Саха тыллаах, спорду, ырыаны сэргиир киһи барыта билэр, ытыктыыр, сүгүрүйэр киһитэ, СӨ норуодунай артыыһа А.М.Алексеевы кытта эрдэттэн болдьоһоммут Бэчээт дьиэтигэр көрүстүбүт. Ол төрүөтүнэн Саха норуодунай поэта Л.А.Попов төрөөбүтэ сүүс сылын туолуута. Леонид Попов үс хоһоонун ааспыт үйэ 70-с сылларыгар биллэр-көстөр, сэргэхтик иһиллэр ырыалардаах мелодист Аркадий Алексеев ырыа гынан көтүппүтүн истэрим.
Аркадий Михайлович солото суох кэмэ да буоллар бириэмэ булан кэпсэттибит. Кини 1963 сыллаахха Москубатааҕы И.В.Сталин аатынан Киин физкультурнай-спортивнай институту бүтэрэн кэлбит. Дойду тэбэр сүрэҕэ – Москуба эдэр киһиэхэ спорт специальноһын таһынан культура, искусство эйгэтигэр элбэҕи биэрбитин махталынан ахтар. Ол курдук музыканы интэриэһиргиир буолан үөрэнэр сылларыгар олохтоох артыыстар кэнсиэртэрин таһынан, бырааттыы социалистическай республикалартан уонна араас омук дойдуларыттан кэлэр бастыҥ гастрольнай бөлөхтөр кэнсиэртэрин көтүппэккэ көрөр эбит. Ол түмүгэр: «Тоҕо саха ырыатыгар, музыкатыгар үҥкүү түргэн тэтимэ, вальс, танго суохтарый?! Олору хайаан да киллэриэххэ наада эбит», – диэн бигэ санааҕа кэлбитин этэр.
Дойдутугар кэлэн физкультура уонна спорт эйгэтигэр идэтинэн үлэлээн уонна саха ырыатыгар эстраднай хайысханы киллэрэр санаатын толорорго ылсан барбыт. Ол курдук ити сылларга Чурапчыттан төрүттээх СГУ биолого-географическай факультетын устудьуона Н.Поповтуун тапсан үлэлээбиттэр. Николай Попов тылларыгар 11 ырыа суруллубут, оччолорго эдэр ыччат уостан түһэрбэккэ ыллыыр ырыалара.
Аркадий Алексеев поэт Л.Попов 1968 сыллаахха айбыт «Ардах» диэн хоһоонугар суруйбут мелодията түргэн тэтимнээх ырыалары айарга ылсыбытын биир холобура этэ диир. Ити ырыа мин студеннаабыт кэммэр, ааспыт үйэ 70-с сылларыгар ылланар аххан этэ. Түмсэ түһэн ыллаатыбыт даҕаны, турукка киирэн Аркадий Алексеевы үтүктэн тэтимнээхтик үөһэ-аллара түһэрэн-таһааран ыллыырбыт. Кырдьыга даҕаны, ол үөрэнэр сылларбытыгар сайын Дьокуускайга, «кууран турбут куоракка» түһэр ардахтар олох Леонид Попов хоһуйбутун курдуктара, Аркадий Алексеев тэтимнээх музыката ону оруобуна доҕуһуоллуура…
«Илиибин уунабын Эйиэхэ» ырыа музыката суруллуутун өттүттэн эмиэ туспа хараастыылаах, кутурҕаннаах эбит. А.М.Алексеев үөлээннээҕэ, доҕоро, музыка эйгэтигэр биир идэлээҕэ, талааннаах мелодист, баянист, ырыаһыт Валерий Ноев айар үлэтин үгэнигэр, 36 сааһыгар сылдьан соһуччу өлбүтүгэр наһаа хараастан, курутуйан: «Доҕорум кэриэһигэр хайаан даҕаны ырыа суруйуом», – диэн бэйэтигэр андаҕар бэриммит.
