаах эти сиэхтээхпит. 600 кг ыйааһыннаах боруода ынах ороскуота уонна 300 кг ыйааһыннаах икки саха ынаҕын ороскуоттара тэҥнэр. Физика сокуонун албыннаабаккын. Логика итинник кэпсиир, ону туох диигитий?
Саха ынаҕын хотоно
Саха ынаҕа кыһын таһырдьа тахсан аһыан, чэччийиэн наада. Инньэ гымматаҕына кэхтиэ, төннүө, атын боруодалартан туох да атына суох буолуо. Ол иһин киниэхэ маннык хотон наада: хотон ойоҕоһугар биир ынах батан тахсар ааннардаах. Холобур, алта ынах биир аанынан таһырдьа килиэккэ күрүөҕэ тахсан кэлэллэр. Онно күнүс сиир отторо ууруллан бэлэм турар. Онтон ууну хотоҥҥо иһирдьэ уулууллара сөптөөх. Маннык буоллаҕына эрэ урукку хатарыытын (закалка) ыһыктыа суоҕа. Салгыы манна ким туох санаалааҕын бэйэҕит суруйуҥ, кэпсээҥ.
Михаил ТИМОФЕЕВ.
Төл. 8-924-871-64-79.
Амма-Дьокуускай.