Бу алтынньы ый 8 чыыһылатааҕы түмүгүнэн республикабытыгар 238 киһи коронавируснай инфекциянан ыарыйда диэн биллэрдилэр. Былырыын баччаҕа сүүстэн тахса киһи ыалдьыбыта. Ол аата быйыл төһө эмит прививка ылбыттарын түмүгэр ыарыыбыт намтыахтааҕар өссө күүһүрбүт буолан тахсар. Тоҕо?
Былырыын Иван Луцкан диэн өрөспүүлүкэ харах балыыһатын кылаабынай бырааһа дойдубут президенигэр Путиҥҥа дакылааттаан турар: «Ковид держим в руках, у нас всё имеется для борьбы с болезнью» диэн. Онто ханна баар, ыарыыбыт өссө элбээтэ. Били ил дархаммыт быйыл сайыҥҥы айылҕа баһаарыгар эмиэ Путиҥҥа дакылааттаан турар: «Всё под контролем» диэн. Ол кэннэ Горнай улууһун Бэс Күөлэ диэн нэһилиэк дьиэлэрэ умайбыттара, 8 мөлүйүөн гектар иэннээх тыабыт күл-көмөр буолла.
Уопсайынан Иван Луцкан диэн кимий, тоҕо эмискэччи кылаабынай быраас буолан хаалла? Уонна тоҕо кини Путиҥҥа дакылааттыырый? Өрөспүүбүлүкэбитигэр вирусолог, эпидемиолог, саатар Роспотребнадзор хотуна тоҕо тугу да биллэрбэттэр? Олор дакылааттыахтаах этилэр буолбатах дуо? Бу ыарыыга сыһыана суох дьон дакылааттыыллара сатамньыта суох курдук дии. Холобур, бу аҕыйах хонуктааҕыта зампред Балабкина интервью биэрэригэр журналист «тоҕо тас дойдуттан үлэлии кэлбит миграннары вакциналаабаккыт» диэн ыйыппытыгар Балабкина: “Кинилэр аҕыйахтар, ол иһин куттала суохтар” диэн эппиэттээн дьон бөҕөтун соһуталаан турар.
Дьэ итинник тыллаах-өстөөх тойоттор-хотуттар салайар буолан бу ыарыыбыт намтаабат диэххэ сөп. Куораппытыгар таксиһынан, оптуобус суоппарынан, кафеларга, парикмахерскайдарга, стройкаҕа, уборщицаларынан элбэх кэлии Азия дьоно үлэлииллэрин ама билбэтэ буолуо дуо Балабкина, ковид утары оперативнай штабы салайа олорон? Мин билэрбинэн, Саха сиригэр 70 тыһыынчаттан тахса мигрант баар. Бачча элбэх киһини көрөн туран “аҕыйахтар, ол иһин прививкалаабаппыт” диирэ киһи өйүгэр сатаан батан киирбэт.
Иван Луцкаммытыгар төннүөххэйиҥ. Луцкан 1985 сыллаах төрүөх. 2007 сыллаахха СГУ медицинскэй салаатын бүтэрэр. Уонна бүтэрээт да балыыһаҕа үлэлээбэккэ эрэ 2007 сылтан 2017 сылга диэри НВК телевидениетыгар «Новый день» диэн сарсыарда биэрэр программаларыгар дикторынан үлэлиир. Бука элбэхтэ көрбүт буолуохтааххыт. Онтон 2018 сыллаахха миниистир буола түһэр (министерство по делам молодёжи и семейной политике Республики Саха (Якутия)). Министр дуоһунаһын кыайбатаҕа эбитэ дуу, 2019 сылга Жатайдааҕы балыыһаҕа сэбиэдиссэйинэн үлэлиир. Онтон 2020 сылтан Республикатааҕы харах балыыһатыгар кылаабынай бырааһынан ананар.
Дьэ бу 36 саастаах эдэр киһиэхэ бэртээхэй карьера дии санаабаккыт дуо? Дьиҥэр эдэр дьон салайаллара үчүгэй бөҕө буоллаҕа. Ол гынан баран балыыһа диэҥҥэ улахан сыһыана, уопута суох киһини кылаабынай быраас оҥороллоро улахан таһаарыыта суох буолуо дии саныыбын. Үлэлии сылдьар быраастар сыл ахсын аттестация бараллар, билиилэрин хаҥаталлар уонна устунан үлэлииргэ көҥүл ылар курдук этилэр дии. Уопсайынан медицинаны ылан көрөр буоллахха, манна салайааччынан медицинаҕа олоҕун улахан аҥаарын биэрбит киһи ананыахтаах. Тоҕо диэтэргит ол киһи медицина иһин-таһын барытын билэр буоллаҕа.
Өрөспүүбүлүкэбитигэр быһа барыллаан 980 тыһыынча киһи олорор. Билиҥҥи туругунан 350 тыһыынча киһи бу ковид ыарыыны утары прививка ылла дииллэр, ол 35 % курдук буолар. Дьиҥэр бу сыыһа суоттааһын дии саныыбын. Тоҕо диэтэргит ити 980 тыһыынча киһи кыралыын-улаханныын уопсай ахсааммыт буоллаҕа. Оттон прививка билиҥҥитэ 18 саастарыттан үөһээ бара турар. Сахабыт сиригэр 70 % улахан дьон, 30 % оҕолор. Нэһилиэнньэ улахан аҥаара прививкаламмыт буолан тахсар. Оччотугар ыарыы намтыахтаах этэ буоллаҕа. Прививка ылан баран ыалдьар буоллахпына, ол оччоҕо туохха нааданый диэн ыйытыы үөскээн тахсар…
Одун.