Дьэ, онтун толорон, доҕоро суох буолбутун эһиилигэр, 1976 сыллаахха поэт Л.Попов хоһоонун булан бу мелодияны суруйбут. Барыта орун-оннугар курдук буолбут эрээри биир мунаарыы үөскээбит. В.Ноев Амма Алтаныгар төрөөбүт, онон Л.Попов хоһоонугар баар «Эн киириэҥ билигин Бүлүүгэр… » диэн строка хайдах даҕаны сөп түбэспэт эбит. Ол иһин Аркадий Михайлович Леонид Андреевыһы элбэх командировкаларга бииргэ сылдьан билэр буолан телефоннаан барытын быһаарбыт, ити мунаарбыт строкатыгар «Бүлүүгэр» диэн тылы В.Ноев Алтанынан Амманы кытта сибээстээҕин быһыытынан «Аммаҕар» диэнинэн солбуйарыгар сөбүлэҥ көрдөөбүт. Онуоха Леонид Андреевич сөбүлээбэтэҕэ тута биллибит, саҥарбатах. Оттон телефонунан быһаарсыы буоллаҕа, салгыы олуйсан, кэмниэ-кэнэҕэс: «Чэ буоллаҕа, хайыахпытый», – дэппит.
Дьэ, ити курдук «Илиибин уунабын Эйиэхэ» диэн тылынан-өһүнэн, мелодиятынан киһи дууһатын кылын таарыйар, дириҥник долгутар ырыа суруллубут, тута дьон-сэргэ кутун туппут. Аркадий Михайлович чочумча саҥата суох олорболоон баран: «Бу биир табыллыбыт ырыам дии саныыбын», – диэтэ, онтон салгыы кэпсээн барда.
Леонид Попов «Сурук» диэн хоһооно сэрии бүппүтүн эһиилигэр суруллубут буолан мелодия айарбар хайдах эрэ санаабар оччотооҕу кэми ойуулаан көрбүтүм. «Уоттардаах күндэлэс түннүктэр умуллан көҕөрөн истилэр, маҥан хаар үрдүгэр күлүктэр барыаран, харааран түстүлэр» диэн поэт этэн кэбиспитин төрөөбүт Лоомтукабар түүн дьиэҕэ чүмэчилэр саба үрүллэннэр оннук буоларын бу баардыы харахпар көрөммүн, харааста ахтаммын, мелодия бэйэтэ бу тиийэн кэлбит курдуга. Хайа уонна таптал суруга буоллаҕа, иэйии хайдах кэлиэ суоҕай диэн Аркадий Михайлович киниэхэ эрэ баар куолаһынан быһааран кэбиһэр.
Л.А.Попову кытта А.М.Алексеев дьиҥинэн чугаһаспыта ырааппыт эбит. Ол курдук инньэ 1956 сыллаахха, ол эбэтэр 63 сыл анараа өттүгэр онус кылаас уола Аркадий Алексеев Сунтаар поэта Иван Алексеев тылыгар «Тойбохой» диэн дириҥ иэйиилээх, төрөөбүт дойдунан киэн туттуу туойуллар ырыатын айбыт. Ити ырыа Леонид Попов төрөөбүт дойдута Тойбохой гииминин курдук ыллана-туойулла сылдьар. Манна сөҕөҕүн үчүгэй ырыа-хоһоон өлбөт-сүппэт үйэлээҕин.
Кэпсэтиэхтээх тиэмэм бүтэ быһыытыйан көрсүһүүбүтүн түмүктүөх курдук буолбутум, Аркадий Михайлович ырыа суруллуутун туһунан элбэҕи кэпсиир-ипсиир санаалаах кэлбит эбит. Онон сайыҥҥы сарсыарда Бэчээт дьиэтин иннигэр бэрт хойуутук үүммүт үөт талахтар анныларыгар турар олорорго лаппа табыгастаах гына оҥоһуллубут ыскаамыйаттан турбакка сэһэргэһиибитин салҕаатыбыт.
