Мин урут эдэрбэр, киһиргии таарыйа эттэхпинэ, кыра да буоллар политикаҕа сыһыаннаах этим. Ол курдук уон икки сыл устата түөрт совхозка партком секретарынан үлэлээбитим. Ханна үлэлиир тэрилтэлэрбэр олохтоох маҥнайгы сүһүөх партийнай тэрилтэ секретарынан, политическай үөрэхтээһин кружоктарыгар пропагандист буолар этим.
Онон билиҥҥи политика туһунан бэйэм бүччүм санаабын этээри гынабын. Биллэн турар, политиканы киэҥ далааһыннаахтык, дириҥник ырытар кыаҕым суох. Ол да буоллар санаабын суруйан көрөргө сананным.
Бастатан туран, оппозиция туһунан мин санаам маннык. Демократия сайдыбыт дойдуларыгар күүстээх, сабыдыаллаах оппозиция баар буолар. Оннук оппозиция баар буолуута государство иннин диэки сайдыытын төһүү күүһэ, тирэҕэ, инструмена. Холобур соторутааҕыта бэрт мөккүөрдээх, сытыы киирсиилээх Америка предиденин быыбара буолан ааста. Американы бүтүннүү атаҕар туруорда. Ити үчүгэй дуу, куһаҕан дуу?
Мин санаабар үчүгэй, американскай общество активноһа олус улаатта. Бэрт кыранан демократическай партия представителэ Байден кыайан президент буолла. Республиканскай партия хотторон оппозиция буолла. Дьэ билигин кэлэр быыбарга кыайаары, норуот өйөбүлүн ылаары, демократическай партия государствоны салайыыны тупсараары, норуот олоҕун салгыы сайыннараары этэргэ дылы өлөрүнэн мөхсүөҕэ, туох баар күүһүн, кыаҕын туһаныаҕа. Оттон республиканскай партия демократтар партияларын үлэлэрин-хамнастарын кыраҕытык кэтиэҕэ, араас этиилэри, дьаһалары норуот билиитигэр таһаарыаҕа, олор олоххо киирэллэрин ситиһэ сатыаҕа. Уопсайынан күрэхтэһии кытаанаҕа буолуо.
Ол туохха тиэрдиэҕэй? Сайдыыга, Америка өссө иннин диэки сайдарын хааччыйыаҕа.
Оттон биһиэхэ оппозиция туох оруоллааҕый, дьиҥнээх күүстээх оппозиция баар дуо? Дьиҥнээх күүстээх оппозиция биһиэхэ суох уонна оппозиция обществоҕа оруола эмиэ суох. Араас быыбардарга махинациялаан, сокуону кэһэн “Единая Россия” былааска тахсан баран бу ааспыт отучча сыл устата соҕотоҕун муҥур тойон буолан олорор, араас албастары туһанан. Соруйан туохха да наадата суох олус элбэх бытархай партиялары тэрийбиттэрэ, олор туох да оруоллара суох. Оттон Государственнай Думаҕа представителлээх ЛДПР, КПРФ, “Справедливая Россия” партия ханнык да оппозиция буолбатахтар, кинилэри син биир Путин салайан олорор, кини тылыттан тахсыбаттар. Онон государствоҕа, обществоҕа туох да биллэр-көстөр оруоллара суох, салайааччылара бэйэлэригэр сылаас олбоҕу оҥостон баран сылдьаллар.
Онон биһиэхэ оппозиционер диэн ол аата куһаҕан, эрэлэ суох, государствоны куорҕалыыр киһи диэх курдук өйдөбүл баар. Государственнай органнар биир эмэ оппозиционер баар буоллаҕына араас биричиинэни булан сойуолаһаллар, тутан хаайаллар.
Аны государствоны соҕотоҕун салайан олорор, диктатураны олохтоон эрэр “Единэй Россия” туһунан ахтан ааһыаҕыҥ. Бу кимнээх партияларай? Чилиэннэрин социальнай састааптара хайдаҕый? Төһө рабочай, быраас, учуутал, культура үлэһитэ, промышленность, тыа хаһаайыстыбатын специалистара баалларый?
