Арассыыйаҕа, чуолаан Саха сиригэр, оскуола саҥа технологиялартан хаалыыта хайдах даҕаны кэмнэммэт. Ол баҕарбаттан буолбатах, кыах суоҕуттан. Билигин интернет ханнык даҕаны учууталтан 100 төгүл туһалаахтык үөрэтиэн сөп. Аан дойдуга мунньуллубут билиини интернет нөҥүө кинигэттэн ылардааҕар уонунан мөл. төгүл түргэнник ылар кыах үөскээтэ. Кинигэ-учуобунньук туормас буолла.
Ааспыт үйэ 70-80 сылларыгар Саха сирин үрдүнэн М.А.Алексеев, И.М.Алиев физмат оскуолалара аатыраллара, бары оскуолалартан талааннаах оҕолор хомуллан үөрэнэллэрэ. Оттон атын предметтэргэ кинилэр курдук үлэлиир учууталлар суох буоланнар, ыччат баһыйар өттө тыа хаһаайыстыбатынан муҥурдаммыта. Ол саҕана учууталлар учуобунньуктан харыс даҕаны халбарыйбакка, эбии матырыйаалы кэпсээбэккэ, 1-2 сирэйгэ суруллубуту кэпсээн баран уруогу бүтэрэллэрэ.
Биһиги оскуолабытын 1964 с. бүтэрбит У.А.Винокурова “нэһилиэк оскуолатын кэнниттэн орто оскуолаҕа кэлэн улахан билиини ылбатахпыт” диэн хаста даҕаны суруйбутун кытта толору сөбүлэһэбин, биир учууталларга үөрэннэхпит дии. Оскуоланы бүтэрэрбэр география учуутала Соловьева Валентина Михайловнаҕа “эһиги куһаҕаннык үөрэтэҕит, хойут мин атыннык үөрэтиэм” диэбиттээхпин. Учуобунньукка суруллубуту кэпсээн баран тахсан барар, үөрэҕэ онтон бүтэр, үөрэр-хомойор суох. «Экономическая география СССР» учуобунньугу соруммут киһи аҕыйах киэһэ олорон кэниспиэктээн, нойосуустуур билиитэ этэ ээ, үүнэр саас долгунугар оҕустаран “маннык сыыһа” диэн, тулуйбаппар тиийэн айахтаттаҕым. Оттон билигин интернети көмөлөһүннэрэн дьоҕурдаах оҕолору араас бэрэдимиэттэргэ Михаил Андреевич, Исмаил Шахбазович курдук эрчийэр, сайыннарар кыах учуутал аайы баар.
Саха тыла интернет кыаҕар тэҥҥэ хапсыбата, учууталлар оҕолор төлөпүөннэрин былдьыырга сэниэлэрин, ньиэрбэлэрин барыыллар. Аан дойдуну кытаанахтык баһылаабыт билии ситимин тохтотор кыах суох, учууталлар эрэллээх көмөлөһөөччү, билии тирэҕэ оҥостуохтарын бэлэмнэрэ, анал бырагараамалар суохтара туормастыыр. Билигин дьоҕурдаах оҕолор кылааска олорон үөрэнэргэ наадыйбакка, интернет нөҥүө үөрэнэллэрэ кэллэ. Кыахтаах төрөппүттэр анал учууталларга, чааһынай оскуолаларга харчы төлөөн оҕолорун үөрэттэриэхтэрэ. Уһугар хас эмэ сүүс оҕо хааламмыт оскуолалара сыыйа тохтуохтара, оҕолор эт-хаан сайдар дьарыктарыгар, уһуйааннарга сылдьыахтара, интернет нөҥүө оҕо баҕатынан, ханнык идэни баһылыыр баҕалааҕынан үөрэтии киириэҕэ.
Дьоппуоннар оҕону 3-с кылааска диэри кэтээн көрөллөр уонна салгыы оҕо кыаҕын, дьоҕурун табан, улаатан идэни талыытын учуоттаан үөрэтэллэр, оҕо барытын билиэхтээх диэнтэн аккаастаммыттара өр буолла. Биһиэхэ оннук үөрэтии киирдэҕинэ, 5 уруок устата «булгуччу билиэхтээххин» диэн учуутал дибдийиитэ тохтуохтаах этэ, «хайаан даҕаны билиэхтээхпин» диэн баҕаран үөрэнии туругуруохтааҕа.