Аркадий Михайлович аа-дьуо кэпсии олордо… Ырыаны ыллыҥ да айан кэбиспэккин, үлэлээн, эрэйдэнэн суруйаҕын. Мин ырыаны сүрэхпинэн-быарбынан, дууһабынан ылынар хоһооннорбор эрэ суруйабын, ону дьэ бэйэм талабын. Поэт миэхэ уруттаан иһэр, ол эбэтэр эрдэ суруллубут хоһооҥҥо музыка айабын. Ырыа айар кэммэр дууһам ырааһырар, хайдах эрэ үөһэ көтүөх курдук чэпчиибин. Мелодиябын күүскэ ыллыы-ыллыы чочуйабын, ол ханна баарбыттан тутулуга суох буолар. Баҕар ваннай да хос, кухня да буолуон сөп.
Аркадий Михайлович чочумча тохтуу түһэн, ааспыт кэмнэри эргитэ санаан ылла быһыылаах. Салгыы сэһэргээн барда…
…Биллэн турар барыта эриэ-дэхси буолбатаҕа. Саха музыкатыгар киирэ илик тиэмпэлээх, эстраднай хайысхалаах ырыалары суруйталаан барбыппар уонна ону дьон-сэргэ, ордук ыччат уостан түһэрбэккэ ыллаан барбытыгар оччотооҕу культура эйгэтин иилиир-саҕалыыр биллэр-көстөр дьон сэргии көрсүбэтэҕэ. Ол курдук 1967 сыллаахха эн ырыаларгын истээри гыналлар диэн «Дом народного творчества» ыҥырдылар. Тиийбитим 18 литература, искусство үлэһиттэрэ бааллар, ол иһигэр билэр да дьоннорум көстөллөр. Мунньахпыт мин ырыаларбын истии буолбакка мин айар үлэбин дьүүллээһин сиэринэн киэҥ кириитикэлээх, мөҕүүлээх-этиилээх буолла. Итиниэхэ биир идэлээхтэрим, оччоҕо биллэр мелодистар Денис Данилов, Дмитрий Михайлов («Уоттаах түүҥҥү Дьокуускай» музыкатын ааптара), о.д.а., поэттар, композитордар да «күннээтилэр». Холобур, Николай Попов «Суолга» диэн мин саныахпар бэртээхэй хоһоонугар «Ыраах күүтэр доҕорум санааларбар элэҥниир» диэн строкатын поэт Савва Тарасов сөбүлээбэтэх. «Бу поэзия буолбатах, эн дьиҥнээх поэттар тылларыгар ырыа айыахтааххын», – диир. Композитор Николай Берестов «Күһүҥҥү серенада» ырыабын сахалыы матыып буолбатах диэн кириитикэлээтэ.
Онно саха ырыатын атын тыынныыр хайысхаҕа ылсан эрэр киһини ууга-уокка түһэриигэ миигин Д.Барашковаттан ураты ким даҕаны уҥуохтаахтык көмүскэһэн көрбөтөҕө. Дьоммун истэн, бэйэм кырдьыкпын көмүскэнэн көрөн бараммын, абараммын: «Ыллыырбын боппот инигит!» – диэтим. Ити кэнниттэн тута оччотооҕуга сэргээн ааҕыллар «Эдэр коммунист» хаһыакка мин айар үлэбин кириитикэлээн ыстатыйа таҕыста. Ити кэмҥэ мин дууһам, сүрэҕим, этим-хааным барыта дириҥ иэйиигэ куустаран, умайан күүдэпчилэнэ сылдьар кэмэ этэ буоллаҕа. Ол да иһин ити мунньах «кириитикэтин» ылыммакка Москубаттан ыра санаа оҥостон кэлбит хайысхабын тутуһан өссө күүскэ үлэлээн, айан-суруйан барбытым.
