Сэрии бүппүтэ икки сыл буолла. Мин төрдүһү бүтэрээри сылдьар уон саастаах бэдикпин. Туох да уһун-киэҥ өй-санаа суох дууһатабын. Уруоктарга бүтүннүү харах-кулгаах буолан олорон, көһүйүөхпэр диэри сылайабын. Үөрэтэллэрин син мэйиибэр киллэрэр буоламмын тук курдук ортоһуор үөрэнээччи аатырабын.
Оччолорго алаастарынан кыстаан, сайылыктарынан сайылаан олорор кэм этэ. Колхуос киэнигэр сэбиэт, буоста, балыыһа, оскуола, ону таһынан аҕыйах ыал дьиэтэ бааллара. Интэринээт диэн баара, онно ыраах алаастар ыалларын оҕолоро, тулаайахтар, көһүүттэн кэлбиттэр олороллоро. Сэрии төһө да бүттэр тиийиммэт-түгэммэт дьадаҥы олох 50-ус сыллар ортолоругар диэри салҕаммыта. Сэрии, сут-кураан, көһөрүү ыар сылларын тыыннаах эрэ аһарбыт көлүөнэбит. Ол үлүгэрдээх кэмнэргэ оҕолор син биир оҕо этибит, ол иһин улахан дьоннордооҕор арыый чэпчэкитик аһардахпыт буолуо, ол ыар сыллары.
Биһиги нэһилиэккэ оройуоҥҥа улаханнар ахсааннарыгар киирсэр сэттэ кылаастаах оскуолалаахпыт. Быйыл 110 сылын бэлиэтээтибит. Биллэн турар, ханна баҕарар курдук үтүө үгэстэрдээх, үүнэр көлүөнэни оччотооҕу социализм-коммунизм идиэйэлэригэр тоҕо-хоро харса суох угуйбут, уһуйбут оскуола. Ол үөрүйэҕин курдаттыы иҥэриммит дьон, сыыйа-баайа киһитийдэхпит.
Дьэ оскуоланы, интэринээти, ордук тыл уруогун учууталлар дьаныһан туран уус-уран кинигэни ааҕыынан күүскэ сайыннарбыттара. Билигин санаатахха атын сайыннарар, аралдьытар да ньыма кэмчи кэмэ буоллаҕа. Ньомуой киинэни 50-ус сылларга диэри көрбүппүт буолуо. Төлөпүөн буостаҕа, сэбиэккэ, оскуолаҕа эрэ баара. Хата хара тэриэлкэ араадьыйаны сэрии кэнниттэн дэлэппиттэрэ. Аан дойдулуун ситиммит кулгаах-харах нөҥүө итинэн бүтэрэ.
Ол иһин бэчээт үлэтэ – кинигэ, сурунаал, хаһыат сайдыы-билии саамай хорук тымыра этэ. Киһи да билигин сонньуйар: дьон оннооҕор саппыысканан таптаһаллара. Онно «буосталаабыт» ыччаттартан билигин да биир эмэ тыыннаах буолуо!
Оччолорго, оҕо эрдэххэ, оскуола уонна нэһилиэк бибилитиэкэлэрэ билиҥҥи интэриниэттээҕэр таһыччы аптарытыаттаахтара. Оскуолаҕа кылаас таһынааҕы ааҕыыга улахан болҕомто ууруллара. Оҕолор, кылаастар икки ардыларыгар күрэхтэри ыыталлара бэйэтэ туһунан “таһаҕас” этэ.
Мин ааҕары эрдэ сөбүлээбитим. Ийэм барахсан “Мүлдьү Бөҕө” Новгородов алпаабытынан бэчээттэммит уонна «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхолору аахтаран истэрин наһаа сөбүлүүрэ. Оскуолаҕа ыытыллар ааҕыы күрэхтэригэр үчүгэйдэртэн соччо хаалсыбат этим. Ити ааҕыылар күрэхтэрэ диэн кылаас таһынааҕы кинигэни ааҕыыны этэбин.