Саха сиригэр көмпүүтэр үөдүйбүтэ 30 сыл буолла, ол устата интернет баараҕай кыаҕын саха тылын үөрэтиигэ туһаныы кыаллыбата. Саха уус-уран тылыгар үөрэтии ойуулааһын, ырыа-хоһоон, ускуустуба, спорт (живопись, поэзия, песенная культура, классическая музыка, балет, театр, спорт и физкультура) эрэ нөҥүө буолбатах, уопсастыбаны анаарыы, экономика, бэлиитикэ, социология (обществознание, экономика, политика, социология) мунаах боппуруостарын сахалыы ырытыыга саха тылын эгэлгэтин, баайын, илбиһин, ойуулуур-дьүһүннүүр тылларын дэлэгэйдик туттан үөрэтиигэ көмпүүтэр, интернет кыаҕа муҥурун булларбат баай буоллаҕа. Оҕо барыта бэйэтин төлөпүөнүгэр холбонон быһаарсар, тобулар, иҥэринэр, төрөөбүт тылынан киэн туттар кэмэ кэлэрин баҕарар буоллахпытына тылы тыа сирин аҕыйах дьоно күннээҕи ыаһахха эрэ туттарга аналыттан аан дойдуну анаарар, олох бары көстүүтүгэр тэҥ кыттааччы таһымыгар таһаарыахтаахпыт.
Саха тылын баайыгар, умсугутуулаах уйан дууһатыгар, саймаархай намчы майгытыгар, этэри эрэ барытын кэрэ иэйиитинэн долгутар умсулҕаннаах абылаҥар урукку ньымалар (учуутал — учуобунньук — таба суруйуу, саҥа чаастара, этии чилиэннэрэ, тэнитиллибэтэх, тэнитиллибит этиилэр) хайдах даҕаны 100 сыл устата уһуйбатылар.
Оҕо кэрэни көрөн сыаналыыр, санаа балкыырдаах муоратыгар умсаахтыы күөлэһийэн, долгуйан, уордайан, кэлэйэн, киэн туттан, дьиҥнээх саха буолар туоната – кэрэ эйгэтэ, күннээҕи олох сыанабыла, инникини ырытыы, уопсастыба саамай сытыы ыарыыларын ырытыы буолар. Саха тылын олох баараҕай хардыытыттан туораттахха, уруккулуу бардахха тыа сирин дьоно күннээҕи ыаһахтарын толорооччуга, үтүөх-батаах үтүрүллэр сорук-боллурга букатыннаахтык кубулуйуоҕа. Ол иһин саха тылын уруоктарыгар саха тыйаатырдарын оонньуулара, саха суруйааччыларын кэпсээннэрэ, хоһоонноро, сахалыы ырыалар-тойуктар, фольклор, балет, бэлиитикэ, социология, спорт – барыта баар буолуохтаах. Итилэри сыаналааһыҥҥа баар тыл дэгэтэ, тыл баайа, ойуулуур-бичиктиир кыаҕа, саха тылын түгэҕэ биллибэт муората.
Тоҕо кыра кылаастартан А.Мунхалов, атын даҕаны бастыҥ худуоһунньуктар ойууларын ырыттарбаппыт? Учуутал Ф.П.Коровкин суруйбут былыргы аан дойду устуоруйатын учуобунньугунан үлүһүйэ үөрэммиппит эрээри, Микеланджело айымньыларын, Колизей, Парфенон хатыламмат кэрэлэрин ойуулаан-дьүһүннээн ырыппыппыт буоллар устуоруйаҕа дьулуһуубут өссө улаатыахтааҕа. Билигин саха тылын баайыгар учуобунньугунан, учуутал кэпсээнинэн үөрэтэбит дииллэр. Оҕо көрбөккө, соһуйбакка, сүрэҕэр иҥэриммэккэ, дууһата аймаммакка тыл сүмэтин хайдах иҥэриниэҕэй, тыл баайын хайдах баһылыаҕай? Улахан да дьон саҥата-иҥэтэ олус хобдох, дьадаҥы, үөрпэт-хомоппот. Хотуттан сылдьар В.П.Стручков тыл этэрин истэн олус дуоһуйбутум, хаарыаны, саха оҕотун барытын итинник саҥарар гына үөрэппит киһи баар ини, дии санаабытым.
Элбэх сыл анараа өттүгэр мин ыллыы, ойуулуу, оруолга киирэн кэпсии сатаабытым – кыра. Билигин интерактивнай ньыма нөҥүө ити эппит ньымаларым олоххо толору киирэр кыахтаахтар. Саха тылын уруогун билигин аан дойдуга туох буола турарын ырытыынан саҕалааһын – тылы байытыы уонна гражданины иитии төһүү ньымата буолуохтааҕа. Ону ким эмит туһанара буолуо дуо? Саарбахтыыбын.
Сахалар кырыы олохтоох, ынаҕы-сылгыны өрө тутар хайысханы ыһыктыбакка олороммут бастыҥ технологиялары олохпутугар киллэрэри санаан да көрбөппүт барытыгар улахан охсууланна, бастыҥнартан хаалыыбыт ыраатан иһэр. 30 сыл устата саха тылын сайыннарыыны билии-көрүү сүүнэ мадьыалыгар – интернеккэ сыһыаран саҥа кэрдиискэ таһаарыыны аанньа ахтыбатахпыт тылбытын букатыннаахтык сүтэрэр суолбутугар киириибитин түргэтэппитэ саарбаҕа суох.
Иннокентий ОКОНЕШНИКОВ.
Орто Халыма.