Урут Советскай Союз баарын саҕана Коммунистическай партия чилиэннэрин 75% рабочай кылаас представителлэрэ буолуохтаах диэн халбаҥнаабат ирдэбил баар этэ. Үс рабочайы партияҕа киллэрдэххинэ биир интеллигенция представителин партияҕа ылар этиҥ. Ити требованиены кыайан толорбокко мин элбэхтик оройум тоҥсуллар этэ, үрдүкү партийнай органнартан. Ити партиялаахтар ахсааннарыттан 75% ылар партиялаах рабочайдар дьиҥ-чахчы чиэһинэй, бастыҥ үлэһит дьон этилэр. Үлэһит дьон бастыҥнара партияҕа киирэллэрэ. Номенклатураҕа киирбит дьонтон сорохторо кырдьык карьера оҥороору партияҕа киирэллэрэ.
Билигин Саха сиригэр хас киһи, кимнээх “Единэй Россия” партияҕа киирэн сылдьалларын туһунан кистииллэр дуу бадаҕа, кинилэр социальнай састааптара эмиэ биллибэт, мин булан аахпаппын, көрбөппүн дуу. Үксүлэрэ карьера оҥостоору, сорохтор сүгүн үлэлэттиннэр диэн сэрэйэбин, баҕар сыыһарым буолуо.
Дьокуускай куорат мээрин быыбара буолан ааста. “Единэй Россия” чилиэнэ Григорьев кыайда, мэр буолла. Республика салалта били Авксентьева быыбарданарын саҕанааҕы балаһыанньа киирэ сыста. Григорьев проваллаабыта буоллар Айсен Сергеевич Кремль иннигэр хайдах эппиэттиэ эбитэ буолла. Дьыала биллэрдик ыарыа этэ. Билигин да ырытан көрдөххө балаһыанньа ыарахан курдук. Ол курдук быыбарга быыбардааччылар улахан аҥаардара кэлбэтэ, ити дьон үгүс өртүлэрэ “Единэй Россия” представителин Григорьевы өйөөбөттөрө чахчы, урукку Советскай Союз кэмин саҕанааҕы курдук быыбардааччылары барыларын үүрэн аҕалбыт буолар Обедин чахчы кыайыа этэ.
Обедин чахчы кыахтааҕын, авторитеттааҕын, журналист да быһыытынан дьон убаастыылларын дакаастаата. Саха сиригэр улахан өйөбүлү ылар эбит, кини курдук өйдөбүлү ылар атын журналист баара дуу, саарбах. Оттон кини дьолугар диэххэ дуу, мэринэн быыбардаммата. Тоҕо инньэ диигин диэтэххитинэ, мэринэн быыбардаммыта буоллар кытаанах эккирэтиигэ, атаҕастааһыҥҥа түбэһиэ этэ, Госдума быыбарыгар тиийбэккэ сууттаммыт дуу, туох эрэ атын биричиинэнэн үүрүллүбүт буолуо этэ. Аны Якутскай куорат ночоотуруо этэ, араас биричиинэлэри булан республика үрдүкү салалтата туох да көмөнү куорат мээрийэтигэр оҥоруо суох этэ уонна Обедин маны сатаабата, итини ыста, албыннаата, түөкүннээтэ диэн суруйуу, критика бөҕө өрө оргуйуо этэ. Ол куорат олохтоохторугар ночооттоох.
Билигин саатар Госдума быыбара буолан ааһыар диэри куорат мэрията өйөбүл бөҕөнү ылыаҕа, Григорьев итини оҥордо, маны сатаата, быһаарда, мэрия үлэтин тупсарда диэн пиардааһын бөҕө буолуо. Ол куорат олохтоохторугар барыстаах. Маннык балаһыанньаны өйдөөн Сардаана Авксентьева “Единэй Россия” чилиэнин Григорьевы өйөөтөҕө дии. Бэйэтэ уурайыыта даҕаны маннык балаһыанньаны кытары сибээстээх да буолуон сөп, тоҕо эрэ син эмтэнэн таҕыста дии. Өсөһөн мэринэн үлэлии олордохпуна Госдума быыбара чугаһаабытынан ыгыы-үтүрүйүү күүһүрүө, ол миэхэ наадата суох диэн уурайарга быһаарыммыт буолуон да сөп курдук. Ити мэнээк сэрэйии, баҕар оннук буолбатаҕа буолуо.
Түмүкпэр биири тоһоҕолоон этиэхпин баҕарабын: “Единэй Россия” курдук народ интэриэһин көмүскээбэт, сокуоннайа суох былааһы былдьаан олорор партияны биһиги ил дархаммыт Николаев салайарга сөбүлэспититтэн улаханнык хомойобун. Ил дархан партията суох буолуон наада этэ, оччоҕо барыбыт норуот ил дархана диэхпитин сөп этэ.
Тимофей АДАРОВ,
үлэ, тыыл ветерана.
Нам, I Хомустаах.