Ол курдук 1969 сыллаахха «Сүрэхтэр кэпсэтэр кэмнэрэ», «Аан дойду ыччатын сүрэҕэ», «Хайа хаһан кэлэҕин» диэн норуокка сэргэммит ырыаларбын суруйталаабытым. Бу кэмҥэ миигин мелодист Павел Акимов өйөөбүтэ, оттон биллиилээх журналист, публицист Леонид Левин «Саха ырыатын революционера буоллуҥ», – диэн ааттаан хайҕаабыттаах. Итинтэн ыла айар үлэм норуокка эрэ буолбакка, тустаах специалистарынан, культура эйгэтин салайааччыларынан сыаналанан харах хатанар, кулгаах сэргээн истэр мелодиһа, толорооччута буолан барбытым. Ол курдук 37 сааспар Саха комсомолун лауреата буолбутум, республикабыт улахан делегацияларыгар киирсэммин араас сирдэринэн сылдьыталаабытым, ырыабын-тойукпун элбэх оройуон олохтоохторугар, нуучча да, Сэбиэскэй сойуус атын да омуктарыгар иһитиннэрбитим.
Аркадий Михайлович эмиэ тохтоон ылла. Талах быыһыгар чыычаахтар чыбыгыраһаллар, санаабар ырыа туһунан кэпсэтиини сэргиир курдуктар. Аттыбытынан ааһар дьону батыһыннара көрө-көрө кэпсээнин салҕаан барда… Ырыа суруйуута бу икки киһи сыралаах үлэтэ – поэт уонна мелодист. Баарыан эппитим курдук миэхэ поэт инники, үөһэ сылдьар. Ол гынан баран ырыа суруллуута айар үлэ буоллаҕа, онон хардарыта толорсон, ситэрсэн биэрии баар буолар. Ити Л.Попов «Илиибин уунабын эйиэхэ» диэн ырыата суруллубутун курдук хабааннаах. Тапталы төкүнүтэ сылдьан хоһуйбут норуодунай поэт П.Тобуруокап тылларыгар 16 ырыаны суруйбутум. Кини «Маҥан мастар» хоһоонугар музыка суруйарбар поэт «балерина мастар» диэн строката ырыаҕа хайдах эрэ толоостук иһиллэр курдуга, ол иһин Петр Николаевичка эттим: «Оттон бу строканы «Үҥкүүһүт хатыҥнар» диэтэхпитинэ хайдаҕый?». Пётр Николаевич ойон турда, өттүгүн охсунна: «Кырдьык даҕаны, хайдах мин бу тылы булбатахпыный?! Олус үчүгэй!» – диэмэхтээтэ.
Норуодунай поэт Семён Данилов «Саха үҥкүүтэ» хоһоонугар «Алаас тыала аҥыс гынар» диэнин мин: «Алаас тыала ил гынар» диэтэххэ хайдах буолуой?» – диэбитим. Онуоха Семен Петрович: «Алаас тыала аҥыс да, ил да гыныан сөп буоллаҕа. Ол эрэн, үчүгэй ырыаны суруйбуккун, итинник да буоллун», – диэбитэ, хайҕаабыта. Бу ырыа 1972 сыллаахтан ыллана сылдьар, үчүгэйдик иһиллэр. Ити курдук поэт уонна мелодист биир ситим буолаллара ырыаны тупсараллара саарбаҕа суох. Манна өссө эбэн кэпсээтэххэ норуодунай поэт Иван Гоголев тылларыгар мелодиятын суруйбут «Туйаара» ырыам аата адьас атына, сорох строкалара да билигин ылланалларын курдук буолбатахтара. Хоһоон аата «Тамара» диэн этэ, нуучча кыыһыгар анаммыт буолан «куп-кугас», «күөх харах» диэн тыллар бааллара. Олору иккиэн сүбэнэн уларытан, билигин «Туйаара» диэн ааттанан ылланар.
