Балаҕан ыйын 1 күнүттэн саҥа үөрэх дьыла саҕаланна. Урут сэбиэскэй кэм саҕана, билигин да “первэй сэнтээп” диибит. Онон ааспыт кэммитин ахтан-санаан туран, бука барыгытын первэй сэнтээбинэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
1975 сыллаахха бастакы кылаас боруогун атыллыырбын олус үчүгэйдик өйдүүбүн. Чаҕылхай күннээх этэ. Арай мин оскуолаҕа барымаары өсөһөн турдум. Ол иннинэ дьэ үөрэнэ барыах бөҕө буола сылдьыбытым ээ. Паапам Сунтаартан “Набор первоклассника” диэни атыыласпыт этэ. Ону баара бу киһиҥ үөрэнэ барымаары бууннаан кэбистэҕим үһү.
Дьэ, накаас. Дьонум күлсэллэр, эмиэ да мөҕөн ылаллар. Арай тастыҥ эдьиийим Һиинэккэ:
– Xайа, Һаачыкка, оскуолаҕа барыый, – диир уонна баттахпыттан имэрийэр. Мин “пирожок” бүрүчүөскэлээхпин, ол эбэтэр иннибэр эрэ бэрэски курдук чуолкалаахпын, кэнним диэки “под машинку” тараҕай кэриэтэбин. Ол ёжикпын имэрийэрин эдьиийим Һиинэккэ олус сөбүлүүрэ.
– Ээ, барбаппын… – мин өсөһөн баран олоробун.
– Чэ, барыый, Һаачыкка. Мин эйиэхэ плиточнай сакалаат ылан биэриэм.
– Сакалаат? – үөрэ түһэбин. – Плиточнай?
– Оннук, биэриэм.
– Чэ, оччоҕо барыам.
Ити курдук первэй кылааска үөрэнэ барбытым. Онон, кэм үөрэхтээх киһи буоларбын плиточнай сакалаат быһааран турар…
Айсан.