Учууталым И.П.Пономарёв суруйуутугар санааларбын салгыы суруйабын.
Суверенитет туһунан хара ааныттан сымыйа диэн аһаҕастык этэрим, Б.Н.Ельцин билбэтэ кэлиэ дуо, күлүү гынан “төһөнү ыйыстаргытынан ылан көрөөхтөөҥ” диэбитэ ону туоһулуур дии! Биһиэхэ былааска олорор дьон уонна кинилэр аймахтара ой-бото өлүүскэҕэ (приватизация) тиксибиттэрин ким билбэтий-көрбөтүй? Дьон көнөтө, көнтөрүгэ кур бэйэбит көммөккө олорон хааллахпыт.
Дьон көнөтүн, көнтөрүгүн “хайа муҥун, оттон холумтан иннигэр сылдьыбыттар үтэһэлэрэ туолан, туораан биэрдэхтэринэ биһиги күммүт-күөнэхпит тахсаа ини” диэн алы гынабын.
Башкирдар, татаардар өмүрэх курдук сопхуостарын ыһан үрүө-тараа тарҕаспатахтара, күн бүгүнүгэр диэри чэчирээн олороллорун истэбин. Бу улахан омуктартан Чечня сэриитигэр биир даҕаны байыаннай саа тутан кыттыбатаҕа. Шариат сокуона көҥүллээбэт диэн матыыптаан.
Дьыала ис биэтэһин билбэт дьон “90-с сылларга оннук куһаҕаннык, маннык дьадаҥытык олорбуппут” дииллэр. Үөгүлүүр, хаһыытыыр харчы ол кэмнэргэ алмаастан-көмүстэн киирбитин бэлиэр умуннугут дуу? Ю.Н.Прокопьев Хаҥаласка сылдьан «Саха сиригэр үс бүддьүөт баар буолла – официальнай, внебюджетные ассигнования уонна иэмэ-дьаама биллибэт саарбах фондалар тэрилиннилэр» диэбитин эт кулгаахпынан истибитим.
Тыый доҕор, суверенитеттаах дьон оттон омоллоон олоҕун олордохпут, ый ыһыаҕын ыстахпыт дии! Туоннанан (?!) көмүһү умна илик инигит? Алын араҥа киһитэ ыал устун барыахпын ынахтарым абыраан тураллар. Биир киилэ үүппүн икки бухааҥка килиэп сыанатыгар батарар этим. Күн бүгүнүгэр 100 солк. буолар ини лиитэрэ үүтүм, бу кыра дуо саха киһитигэр. Өссө ынаххын үчүгэйдик көр, аһат уонна барыыста киллэрин диэн төбөҕө 35 тыһ. биэрэр буоллулар дии, быйылгы дьылтан.
Мин саҥарылла-саҥарылла, үөҕүллэ-үөҕүллэ санныбынан сүгэн, автобуска тиэллэн үүппүн батарар этим. Ээ, биһиги култуурнай иһиттээх үүтү, кэлии үүтү атыылаһабыт диэн киэбирэр дьон элбэх этилэр. Бэйи эрэ, үүт хас күн аһыйбакка турарый диэн ыйыттахха, билбэт муҥнаахтар өссө элбэх этилэр. Хам-хаадьаа даҕаны буоллар син өйдөөх, үтүө ыаллар бааллара Покровскайга. Үлэһит киһини өйүөххэ, үүтүн атыылаһыахха диэн өйүүллэрин, ама, хайдах умнуомуй? Аны туран биир кууруссаны ииппэтэх, ынах хайа өттүнэн ыанарын билбэт Россия үтүөлээх фермердэрэ эмиэ Покровскайга баалларын билэбин. Сатаа даҕаны саһыл саҕалан, бай-тай сирэйгин буорга даҕаны анньан туран диэн ыҥырыы баарын умна илик инигит?
Ф.С.Тумусовы Селекционнайга быыбардааччылардыын көрсө кэлэ сырыттаҕына «Эһиги пятай колонна дьоноҕут быһыылаах, САПИ, САЮРИ диэн омуктуу ааттааххыт, сахалыы-нууччалыы аат баранан» диэн өһүргэтэн турардаахпын. Онон куоласпын В.А.Штыровка биэрбитим, адмирал уола Россия патриота буолуохтаах диэнинэн салайтарбытым.
