Кэтэх сүөһүлээхтэр 2020 сыл ахсынньытыгар 38758 ыанньыгы тутан олороллор. Бу улахан сыыппара. Аны туран үүтү туппаппыт диэн соһуттулар.
Кэтэх хаһаайыстыбаларга сүөһү хаһан баҕарар төлөһүйэр, тупсар, уойар. Үүтүгэр таһаардахпытына, ортотунан икки туонна тахсар. Бу чэрчитинэн 77 тыһыынча туонна 516 киилэ үүтү, былыргы тиэрэ байбыт баайдар курдук, көлүччэ гынан кутабыт дуо?
Дьиҥинэн, специалистар ааҕан таһаарбыттарынан, кэтэх хаһаайыстыбалаах ыаллар 100 тыһыынчаттан тахса туонна үүтү ыыллар.
2002 сыллаахха саҥа талыллыбыт президент Вячеслав Штыров тыа сирэ олус кэхтибитин таба өйдөөн, урукку совхоз салайааччыларын мунньан, сүбэлэһэн, үгүстэригэр дуоһунас биэртэлээн, үлэ күөстүү оргуйа түспүтэ. Түмүгэр дьон тыаҕа сиэптэригэр харчыламмыттара.
Санаан да көрдөххө, тас дойдулар бары үгүөрү үбү тыа хаһаайыстыбатыгар көрөн олороллор. Оттон биһиэхэ хаһан баҕарар тугу эмэ толкуйдуур буоллахтарына, сиэп-хармаан оруола улаханнык оонньуур. Үүт ас тастан киирэрин ким эрэ толкуйдаабыт. Атын биричиинэ суох.
Быйыл 80 тыһыынча туоннаны тута олоробут, эһиил 57 тыһыынча туоннаны тутуохтаахтар уонна “сайынныбыт” диэтилэр.
Киһи доруобуйатыгар тулалыыр аһы туппат государство диэн баар үһү дуо? Эбэтэр 23 тыһыынча туонна үүтү оччотугар сиргэ тоҕобут дуу?
Дьэ ол чэрчитинэн, биһиги, Ил Түмэн коммунист-депутаттара, ааспыт мунньахха кэтэх сүөһүлээхтэр хас биирдии ыанар ынахтарын төбөтүгэр 35 тыһыынча харчыны таһынан, биир литр үүт сыанатын 35 солкуобайынан хаалларарга бюджекка этии киллэрбиппит. Биирдии биэҕэ төбөтүгэр 5000 солкуобай, оттуурга солярка биирдии лиитэрэтигэр 30 солкуобай көмө харчыны (субсидия) көрөрү туруоруспуппут.
Итиннэ киһи сонньуйара диэн баар — түөстэрин кырбаммыт эсер-депутаттар үүт субсидиятын боппуруоһун утаран илиилэрин ууммуттара. Дьэ, олус кыһыылаах.
Ахсынньы ый 24 күнүгэр буолар мунньахха бу боппуруос саҥалыы көрүллэн, хаттаан куоластаныан наада. Сатаан төбөлөрө буһарбат буоллаҕына, Штыров программата баар, ону көтөхтүҥ да бүтэр.
Коммунистар мэлдьи этэр дьиикэй капитализммыт “үтүө дьүһүнүн” көрдөрөн, олохпутугар өтөн киирдэ. Бэл билигин адьырҕалар өрө туран кэбистилэр. Харчытыгар таһаардахпытына, вертолет-чаас диэҥҥэ быыкаайык харчыны көрөн бараммыт, туох адьырҕатын кыдыйыаххыный? Ханна баара биллибит бөрөнү өр гынан суох оҥорор албас элбэх.
Ону соруйан бобон олороллор. Тоҕо диэтэргит тастан киирэр эт элбиир. Бизнесмен сиэбигэр харчы оҥорон биэрэллэр. Сылгы, таба бэйэтэ көҥүлүнэн сылдьан аһыыр, мэччийэр. Ону бэйэбит адьырҕаларбытынан суох гыннаран, бизнес оҥоттороллор. Быһата, ити харчы оҥорон биэрэр аһара көдьүүстээх албас.
Түмүктээн эттэхпинэ, 1990 сыллаахха 409 тыһыынча ынах сүөһү баар этэ. Билигин ити аҥара да суох. Бу былаас барар кэмэ кэллэ. Сатаан дьаһайбат, сатаан салайбат буоллаххына, айылҕа сокуона – барыахтааххын.
Петр АММОСОВ,
Ил Түмэн депутата.
tuymaada.ru