Россияҕа билигин хас мөлүйүөн киһи баара арааһа чопчута биллибэт быһыылаах дии саныыбын. Хаһыакка суруйалларын ааҕан, кэтээн көрдөхпүнэ бары атын-атыннык суруйаллар. Тойоттор этэллэринэн, Россияҕа 145 мөлүйүөн киһи олорор диэн кэпсииллэр. Оттон көннөрү дьон суруйарынан, букатын атыннык, чэ, быһата, билиҥҥи Россияҕа букатын аҕыйах киһи олорорун суруйаллар. Икки киһи суруйуутугар этиллэр, Россияҕа бүгүҥҥү күҥҥэ баара-суоҕа 70 мөлүйүөн киһи олорорун этэллэр. Аны бу дьон суруйаллар: “Бачча аҕыйах дьонноох буолан баран, тойотторбут Украинаны кытта сэриилэһэ сатыыллар”, – дииллэр.
Украинаҕа 45 мөлүйүөн киһи олорор, бачча элбэх киһи сэрии буоллаҕына сытан биэриэхтэрэ суоҕа дииллэр. Иэдээн бөҕө буолуо, хохоллары кыайбаттара биллэр дииллэр. “Россияҕа төһө элбэх хохуол олороро биллибэт, олор бэйэлэрин дьонун көмүскээн, Россия иһиттэн өрө турдахтарына, дьэ, хайдах буолабыт?” диэн суруйбуттара оруннаах. Сытан биэрбэтэ буолуо.
Оттон биир суруйууга Путин үлэлээбит сүүрбэ сылыгар, Россия дьоно 27 мөлүөйүөн киһинэн аҕыйаабыт үһү, билигин тоҕус уон сэттэ мөлүйүөн эрэ киһи баар диэн быһаарбыттар. Бу кылгас кэмҥэ бачча элбэх киһи суох буолбута иэдээннээх быһыы буолбатах дуо? Сорохторо өлөн туораабыттара биллэр. Онтон үксэ эдэр ыччат дьон хас эмэ үрдүк үөрэхтэнэн баран, үчүгэй үлэ булбакка, атын дойдуга баран үлэлии сыдьаллар эбит. Россияҕа кырдьык киһи ахсаана аҕыйаабытын үөрэҕэ суох да буолларбын, сахалыы өйбүнэн итинник түмүгү оҥоһуннум. Барытын аҕа тойоммут Путин этиилэрин истэн, ырытан, көрөн баран маннык түмүккэ кэллим:
Бастакытынан, уонтан тахса сыллааҕыта, тойоммут дьаһалынан, бүтүн дойдубут үрдүнэн биэрэпис ыыттарбыта. Ыаллары кэрийэн да, ыҥыртаан да биэрэпис оҥорбуттара да, ол түмүгүн истибиппин тоҕо эрэ өйдөөбөппүн, син кэтэһэ сатаабытым эрээри. Тоҕо биллэрбэтэхтэрэ биллэр. Тойоттор этэр 145 мөлүйүөн киһи Россияҕа баар дииллэригэр олох ыраах тиийбэтиттэн, ити түмүгү биллэрбэтэхтэрэ итинтэн көстөр дии санааҕа киирбитим.
Иккиһинэн, тойон Путины тэлэбиисэргэ уу харахпынан көрбүтүм, эт кулгаахпынан истибитим. Биһиэхэ араас дойдуттан кэлэн, омук ыччаттара, биһи университеттарбытыгар үрдүк үөрэххэ киирэн үөрэнэллэр. “Бу дьон үөрэхтэрин бүтэрдэхтэринэ дойдуларыгар ыыталаамаҥ, биһиэхэ Россияҕа хааллараргыт булгуччулаах, барыларын үчүгэй харчылаах үлэнэн хааччыйыҥ, хас биирдиилэригэр олорор дьиэни булан биэртэлээҥ”, – диэбитэ. Россия дьонун ахсаана лаппа аҕыйаан, тойоммут итинник дьаһал биэрдэҕэ.
