Анаабыр улууһун Үрүҥ-Хайа бөһүөлэгэр 1246 киһи олорор. Дэриэбинэҕэ ититии киирбитэ ыраатта. Саҥа тутуллубут уопсай дьиэлэр, пожарнай, спортивнай зал бааллар. Икки этээстээх музейдаах, солярийдаах детсакка 80-тан тахса оҕо сылдьар.
Анаабыр улууһун бочуоттааҕа, РФ, СР үтүөлээх худуоһунньуга Юрий Спиридонов уруһуйдарынан киэргэтиллибит киэҥ-сырдык оскуолаҕа 190 оҕо үөрэнэр. Юрий Васильевич аҕата Василий Матвеевич Спиридонов 40 сыл табаһыттаабыт, үчүгэй үлэтин иһин ВДНХ кыһыл көмүс мэтээллэринэн наҕараадаламмыт. Ийэтэ Таисия Никитична Туприна ыстаадаҕа чуум үлэһитинэн сылдьыбыт, үлэ дьоно этилэр.
Тыйыс, буурҕалаах, тымныы тыаллаах, кыһын күнэ көстүбэт, сайын күнэ киирбэт, араас өҥүнэн дьүкээбил суһумнуур халлааннаах, долгуннурар Лаптев муора, Анаабыр Эбэ хотун, кылгас чаҕылхай өҥнөөх сибэккинэн симэммит туундара, хаардаах хайалар, табалар, үрүҥ эһэлэр, хоптолор о.д.а кини уруһуйдарыгар чуолкайдык, кэрэтик көстөллөр. Ону тэҥэ ойуу-бичик таҥастаах долган кырасыабай кыргыттарын, сытыы-сымса уолаттарын, улахан олоҕу олорбут табаһыттар портреттарын кэрэхсии көрөҕүн. Кини төрөөбүт дойдутугар тапталын «Отчий дом» хартыынаҕа көрөбүт.
Ити курдук кустук өҥнөөх кыраасканан ойууламмыт хартыыналар Дьокуускайга национальнай художественнай музейга, Москваҕа Государственнай музей выставка залыгар, Америкаҕа РОСИЗО, АККОРИУС (АХШ) историческай искусство выставка залыгар, Япония, Финляндия (Кеми) куорат, Норвегия (Осло), Турция (Анкара), Харбин (КНР), Читинскэй уобалас Чита куоратыгар, Южно-Сахалин художественнай музейдарыгар о.д.а. чааһынай коллекцияларга баар эбиттэр.
Юрий Васильевич үлэлэрэ Арктика үлэһит дьонугар, туундара айылҕатыгар ананар. Кини графиканан, живопиһынан, муус оҥоһуктар скульптураларыгар кытта дьарыктанар. Аан бастакынан муус искусствотын саҕалаан 1992 сыллаахха АХШ (Аляскаҕа) Аан дойдутааҕы күрэхтэһиигэ (Япония, Кытай, Италия, Франция, Бразилия уо.д.а. дойдулар маастардарын күрэхтэһиилэригэр 3-с миэстэни ылбыт. Саха сиригэр маҥнайгы муус оҥоһуктар Аляскаҕа буолбут күрэхтэһии онно оҥоһуллубута, үлэ аата «Розовая чайка» диэн.
Юрий Васильевич 2000 сыллаахха Финляндияҕа саха художниктарын илдьэн, улахан муус комплексын оҥорбуттар. Дьэ ол кэнниттэн муус оҥоһуктар Саха сиригэр тарҕанан барбыттар. Билигин саха мууска скульптордара аан дойдуга аатыраллар. Саха сиригэр буолар улахан күрэхтэһиилэргэ Юрий Васильевиһы жюри председателинэн куруук ыҥыраллар. 1979 сыллаахха А.И.Герцен аатынан ЛГПИ – пединститут графическай факультетын үөрэҕин бүтэрэн дойдутугар төннүүтүн «Возвращение» хартыынаҕа көрөбүт. Үлэтигэр бэриниилээх, талааннаах буолан ыччаттары кытта үлэлээһиҥҥэ «Эдэр ыччат худуоһунньуктар союзтарыгар» бэйэтин маастарыстыбатын, сүбэтин биэрэр.
РФ бочуоттаах үлэһитэ, Үрүҥ-Хайа оскуолатыгар уруһуй учуутала Раиса Федотовна оҕолорун выставката «Үргэл» галереяҕа Юрий Васильевич ыҥырыытынан буолбута. Үрүҥ-Хайатааҕы этнокультурнай кииҥҥэ уруһуй куруһуогун салайааччыта Зоя Матвеевнаҕа, Сааскылаах «МБУ ДО ЦДОД» учуутала Аксинья Васильевнаҕа үтүө сүбэтинэн көмөлөһөр, баай опытыттан бэрсэр. Аксинья Васильевна республикаҕа буолбут выставкаҕа миэстэлэһэн, Москваҕа ВДНХ–ҕа буолар международнай «Сокровища севера» диэн ааттаах Россия худуоһунньуктарын, маастардарын выставкатыгар уруһуйдаабыт хартыыналарынан, оҕуруонан тикпит оноһуктарынан выставкаҕа кытта барар буолла.
Юрий Васильевич 1992-94 сыллардаахха ЮНЕСКО «АРТ-АРТИКА» проегын тэрийэн үлэлэппитэ. Аан дойдутааҕы элбэх омуктар оргкомитет выставкатын 1997-2000 сыллаахха «Правление Союза художников Якутии», 2002-2017 сылларга правление председателинэн үлэлээбитэ. Кини Саха сиригэр элбэх сиргэ сылдьан дойдута киэҥин, баайын туоһулуур хартыынатынан “Вечер в Нерюнгри” хартыынаҕа көрөбүт.
Норуоттан тахсыбыт талаан, Саха Республикатын комсомолун премиятын лауреата, СР Духуобунай Академиятын дьиҥнээх чилиэнэ Юрий Васильевич дьаныарынан, үлэҕэ ситиһиитинэн, кэрэ хартыыналарынан төрөөбүт дойдутун Анаабыры аан дойдуга аатырта. Табаһыт Илья Константинович – герой Ылдьаа 110 сааһын туолар юбилейдаах сылыгар анаан кини портретын уруһуйдаан бэлэхтиир былааннаах, ол үлэтин саҕалаата.
Юрий Васильевичка доруобуйаны, дьиэ кэргэнигэр, чугас дьонугар дьолу-соргуну баҕаран алгыс тылбын аныыбын.
Галина БОРИСОВА-Толбооно,
РФ Суруналыыстарын союһун чилиэнэ,
СР суруйааччыта.
Дьокуускай к.