Саха омук быһыытынан биллибитэ быданнаата эрээри, кэнники биэс сыл иһигэр Россияҕа эрэ буолбакка, тас дойдуларга эмиэ биллэн-көстөн бардыбыт. Омос көрдөххө эрэ элбэх саҥалаах, сытыары-сымнаҕас курдукпут. Онтон ис-иһигэр киирдэххэ олус киэҥ өйдөөх-санаалаах туспа дьон буоларбытын кэнники федеральнай быыбардар таһымнарыгар көрдөрдүбүт.
Владимир Ильич Ленин тоҕо эрэ олус үрдүктүк сыаналаан Саха сиригэр туспа автономия бэрдэрэн, олус диэн киэҥ сири кумааҕыга бигэргэтэн 1922 сыллаахха илии баттаан турар. Онон сахалар түөлбэлээн олорор сирдэринэн көрдөххө, уйаара-кэйээрэ биллибэт киэҥ ирбэт тоҥ сири хабан олоробут.
Мин бэйэм Илин Эҥэр улуустарыттан Уус-Алдан Лөгөйүн сириттэн төрүттээҕим быһыытынан историябыт кэтэх өттүн өҥөйөн, дьон сыһыаннаһыыларын, атыннык эттэххэ баай дьон бүгүн баар буолуохтаахтар дуу, суох буолуохтаахтар дуу диэн боппуруоска тохтуохпун баҕарабын.
1990-тарга төннүөххэйиҥ. Баай буола сатаабыт дьоммут билигин ханна тиийдилэр? Үгүс өттүн баайдарын сатарытан, ыскайдаан суох оҥортоон кэбистилэр. Бу баай дьону суох оҥортообут сатамматах тэрээһиннээх бизнес эйгэтэ, кэмигэр Саха сиригэр киирээри туһанан баран туораталаан кэбиспитэ. Биэс да тарбах иһигэр ааттыыр төрүт олохтоох норуоттартан баайыҥ суох.
Тоҕо?
Мин отой соторутааҕыта ити туһунан Ил Түмэн мунньаҕар этэн турабын: «Бэйэбит баайбытын баар оҥоруоххайыҥ», – диэн. Ханнык эрэ өйдөнүллүбэт биричиинэнэн дьиҥ иһигэр биһиги урут билбэтэх ырыынакпытын (товарно-денежные отношения) эмискэ соҥноон тэриллибит байа сатаабыт дьоммут бары кинилэр сайдалларыгар төрүөт буолар чопчу экономическай өйөбүллээх программалара суох буолан умайан хаалбыттара.
Билигин “инвестор” диэн, атыннык эттэххэ үптээх баай киһи харчытын бизнеска угуохтаах. Биллэн туран бэйэтин бизнеһэ сайдарыгар. Кини экономика сокуонунан да тыа киһитэ сайдарыгар үбүн угуо суоҕа. Оннук үгүс үптээх киһиҥ билигин биһиэхэ суох. Тастан киллэриэхтээххин.
Эрдэ үлэлээбит республикабыт салайааччылара көҥүл ырыынакка сыһыана суох буолан инникини сатаан нөҥүөлээн көрбөтөх, кылгас сонноох ис санааларын көрдөрөр, нууччалыы эттэххэ олус тутах “показатель”.
Онтон биһиги партиябыт өссө эрдэ революция инниттэн олохтоох кадры кытта олус күүскэ ылсыбыта. Партия киин комитетыгар Москваҕа, киһи ааҕан сиппэт элбэх биһиги дьоммут үлэлээн ааспыта. Билигин биир эмэ Арассыыйа үрдүкү былааһыгар тахсыбыт киһини ааттааҥ эрэ? Антах Москваҕа үлэлиир саха киһитэ мэлигир. Ылы-чып. Кубус=кураанах!
Баай кыахтаах дьонуҥ эмиэ суохтар, барытыгар кураанаҕы кууһан олоробут. Онтон Татаардар хас министерство аайы араас программаларга олоччу бэйэлэрин киһилэрэ олорор. Ол иһин РФ бүтсүөтүттэн эргиччи үбүнэн үгүөрү соҕус көмө ыла олороллор. Сахалартан ырыынакка киириэхтэн РФ таһымыгар үлэлиир тойон да суох, артыыс да суох, баай да суох! Бары байыаххыт диэбиттэрэ эрээри, саатар биир эмэ оҕобут байбата! Биир эмэ киһи тахсаары, сайдаары гыннаҕына саха буолла да салалтабыт бэйэтинэн эккирэтиһэр, түһэрэр.
