Системаны уларытыахха
Президент Путин киллэрбит этиилэрин Правительство, Госдума, Федерация Совета да быһаарар кыахтаахтар. Манна Конституция статьяларын уларытар сатаммат. Конституционнай реформаны атын хайысхалаахтык ыытар кэм кэллэ. Ол ис хоһооно маннык.
Бастатан туран, дойду политическай систематын уларытар наада. Ол инниттэн түөрт кыра партиялар баҕа өттүнэн ыһылланнар, Россияҕа икки партиялаах саҥа политическай системаны киллэрэр олохпут ирдэбилэ буолла. Чуолкайдаан этэр буоллахха биһиги дойдубут, а.э. Россия Америка политическай систематын тутуһара наада. Икки тэҥ күүстээх партияларга киирии дойду олоҕун уларытан, адьас атын сайдыылаах омуктар олохторун таһымыгар таһаарыа этэ. Быыбардар чиэһинэйдик бардахтарына коррупция, партиялар хардарыта бэйэ-бэйэлэрин хонтуруоллаһыылара, норуоттар бырааптарын, көҥүллэрин көмүскээһин өрө тутуллуо этэ.
Россия билиҥҥи политическай системата дойдутун иһигэр федеративнай сыһыаннаһыыларга олоҕуран омуктарын сирдэрин, айылҕаларын, кинилэр баайдарын барытын былдьаан олорор. Россия үрдүкү салалтата маннык дьаһаныытын улахан национальнай республикалар уонна аҕыйах ахсааннаах кыра омуктар бары сөбүлээбэттэрин туһунан аһаҕастык санааларын этэр буоллулар. Агрессивнай тас политика (итини Украина, Грузия холобурдарыгар көрөбүт) уонна дойдутун иһигэр диктаторскай политика барыта холбоон Россия ыытар политическай системата хайаан да уларыйыахтааҕын норуота туруорсар.
Политическай системаны уларытан, икки партиялаах политическай салалтаҕа киирии Россияны арҕааҥы дойдулары кытта чугасаһыыга, онтон кинилэр кэккэлэригэр киирэн биир ситим эйэлээх политиканы олохтооһуҥҥа тиэрдиэ этэ. Ити барыта норуоттар бэйэ-бэйэлэрин өйдөһүүлэрин нөҥүө хардарыта эргинсии, көмөлөсүһүү суола арылларыгар тиэрдэр.
Бу ааттаммыт политическай суолга, ситимҥэ киирдэхпитинэ биһиги норуоппут олоҕун таһыма үрдүүрүгэр тириэрдиэ. Кэлин улахан национальнай республикаларга суверенизация боппуруоһа көтөҕүллэрэ бириэмэ ирдэбилэ буолуо.
Спикер этиитигэр санааларым
Ил Түмэн председателэ Пётр Васильевич Гоголев этиитигэр бэйэм санааларым.
1. Этии бэйэтин омугун олоҕун уонна инники кэскилин көмүскээһиҥҥэ туһаайыллыбыта Конституция ыстатыйаларыгар сигэнэн этилиннэ. Саха сирин олохтоохторун бырааптарын, көҥүллэрин кэһии баарын, ону хайдах туоратар туһунан баар холобурдарга олоҕуран норуот өйдүүр гына эппитэ буоллар ордук кэрэхсэбиллээх буолуо этэ.
2. «Государствообразующий русский народ» диэн этиини туттуута 1993 сыллааҕы Конституция сүрүн ыстатыйатын «Право наций на самоопределение» утарарын быһыытынан ити этиитигэр сөбүлэспэппин. Сахалыы да өйдөөтөххө элбэх национальностаах Россия норуота дойдуну бары көмөлөөн тутабыт. Манна биир омугу, холобур, нуучча омугун чорботон инники күөҥҥэ өрө тутуу хаһан баҕар «национализмҥа» уонна «великодержавнай шовинизмҥа» тиэрдэр. Ити тыллар советскай кэмҥэ тоталитарнай тутулу олохтообуттара. Итинник өйдөбүллэргэ сигэнэн маннык өйдөбүлү киллэрэбин.
Саҥа Россия политическай системата агрессивнай уонна дойдутун иһигэр диктатурнай хайысханы тутуспутун быһыытынан даҕаны, «государствообразующий русский народ» диэн этиини сэрэнэн туттуохха баар этэ.
3. Пётр Васильевич улахан дуоһунастаах киһи быһыытынан сирэй холобурдары аҕалбатаҕын мин өйдүүбүн уонна сыаналыыбын. Ол кини үлэтин хайысхатыгар улахан охсуулаах буоларын өйдөөбүтэ да буолуо. Пётр Васильевич бу этиитигэр сыанабылым маннык. Политическай өттүнэн улаханнык сиппит-хоппут кытаанах сиэрдээх-майгылаах (характердаах), норуотун инники дьылҕатын туһугар туруулаһарга бэлэм, кэскиллээх салайааччы быһыытынан сыаналаатым. 30 сылга саҥа олоххо олорбут кэммитигэр саамай үрдүкү дуоһунаска сылдьар салайааччы историческай суолталаах этиитин курдук сыаналыыбын. Нууччалыы эттэххэ «первый исторический прорыв со времён революционных событий».
Итинник өйдөбүллэргэ сигэнэн Саха сирин маҥнайгы интеллигенцияларын норуот өйүттэн-санаатыттан сүппэт мөссүөннэрэ тиллэн, көстөн эрэллэр дуу дии саныыбын. Пётр Васильевич Гоголев – Василий Васильевич Никифоров-Күлүмнүүр саха омук историятыгар хаһан эрэ кинилэр ааттара бииргэ суруллуо дуо?
Мин биэс уонтан тахса сыл омугум быраабын, көҥүлүн иһин турууласпыт киһи, Пётр Васильевич Гоголев парламеҥҥа этиитин ис дууһабыттан ылынан, өй-санаа өттүнэн чэпчээн, толкуйдуурум табыллан эрэр курдукпун. П.В.Гоголев этиитин инникитин өссө да үөрэтиэххэ, норуоппутугар тарҕатыахха.
Пётр ГУЛЯЕВ,
быраабы көмүскээччи.
Нам улууһа,
Түбэ нэһилиэгэ.