Сааһыран истэхпит аайы оҕо эрдэхтэн билэр, аймаҕыҥ курдук санатар дьонуҥ олохторун ырыта санаан ааһар кэмнээх эбиккин. Биһиги сайылыкка оторой-моторой бииргэ үлэлээн, дьээбэлэһэн, оонньоон орой мэник сааспытын көр-нар курдук аһарбыппыт
Сайылык күөх хонуутугар, ходуһа сыралҕан куйаарыгар холкуостаах улахан дьону кытта бодоруһан, өйбүт-санаабыт, кэпсээммит ис хоһооно улахан дьон санаатынан буолара. Биһиги сайылыкка аҥаар атаҕа кылгас, иҥнэри түһэн хаамар Оппуонньа диэн өрүү алтыһан кэпсэтэр киһи баара. Кини убайбыт курдуга, оҕолору кытта тапсан кэпсэтэр. Бэйэтэ механизатор буолан велосипедпытын оҕунуохтаан, оҥорон, хаамыратын үрдэрэн биэрэр наадалаах киһибит. Аны көрүдьүөс кэпсээнэ элбэх этэ. От үлэтигэр Т-16 тракторынан от охсоро, мунньара, оҕолор бары иилистэ сылдьабыт!
Биһиги оҕус сиэтэр, атынан от мустарар уолаттар эбиэккэ кини көрдөөх кэпсээниттэн күлэн да биэрэрбит. Бэйэтин элбэхтик туттар тылыттан иилэ хабан, улахан дьон Харадаа Оппуонньа диэн ааттаабыттара. “Харадаа Оппуонньа кэллэ!” – диэн оҕолор сэргэхсийэ түһэрбит.
Звеноҕа икки-үс улахан дьон бааллар, арай Оппуонньа кэпсээнэ бүппэт. Өйүөтүн суулаан кэлбит хаһыатын көрөн ылар, биһиги аахайбаппыт. Киһибит кэпсээнэ бүппэт, звено дьоно бары истэбит. Кэнники бугул угааччы Еремей Михайлович соһуйда: «Хайаан, Оппуонньабыт кэпсээнин дьоннорун аатын хаһыаттан ылар эбит, ону биһиги истэн кырдьыктана олоробут», – диэбитигэр хаһыаты ылан көрөн, күлсүү бөҕө буолла. Көр, оннук кэпсээннээх киһи хаһыаты туһанан бэйэтэ айан кэпсээтэҕэ.
Оппуонньа от охсо атын алааска бардаҕына суохтуубут. Атаҕа кылгас буолан, ыраахтан көрдөххө иҥнэри түһэ-түһэ хааман даллаҥныыр. Ону кэргэнэ сайылыкка кэнниттэн үүт-үкчү үтүктэн иһэр буолара. Ферма дьахталлара күлсүү бөҕө буолаллара. Хаһан да кыыһырбат Оппуонньаны сөбүлүүллэрэ. Оппуонньа орто уҥуохтаах буолуоҕун атаҕа кылгатан, кэтит сарыннаах, илиитигэр күүстээх этэ. Ол иһин техникаҕа үлэлээтэҕэ.
1949-50 сылларга колхозка от үүммэккэ, арҕаа Хаҥаласка Дьөппөн диэки оттуу уонна сүөһүлэрин илдьэн кыстата сылдьыбыттар. Онно кэргэнэ суох сылдьар Оппуонньа ол дойду кыыһын Мааппаны кэргэн ылан кэлэр. Иккиэн фермаҕа үлэлииллэр, Мааппа ыанньыксытынан, Оппуонньа кэнники хонуу үлэтигэр үлэлииллэр. Өр сыл оҕоломмокко гынан баран, үчүгэйкээн кыыс оҕону иитэ ылаллар. Кыыстарыттан күннэрэ-ыйдара тахсара. Оҕото суох дьон оҕоҕо төһөлөөх баҕаран ылбыттара буолуой!
Кокуукка курдук ыраас хааннаах кыыс ыалдьан, ийэлээх аҕатын ытаппытынан ыар ыарыы былдьаан ылбыта. Сыыйа аһыы уунан уҕарытар иэдээннээх өй-санаа баһыйбыта. Дьонноро-сэргэлэрэ тирэх буолан, арыгыларын эмтэтэн үлэлээн испиттэрэ. Оҕоттон сүрэх бааһын ылбыт дьон оскуола таһыгар дьиэлээхтэрэ. Ол кыыстарын өрүү саната турара, биһиги кыыспыт баара буоллар ити тэҥнээхтэрин курдук сылдьыа этэ диэн санааларын арыгы эрэ умуннарыа дуо, айманан ылаллара.
Итинник ыар охсууну ылан, дойдуну уларытыахха дии санаан совхозтан тахсабыт диэбиттэрэ. Бастаан Майаҕа ДРСУ-га үлэлээбиттэрэ. Онтон хас да сылынан Аллараа-Бэстээххэ көһөн олорбуттара. Сааһыран, доруобуйалара мөлтөөн испитэ. Онно да асаһар-сиэһэр, амсайар дьон бааллара.