Аны туран мелодист сөбүлээбит хоһоонугар мелодия айыллан ыллана сырыттар да иккис, үһүс да киһинэн бэйэтин матыыбын айыан сөп. Олоххо оннук элбэх. Холобур, мин Семён Данилов «Доҕоруом, дабай күөх сыырдаргын» хоһоонугар мелодиям талааннаах, сахаҕа сэдэх бас куоластаах ырыаһыт, мелодист Фёдор Лобанов кэнниттэн иккис матыып буолар. Роман Атласов тоҥ да сүрэҕи уулларыах дириҥ иэйиилээх тыллардаах «Хайа хаһан кэлэҕин?» диэн хоһоонугар мин Христофор Максимов уонна Иннокентий Чахов кэннилэриттэн үһүс киһинэн матыып айбытым. Маныаха иккиэннэриттэн сөбүлэҥнэрин ылан баран суруйбутум. Роман Атласовы билэр киһим этэ. Мелодия суруйар кэммэр кыыһа Аидалыын кэпсэтэ сылдьыбытым. Аҕата бу хоһоону 1959 сыллаахха өлөр ыарыытыгар сытан суруйбут эбит. Онон буоллаҕа, мелодия айарбар адьас атын турукка киирэн ылбытым, ураты иэйиигэ киирбитим, билэр киһибин олох атын харахпынан көрбүтүм. Ол иһин бу ырыа санаарҕабыллаах, курутуйуулаах, ол эрэн таптал күүһүгэр эрэли үөскэтэр мелодиялаах буолбута.
А.М.Алексеев кэлиҥҥи сүүрбэччэ сыл эдэрдэри ырыа, музыка эйгэтигэр уһуйааччы быһыытынан таһаарыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар. Маныаха кини аан бастаан тэрийбит, этэргэ дылы ыллаан-туойан сири-сибиири бараабыт «Айан» ырыа ансаамбылын ахтан ааһар тоҕоостоох буолуоҕа. Аркадий Михайлович эдэр дьонтон тэрийбит «Айыллыа» ансаамбылын үтүө тылынан ахтар. Сэттэ сыл ыллаабыттар, саҥа ааттар тахсыбыттар. Олор истэригэр билигин бэйэлэрэ туспа суоллаах-иистээх, СӨ үтүөлээх артыыстара Сахаайа, Александр Бурнашев, Анастасия Готовцева бааллар. Салгыы кини көрбүт-истибит эрэ сэҥээрбит, сэргээбит «Дайар сахалар» ансаамбылы тэрийэн элбэх эдэр ырыаһыты ырыа-тойук аартыгар таһаарбыта.
Кэлиҥҥи кэмҥэ тэрийбит 11 киһилээх, оркестрдаах баяннаах ырыатын ансаамбыла дьон-сэргэ биһирэбилин ылбыт. Онно СӨ үтүөлээх артыыһа Анастасия Готовцеваны таһынан эдэр ырыаһыттар Кирилл Матвеев, Сунтаартан Айаал Кириллин, Байбал Семёнов уола Аскалон Семёнов, Маайа Сергина, Сарыада, Умсуура Ченянова бааллар, талааннарын чочуйаллар. Аркадий Михайлович бу сүүрбэччэ сыл иһигэр 40-ча эдэр ырыаһыты уһуйан, бэлэмнээн таһаардаҕым буолуо диэн астынан ахтан ылар.
А.М.Алексеев адьас оҕо эрдэҕиттэн, оскуолатааҕы сылларыттан музыканы, физкультураны уонна спорду тэҥинэн тутан дьарыгырбыт, олорго улахан ситиһиилэммит республикаҕа тарбахха баттанар дэгиттэр талааннаах киһинэн биллэр. Ол курдук тохсуска үөрэнэ сылдьан чэпчэки атлетикаҕа рекортары олохтуур, үөһэ ахтан ааспыппыт курдук «Тойбохой» ырыатын онус кылааска сылдьан айар. Спордунан утумнаахтык дьарыгырыыта, онно ситиһиилэниитэ Москубаҕа И.В.Сталин аатынан Киин физкультурнай-спортивнай инститка үөрэнэр сылларыгар буолбут. Аркадий Михайлович спорт 6 көрүҥэр 30-ча рекорду олохтуу сылдьыбыт. Олортон үҥүүнү быраҕыыга уонна пятиборьеҕа 1965 сыллаахха олохтообут рекортара күн бүгүҥҥэ диэри куоһарылла иликтэр.
