Саха эр дьоно мөлтөҕүн туһунан араас кэпсээн аһара элбэх. Дьыбаан «сэрииһиттэрэ» да дииллэр, уопсастыба олоҕор кыттыспаттар да дииллэр, былааһы барытын дьахтарга туран биэрбиттэр дииллэр. Пикеккэ. миитиҥҥэ отой сылдьыбаттар, үлэлиэхтэрин баҕарбаттар, үлэлээбэттэр. Оҕо курдук дьахтарга иитиллэн олороллор, ордук ити куорат эр дьонугар сыһыаннаах.
Ол гынан баран батсаапка суруйалларыгар өйдөрө, күүстэрэ-уохтара, куолулара сүрдээх. Олох-дьаһах бары салааларыгар сороҕор билбэт да эрээри санааларын этэллэр, мөккүһэллэр, этиһэллэр, ыыстаһаллар даҕаны.
Ол дьиҥинэн туох да куһаҕана суох. Эр дьон батсаапка көхтөөхтөрүн курдук олоҕу тупсарарга киирсэллэрэ буоллар ордук туһалаах буолуо этэ.
Быйыл куорат эр дьоно Ойуун Саасканы көмүскүүр пикеттэргэ, миитиннэргэ, РФКП ыытар пикеттэригэр, миитиннэригэр отой кыттыбатылар. Былырыын саха эр дьоно «Триумф» уораҕайга бэркэ мустубута. Саха эр дьоно дьэ уһуктаары гыммыт дуу диэн үөрэ санаабыппыт кэлин отой уостан хаалла. Сахалары уһугуннарыах бүрээт Дмитрий Баиров, Дед Мороз, Ворон курдук суруналыыстарбыт, блогердарбыт, Краснодартан Марина Мелихова курдук сокуонньуттарбыт суохтар.
Куоракка саха эр дьоно дөрүн-дөрүн саха сүрүн көтөҕөр оһуокайы ыыталлар. Бастакы оһуокайы дьон сиилээбитэ, мин эмиэ соччо сэргээбэтэҕим. Итинник түргэн тэтимнээх ойутуулаах, ыһыылаах-хаһыылаах оһуокай баар үһү дуо, оһуокайы буортулууллар диэн буолбута. Кэлин хаста да көрөн баран санаам уларыйда, наар эр дьон мустан оһуокайдыы сылдьаллара көрүөххэ үчүгэй эбит. Куоракка итинник оһуокайы сотору-сотору ыыталлара буоллар бэрт буолуох эбит.
Чеченнэргэ эмиэ чечен эр киһитин буойун сүрүн көтөҕөр үҥкүү баар. Баһылыктара Рамзан Кадыров салалтатынан аксакалларын мунньан, ыллыы-ыллыы үҥкүүлүүллэр. Чеченнэргэ буойун сүрэ төһө күүстээҕин бэйэҕит билэҕит.
Мин маннык этиилээхпин: аны сайын ыһыах кэмигэр Чочур Мыраан үчүгэй көстүүлээх сиригэр улуустартан биирдии оптуобус (сүүрбэлии) эр дьону мунньан С.Зверев туруоруутугар «Хотой үҥкүүтэ» эбэтэр «Батыйа үҥкүүтэ» 700 эр дьонноох саха эдэр ыччатын сүрүн көтөҕөр ыһыылаах-хаһыылаах үҥкүүнү тэрийиэххэ. Батыйаны биир кээмэйдээх, биир оҥоһуулаах, биир өҥнөөх гына маһынан оҥоруохха. Куорат чугаһыттан элбэх эр дьон кэлэр буоллаҕына киһи ахсаанын 1000-чаҕа да тириэрдиэххэ сөп.
Дмитрий АНИСИМОВ.
Сунтаар.