Советскай былаас муҥутаан турдаҕына, совхозтар сытыйа байбыт кэмнэригэр биир кыһын дьиэбититтэн түөрт көстөөх сиргэ Мэйиккэ биэс буолан икки сүүс биэс уон сүөһүнү тутан кыстыы таҕыстыбыт – Хоруотаан Сэмэн, Кутуйах Ньукулай, Бурдуктаах Захар, Ньолокуут Уоһук уонна мин.
Кыһын олунньуга биир ынах төрөөрү гыммытын туспа хаайан, кэтэһэ сырыттыбыт. Арай биир түүн ынахпыт төрөөтө. Уоһук биһикки төрөтөн, оҕотун баһыгар салата аҕаллыбыт. Кэлин, салаабытын кэннэ киирэн эмтэриэхпит диэн дьиэбитигэр таҕыстыбыт.
Онтон кэлэн ынахпытын көрбүппүт доҕоор – ынахпыт орбоҥуттан кууллаах комбикорм саҕа кып-кыһыл тахса сытар! Соһуйан да, куттанан да өлө сыстыбыт.
– Хайа бу туоҕай? – диэн буолла.
Үчүгэйдик көрбүппүт маанката тахса сытар эбит. Урут иккиэн да манныкка түбэспэтэх буолан олус куттанныбыт. Дьиэҕэ киирэн туох буолбутун дьоммутугар кэпсээтибит. Хайдах буолуохха, тугу гыныахха диэн сүбэлэстибит да, киирэн тыллыахха диэнтэн атыны тобулбатыбыт. Дьоммут да урут манныкка түбэспэтэх эбиттэр. Ол эрээри бастаан тахсан төттөрү симэн көрүөххэ, баҕар киириэ дэстибит.
Биэдэрэҕэ уу сылытан, мыылалаах, ыраас өрбөхтөнөн эҥин, отой операция оҥорор быраас курдук тэринэн, адьынан таҕыстыбыт. Тахсан илиибитин суунан, отой быраас курдук мосуоннуран төттөрү симэ сатаатыбыт. Отой киирбэт, төттөрү анньа сытар. Муҥнана сатаан баран: “Чэ-чэ, киһитэ ыытыахха, бэтэринээргэ”, – диэн Хоруотааммытын алын ыыттыбыт. Биригэдьиирбитигэр Матвеев Аппанааска сурук ыыттыбыт.
Биһиги санаабыт буолбакка, тахсан эмиэ симэ сатаатыбыт. Син биир киириэ суоҕа диэн ыраастаабакка, кирдэри-хохтору симэн бардыбыт, арай киирэн барда. Оо, киириэн билбит буоллар ыраастыы түспэккэ диэн буолла да итиччэ киирбитин кэннэ хайдах гыныаҥый дэстибит, киирбитигэр үөрүү. Ол эрэн субу тахсыах курдук, отой үтэ сылдьар, ытыспытынан саба тутан олоробут. Хайдах гыныахха дэһии буолла. Маны куулунан саба тутан баран ат буоһатынан дэлби кириэс-мараас бэйэтигэр ыга кэлгийиэххэ диэн буолла.
Инньэ гынан куулу ынах орбоҥун бүөлүү дэлби таарбайан, кэлгийдибит. Баарбытыгар тахсыбата. Ньирэйбитин эмтэрэн-хайаан халлаан сырдыыта киирэн нук гынан ыллыбыт. Сарсыарда тахсыбыппыт хата тахсыбатах. Ынахпыт кыһалҕата суох кэбинэ турар. Сүөһү кэбинэр буолла – ол аата үчүгэй. Оо, үөрэн бөҕөбүт! Ол киэһэ биригэдьиирбит Матвеев бэтэринээр дьахтары тиэйэн сарылатан таһаарда, атынан. Бэтэринээрбит ынахпытын көрөн баран: “Олус бэркэ оҥорбуккут, маладьыастар, маннык гыныллааччы”, – диэтэ. Ону биһиги били угарбытыгар киирбит кири-хоҕу эттибит.
– Ол дьыалата суох, иигин кытта сайҕанан тахсыһар. Куттанымаҥ, – диэтэ. Ол онон ааста.
Саас көһөн киирбиппит кэннэ ынахпытын ыыбыт диэн, оҕотун арааран фермаҕа биэрдилэр. Онтон күһүн эмиэ сайыҥҥы сүөһүбүтүн туттаран, эмиэ сүөһү кыстата Мэйикпитигэр кыстыы таҕыстыбыт. Эмиэ былырыыҥҥы дьон. Биир күн сүөһүлэрбитин аһаабыттарын кэннэ өрө диэки мунната салаталаан баран, Хоруотаан биһикки күнүс хотон сыбыы турдубут. Алын диэкиттэн суолунан арай биир сүөһү иһэр.
– Хайа, доҕор, ол сүөһү иһэр дии, соҕотох. Ханнык сүөһүнүй, биһиэннэрэ ити диэки барбатах буолуохтаахтар, – таайа сатыы турдубут. Арай чугаһаабытыгар көрбүппүт били быкыһын манна төрөөн маанката тахсыбыт улахан ынахпыт муҥнаах эбит. Тэлгэһэҕэ киирэн баран маҥыраан сатарытта, устунан өр баҕайы эҥсэн айаатаан барда. Туох диэбитин туох билиэй.
Үөрүүбүтүгэр от бөҕөнү таһааран биэрдибит. Аһынан дэлби долгуйдубут. Биһиги тахсыбыппыт уонча хоммутун кэннэ ити тиийэр, булгуччу онно барбыттара буолуо диэн кэлээхтээбитиэн! Саҥа дьыл кэлэр сыллааҕы эккэ туттараары манна отучча сүөһүнү откормалаан күүскэ аһатаҕыт диэн сүөһү талан бардылар. Онно били ынаҕы төһө да аһыннарбыт, маанката тахсарын иһин, тахсыбыт тахса турааччы диэни истэн откормаланар сүөһүлэргэ анаатыбыт. Онон үс ый курдук күүстээх аһылыкка турбуттара. Ол ынахпыт муҥнаах олус уойбута.
Бэйэбит өлөрөн, астаан этин туттарбыппыт. Хара иһин барытын бэйэбит ылан, кыһыны быһа үөрэлээн мииннэнэн абыраммыппыт. Көр, сүөһү барахсан үчүгэйдик турбут сирин ол курдук умнубаттыы саныыр.
Таркаайы киһитэ.