Саха Республикатын
наукаҕа уонна
үөрэхтээһиҥҥэ министрэ
Сивцев
Михаил Петровичка.
Алын, орто, үрдүк профессиональнай үөрэх систематыгар 42 сыл үлэлээн, ол иһигэр общество олоҕун уйгутун быһаччы оҥорор алын, орто профессиональнай үөрэх систематыгар 33 сыл, үрдүк үөрэх систематыгар 9 сыл туох баар өйбүн-санаабын, кыһамньыбын ууран үлэлээн, Россия, Саха Республикатын таһымыгар үлэм бэлиэтэммитэ.
Үлэлээн кэлбит системам ыһыллыбытын көрө-көрөбүн тулуйбакка бу саҥа салалта болҕомтоҕо ылан, үлэ хайысхатын уларытаарай диэн баҕа санааттан 78-таах киһи суруйан эрэбин. Бу иннинээҕи министр 2019 сылы көрсөргө, ахсынньы 29 күнүгэр сарсыарда 9 ч. 20 мүн. 3-4 училище урукку директордарын уонна урукку ПТҮө управлениетын үлэһиттэрин кытта көрсүһүүгэ ыҥыран баран, дьон туох санаалаахтарын истибэккэ эрэ тахсан баран хаалан соһутта. Аҥаардас бу быһыы система ханна тиийбитин ырылхайдык кэрэһэлээбитэ.
Алын, орто профессиональнай үөрэх систематын бүтэрэн, идэ ылбыт рабочайдар общество олоҕун уйгутун оҥорооччулар, дэлэтээччилэр буолалларын хас биирдии киһи билэр буолуохтаах. Ол курдук күннэтэ сиир килиэппитин ыллахха, сири таҥастааһынтан саҕалаан бурдугу ыһан, көрөн-харайан, куурдан-хатаран, мэлийэн килиэп оҥорон, тиэйэн-таһан, атыылаан биһиги айахпытыгар киириэр диэри олоччу рабочай кадрдар оҥороллор. Ону тэҥэ таҥаһы-сабы, дьиэни-уоту олохсуйуохха диэри барытын рабочайдар оҥороллорун билбэт киһи суоҕа буолуо. Оччотугар бу системаҕа үрдүк квалификациялаах ыччаты бэлэмнээн таһаарыы – тыын боппуруос буоларын бары билэ сылдьар буолуохтаахпыт.
1970-1995 сыллар кэрчик кэмнэригэр бу система баараҕайдык сайда сылдьыбыта. Ол курдук: Мирнэй, Нерюнгри, Нам, Төҥүлү, Чурапчы, Жатай, Сунтаар училищелара муҥутуурдук сайдан үлэлээбиттэрэ. Оччолорго управление начальниктарынан үлэлэригэр ураты бэриниилээх Брызгалов Роман Иванович (1911-1987 сс.), Кыһыл сулус, Үлэ кыһыл знамята орденнар, «Үлэҕэ туйгунун иһин», «Үлэҕэ килбиэнин иһин» мэтээллэр кавалердара, Заморщиков И.П. Саха Республикатын норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, РСФСР ПТҮө туйгуна, «Бочуот знага» орден, «Үлэҕэ килбиэнин иһин» мэтээллэр кавалердара 1973 сылтан 1987 сылга диэри үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээн, Мирнэйгэ, Нерюнгрига, Дьокуускайга промышленноска хайысхалаах комплекстары олоххо киллэртээн, элбэх оройуоннарга 14 училищелары олоххо киллэрэн, рабочай кадрдары бэлэмнээһин лаппа сайдыбыта.