Чоппууска кууруссаны үөрэппэт диэн баар эрээри, мин алын араҥа киһитэ учууталбар үөрэтэр курдук этэбин: билиҥҥи кэм учуонайдарын төрүт итэҕэйимэ, омук тылын билбэт учуонай – учуонай буолбатах диэн сэбиэскэй кэмҥэ көрдөбүл баарын ким даҕаны тохтото, уурата илик эбээт, Иван Петрович! Үүт себестоимоһын сатаан ааҕан таһаарбат учуонайы биир бэйэм бэрт киһигин ээ диэмээри сылдьабын. Сыыппара сымыйата элбэх буоллаҕа, үүт сыатын (жирноһын) хайдах-туох дьаабылаан, уруһуйдаан таһааран үүт туттарааччыга төлүүллэрин ис дьиҥин билэммин кэлэйэн сиргэ силлээн турардаахпын. Сымыйа сыыппараны хатайдаан байбыт-тайбыт, аакка-суолга тиксибит кыыкынайдааҕар элбэҕин бэйэҥ билэн олордоҕуҥ. Покровскайга дьиҥнээхтик үлэлээн аһыыр, о.э. сүөһү көрөн харах таһаарынар дьон бааллара эрээри, күн бүгүнүгэр биир таджик ыала хаалла сүөһүлээх-астаах дэнэр ыал. Дьон сүрэҕэ суох буолла. Дьон найыланна. Уонна киһи киһиэхэ олус кырыктыйда, ордук санаһыы, бэрт былдьаһыы төтөлө суох төлө барда.
Ынахтаах эрдэхпинэ миигин ордук санаан уонна өһөөн “ынахтарыҥ уулуссаҕа сылдьаллар, маҕырыыллар, саахтыыллар” диэн үөҕэр, саҥарар этилэр. Эһиги курдук дармоед буолбатахпын, чиэһинэйдик хара үлэнэн аһаан олорор киһибин, киэбиримэҥ диэн хардарсар буоларым.
35 тыһыынча биир ынах төбөтүгэр босхо кэлэрэ олус үчүгэй диибин. Кылах гыннаран өрдөөҕүтэ ынахха 10 тыһ. солк. биэрбиттэрэ тиийбэт тирии, тарпыт тараһа буолбут тыа киһитигэр мыыныыта суох харчы этэ. Били бириллиэннээх чорооммут курдук биэрбит харчыларын төттөрү көрдөөн ылбаталлар бэрт буолуо этэ. Учууталым саас сааһынан сааһылаан, ханнык даҕаны учуонайдааҕар ордуктук, өйдөнүмтүөтүк быһааран биэрбитэ тоҕо үчүгэйэй. Иван Петрович дьыала ис биэтэһин, үөнүн-көйүүрүн, сыыппаратын сымыйатын билэр буолан суруйарын толору итэҕэйэбин. Биир эмэ таныктаах соҕус «Сахастат» үлэһитэ бу хаһыаты түбэһэ түһэн ааҕара буоллар ньии диэн баҕа санаабын суруйабын эрээри, эрэл суох ээ. Тойон-хотун норуот хаһыатын «Туймааданы» куттанан аахпаттар. Аны туран И.П.Пономарёв миниистир буолуон баҕарар эбит диэн ыйылаһан, ыыстаһан турдулар ээ сорох дьоммут. Мин ытык кырдьаҕас М.Н.Сибиряковы эппэппин.
Иван Петрович курдук чиэһинэй, көнө, билиилээх-көрүүлээх, дьоҥҥо үтүө сыһыаннаах, сааһырбыт даҕаны киһи миниистиринэн үлэлиирэ тоҕо сатаныа суохтааҕый диибин. Учууталым этии эбэтэр тыл дэгэтигэр ити курдук суруйбута буолуо диэн сэрэйэ саныыбын, миниистиргэ наһаа дураһыйбатах буолуохтаах.
Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр дьон сүүлүгүн, киһи түөкүнүн, албынын талан ылан үлэлэтэр тэрилтэлэрэ буолла дуу диэн ыйытык турара уолдьаспата дуо?
Күн бүгүнүгэр тылга тииһэн амбициялаах, ньоҕой, предприниматель (өрүскэ) дьону өрө тутан маннык олоххо кэллибит диибин. Саахар тойор үлэ киһи аайы тиксибэтэ биллэр, хара үлэни үлэлии үөрэниҥ, киһи баайыгар, киһи ордугар ымсыырымаҥ диэн үөрэҕэ суох саха оҕонньотторо үөрэтэр буолаллара тыаҕа оттоһо сырыттахха.
Саха сирин иччилээн олорор, киэҥ сиринэн тарҕанан олорор олохтоох омуктар биһиги сахалар буоллахпыт. Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар сүрүн идэбитин сүтэрдибит даҕаны эстэр-быстар аакка барарбыт ыраахтан буолуо суоҕа. Төрүт сирбититтэн, төрүт дьарыкпытыттан, төрүт аспытыттан тэйдибит, араҕастыбыт даҕаны саха буолан бүтэбит.
И.П.Пономарёв суруйуутун толору биһириибин, ылынабын, сөбө бороҕон диибин. Учууталым көрдөһүүтүн ылынаҥҥыт – суруйуҥ, санааҕытын аһаҕастык этиҥ диэнинэн сурукпун түмүктүүбүн.
Ермолай СКРЯБИН.