Үсүһүнэн, дьахтар оҕо төрөттө да, хас оҕо аайы харчы биэрэр буоллулар. Биирдэ санаан көрдөххө үчүгэй курдук, бары да үөрэн өрүкүнэһэбит. Путин үтүө тойон ханна да суоҕун курдук көрөбүт, хайҕаа да хайҕаа. Оттон мин сахалыы өйбүнэн анаардахпына, бу Россия дьоно сиэрэ суох сыл аайы аҕыйаан иһэриттэн, дьиҥэ ол туох аанньа буолуой дьахталларбытын харчынан көөчүктээн, оҕо төрөттөрө сатыыллара. Россия дьоно лаппа аҕыйаабыта мантан дьэҥкэтик көстөр. Маны мин бэйэм олорор кып-кыра Арыы Толоонум дьоно мин эдэр эрдэхпинэ уонна билигин сааһыран олорон, ыаллар урут уонна билигин хастыы оҕолоохторун санатан аастахпына барыта ыраас муус үрдүгэр ууруллуо. Россияҕа урут уонна билиҥҥи кэмҥэ хас киһи олороро биллиэ.
Уҥуоргу ыаллартан саҕалыыбын.
1) Мария, Иннокентий Степановтар – 8 оҕо.
2) Татьяна, Семен Мекюрдяновтар – 11 оҕо.
3) Екатерина, Прокопий Сыромятниковтар – 9 оҕо.
4) Маруся, Семен Сыромятниковтар – 5 оҕо, аҕалара букатын эдэригэр мас кэрдэ сылдьан, оһоллонон олохтон туораабыта, онтон атын элбэх оҕолонуо этилэр, дьоруой да буолуохтара хааллаҕа.
5) Евдокия, Петр Сыромятниковтар – 5 оҕо.
6) Ариша, Иван Сыромятниковтар – 4 оҕо.
7) Мария, Лазер Балановтар – 6 оҕо.
8) Мария, Федор Винокуровтар – 9 оҕо.
9) Софрона, Степан Тегюрюковтар – 4 оҕо.
10) Домна, Афанасий Степановтар – 4 оҕо.
11) Клавдия, Павел Балановтар – 5 оҕо.
12) Ариша, Василий Мекюдяновтар – 9 оҕо.
13) Евдокия, Иннокентий Атаковтар – 7 оҕо.
14) Екатерина, Гаврил – 8 оҕо.
15) Анна, Павел Гоголевтар – 3 оҕо.
16) Христина, Николай Степановтар – 5 оҕо.
17) Анна, Афанасий Степановтар – 6 оҕо.
18) Марфа, Екатерина, Роман Балановтар – 4 оҕо (бастакы кэргэниттэн 2 оҕолооҕо).
19) Клавдия, Власий Степановтар – 5 оҕо.
20) Анна, Валентин Федоровтар – 5 оҕо.
21) Клавдия, Михаил Чаприннар – 6 оҕо.
Аахпыккыт курдук урукку ыаллар итиччэ элбэх оҕолоох этилэр. Билигин элбэх оҕолоох ыал аҕыйах, ортотунан 2-лии, З-түү эрэ оҕолоохтор. Былыр да, билигин да тыа сирин ыала куорат ыалларынааҕар элбэх оҕолоохтор этэ. Дьэ мантан көстөн тахсар буолбатах дуо?
Мин үөрэх суох киһитэбин, итинник уу сахалыы өйбүнэн анааран, Россияҕа хас киһи олорорун быһаара сатаатым, хайдах да 145 мөлүйүөн киһи буолар кыаҕа суох курдук. Ити биир үөрэхтээх киһи суруйбута сөп курдук диэн бэйэм сыаналыыбын. 97 мөлүйүөн киһи баара олохтоох буолуон сөп дии саныыбын.
Охчут Талыман.
tuymaada.ru