Оччолорго этэ дии «Маарыкчаан ыччаттара», «Революция уолаттара» – Эрилик Эристиин, «Төлкө», «Көмүстээх үрүйэ» – Николай Якутскай, «Сааскы кэм» – Амма Аччыгыйа арамааннарын кинигэлэрэ илдьирийиэхтэригэр диэри былдьаһыгынан, умсугуйан ааҕыы диэн. Интэринээккэ уруок ааҕыытын кэнниттэн дорҕоонноох, доргуччу ааҕыы тэриллэрэ. Ол уочаратыгар түбэспит улахан дьоллоох курдук сананара. Оскуолатааҕы оҕо саас умнуллубат сылларын «аргыстара» – улуу айымньылары кытта оннук билсэрбит.
1947-48 сыллар диэки бадахтаах, уоттаах сэрии тыыннаах ордубут туоһуларын суруйуулара кинигэ буолан бэчээттэнэн тахсыталаабыттара. Олортон оҕо-аймах кутун туппут кинигэнэн «Дьөгүөр Чээрин» буолбута. Ити мин 4-5 кылаастарга үөрэнэр сылларым буолуо. Сэрии кыайыынан бүтэн, кини аҕалбыт иэдээнин адьас ыкса билбит дьон, биһиги, туҥуй сүрэхпит сырҕан, хаҕылыйа илик бааһа бүтэри оһоро дуу, оспото дуу биллибэт кэмигэр тахсыбыт кинигэ буоллаҕа. Ол иһин буолуо, кинигэ оччотооҕу оҕо аймахха тугунан да солбуллубат дьоһун бэлэх буолбута саарбахтаммат. Сүрүн дьоруой Чээрини биһиги хас тыыннаах эргиллибит саллаат аайы көрөр курдук этибит. Наар кыайыы аргыстаах хорсун, куттаһа суох, бэргэн ытааччы курдук.
Бу кинигэ күн сирин көрө илигинэ, 1946 с. эбитэ дуу, улахан быыбар буолбута. Онно дьокутаакка хандьыдааттар Юмашев диэн нуучча, аатырбыт снайпер Фёдор Матвеевич Охлопков биһиэхэ, оскуолаҕа сылдьан ааспыттара. Снайперы адьас «үөрүнэн» батыһа сылдьан көрбүппүт, бытархайдары буойаллара быһыылааҕа да култуура туһунан өйдөбүлбүт лаппа намыһах этэ буоллаҕа. Бу түгэн өйгө-санааҕа, илэ харахха иҥмитэ күүһэ уҕарыы илигинэ Тимофей Сметанин «Чээринэ» күөрэс гыммыта. Соторутааҕыта тыыннаах снайперы илэ бэйэтин көрбүт дьон, биһиги, «Дьөгүөр Чээрини» үөрэ-көтө, чэпчэкитик ылыммыппыт.
Оччотооҕу кэм уол оҕолоро хаппыт сүөһү, сылгы сааҕын, буор буулдьалар «сэриилэрин» «бэтэрээннэрэ» буоллахпыт. Ол «кыргыһыыларга» кырасдаанысай уонна Аҕа дойду улуу сэриилэрин дуорааннара ньиргийэллэрэ. Наар «бандьыыт», «басыыс» буолартан аккаастанар араллааннар сатарыыллара. Онон уларыта сылдьан кыайар бырааба суох «бандьыыт», «басыыс» буоларбыт. Онно биллэн турар, Чээрин, Мотуруоһап о.д.а. сэрии дьоруойдара сирдьит сулус буолаллара. Кинилэр уобарастара 10-11-дээх бэдиктэр ботуруйуоттуу тыыҥҥа иитиллиибитигэр кырата суох миэстэни ылбыт буолуохтаахтар.
Билигин 82 сыл олорон санаан көрдөххө Тимофей Сметанин оҕо дууһатын кылын олус өйдүүр, билэр буолан дьиҥнээх сэрии иэдээнин кырачаан ааҕааччыларын уйулҕаларын көтүппэт, отуордарын хамсаппат ньымаларынан мүлүрүтэн тиэрдибит үтүөлээх эбит.
«Дьөгүөр Чээрин» оччотооҕу оҕо хараҕынан, өйүнэн-санаатынан сыаналаныыта биһиги кыайыылаах Кыһыл Аармыйабыт хорсун, булугас өйдөөх, куттаһа суох саллаатын сырыыларын булчут өбүгэлэрбит мындыр-сылык өйдөрүн иҥэриммит, дьоҕурдарыгар иитиллибит чаҕылхай уобараһа.
