Skip to content

Туймаада.ру

Общественно-политическое сетевое издание

  • Личный кабинет
  • Подписка на «Туймаада.ру»
Primary Menu
  • СҮРҮН СИРЭЙ
  • РЕДАКТОР
    КОЛОНКАТА
  • ОБЩЕСТВО
  • ДАЙДЖЕСТ
  • ОЛОХ
    КӨСТҮҮЛЭРЭ
  • БААЙ
    БАЙАНАЙ
  • ИЧЧИ
  • ТАПТАЛ
    ТААБЫРЫНА
  • АУДИО
    КЭПСЭЭННЭР
  • Архив газеты
    «Туймаада»

Олох араас лоскуйдара

tuymaada 25 октября, 2026

Эквадор столицата

Аҕыйах сыллааҕыта биһиги убайбытын Миикис Сөдүөтэби бочуоттаах сынньалаҥҥа атаарбыппыт. Дьон санаата кэлэн, ыллаан-туойан, оонньоон, оһуокайдаан дэлби эҕэрдэлээн, бэлэх-туһах биэрэн ол киэһэни атаарбыппыт. Миикиһи сонно тута үлэттэн тохтоппуттара.

Мантан инньэ Миикис олоҕо тосту өҕүллүбүтэ. Кини син биир урукку кэмигэр уһуктар. Таһырдьа тахсан ынчыктаан-бөтүөхтээн собуоттанар тыраахтардар собуоттанан бүтүөхтэригэр диэри иһиллээн турар. Бу да турдар кини ким сэбэ хайдах иэрийэн, дьааһыйан, бөтөн-харан, сөтөллөн бөтө биэрэн собуоттанарын аахтара билэ турар. Тугу да гынара суох Миикис бастаан утаа гарааска тиэстэрэ даҕаны онно кини тугу гыныай?

Онтон биирдэ Ачыкы Афанасьевы (АфАф) почтаҕа көрсөн суланна: “Дьэ, бу туохтан даҕаны куһаҕан иллэҥ буолан хааларыҥ буолар эбит. Сатахха сүөһүнү кытта бадьыыстаһан күнү барыа эбиппин даҕаны, кыыспытыгар куоракка дьиэ ылан биэрээри эһэн кэбиспиппит…”. Онуоха биирдэрэ сүбэлээччи буолла: “Эн… кроссворта суоттаа… Мэйии үлэтигэр үчүгэй, түөһэйбэккин  дииллэр Уонна күн-дьыл адьас биллибэккэ ааһар, ноко. Бу бэртээхэй диэн кроссвортар тахсыбыттар…”.

Миикис боруобаҕа диэн чэпчэки сыаналаах “Зятёк” диэни атыылаһан дьиэлээтэ.

Дьэ онтон биирдэ түүн үөһэ ааспытын кэннэ – звонок! Төлөпүөн түүн туох аанньаҕа тыаһыаҕай? Эмиэ туох эрэ быһылаан таҕыстаҕа диэн мин, учаскуобай милииссийэ ааттаах киһи, сулбу-халбы туран иһиттэҕим дии. Арай туруупкаҕа убайым Миикис саҥата: “Өндүрүүс! Эн үөрэхтээх киһи билэриҥ буолуо, Эквадор столицата ким диэн этэй?”. Кыыһыраммын хаһыытаатым: “Билбэт аата география кинигэтин иккистээн аах! Миигиттэн ыйытыма!” – диэн баран туруупканы ууран кэбистим.

Сарсыныгар гарааска көрсөн убайым барахсан: “Ити түүммүн күнүскүгэ эргитэн кэбистим эбээт. Күнүс өйбөр туох да киирбэт”, – диэтэ. Хайыахпыный, күнүһүн түүҥҥэ эргиппит оҕонньору баһаарынай чааска харабыл үлэтэ тахсыбытыгар онно олохтостум. Онтон ыла Миикис түүҥҥү харабылынан үлэлиир, ааттаах кроссвордист. Күнүһүн утуйар.

Тугу суруйалла-ар?..

Тоҕуһуонун туолуохча буолбут таҥхайан хаалбыт оҕонньор, киэһэ дьыбааҥҥа хаһыат ааҕа сытар уолугар олоппоһун таҥкынатан аҕалан ыкса олорор.