Ол саҕанааҕы директордар барахсаттар өрө күүрэн, үлэлээн-хамсаан, этэн-тыынан, туруорсан ураты этилэр! Мин көрө-көрө саллар этим. Училищелар базалара: кабинеттара, мастарыскыайдара, полигоннара киһи сөҕө-махтайа көрөр буолара. Аны училищелар аайы семинар бөҕөнү тэрийэн, сырытыннаран. опыты тарҕатыы сөҕүмэрдик ыытыллара. Биһиги 13 №-дээх Чурапчытааҕы училищебыт трактористары, суоппардары үөрэтэр кабинеттара, лабораториялара, мастерскойдара бүтүн республикаҕа бастыҥ миэстэлээх, тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиир электромонтажниктары бэлэмниир лабораториябыт бүтүн республикаҕа холобурга сылдьан, сөҕүмэр элбэх үчүгэй бэлэмнээх кадрдары үөрэтэн, выпускниктарбыт үйэлэрин тухары махтаналлар. Ол курдук Сергеев Пётр Петрович РФ ПТҮө туйгуна, үтүөлээх учуутала, Саха Республикатын орто анал үөрэҕин бочуоттаах үлэһитэ, 2 үрдүк инженернэй техническэй үөрэхтээх «Тракторы и автомобили» диэн предмеккэ үөрэтэр кабинетыгар:
- трактор, автомобиль бары узелларын көстөр гына хайа быһыы (разрез) оҥортоон преподаватель остуолуттан пульт нөҥүө салаллан, двигательтэн көлүөһэлэргэ хамсааһын хайдах бэриллэрэ көстөр гына , анал подставкаларга туруоруллубуттара;
- Двигателлэр бары системалара: аһылыгын, сойутунуутун, умунуохтаныытын хайдах үлэлиирин көрдөрөр световой табло истиэнэҕэ ыйанан: холобур сылаас, тымныы уу; ыраас, кирдээх арыы; аһылык хайдах айанныылларын эмиэ пульт нөҥүө көрдөрүххэ сөп гына оҥоһуллубута;
- Автомобиль электооборудованиета олоччу натуральнай деталлартан хомуллан, эмиэ пультан салаллан электрооборудование үлэтэ көстөр гына истиэнэҕэ стендэ ыйанан үлэлээбитэ;
- автомобиль пневматическай приводтаах тормозной систематыгар эмиэ маннык стендэ ыйаммыта.
Маны тэҥэ «Двигатели», «Шасси тракторов и автомобилей» лабораторияларга үөрэнээччилэр хас эмэ двигатель көрүҥнэрин ыһан-хомуйан, силовой системаҕа эмиэ двигательтан көлүөһэлэргэ тиийэ хамсааһыны биэрэр механизмнары тус-туспа ыһан- хомуйан регулировкалаан үөрэнэр гына тэриллибитэ. Маныаха группа үөрэнээччилэрэ 5 звенолаах системаҕа тарҕатыллан, эргийэ сылдьан, тутан- хабан, ыһан- хомуйан бука бары олус наадалаах үөрүйэхтэри иҥэринэллэрэ.
Өссө да элбэҕи кэпсиэххэ сөп этэ да, салҕан ситэ ааҕыахтара суоҕа диэн тохтуурга күһэллэбин. Уонна профессиональнай үөрэх систематыгар теория уонна практика өттүнэн үөрэх учебнай былаанын оҥорууга ирдэбили өйдөтүөхпүн баҕарабын, ол курдук:
- алын анал үөрэххэ: теория – 30 %, практика – 70 %;
- орто анал үөрэххэ: теория – 40 %, практика – 60 %
өлүүлээх буолар гына ирдэниллэр. Ол иһин, алын анал профессиональнай үөрэх систематыгар практическай үөрэх өлүүтэ теория өттүнээҕэр баһыйар өлүүнү ылар буолан, үөрэнээччилэр идэлэригэр бэртээхэй бэлэмнээх тахсаллара. Онон, лаборатория, мастерской суолтата сүҥкэн! Билиҥҥи кэмҥэ бу ирдэбил адьас мөлтөөбүтэ училищелар материальнай базалара ыһыллыбытыттан чаҕылхайдык көстөр. Аны билигин информационнай технология баһыйара наадалаах диэннэр, истиэнэҕэ тыктарыллан көрдөрүллэр технологиянан үлүһүйэллэр. Маныаха үөрэнээччилэр ханнык да практическай үөрүйэҕи ылбаттара хайдах курдук омсолооҕун өйдөөбөттөрүттэн киһи кэлэйэр.
Аны трактористары үөрэтэбит диэн ааттаан аҥаардас тракторы эрэ үөрэтэ-үөрэтэ астыныы бөҕөтө. Оттон тракторист аҥаардас Саха сиригэр 80-ча араас тыа хаһаайыстыбатын массыыналарын холбонон үлэлээн аһы-үөлү дэлэтиигэ кыттар ээ! Онон бу массыыналар аҥаардас оҥоһууларын эрэ билиинэн муҥурдаммакка, кинилэри кытта үлэлээһин технологиятын, көрөр-истэр, өрөмүөннүүр үөрүйэхтэри эмиэ баһылааһын ирдэнэр. Онуоха бу үөрэх былааныгар «Организация и технология производства механизированных работ» диэн балачча теоретическай чаастаах, лабораторнай практическай үлэлэрдээх предмет олус кичэллээхтик үөрэтиллиэхтээх.