Биһиги кини мүччүргэннээх сырыылара барыта үчүгэй өртүгэр табылларын, билэн туран, дириҥник ырыта барбакка, буолар буолуохтааҕын курдук бүк эрэллээхтик ылыммыппыт. Сэрии кэмнээҕи аҕытаассыйа кыайыыттан атыны түстээбэт этэ: «Туох барыта кыайыы туһугар! Тыылга хаалбыттар үлэни, аһы-таҥаһы барытын өлөн-төрөөн туран боруоҥҥа!» диэн ыар ирдэбиллээх (билигин санаатахха) дьэбир ыҥырыыны туҥуй оҕо-аймах улахан дьонтон итэҕэһэ суох билэрэ, өйдүүрэ. Оскуола оҕото уруокка «1», «2» сыананы ылара өстөөххө, басыыстарга, көмө курдук ааҕыллара. Ама да ааспытын иһин, оччотооҕу «улар мэйиилэргэ» чахчы да сиэргэ-баппат буруйдааһын ыйанара: «Эн аҕаҥ, убайыҥ, таайыҥ, абаҕаҥ, күтүөтүҥ өлөр өлүүнү кытта охсуһа сырыттахтарына…» – диэн буолара.
Хайыаҥ баарай? Биһиги ол иһин оонньооботох оҕо сааспыт Ийэ дойдуга бүрүүкээбит иэдээни улахан дьонтон быһаҕаһа суох сиэртибэнэн аһарбыта. «Дьөгүөр Чээрин» кинигэ ис хоһооно оҕо аймахха уҥуор-маҥаар курдаттыы иҥмитэ мэлдьэх буолбатах. Сэриилэһэ оонньуурга Чээрин буолан «ньиэмэстэри» хаппыт буорунан сирэйгэ-харахха да табан дьиҥнээхтик охсуһан молорутуһар түбэлтэлэр сир да аайы тахсыталаан, улахаттар буойа-буойа сонньуйаллара.
Бу кинигэ уонна ааптар саха уус-уран литэрэтиирэтигэр биир бастыҥ миэстэни ылара саарбахтаммат. Литературоведтар уонна литэрэтиирэ кириитиктэрэ ырыппыт, сыаналаабыт буолуохтаахтар, ону мин эридьиэстээбэппин.
Т.Сметанин очоотооҕу олох сэссийэлиистии идиэйэтин эрэллээх саллаата киһи. Үүнэр көлүөнэни систиэмэ тыыныгар уһуйарын ытык иэһинэн ааҕынара чуолкай. Билиҥҥи тыыннаах кырдьаҕастар ааспыт үйэ 30-40 сылларыгар төрөөбут көлүөнэ дьонобут.
Т.Сметанин сэрии саҕаланыытыгар 20-тин ааһан эрэрэ. Сэбиэскэй олох саамай күүрээннээхтик сайдар кэмигэр буспут-хаппыт эдэркээн киһи саа-садах тутан Ийэ дойду көмүскэлигэр хаанын тохпут буойун саллаат тыыннаах эргиллэн эйэлээх олоххо суруйааччы быһыытынан сүппэт-оспот суолун хаалларбыт, баай айымньыларынан сүдү кылааты киллэрбит үтүөкэннээх киһи олорон-ааспыт эбит.
Тимофей Сметанин быйыл төрөөбүтэ сүүс сылын туолар. Кини үйэтэ уһаабыта буоллар элбэх классическай дэниллэр айымньылары суруйуоҕа харгыстаннаҕа. Үйэ бүтүүтүгэр, олох уларыйыытын саҕана Амма Аччыгыйыттан, Күннүктэн, Суорунтан итэҕэһэ суох ытыктабыллаах саха литэрэтиирэтин аксакаала аатырыах этэ.
Кэбээйи улууһуттан саха литэрэтиирэтигэр сүдү талаан олус кылгас олоҕу олорон ааспыт. 28 сыл диэн кылам гынаат сүтэр түгэн. Үйэтэ уһаабыта буоллар туох да саарбаҕа суох улуулар кэккэлэрин хаҥатара хаалбыт эдэркээн суруйааччы Тимофей Сметанин сырдык аатыгар бүдүгүрээри гыммыт төбөбүн нөрүөн нөргүйэн хоҥкутабын. Бу тыллары суруйаары оҕо сааһым омоох суолун биир ыллыгар төннө сылдьыбыттыы сананным.
Валерий АРЕПИН-Баайык.
2019 сыл.