…Мааппа ыалдьан суох буолбутугар Оппуонньа буорайан, иһэн-аһаан, кэргэнэ көмүллэр иинин арыгыһыт нууччаларга хастарбыта. Дьоно киһи тобугар диэри хаһан баран, баран хаалбыттар. Тахсар күнүгэр соһуйан ол күн сахаттан бастакы штангаҕа ССРС маастара Скрябин Михаил Михайлович кэлэн, соҕотоҕун хаһан буорун булларбыта. Михаил Михайлович аһыныгас үтүө санаалаах, кыраҕа-кыаммакка көмөлөһөр сайдыылаах киһи этэ. Биир сайылык уолаттара буоллахпыт дии.
Оппуонньа соҕотоҕун хайдах сылдьыай? Дойдутугар кэлэн кыра быстах үлэҕэ үлэлиир, уопсай дьиэттэн квартира биэрэллэр.
Дойдутугар кэлэн олоруох былааннааҕа. Урут баралларыгар дьиэтин атыылаан кэбиспитэ. Олорор сирин аттыгар, кыра дьиэҕэ сулумах киһи олорбута. Хам-түм арыгы иһэрэ, туохха эрэ түбэһэн хаайыыга олорон тахсыбыта. Ол тахсан баран быкаайык дьиэ туттубута.
Биир үлэлээбэт, бэйэтин кыанар эдэрчи киһи итирдэҕинэ Оппуонньаҕа барар эбит. Оппуонньа аймахтарыгар хаста да эппит, итирик кэлэн тоҥсуйар, саанар диэн. Бука арыгы көрдүүрэ буолуо. Оппуонньа атаҕа мөлтөх, содьороҥ киһи ханна куотуой, куттанар да буоллаҕа. Кутталлаах «ыал» диир эбит. Күһүн диэки ыала Оппуонньа аанын тоҥсуйбут, Оппуонньа хаптаһын ааны алдьатан киириэ дии санаабыт, саатын ылан аан нөҥүө ыппыт. Түөскэ таппыт, ыала дьиэтигэр тиийэн охтубут, өр буолбакка өлбүт.
Оппуонньаны тутан, сууттаан үс сыл кирпииччэ заводун аттынааҕы хаайыыга сытыараллар.
Иккиэн да олохторугар табыллыбатах дьон өйөһүөхтэрин сөп этэ да, арыгы аймаан олохторун сарбыйдаҕа. Оппуонньа хаайыыттан сэллик буолан тахсыбыта. Нэһиилэ сылдьыбыта, кыра таһаҕас дуомнааҕын аймаҕар хаалларан барбыта. Велосипедын нэһиилэ тэбэрэ, били уопсайыгар олорбута. Дьоҥҥо-сэргэҕэ майгыта үчүгэй буолан, бары аһынан эҥин көмөлөһөр этилэр. Оҕо эрдэхпититтэн билэр буолан, көрсөн күө-дьаа кэпсэтэрбит.
Киһи дьылҕата ыарахан, уустук да буолар эбит. Ыал буоллуҥ да оҕоҕо баҕарыы, этэргэ дылы таҥара биэрдэҕинэ дьоллоноҕун. Эдэр дьоҥҥо олорор олохторун чэпчэкитик өйдөөбөттөрүгэр туһаайан, бу табыллыбатах дьон олоҕун суруйдум.
Ойох ыллыҥ да оҕо наада, онтон оһохтоох дьиэ, аал уоту оттуу. Ол табыллыбата да олоҕуҥ огдолуйар. Онон оҕолонор эдэр сааскытын мүлчү туппакка, доруобуйаҕытын көрүнүү – бастакы олуккут буолар. Иитиллибит оҕоттон ыал оҕо дьолломмута элбэх. Оҕо олоххун салгыыр диэн этэллэр.
Оппуонньа хаайыыга сэллик ыарыыга ыалдьыбыта улаханнык охсубута. Санаа-оноо баттаан, улаханнык ыалдьан Хомустаах туберкулёзнай диспансерыгар сытан орто дойдуттан барбыта.
Мааппалаах Оппуонньа элэккэй, истиҥ майгылаах ыал этилэр. Ыччата суох буолан, үтүө майгыларынан эрэ дьоҥҥо-сэргэҕэ саната сылдьаллар. Олохтоохтор үтүө, истиҥ майгыларын, өрүү үөрэ-көтө сылдьалларын ахтан санаан ааһаллар…
Манан курас кэпсээммин бүтэриим. Ханнык баҕарар киһи орто дойдуга олорон ааспытын кэпсиир, кэлэр көлүөнэҕэ оннук дьон олорон ааспыттар ээ диэн ырыҥалыы саныахтарын сөп. Олох киһиэхэ биирдэ бэриллэрин толкуйдаан көрдүннэр.
Эпилог
Олорор олохпут усталаах туоратыгар бэйэбитин кытта биир кэмҥэ олорон ааһар дьоммут олохторун ырыҥалаан аастахха, иккистээн бу олоххо төрүүрүм буоллар дии саныыр дьон баара буолуо дуо? Ол бука кыаллыбат, күн сырдыгар биирдэ төрөөн, олорон ааһаҕын! Биирдэ бэриллэр олоҕу харыстыахха. Этэҥҥэ олоруохха.
Тилин.
tuymaada.ru