Ол иһин тракторист үөрэҕэ балачча уустук, холбонор техникалары кытта үлэҕэ дьоҕуру иҥэриллэр нэдиэлэҕэ 2-тэ 6-лыы чаастаах производственнай үөрэх уруоктара ыытыллыахтаах, слесарнай үлэлэртэн саҕалаан. Ону тракторист диэн квалификацияны иҥэрэргэ үтүмэн элбэх лабораторно-практическай, производственнай үөрэх уруоктарын ыытыы усулуобуйалара билиҥҥи училищеларга да, араас комбинаттарга да суох буоллулар. Маныаха «кадрдары таба аттаран, иитэн- үөрэтэн үлэлээһин суох буолла.» диэтэххэ өһүргэнэллэрэ буолуо да, чахчыта оннук буолла. Маннык балаһыанньаҕа хайдах тиийдибит диэтэххэ:
— Бастакынан, 1995 сылтан саҕалаан идэҕэ үөрэтэр училищеларга директордарынан орто уопсай үөрэх оскуолаларыттан аҕалтаан (син элбэх дьахталлары) олордубуттара. Профессиональнай үөрэх системата уонна уопсай үөрэх системата сир уонна халлаан курдук уратылаһалларын бу Министерство профессионального образования оччотооҕу салалтата өйдөөбөт муҥуттан;
— Иккиһинэн, училищелар, техникумнар директордарынан бу үөрэх тэрилтэлэрэ туох идэлээх ыччаты иитэн таһаарыахтаахтарынан көрөн, директор сөптөөх идэлээх, үрдүк профессиональнай таһымнаах киһи үлэлиэхтээҕин олох көрдөрдө;
— Үсүһүнэн, урут училищеҕа директоры учебнай- производственнай үлэҕэ солбуйааччы (директор 1-кы солбуйааччыта) диэн дуоһунас баар буолара. Дьэ бу солбуйааччы иитиллэн тахсар кадрдар профессионализмнарын иһин быһаччы эппиэти сүгэр, кабинеттар, лабораториялар, мастерскойдар оборудованиенан хааччыллыылларын ситиһэр уонна лабораторнай-практическай үлэлэр, производственнай үөрэхтээһин хаачыстыбаларын ситиһэргэ сүрдээх киэҥ хабааннаах үлэни ыытар солбуйааччы. Онон бу солбуйааччы производственнай үөрэхтээһини, практиканы барытын хонтуруоллуур, хаачыстыбатын хааччыйар гына үрдүк эппиэтинэстээх, дьулуурдаах, тулуурдаах, үөрэтэн таһаарар кадрдарыгар сөп түбэһэр идэлээх буолуон наада этэ.
Холобур: суоппардары, трактористары бэлэмниир буоллахха, зам. дир. по УПР. инженертэн итэҕэһэ суох үөрэхтээх буолара наада этэ. Ол билигин тутуһуллубат буолбутун олох дьэҥкэтик көрдөрдө. Холобур: тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиэхтээх кадрдары бэлэмниир училищеҕа бу дуоһунаска ырааҕынан сөп түбэспэт идэлээх дьон үлэлии сылдьар түбэлтэтэ суох буолбатах.
— Төрдүһүнэн, хомойуох иһин, Министерство Алын уонна Орто анал үөрэх салаатын салайар дьаһалтатыгар тыа хаһаайыстыбатын үчүгэйдик билэр, эт-үүт, бурдук хайдах бэлэмнэниллэрин, ону тэҥэ, олох бары салаатыгар үлэлиэлиэхтээх базовай билиилээх кадрдары бэлэмнээһин технологиятын этигэр-хааныгар иҥэринэ сылдьар солбуйааччы наада буолбутун олох дакаастаата.
Дьэ, онон өссө да элбэҕи суруйуох киһи тохтуурга сананным. Баҕар, саҥа салалта урут, система муҥутуу сайда сылдьыбыт кэмигэр үлэлии сылдьыбыт дьон санааларын истэн, болҕойо түһэн тугу эмэ туһанаайаллар диэн суруйдум.
Аграфена НОЕВА.
Дьокуускай к.
ЫСПЫРААПКА: Ноева Аграфена Васильевна – РФ профтехүөрэхтээһинин туйгуна (1981 с.), үтүөлээх учуутала (1982 с.), ССРС ПТҮө ветерана (1992 с.), Саха Республикатын ПТҮө «Ураты үтүөлэрин иһин» үрүҥ көмүс бэлиэлээх ветеран (2000 с.) СР ПТҮө ветерана (2012 с.) СР вице-президенэ Е.Михайлова «Республика сайдыытыгар кылаатын иһин» үрүҥ көмүс бэлиэлээх махтал суруктаах, «Чурапчы улууһун иннигэр үтүөлэрин иһин», «Трудовая слава России» бэлиэлэр хаһаайкалара, Одьулуун, Болугур нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо.
tuymaada.ru