Аркадий Михайлович аны үөрэҕин бүтэрэн кэлэн «Урожай» физкультурнай-спортивнай уопсастыбаҕа үлэлии сылдьан Саха сирин норуоттарын спортивнай оонньууларын, өссө аан бастаан Саха сирин олимпийскай оонньуулара диэн ааттаан төрүттэспит дьонтон биирдэстэрэ буолар. Ол киэҥ, интэриэһинэй историческай чахчы быһыытынан туспа кэпсээн.
Аны А.М.Алексеевы дэгиттэр дьарыктардаах диэбиппитин биир бигэргэтиитинэн кини бэйэтэ сүүрэн-көтөн, кэпсэтэн-ипсэтэн, үп-ас, сэп-биргэл булан, дьон-сэргэ көмөтүнэн тэрийбит экспедициялара Саха сирин араас, дьикти айылҕалаах муннуктарыгар тиийэн 18 киинэни устубута буолар. Аркадий Михайлович Ньүүйэҕэ уонна Лена төрдүгэр тиийэ сылдьыбатаҕыттан хомойорун этэр. Бу үлэлэрэ үрдүктүк сыаналанан Аан дойдутааҕы бириэмийэнэн бэлиэтэммиттэр.
Сэрии сылларын оҕото А.М.Алексеев ол аас-туор сылларга Кэбээйигэ көһөн тиийэн тыыннаах хаалбыттарын махталынан ахтар. Ийэтэ, аҕата сорсуннаах сонордьут, байанайдаах булчут, бааттаах балыксыт буоланнар быстарбатахтар, 4 оҕолорун аччыктаппатахтар. Кинилэри балык уонна куобах этэ быыһаабыт. Кэбээйигэ 1943-1947 сылларга олорбуттар.
Саастаах, аһыыны-ньулууну билбит, хайа да былааска биһирэммит киһи буоларын быһыытынан А.М.Алексеев билиҥҥи олоҕу уруккуга тэҥнии тутан бэйэтэ санаалардаах. Кини дьон наһаа куолулуурун, үчүгэй туох да суох, туох барыта куһаҕан диир кэмэлдьилэммитин сөбүлээбэтин этэр. «Үлэлиир киһи дьоллоох, мин 9 сааспыттан үлэҕэ-хамнаска сыстыбытым», – диэбитин истэ олороҥҥун, ол да иһин бу мин иннибэр маннык толуу, дьоллоох киһи кэпсии-ипсии олордоҕо диэн бигэ санааҕа кэлэҕин. Билиҥҥи олоҕу айар үлэһиккэ уустук кэм диэн сыаналыырын этэр. Урут ай-суруй, барыта баара, суол аһаҕас этэ: айар дьиэлэргэ, санаторийдарга путёвкалар, дьиэ-уот, даача. Билигин ити өттүнэн кырыымчык соҕус буолбутун этэр.
Спортсмен, культура үлэһитин быһыытынан Аркадий Михайлович киһи хайа да кэмҥэ бэйэтин көрүнүөхтээх диэн бигэ бириинсиптээх. Арыгыны отой иһимэҥ диэн бобор сыыһа, киһи кыратык иһиэн сөп буоллаҕа диэн олоҕу олорболообут киһи санаалаах. Кини спордун 36 сааһыгар тохтоппутун, арыгы иһэн баран хаһан да сценаҕа тахсан ыллаабатаҕын этэр.
Ырыа суруллуута ахтан ааспыппыт курдук икки өһүөттэн – поэт тылыттан уонна мелодист матыыбыттан турар эбит буоллаҕына, кини киэҥ эйгэҕэ тахсыытыгар, онно биһирэниитигэр эбэтэр сириллиитигэр үһүс өһүө оруола улахан. Ол ырыаны толорооччу буолар. Аркадий Алексеев мелодист быһыытынан биир уратыта кини ырыаларын бэйэтэ толоруутугар сытар. Кини толоруута чахчы да хатыламмат уратылардаах, үөһэ-аллараа түһэрэн-таһааран, киллэрэн-таһааран ыллыыра истээччини абылыыр күүстээх, сүрэҕи-быары уулларар иэйиилээх.