Оччотугар бу маннык былаас эргиччи уулары, тыалары, сир баайдары былаана суох үрдүттэн атыылыы-ыһа олорор былаас биһиэхэ наада дуу, суох дуу?
Мин санаабар дьон номнуо өйдөөтө. Төрүт Сокуоҥҥа (Конституция) куоластааһын ынах эриэнэ таһыгар, киһи эриэнэ иһигэр буоларын олус үчүгэйдик көрдөрдө.
Бу быйыл, 2020 сыл балаҕан ыйын 13 күнүгэр, эмиэ быыбар бөҕө тиҥинээн тиийэн кэллэ. Олохтоох былааһы, атыннык эттэххэ Саха сирин инникитин быһаарар быыбардар кэллилэр. Билигин сүнньүнэн түөрт партия киирсиэҕэ. Биир ньыгыл Россия, ЛДПР, Сиэрдээх Россия уонна биһиги КПРФ.
Онтон олохтоох нэһилиэнньэ баһылыга диэн кимий?
Нэһилиэк иһигэр баар политиканы эппиэттиир тутаах киһи. Ол эбэтэр баһылыгынан Биир ньыгыл Россия чилиэнэ талылыннаҕына эмиэ урукку хааһыгар хаалаҥҥын олороргор тиийэҕин.
Дьиҥ саамай политиката диэн баар Ил Түмэн, Государственнай Дума, улуус баһылыктарын талыыга олохтоох нэһилиэк баһылыга ЕРПП олоҕу сайыннарар программаны оҥорор кыаҕа суох киһи буоллаҕына хайдах политиканы ыытар да, оннук барар. Ол эбэтэр Биир ньыгыл Россия чилиэнин син биир таларгар тиийэҕин, күндү быыбардааччы. Итиннэ үксүгэр аймахтарын талаары бэйэлэрэ киирэн биэрэллэр. Учууталы, бырааһы быыбар кэмигэр үлэтинэн-хамнаһынан куттаан ЕРПП-лар бэйэлэрин туһаларыгар куоластатыылара үгэскэ кубулуйда. Быыбарга туһанаары салалта аппараатын ахсаанын элбэтии. Онно үлэҕэ, олоххо бэлэмэ суох кадрдары үксэтии үлэтэ ситиһиилээхтик ыытыллар. Ол оннугар норуот олоҕун сайыннарыы бүтэһик миэстэҕэ хаалла. Онон интеллигенциябыт бэйэтин олоҕо сайдарыгар кыайан толкуйдуур туруулаһар кыаҕа суох. Тойон эппитинэн куоластыыра үгэс буолла. Ол түмүгэр быыбар бүттэҕинэ тоҕо эрэ олохпут куһаҕанын туһунан кэпсиибит.
Ити политика билигин тохтоон, дьиҥнээх демократия олохтонон муҥ саатар партията суох дьон талыллыахтарын наада. Оччотугар олохтоох баһылык үлэлииригэр чэпчэтиини олохтуубут.
Билигин тус бэйэлэрин да куоластарын бас билбэт депутаттар талыллар буолбуттара быданнаата.
Холобур курдук суруйдахха, “Туймаада” хаһыакка соторутааҕыта бу сайын солярка сыанатын субсидиялаан отчуттарга лаппа чэпчэтии оҥоһуллуохтааҕын, утары куоластаан кэбиһэн дьоннорун соһуппут курдук буолбуттара депутаттар. Баччааҥҥа диэри экономически ааҕыллыбыт чуолкай, тыа сирин сайыннарыыга үчүгэй табыгастаах программата суох олоробут. Дьиҥинэн итинник итэҕэстэри үөскэтии төрүөттэрэ бу үөһээттэн этиллэн куоластаан тураллар (командно-административный метод).
Мин биир бэйэм дойду экономикатын эһии бастаан мантан саҕаланарын билэбин. Соҕотох киһи үөһэттэн этэр, ону толороллор. Өссө тупсан, сыыйа соҕотох киһиэхэ бука бары кулут-чаҕар буоллубут. Манна ырыынак экономикатын быраабылалара, сокуоннара, демократия сыта да суох. 1985 сылтан саҕалаан «демократия» саҕаламмыта биллэр. Бу отой атын демократия. Дьиҥэр бүтсүөккэ тыа сирин программатын өйүүргэ харчы баар, дэлэй. Ону бу отучча сыл үөһээ эппитим курдук сөптөөх экономическай өттүнэн чопчу ааҕыллыбыт программата суох буолан сатаан туһаммакка кэллибит. Аҕыйах сүүс киһи интэриэһин көмүскүүр, онно кулут-чаҕар буолар күүс күүһүрдэ.
Саха сирэ олус баай, уопсай баалабай дохуота (ВРП) 1 триллион 100 миллиардтан ордук харчы выручкалаах олорон, дьиҥэр “үлэтэ суох киһи” диэни түһээн да баттатыа суохтаах этибит. Аһара баран эттэххэ, биһиэхэ Канарскай арыыларга курдук дьон социальнай олоҕо сайдыахтааҕа. Ол эбэтэр биһиги коммунистар этэр национализациябыт ити сытар. Бас билии (частная собственность) сиртэн хостонор баайга отой да суох буолуохтаах. Олоччу дьон норуот бас билиитигэр судаарыстыба бас билиитигэр барыахтаах.
Былаас эппитинэн куоластыыр депутат, партийнай фракция Ил Түмэҥҥэ букатын киириэ суохтаах. Ити быыбардааччы кылаабынай сыала-соруга буолуохтаах. ЕРПП оччоҕо эрэ норуот туһатыгар үлэлиэҕэ. Оччоҕо эрэ дьиҥнээх көҥүл норуотун соругун толорор депутаттардаах Ил Түмэн баар буолар. Ол иһин өссө быһааран этэбин: олохтоох нэһилиэк баһылыга нэһилиэгин сайыннарар программата суох былаас киһитэ кыайда да, депутакка эмиэ оннук үлэни, олоҕу сайыннарар кыаҕа суох кураанах былаас киһитэ талылларыгар бэйэбитинэн кыах биэрэбит.
Бу сайын дойдубар төрөөбүт түөлбэм күөх дуолугар сайылаатым. Отчут-масчыт дьоннуун көрсөн кэпсэттэххэ, техника олус эргэрбит. “Туймаада-лизинг” курдук тэрилтэ наада буолбута тута көстөр. Мунньар, охсор, пресстиир техника балай эмэ эргэрбит. Кыра трактордар (мини) саҥардыллаллара наада буолбут. Онно республика үбүлээн, кыра кыамталаах трактордары лизиҥҥэ атыылыыр тэрилтэ наада буолбут. «Буран», моторнай лодкалар уонна туундараҕа айанныыр улахан көлөһөлөөх квадроцикллары эмиэ көрүөххэ наада. Бааннар бу маннык категория дьонугар ылбычча кредит биэрбэттэр.
“Туймаада-лизинг” күүскэ сайдан турар кэмигэр сылга 1000 курдук тракторы атыылыы олорбут. Уопсайа 15 тыһыынча курдук атыыланан дьон абыраммыт.
Онон сүүстэ толкуйдаан баран талыллар киһини тойон аймаҕа эрэ буоларынан буолбакка үлэҕэ, олоххо сыһыаннаах олоҕу сайыннарар программалаах киһиэхэ куолас биэрэргитигэр ыҥырабын, күндү Сахам сирин дьоно. Коммунистар бу сылларга быһааран биэрэ сатаатыбыт. Үгүс киһи өйдөөтө. Дьиҥинэн быыбар нэһилиэктэргэ барар, олоҕуҥ эмиэ. Билигин былаас партиятыттан тахсыы күн-түүн элбээн, коммунистары сөбүлүүр дьон кэккэтэ хаҥаан иһэр.
Олоххо сыыстарыы кэмнээх буолуо дуо, туох барыта буолар. Бырыһыанынан таһаардахха компартияны өйөөччү нэһилиэнньэ ортотугар элбээтэ, инники күөнэхпит биһиги диэки хайыспыта ыраатта. Дьон эрэлин биһиги эрэ толоробут.
Пётр Револьдович
АММОСОВ,
Ил Түмэн депутата.
tuymaada.ru