Ыйытар:

– Хайа, хаһыакка тугу суруйаллар?

– Оҕонньоор, биир киһи күҥҥэ 7 мөлүйүөн солкуобайы өлөрөр үһү!

– М-м-х… – диэн сэҥээрэр оҕонньор. – Үлэһит киһи харчы сытын ыллаҕына хайыай?

– Өссө, били, харыс хаастаах кыыс хааһын көтүртэрэн кэбиспит…

– Ол хайдах мин тииспэр дылы туллаҥныыр хаастаах оҕо эбитэй?.. – диэн мунаарар оҕонньор.

– Махсыым Сибиряков Илин Эҥэргэ кураан иһэр диир.

– Мм-мм… Ол да буоллар оту булан оттуоҕа. Оттуурдаах уол этэ.

– Оттон ол Махсыымыҥ бу эйигиттэн эрэ арыый балыс аарыма кырдьаҕас эбээт.

– Мм-мм. Оннук дуу… Оттон мунньахха көрдөххө кэлбит-барбыт эдэрчи киһи этэ ээ…

– Оҕонньоор, аны билигин сүөһүгүн урукку курдук бэйэҥ илиигинэн ыабаккын.

– Ол тоҕо доҕоор? Тугунан ыыбын?

– Массыынанан, массыынанан ыыгын. Илиигинэн ыабыт кирдээх үүккүн туппаттар…

– Мм-мм…

– Аны сүөһүгүн бэйэҥ өлөрбөккүн, сүөһү астыыр бойня диэн туталлар. Онно илдьэн төлөбүргэ өлөртөрөҕүн, эккин оччоҕо эрэ туталлар.

– Мм…

– Аны бааһынай хаһаайыстыбатыгар сүөһүлэр сутаан өлбүттэр.

– Мм-мм, тоҕо көрбөт-истибэт сүөһүлэрэй ол?

– Ээ, хаһаайын дьахтар мас тардыһа баран хаалбыт үһү…

– Күүстээх дьахтар эбит, дьэ, хата. Ол күүһүн оттоон-мастаан, сүөһүнү көрөн толунуо эбит.

– Чэ, оҕонньоор, баран сыт. Сонун бүттэ.

– Мм, баран-баран…

– Ээ, суох, тохтоо! Өссө баар эбит… Дьоппуоннарга сүүһүн туолбут кырдьаҕастар аһара элбээбиттэр. Кинилэргэ уһун уктаах мас өтүйэни оҥорон биэрэр эбиттэр.

– Туохтарай доҕоор, ол?

– Ол өтүйэнэн күөх окко тахсан мээчик сүүрдэ оонньуур үһүлэр. Эйиэхэ мас өтүйэ оҥорон биэрэбин дуо?

– Мм… Ээ, суох ини. Ол түөһэйбит муҥнаахтары үтүктэн… Аны дьон сиилиэ… Айуу-айа, баран сытыахха. Чэ, хата бу киэһэ бэрт сонуннары иһиттим…

Тулуурдаах да эбит

Маай бырааһынньыгыттан ордубут үрүҥ арыгы тобоҕун Өлөксөөс графиҥҥа мунньан баран эригэр этэр: “Дьэ бу графины мин бу манна уурабын… Бэлиэтээтим, пластырьга даататын туруордум (көрдөрөр). Эн маны күн аайы көрө сырыт. Төһө тулуурдааххын ону көрүөхпүт. Уоран истэргин эрэ ороммор чугаһатыам суоҕа. Тулуургун көрдөрдөххүнэ бириэмийэлиэм”, – диэбит.

Иккиэн күн ахсын графины көрө сылдьыбыттар. Онтон күһүн дьиэлээх дьахтар төрөөбүт күнэ буолбутугар дьүөгэлэрэ мустубуттар. Кыра коньяк, сухой арыгы испиттэр, ыллаабыттар.

Сэһэн-сэппэн ырааппыт. Чүөчэлэртэн биирдэстэрэ топпотох, бара-кэлэ сылдьан бэлиэлээх графины көрө түспүт. Үөрбүт. “Дьэ, мин мантан куттан истэҕим”, – дии санаабыт. Бакаалын ылан толору куттубут уонна дьахталлар ыллыы олороллорунан туһанан түһэрэн кэбиспит. Хайдах эрэ куһаҕан баҕайытык барбыт. Уйбаан былыр үйэҕэ уларытан туустаах ууну куппута хайа аанньа буолуоҕай?