Аркадий Алексеев ырыаларын атын толорооччулартан биир бастыҥнарынан биллэн турар СӨ үтүөлээх артистката Раиса Захарова буолара. Манна эбии кими эрэ ааттыыр күчүмэҕэй курдук. Толорооччулар бааллар, ол эрээри кинилэр Аркадий Алексеев ырыатын бэйэтин эбэтэр Раиса Захарова толорууларыгар син биир тиийбэт, ырыа матыыбын уратытын истээччигэ ситэ-хото тиэрдибэт курдук ыллыыллар. Маныаха мин баҕар сыыстарарым буолуо, билбэтим…
Ирэ-хоро кэпсэтэ олорон Аркадий Михайлович төрөөбүт-үөскээбит Лоомтукатын таптыырын, быыс-арыт булла да дойдутугар тиийэ турарын, биир дойдулаахтарынан киэн туттарын биллим. Кини улаханнык өрө күүрэн күүдэпчилэммэккэ, биир тэҥник, лоп-бааччы саҥаран кэпсии олордо. Онно бастатан туран саха улахан атыыһыттара, баайдара, меценаттара Манньыаттаахтар, Лепчикэптэр Лоомтукаттан силистээхтэрин-мутуктаахтарын санатта. Салгыы С.З.Борисов, Р.Г.Васильев, Валериан Васильев, Владимир Ларионов, Семён Назаров курдук Саха сиригэр эрэ буолбакка бүтүн дойду үрдүнэн биллэр-көстөр дьон ааттарын киэн тутта ааттаталаата. Оттон Лоомтукаттан соҕотох норуодунай артыыс Аркадий Алексеев аатын төрөөбүт сирин кулууба сүгэр эбит.
А.М.Алексеев айымньылаах, таһаарыылаах үлэтэ сыаналанан 65 сааһыгар СӨ норуодунай артыыһын бочуоттаах аатын ылбыт. 1996 сыллаахха Дьокуускай куорат Ытык Киһитин, онтон быйыл СӨ Ытык Киһитин бочуоттаах ааттарын сүгэр чиэскэ-бочуокка тиксибит. Бу улахан ааттары кини спортсменнартан уонна мелодистартан бастакынан сүкпүтэ элбэҕи этэр. Маныаха Аркадий Михайлович бу үрдүк ааттар айар үлэтигэр-хамнаһыгар ирдэбилин лаппа үрдэтэллэрин, норуотун иннигэр эбээһинэһин эбэллэрин этэр.
Чахчы да оннук. Аркадий Михайлович ырыатынан-тойугунан дьонун-сэргэтин үөрдэ-көтүтэ, санааларын көтөҕө сылдьар. Ол курдук Аркадий Михайлович Дьокуускай куорат ыһыаҕар Анаабыр улууһун түһүлгэтигэр ыҥырыллан, бэйэтин ансаамбылынан тиийэн ыллаан-туойан кэлбиттэр. Онтон атырдьах ыйын бүтүүтүгэр Лоомтукаҕа кини ырыаларын толорууга күрэҕи иилээн-саҕалаан тэрийэн ыыппыт. Аны алтынньы 23 күнүгэр биир дойдулааҕа, доҕоро, талааннаах мелодист, умнуллубат куоластаах ырыаһыт Валерий Ноев төрөөбүтэ 80 сылыгар аналлаах «Симэн сытар харахпар» концерт-испэктээкили тэрийэн ыытар. Ити курдук үлэ үгүс, былаан да элбэх.
Инньэ 1967 сыллаахха Аркадий Алексеев айар үлэтэ ситэ өйдөммөккө, онно суоҕунан мөҕүллэн, мөрөйдөнөн баран, абаран: «Ыллыырбын боппот инигит!» – диэбитин толорон үйэ аҥаарыттан ордук кэмҥэ өссө сытайан туран айан-суруйан, ыллаан-туойан кэллэ. Билигин киэҥ кэскиллээх үлэнэн дьарыктанар, бэйэтин баай үөрүйэҕин ыччакка биэрэр.
Валериан НИКОЛАЕВ,
РФ Суруналыыстарын сойууһун, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ.