Биһиги бүгүн, 2020 сыл сэтинньи 22 күнүгэр, биллэр общественнай-политическай деятель, Россия үтүөлээх юриһа, ХИФУ профессора Макар Макарович Яковлевы кытта кэпсэттибит.
– Макар Макарович, эн ситэриилээх, бэрэстэбиитэллээх, суут былаастарыгар, республика, Россия, ССРС таһымнарыгар үрдүк дуоһунастарга үлэлээбитиҥ. Билиҥҥи буола турар ис уонна тас политика, дьон олоҕун-дьаһаҕын туһунан “Туймаада” хаһыат ааҕааччыларыгар кэпсииргэр көрдөһөбүт. Дойду экономическай уонна политическай туругун эн хайдах сыаналыыгын?
– Дойду оҥорон таһаарыыта – ВВП олус мөлтөх, уонунан сылларга кыайан өндөйбөт. Ол биричиинэтэ элбэх диэххэ сөп. 90-с сылларга рыночнай систиэмэҕэ киирэбит диэн туох баар судаарыстыбаҕа үлэлии турбут тыһыынчанан ааҕыллар собуоттарбытын, фабрикаларбытын суох гыммыппыт. Чубайс идеологтаах приватизация диэн ааттаан босхо сыанаҕа кэтэх илиилэргэ биэрбиппит. Ол дьоммут олигарх диэн ааттанар уонунан миллиард доллардаах баай дьон буоллулар. Холобур, 40 тыһыынча үлэһиттээх Челябинскай тракторнай завод, 50 тыһыынча үлэһиттээх “Уралмаш” завод, хас эмэ миллиардынан сыаналаах заводтар аҕыйах мөлүйүөн солкуобайга атыыланан тураллар. АХШ тас разведкатын үлэһиттэрэ “Чубайстаах буолан приватизацияны кыайбыппыт” диэн телевидениенэн этэн тураллар. Чубайс английскай разведка вербовкатын барбыта биллэн таҕыста. Бу киһи: «Билигин пандемия туһата улахан буолла, кырдьаҕас дьону, ыарыһахтары уонна дьадаҥылары ыраастаан бюджетка улахан экономия оҥорор, – диэтэ. – Пандемияны кытта охсуһарга норуот былаас харчытын туһанар, онон хас биирдии киһиэхэ 5 тыһ. нолуок түһэриэххэ наада” – диэн этии киллэрдэ. Кини экономиканы туругурдарга буолбатах, коммунистары уонна Советскай Союһу ыһарга үлэлээбитим диэн интервьютугар аһаҕастык билинэр.
Ол кэннэ хантан оҥорон таһаарыы баар буолуой? Нефть, газ суотугар олоробут. Онтукпутун да нефть сыанатын аллараа түһэрдилэр. Экспертэр биир доллар 250 солкуобайга тиийиэ диэн сабаҕалыыллар. 90-с сылларга Путиҥҥа экономическай сүбэһит буола сылдьыбыт Илларионов соторутааҕы аһаҕас интервьютугар Сечин, Греф, Медведев бюджетка киириэхтээх 12 млрд доллары үллэстибиттэрин кэпсээтэ. Маҥнай Путин утарсыбыт курдук да, онтон саҥата суох сөбүлэспит. Соҕотох Илларионов эрэ утарсыбыт.
Академик Глазьев, дойдуга биллэр экономист, финансист Катасонов, Делягин курдук доктордар сыыһа экономическай суолунан баран иһэбит диэн сиһилии быһааран биэрэллэр да, истибэттэр. Кинорежиссер Михалков Чубайсы, Грефи, Кудрины глобальнай мировой финансовай элиитэ Россияҕа смотрящайдара, онтон Путин уонна Медведев топ-менеджердэр оруолларын толороллор диэтэ. Ол туһунан 7-8 сыллааҕыта Дерипаска кыраныысса таһыгар интервьютугар эмиэ этэн турар.
Анал үөрэҕи барбыт “экономическай убийца” Джон Перкинс Эквадоры, Панаманы, Гондураһы, Гватемаланы, Сальвадоры, Никарагуаны, Колумбияны, Перуну, Чилини, Парагвайы хайдах экономическай хабалаҕа киллэрбитин туһунан кэпсээтэ. Кинилэр Мировой бааны, Международнай валютнай фонданы, Федеральнай резервнэй системаны кытта бииргэ сүбэлэһэн үлэлиир эбиттэр. Кэлин онтон Джон Перкинс аккаастанан, кэмсинэн “Исповедь экономического убийцы” диэн икки томнаах кинигэ суруйан таһаарда. Ол иһин сүһүрдэн, хаста да өлөрө сатаатылар.
Билигин Чикагскай университет профессора Милтон Фридман теориятын тутталлар. Кини бастыҥ үөрэнээччитэ Джефри Сакс 90 сылларга Россияҕа кэлэн сүбэһит буолбута, Чубайсы уонна икки ЦРУ разведчиктарын кытта ыкса үлэлээбитэ. Милтон Фридман теориятын быһыытынан аан бастаан судаарыстыба бас билиитин суох гынан повальнай приватизация оҥоһуллуохтаах, сир аннынааҕы хостонор баай уонна судаарыстыба стратегическай ресурсалара кэтэх бас билиигэ киириэхтээх, сир атыыланыахтаах, солкуобай доллар систиэмэтигэр киириэхтээх, социальнай көмө отой суох буолан быстыахтаах. Нэһилиэнньэни үксүн дьадаҥы буоларга тиэрдиллиэхтээх уонна үөрэхтээх буолуутун намтатыллыахтаах, омук дойдуларын инвестициятыгар суол аһыллыахтаах, дойду туох баар финансовай системата чааһынай илиигэ киириэхтээх, дойдуга аҕыйах ахсааннаах киһи уһулуччу байыахтаах диэн. Ырытан көрдөххө үүт-үкчү Милтон Фридман теориятын сүүс бырыһыан толорон баран иһэбит. Ити туһунан мин элбэхтик лекция аахтым. Чубайс, Греф, Набиуллина, Силуанов, Сечин курдуктар былааска баалларын тухары система уларыйыа суоҕа уонна сылтан сыл мөлтөөн иһиэхпит диэн тус бэйэм санаалаахпын. Наар “стабильность” диэн уоскуталлар. Ону кытайдар төннүү дииллэр. Билигин пандемия экономическай сайдыыны, оҥорон таһаарыыны улаханнык туормастаата, куһаҕан түмүгэ кэлэр сылларга күүскэ биллэрэ буолуо.
Итини таһынан АХШ уонна НАТО дойдуларын экономическай санкцията хам баттыыр. Урукку союзнай республикалар АХШ, Европа, Кытай диэки хайыһан бардылар. Политическай өртүнэн көрөр буоллахха АХШ, Европа дойдуларын кытта сыһыаммытын улаханнык алдьаттыбыт. АТР дойдулара бэйэлэрэ бэйэлэригэр олороллор. Кытайы кытта чугасаһа сатаан ойуур бөҕөбүтүн кэттэрэн туран биэрдибит, газпытын буор-босхо биэрэбит. Штыров быһаарарыныы, газ Кытайга барыытыгар, былааҥҥа баарын үрдүнэн, Хабаровскайы, Владивостогу тумнубуттар. Кытайы кытта сыһыан наада гынан баран, улахан сиэртибэтэ суох буолуо этэ. Президент посланиетыгар хайдах курдук сэрии сэптээҕин кэпсиир. Баҕар суоһурҕаныы наада буолуо гынан баран, күөттүүр курдукпут…
Ити үөхсэр Сталиммыт оннооҕор Рузвели, Черчили кытта уопсай тыл булан, уһуннук эйэлээх олоххо олорор сыалтан ООН диэн аан дойду түмсэр, сүбэлэһэр тэрилтэтин олохтообута. Билигин тоҕо кыаллыбатый? Чугаһыы сатыыр Белоруссияны сүгүн чугаһаппакка олоробут. Хайдах да гыммыт иһин Украинаны, Белоруссияны кытта уопсай тыл буллахха табыллара буолуо. Грузия, Азербайджан, Армения да чугас буолуохтарын наада.
Израиль Моссад улахан разведчига буола сылдьыбыт Кедми Соловьев ыытар программатыгар аһаҕастык этэр: “Эһиги урукку историяҕытын – Советскай Союһу, Ленини, Сталины, коммунистары тоҕо түһэрэҕит уонна хайдах олороору, сайдаары гынаҕыт”, – диир. Аҕа дойду сэриитигэр еврейдэрдээҕэр буолуох коммунистары өлөртөөбүттэрэ диэн сирэй-харах анньар. Онон түмүктүүр эбит буоллахха, политическай да турукпут үчүгэй диэҕи дубук буолара буолуо.
– Белоруссияҕа буола турар быһыыны-майгыны эн хайдах быһаарыаҥ этэй? Онно баһыйар үгүс тэрилтэлэр государственнайдар дии. Дьон оччоҕо тоҕо ону сөбүлээбэтий?
– Белоруссиянан айаннаабыт дьон Беларусь хонуулара, дьиэлэрэ-уоттара ырааһын сөҕөллөр эрэ. Хамнастара, пенсиялара биһигиттэн 2-3 төгүл үрдүк. Тус бэйэм Лукашенко көнөтүн, чиэһинэйин сөбүлүүбүн. Коррупцияны суоҕун кэриэтэ оҥордо. Олигархтар суохтар. Салайааччылара Россиҕа курдук омук гражданнара буолбатахтар, баайдара-дуоллара кыраныысса таһыгар уурулла сытар буолбатах. Дойдуларын сөбүлүүллэр, уруккуларын үөхпэттэр. Мин биири быһааран биэрэбин. Сэрии кэнниттэн АХШ-гар бырааттыы Даллестар үлэлээн сылдьыбыттара. Биирдэрэ госсекретарь, иккиһэ Аллен Даллес тас разведка аатырбыт салайааччыта. Дьэ кини атын дойдуларга хайдах желтай революцияны онорор теориятын олохтоон турар. Ол теория билигин да үчүгэйдик үлэлиир. Ону туһанан АХШ төһөлөөх элбэх дойдуга желтай революция оҥоттордо? Урукку союзнай республикаларга – Киргизияҕа, Грузияҕа, Молдавияҕа, Украинаҕа тэрийэллэр. Украина уонна Белоруссия стратегическай өртүнэн саамай наадалаах республикалар. Өскө ити республикалары баһылаатылар да, Россияны эһэргэ суол аһаҕас буолар. Кинилэр наар демократияны көмүскээбитэ буолан киирэллэр. Дьэ ол иһин омук гражданстволаах дьону президеҥҥэ туруоран, оппозицияны тэрийэн, иһиттэн эһэ сатаабыттара кыаттарбата. Лукашенко “кытаанах орешек” буолан биэрдэ.
– Навальнайы сүһүрдүү туһунан санааҥ. Дьиҥнээхтик сүһүрдүбүттэр дуу, эбэтэр сымыйа дуу?
– Ханнык баҕарар судаарыстыбаҕа анал сорудаҕы толорор спецорганнар баар буолаллар. Олор тугу оҥорбуттарын хаһан да билиммэттэр. Холобур, Рязань куоракка дьон олорор дьиэтин үлтү тэптэрэ сатыы сылдьан харыларыттан харбатан баран, учение этэ диэн тураллар. Березовскай бэйэтин кэмигэр куттал суох буолуутун председателин (Путин В.В.) солбуйар председателэ буола сылдьан элбэҕи билэр этэ. Кини Лондоҥҥа олоро сылдьан бэйэтин мемуарыгар Рязань куоракка дэлби тэптэриини, Москва пригородыгар баар дьиэлэри үлтү тэптэриини, Литвиненконы сүһүрдүүнү чахчытынан суруйан турар. Журналистар: Щекочихины, Боровигы, Листьевы, генераллар: Рохлины, Илюхины, политик Немцову өлөрүү спецорганнар илиилэрэ буолара чуолкай. Генерал Рохлин уонна Щекочихин ( ССРС Үрдүкү Сэбиэтигэр мин салайар хос комитеппар чилиэн этэ) өлөрүллүүтүн биричиинэтэ Гор уонна Черномырдин оҥорбут олус секретнэй урановай сделкаларын арыйыы буолар. Биһиэннэрэ 400 т ураны баара-суоҕа 11 млрд долларга атыылаабыттара. Дьиҥ сыаната 13 трлн доллар. Ону ааһан Рохлин Чечня сэриитин ис биричиинэти н арыйан турар. Дудаевы кытта уопсай тыл булан, сэрии хайа баҕарар тохтуур кыахтаах диэн интервью биэрбитэ.
Навальнайы сүһүрдүүнү бу диэн этэр кыаҕым суох. Германия врачтара сүһүрдүү диэн, оннооҕор веществотын ыйан туран түмүк онороллор. Онон сиэттэрэн сыһыаннарын уларыттылар. Биһиэннэрэ биһиги сүһүрдүбүппүт буоллар тоҕо Германияҕа эмтэтэ ыытыахпытый дииллэр. Омскай врачтара үчүгэйдик үлэлээн, летчиктар тута төннөннөр тыыннаах хаалан турар дииллэр. Ити политическай дьыала, иһэ истээх буолан хаһан да чуолкайа биллиэ суоҕа.
– Хабаровскайдар бырачыастарын туһунан туох диэҥ этэй?
– Вячеслав Штыров интервьютун быһыытынан, Хабаровскайга дьон олоруутун туруга Россияҕа бүтэһик миэстэлэртэн биирдэстэригэр сылдьар, бэл газ таһынан Кытайга ааһар. Фургал олохтоох киһи, губернатор буолан баран туруулаһан үлэлээбит. Кремль онтон соһуйан, хасыһан киһини өлөрбүт курдук сүүрбэ сыл анараа өртүнээҕи дьыаланы ороон таһаарар. Ол өртүн бу хайдаҕый диэн этэр кыаҕым суох гынан баран, Платошкин.Н.Н. дьыалатынан тэҥнээн көрөр эбит буоллахха, үөһээттэн модьуйуу буолуон сөп. Ол гынан баран Фургал төрүөт эрэ буолар. Дьиҥ иһэ хабаровскайдар олохторо мөлтөх уонна салайар коррупционнай систиэмэни төрдүттэн утараллар. Эбиитин туох да олох диэни билбэтэх, “выскочка” Дегтяревы аҕалан кыынньаан кэбистилэр. Хабаровскайтан саҕалаан куораттарга долгуйуулар элбээтилэр, ону көрдөрбөттөр. Уоруйах чилиэннэрдээх “Единэй Россия” мөлтөх сокуоннары ылыыларын салгыы турар, Россия миниистэрдэрэ ыйдааҕы хамнастарын 3 мөлүйүөн оҥорор. 23 мөлүйүөн киһи аһыырын-таҥнарын булбакка сырыттаҕына, 1 тыһыынча пенсияны эбэн баран аан дойдуну ол харчыга кэрийиэххит диэн кыһытар буоллахтарына, хабаровскайдар хамсааһыннара Россия атын куораттарыгар салгыы тарҕанан, критическэй балаһыанньаҕа тиэрдиэн сөп.
– Коронавирус дьаҥа хаһан ааһыай? Эбэтэр хаһан да ааспат, ким эрэ соруйан күүркэтэр ыарыыта дуу?
– Дьэ дьиҥнээх куһаҕан ыарыы тарҕаммыта чуолкай. Аҥаардас Саха сиригэр дьоммут бөҕө өллө. Маҥнай итэҕэйбэт курдук этилэр. Билигин тыаларга тиийэ барда. Кытай, Вьетнам курдук кытаанах соҕустук сыһыаннаһыахтарын экономикаттан оҕустаран, предпринимательство өттүгэстиэ диэн, оҥорон таһаарыыбыт суох буолан, онно кыһарыттаран бобууну сымнаҕас гыннылар. Мин специалист буолбатах буолан арааһынай утарыта турсар информациялары ааҕа сатаатым да, иннин-кэннин булбатым. Улахан специалист учуонайдарбыт быһаарыылара арааһынай, вакцинабыт да чуолкайа биллибэт курдук. Бэйэбит да үгүспүт туох да быраабыланы тутуспат дьоммут. Куоракка өссө да үгүс киһи мааската суох сылдьар уонна барытын былааска күтүрүүбүт. Александр Лукашев, вирусолог врач, медицинскэй наука доктора, профессор, 21 сыл медицинскэй ыстаастаах, РАН чилиэн-корреспондена быһаарарынан: “Нэһилиэнньэ үс гыммыт биирэ клеточнай таһымҥа утарсар иммунитеттаах эбит, онон ыалдьыбаттар. Ити антителоттан атын. Сорохтор күүскэ ыалдьаллар, сорохтор арыый чэпчэкитик ыалдьаллар, ол төһө элбэх вируснай дозаны ылбыккыттан тутулуктаах эбит. Ковидынан ыалдьыбыттар иккиһин ыалдьаллар эбит гынан баран, арыый чэпчэки буолуон сөп эбит. Арыгы да, табах да быыһаабат. Вирус муннугунан эмиэ киирэр, ону муннугунан арыгы куттубат буоллаҕыҥ. 2021 сыл саас мөлтүө уонна повальнай вакцинация барыа”, – диир.
– Дойдубутугар уонна чуолаан Сахабыт сиригэр туох-ханнык уларыйыылар буолуохтарай, ону сабаҕалыыгын дуо?
– Россия балаһыанньатын кэпсээтим. Саха сирин сайдыыта Россия туругуттан ыкса сибээстээх. Бэйэтэ ойдон ылан туругурар кыаҕа суох. Сирин баайа үксэ баран турар. Ону ааһан Газпромҥа налоговай льгота оноробут. Ингушетия курдук банкрот буолуохпут диэн дьон дьиксинэр. Цифровой экономика боппуруоһугар былырыын саас Саха сиригэр олохтоһо кэлбит киһини кытта Москваттан сибээстээн биэрбиттэригэр, атах-тэпсэн олорон аһаҕастык кэпсэппитим. Киһим “чиэһинэ этэр буоллахха, цифровой экономика оҥорон таһаарыы боппуруоһун кыайбат” диэбитэ.
Эрнст Березкин муоста тутуутун, Арктическай центр тутуутун боппуруостарыгар интервью биэрбитэ. Эрнст Березкин да, Айсен Николаев да биографиялара майгыннаһара бэрт. Биир баайыылаах эдэр дьон. Ол гынан баран Айсен Сергеевич итинник суолталаах, мөккүөрдээх муоста, Арктическай центр тутууларын курдук ыарахан боппуруоһу соҕотоҕун быһаарбатаҕа буолуо дии саныыбын. Хайаан да Саха сирин правительствотыгар, депутаттарыгар дьүүлгэ турбут буолуохтаах. Ону ааһан федеральнай правительствоны, транспорт уонна тутуу министерстволарын кытта кэпсэтии барбыт буолуохтаах. Дьокуускай куораты кытта кэпсэтии эмиэ барбыта буолуо, тоҕо диэтэххэ сыл аайы куорат бюджетыттан 800 мөлүйүөн тутуллар. Ити улахан үпкэ элбэх дедсад, оскуола тутуллуон сөп. Куоракка оскуола тиийбэтэ биллэр.
Энергетикабыт Русгидроҕа босхо кэриэтэ баран иһэр дииллэр. Ити хайысхаҕа специалистар туох дииллэрэ буолла, чуолкайын билбэт буолан, сыана биэрэр кыаҕым суох. Нифонтов уонна Обедин диэн суруналыыстар дириҥник ырытан суруйаллар. Спортка, үөрэххэ, культураҕа, онтон да атын хайысхаларга сайдыыбыт үчүгэй. Ыаллыы буряттар, хакастар, тувиннар ымсыыраллар эрэ. Бурятия правительствотын солбуйар председателэ буола сылдьыбыт аатырбыт тустуук Геннадий Монжуев: “Эһиги сахалар салайааччыларгыт олохтоохтор сахалар”, – диэн ымсыырар буолара. Итиннэ даҕатан кадровай боппуруоска тохтуур эбит буоллахха, кэлин кэмҥэ балаһыанньа мөлтөх. М.Е.Николаев саҕана КГБ председателигэр тиийэ олохтоох кадр буолара. Силовой структуралар салайааччыларын аныырга республиканы кытта сүбэлэһэр этилэр. Билигин Путин төрүт сокуоҥҥа эбии киллэттэрэн сүбэлэһиннэрбэт гына оҥордо. Республика былааһын органнарыгар саамай быһаарыылаах дуоһунастарга правительство председателигэр, кини маҥнайгы солбуйааччытыгар, көннөрү солбуйааччытыгар быһыыта үөһээттэн модьуйан, атын регионнартан быыбары кыайбатах, онтон да атыннык сатамматах дьон кэлэн трамплин оҥостор буоллулар. Айсен Сергеевич “кыахтаах дьон кэлэн үлэлииллэрэ тоҕо сатамматый” диэн интервью биэрбит этэ. Оччоҕо олохтоох каадырга эрэнэр дьоммут суох буолан тахсар. Тус бэйэм эмискэ баҕайы кимиэхэ да биллибэккэ сылдьыбыт Чекин правительство председателэ, эмиэ кимиэхэ да биллибэккэ сылдьыбыт Глушко вице-президент буолбуттарыгар улаханнык соһуйбутум. Өссө олор кылгас да кэмҥэ буоллар республикаҕа үлэлээбиттэрэ. Онтон билигин отой да атын регионнартан олохтоох усулуобуйаны билбэт дьон кэлэн салайаллар. Итини мин үөһээ Россия былааһын элитнэй түмсүүтүн түмүгэ диэхпин сөп. Биһиги Ил Дархаммыт утарсар кыаҕа суох быһыылаах. Ити бэйэни сэнэнии буолар. Итинник салҕанан бара турар буоллаҕына, аҕыйах сылынан эргиллэн көрбүппүт – олохтоох каадыр суох, хантан эмит киһи билбэт дьоно кэлэн салайа олорор буолуохтара. Салайар кыахтаах дьоҥҥут суохтар диэн буолуо. Ыарахан сылларга олохтоох салайааччылар М.Е.Николаев, К.Е.Иванов, В.М.Власов, Ю.В.Кайдышев, В.А.Штыров, Е.А.Борисов, Е.М.Ларионов баар буолан улахан туруулаһыылары туораабыппыт. Олоххо да, политикаҕа да кырдьыгын турууласпат омугу, киһини сэнииллэр. Устунан аахсыбат, атаҕыстыыр буолан бараллар.
Саха сирин 1/3 тыа сиригэр олорор. Горнайга, Бүлүү бөлөх оройуоннарга сайдыы бөҕө барар. Суол бөҕө оҥоһулунна, газ бөҕө киирдэ, тутуу бөҕө барар. Кыраһыабай чааһынай дьиэлэр дьэндэйэллэр, ыал тиэргэннэрэ киэргэйэллэр. Сорох оройуоннарга арыгы да испэт буоллулар. Статистиканы көрдөххө өҥөнү оҥоруу мөлтөхтүк сайдар, сүөһү төбөтө аһара биллэрдик аччыыр. Ити өттүгэр Чурапчы кырдьаҕаһа Иван Пономарев этиилэрин, сүбэлэрин кытта сөбүлэһэбин.
– Дьон хайдах олорор дии саныыгын? Социализмҥа олоробут дуу, эбэтэр капитализмҥа дуу. Россия төрүт сокуонун быһыытынан социальнай судаарыстыба дэнэбит даҕаны…
– Билигин биллэрин курдук капитализмҥа олоробут. Маҥнай былаас уларыйарын саҕана ханнык тутулга баран иһэрбитин кистиир этилэр. Наар демократиянан киирэллэрэ. 1936 сыллаах Төрүт сокуон саамай үчүгэй этэ уонна саамай уһуннук турбута. Ол гынан баран политическай режимтэн тутулук баар буолан, 1937-1938 сыллардаахха репрессия тарҕана сылдьыбыта. Билиҥҥи үлэлиир Төрүт сокуон быһыытынан социальнай, демократическай судаарыстыбабыт. Олоххо социальнай судаарыстыбаттан отой ыраахпыт. М.С.Горбачев этэрин курдук, демократияттан отой тэйдибит. Төрүт сокуоҥҥа саҥа көннөрүүлэр киирбиттэрин быһыытынан, Россия президенэ болдьоҕо суох уһун кэмҥэ президенниир буолла. Биир киһи аһара уһуннук былааска олордоҕуна сайдыы барбат, чугас эргимтэтин уларыппакка каадыр сайдыбат, ротация барбат. Нэһилиэнньэ сылайар, устунан улугурар, “культ личности” үөскүүр. Брежнев икки төгүл бара сатаабытын эргимтэтэ ыыппатаҕа. АХШ-гар Джо Байден 78 саастаах киһи, итиччэ улахан дойдуну бэйэтэ эрэ салайыа диир саарбах буолуо. Кининэн сирэйдэнэн Клинтоннар, Буштар, Обама салайыахтара. Оттон Россияҕа бэйэтин эбээһинэһин толорон бүппүт Президент