Олордуу мастар
Онтон-мантан аҕалан
Олордубут мастарбыт
Олбуорбутун киэргэтэн
Олохсуйан үүнэҕит,
Оһуор-ойуу түһэрэн
Оһуордааҥҥыт симиигит.
Сөптөөх буору булаҥҥыт
Саас аайы тыллаҕыт,
Ситэ-үүнэ тураҕыт,
Сырдык ыраас күннэргэ
Сылаанньыйа сырдыыгыт.
Күһүн эмиэ эргиллэн,
Сэбирдэхтэр саһаран
Көмүс буолан көстөллөр.
Кууран-хатан сотору
Кыырпах курдук ыһыллан
Түһүөхтэрэ кинилэр.
Кыһын кэлэн тымныйан,
Тоҥон турар мастары
Кырыа түһэн кылбатар,
Хаар сабан маҥхатар.
Көрүҥ онно тураҥҥыт
Кырыа саптан тиһиллэр
Куруһуба намчытын.
Күһүҥҥү көстүү
Күнүм кылгаан иһиитэ –
Күһүн иһэр бэлиэтэ,
Түүнүн халлаан тымныйар
Туман түһэр сарсыарда,
Оту-маһы хаарыйар,
Ойуу-бичик түһэрэр.
Кыра уулар, чалбахтар
Күлүмнээбэт буоллулар,
Түүҥҥү тымныы хам ылар
Кырыа буолан тураллар,
Күнүс күнүм сырдыгар
Күлэ-үөрэ түстүлэр.
Намчы-нуоҕай отторум
Күрэҥсийэ хагдарыйда,
Тэҥҥэ тииттээх мастарым
Киистэлэрэ саһарда,
Хагдарыйбыт лабаата
Харааһынна-санньыйда.
Тыалым түстэ илинтэн
Сахсыйталыыр мастары,
Сэбирдэхтэр тэлээрэн
Тиэтэлинэн түһэллэр,
Тэйиэккэлии сырсаллар
Тэлгэнэллэр ойуурбар.
Халыҥ тыабыт барахсан
Сэдэхсийэн көһүннэ,
Кутуйах да сүүрбэт
Чуумпута налыйда.
Саптыа сотору халыҥнык
Саҥа маҥан суорҕанын.
Дьөһөгөйбүт оҕото
Сахам төрүт сылгыта
Чоҕул хара харахтаах,
Модьу-таҕа көрүҥнээх
Саха бэрдин санатар.
Таныылара тартайан,
Кулгаахтара чөрөйөн,
Атахтара дьоройон
Муостуйалыыр туйахтаах.
Сэлэнэргэ аналлаах
Сэксэлдьийэр сиэллэрдээх,
Ласпарыйбыт самыылаах,
Ахсым-сыыдам сырыылаах.
Өтүү быата хатыллар
Кыллаах уһун кутуруктаах,
Кистээтэҕинэ лаһыгырас
Кылбаа маҥан тиистэрдээх.
Кыһын ахсым тымныыга
Тоҥуу хаары хаһыйан,
Ыраах ыыры кэрийэн
Тото-хана аһыыгын.
Туйахтарыҥ мууһуран
Тоһугурас тыастанар,
Туран-сытан хаалбаккын
Тоҥор диэни билбэккин.
Төгүрүк сылы эргиччи
Тура-сиэлэ сүүрэҕин,
Сылайары умнаҕын
Сыһыы устун сиэлэҕин.
Сахам төрүт сылгыта
Сылаас сааскы күннэри
Сүһүөхтэргэр дугунан
Тиийээр күөххэ үктэнээр.
Төрөлкөйдүүр төрүөхтээх,
Ийэтиттэн арахпат
Кулунчуктуур оҕолоох
Сахам үтүө сылгыта.
Үүт барахсан
Үрүҥ тунах кылдьыылаах
Үрүҥ таппа түгэннээх,
Үрүлүччү кутуллар,
Үллэ-үллэ оргуйар,
Үрүҥ үрүмэ үрүттээх
Үрүҥ үүппүт барахсан.
Сөрүүн сиргэ уурдахха
Сүөгэйдэнэн мөлбөйөр,
Холбуйаҥҥын ытый да
Күөрчэх буолан көппөйөр,
Хайах буолан үллэйэр
Арыы буолан ньалҕайар.
Сылаас сиргэ уурдахха
Бөлөнөх буолан бөскөйөр,
Уутун сүүрдэ уурдахха
Сүүмэх суорат бастыҥа,
Сүүрбүт уута-сиҥэтэ
Ымдаан утах үтүөтэ.
Иэдьэгэйэ киниэнэ
Тотоойутун астыгын,
Саха киһитэ салҕаммыт
Үрүҥ аһа барахсан,
Үгүс уһун үйэлэргэ
Үрүлүйэ сүүрүгүрдүн.
А.УШНИЦКАЯ
-Дыргы.
Хонуу.