Куһаҕаннык туттубут дьахтары көрөн дьүөгэлэрэ куттаммыттар. “Туох буоллуҥ? Туох буоллуҥ?” – диэбиттэр. Онуоха дьахтар саҥата суох били графины ыйбыт. Онуоха Өлөксөөс өрө көтөҕүллэн: “Ээ, кыргыттаар, оҕонньорум тулуура бэрт эбит ээ. Мөккүөргэ диэн бэлиэтээн уурбут аһым ити билиҥээҥҥэ диэри турар ээ. Эрэйдээҕим сыыһа ити диэки хас күн аайы арыыга ымсыырбыт куоска курдук көрөөхтүүр ээ”, – диэн дьахталлары күллэрбит.

Киэһэ үлэтиттэн кэлэн быһаҕас графины көрөн Көстөкүүн айдаарбыт. Устунан кыыһырдаҕа аатыран графины суунар биэдэрэҕэ тоҕу тутан кэбиспит. Эмээхсинэ хайыай, тулуурун көрдөрбүт киһини биир иһити бириэмийэлээн, тупсуу буолбут.

Оҥку.

2019 сыл.

Continue Reading

Previous: Солбуллубат киномеханик
Next: Өкүлүүнэ эмээхсин

Похожее

Биһиги да тибиистээбит кэмнээхпит

Биһиги да тибиистээбит кэмнээхпит

8 ноября, 2026
Оҕо этим, орой мэнигим

Оҕо этим, орой мэнигим

28 октября, 2026
Өкүлүүнэ эмээхсин

Өкүлүүнэ эмээхсин

27 октября, 2026

Свежие записи

Анджелина Джоли окончательно уехала из Голливуда 1

Анджелина Джоли окончательно уехала из Голливуда

14 ноября, 2026
«Дойдубар тиийэр суолум Берлининэн…» 2

«Дойдубар тиийэр суолум Берлининэн…»

13 ноября, 2026
Названы главные правила диеты для долголетия 3

Названы главные правила диеты для долголетия

12 ноября, 2026
Университет бастакы хараҥаччылара 4

Университет бастакы хараҥаччылара

11 ноября, 2026
Под Брянском мужчина погиб при попытке разобрать БПЛА 5

Под Брянском мужчина погиб при попытке разобрать БПЛА

10 ноября, 2026
Оҕо баар дьолбут! 6

Оҕо баар дьолбут!

9 ноября, 2026
Биһиги да тибиистээбит кэмнээхпит 7

Биһиги да тибиистээбит кэмнээхпит

8 ноября, 2026

Сетевое издание TUYMAADA.RU. Свидетельство о регистрации СМИ Эл № ФС77-71324 от 17 октября 2017 г. Выдано Федеральной службой по надзору в сфере связи, информационных технологий и массовых коммуникаций.

Учредитель и главный редактор: Яковлев А.П.

Электронная почта редакции: tuymaada_2017@mail.ru

Телефон редакции: 8-914-222-85-50

16+

РУБРИКИ

  • СҮРҮН СИРЭЙ
  • РЕДАКТОР
    КОЛОНКАТА
  • ОБЩЕСТВО
  • ДАЙДЖЕСТ
  • ОЛОХ
    КӨСТҮҮЛЭРЭ
  • БААЙ
    БАЙАНАЙ
  • ИЧЧИ
  • ТАПТАЛ
    ТААБЫРЫНА
  • АУДИО
    КЭПСЭЭННЭР
  • Архив газеты
    «Туймаада»
  • Политика конфиденциальности
  • Публичная оферта и правила возврата
  • СҮРҮН СИРЭЙ
  • РЕДАКТОР
    КОЛОНКАТА
  • ОБЩЕСТВО
  • ДАЙДЖЕСТ
  • ОЛОХ
    КӨСТҮҮЛЭРЭ
  • БААЙ
    БАЙАНАЙ
  • ИЧЧИ
  • ТАПТАЛ
    ТААБЫРЫНА
  • АУДИО
    КЭПСЭЭННЭР
  • Архив газеты
    «Туймаада»
Copyright © tuymaada.ru | MoreNews by AF themes.