Кэлиҥҥи кэмҥэ дьон хаһыакка «сахалар эстэн эрэбит, тылбыт сүттэ да омук буолан бүтэбит» диэн санаалара элбэхтэ көстөр буоллулар. Итиниэхэ Н.Харлампьева хоһооно да ону туоһулуур:
Ханна барыахпыный мин, ханна
Омугум тыйыс дьылҕатыттан,
Сүтэр, эстэр кутталлаах
Ону күөйэр кыһалҕаттан?
Дьэ ити, «сүтэр, эстэр кутталлаах» диэн, онно эбии мантан ыла «оҥоһук» ыарыыларбыт өрө турдахтарына аны «бэстилиэнэй тыһыынча» ити туолар, бу туолар диэн хаһыаттар куттаабыттара ыраатта. Ити үлүгэр ааҥнаан кэллэҕинэ биһиги аҕыйах ахсааннаах сахаларга кырдьык эстэр да ыраахтан ылбата буолуо, оннооҕор буолуох халыҥ аймах норуоттар сиик буолан симэлийбиттэрин история кэрэһэлиир.
Дьэ, ол иһин мин маннык этиилээхпин.
Федераллар «баайбытыттан» киирэр үбү барытын мэлитэ иликтэринэ, тобох-ибэх үптэн үбүлээн саха омук олорон ааспыт олоҕун көрдөрөр «мэҥэ тааста» туруоруоҕуҥ. Онно Саха итэҕэлэ, тыла, суруга, культурата үо.д.а. барытын бөҕө-таҕа тааска суруйан уу да ылбат, уот да сиэбэт сиригэр таас хайа үрдүгэр туруоруох баара. Онно өссө кэлэр көлүөнэҕэ кэс тыл киллэрэн эбиэххэ.
Тоҕо диэтэххэ номоххо этиллэринэн өбүгэлэр суруктарын эбэҕэ түһэрэн сүтэрэн, историябытыгар хантан хааннаахпыт, кимтэн кииннээхпит биллибэт. Сурук-бичик суох буолан саха историята биллибэт, барыта таабырын курдук таайыы буоллаҕа.
Аны эмиэ история кэрэһэлииринэн сирдээҕи олоххо хас да цивилизация эстибитин билэбит, ол туоһутунан тутан хаалларбыт тутуулара, памятниктара буолаллар. Ону таһынан археологтар хаһан булууларынан удумаҕалатабыт.
Биһиги ити этэр мэҥэ тааспытын туруордарбыт, ол этэр бэстилиэнэй тыһыынчалара буоллаҕына даҕаны кэлэр цивилизация дьоно: «Бу саха диэн улахан культуралаах, суруктаах-бичиктээх омук олорон ааспыт эбит» диэ этилэр. Баҕар «бу биһиги аймахтарбыт, төрүттэрбит эбит» диэхтэрин эмиэ сөп.
Ити мэҥэ тааска кэлэр көлүөнэ сахалара бэйэлэрэ эмиэ эбэн истэхтэринэ «Ытык сир» буолан көрүллүөх-харайыллыах этэ.
Уопсайынан, дьон-сэргэ туруорсуулара, араас проектар, идеялара этиллэр, суруллар даҕаны ол салалтаҕа тиийэрэ-тиийбэтэ биллибэт, ол иһин комиссия дуу, группа дуу тэриллэн үчүгэй диэбит проектары, идеялары талан салалта (баһылык, правительство) көрүүтүгэр тиэрдэллэрэ ордук буолуох этэ.
Чэ, мин этэрбин эттим, «суруллубут суоруллубат», информация эйгэҕэ тарҕанна. Аны салалта саха дьылҕатыгар төһө кыһаллара дьэ биллиэ буоллаҕа.
Хоҥхо ДЬӨГҮӨРЭ.
tuymaada.ru