Дорооболоруҥ! Мин элбэх оҕолоох, сиэннэрдээх ыал кырдьаҕас эбээтэ бэйэм санаабын суруйан эрэбин.
Сыл аайы оскуоланы бүтэрээччилэр банкеттыыллар. Быйыл Майа оскуолатын бүтэрээччилэр банкеттарыгар 30 учууталга бэлэх биэрээри сылдьаллар. Онно банкет таҥаһа, аһа, бэлэҕэ барыта харчы. Харчы хантан кэлэрин билбэт гына оҕолору иитэллэр, төрөппүттэр. Учууталлары эмиэ бэриккэ үөрэтэллэр. Кыахтаах-кыаҕа суох бары.
Сайдыылаах омук сирдэригэр оҕолор, инбэлиит, кыаммат дьоҥҥо, оҕолорго үтүөҕэ бэлэх көмө, мас олордон айылҕаҕа көмөлөһөр эбиттэр. Бары бэккэ билэбит: учууталлар уонна медицина үлэһиттэрэ саамай үрдүк хамнастаахтар, ону таһынан бэриккэ үөрэнэллэр.
Бу үлүгэр туох барыта ыараан турар кэмҥэ, иннибит-кэннибит биллибэт бириэмэтигэр харчынан ыскайданар сыыһа буолуо. Оҕолор үрдүк үөрэххэ туттарса баралларыгар эмиэ харчы наада буолуо. Аны ити шариктары, фейерверктары, тыаһыыр-ууһуур, айылҕаны аймыыр-киртитэр сыыһа. Кыыллар-сүөллэр онтон эчэйэллэр, бу иэстэбиллээх буолуон сөп.
Бу олоххо баар проблеманы таһаарабын. Ютубка да аахтахха аһара “шикарнайдааһыны” халыҥ харчылаахтар саҕалыыллар. “Бүгүн оҕолорбун тугунан аһатабын” диэн куоракка муҥатыйар ийэ барахсан баара чуолкай.
Отой тэҥэ суох быһыы тахсар, ити оскуола онно-манна харчы хомуйааһыныттан. Муоста, паарта кырааскатыгар сыл аайы, онно элбэх оҕолоохтор хас үөрэнэр оҕотун аайы булгу кыттыһыахтаах диэн. Саатар “бу ыаллартан биирдэ ыллыбыт да бүттэ” диэбэттэр ээ. Оҕо эрэйдээх кыбыстар, ол түһээн харчыны булан илпэтэҕэр. Кыһалҕаны билбэт оҕолор ыыстаан да барыахтарын сөп.
Онон ити куһаҕан практика тохтуура булгу наада. Оһуоба тыа сиригэр үп-харчы өттүнэн тэҥэ суох балаһыанньа элбэх, куоракка даҕаны, ханна баҕарар – бу сыана үрдүү эрэ турар кэмигэр.
Харса суох уларытыыны киллэрэн иһиэххэ наада, оҕо сөптөөх суолу тутуһан олоҕун суолунан барарыгар. Билигин тэтим хайа да хайысхаҕа түргэтиир, онон урукку систематтан түргэнник босхолонон иһии олох ирдэбилэ.
Эбээ.