эппиэккэ тардыллыбатын туһунан эбии иммунитет ылылынна. “Уһулуччу ситиһиилээхтэр” Федерация сэбиэтигэр бастайааннайдык “олорор” буоллулар. Былаас тыырсыытын сокуоннарын кэһэн туран, Президент судьуйалары сорох түгэннэргэ бэйэтэ устар, силовой структуралар салайааччыларын субъектартан ыйыппакка аныыр буолла. Аан дойду билиммит международнай нормаларын билиммэт балаһыанньа Россияҕа үөскээтэ. Социальнай өттүгэр харах баайыыта уларытыылар киирбиттэрэ. Онон эбии киллэриилэр олус киитэрэйдик киллэриллибит омсолоро элбэх, ол иһин мин утарбытым. Куруук этэбин: олох-дьаһах сорох өттүгэр Төрүт сокуонтан буолбакка, политическай режимтэн тутулуктаах диэн. Төрүт сокуоҥҥа биири, онтон олоххо атыннык оҥоруохтарын сөп.
Саха сиригэр дьон хайдах олорор диэн боппуруоска “ортотук олорор” диэм этэ. Статистика быһыытынан пенсия да, хамнас да өртүнэн Россияҕа орто таһымҥа сылдьабыт. Билиҥҥи Ил Дархан А.С.Николаев баара-суоҕа икки сыл үлэлээтэ, сыана быһарга эрдэ буолуо. Уонна эдэр киһи буоллаҕа, АХШ-гар 78 саастарыгар кытта президент буолаллар. Айсен Сергеевич гаһынан, небинэн, алмааһынан диверсификацияны салгыы баран, креативнай экономиканы сайыннарыыга туруммута олус кэскиллээх. Сир баайа суох дойдулар Япония, Сингапур, Соҕуруу Корея уо.д.а. креативнай экономиканан балысханнык сайдаллар. Саха сиригэр Индрайвер, Майтона, Фантастик, ИТ Парк, «Саха сирэ” технопарк, “Орех” сайдан эрэллэр. Саха киинэтэ сайдыытын эмиэ бэлиэтиэххэ сөп. Онон улахан ИТ хампаанньалар сайдар кыахтаахтар. Онно сыаллаан каадырдары иитии, үөрэтии баран эрэр. Сахалар итинник креативнайдык, технологическайдык сайда турдахтарына Соҕуруу Корея курдук буолуохтарын сөп диэн сабаҕалаабыт этилэр. Киһи үөрэр эрэ. Айсен Сергеевич муударай сааһыгар тиийиэ өссө да ыраах. М.Е.Николаев, В.А.Штыров, Е.А.Борисов курдук муударай, саастарын сиппит судаарыстыбаннай сүбэһиттэрдээх.
– Кризис да кризис дииллэр. Ол туох кризиһэй, хаһан ааһар кризиһий дуу?
– Советскай Союз саҕана И.В.Сталин «Авторкия» систиэмэтин олохтообута. Ол аата атын дойдулартан тутулуга, доллары кытта сибээһэ суох, ис сайдыы күүһүнэн экономическай сайдыы суолун олохтообута. 1944 сыллаахха доллар систиэмэтигэр киирэртэн аккаастаммыта. Аан дойдуга кризис бөҕө буолар этэ, оттон ССРС-ка биирдэ да 70 сыл былаһын тухары кризис буолбатаҕа. Солкуобайбытын бэйэбит экономикабыт сайдыытынан көрөн, правительство председателэ Косыгин быһаарыытынан төһөнү баҕарар бэчээттиир этибит. Харчы баар буоллаҕына оҥорон таһаарыы баар буолар, эргиэн-атыылаһыы элбиир, оччоҕо нэһилиэнньэ дьадайбакка олорор. Билигин Киин баан Россия правительствотыгар бэриммэт. Путин 2000 сыллаахха Президент буолаат, баан туһунан сокуону уларыттараары гыммыта да, кыаттарбатаҕа. Тоҕо диэтэххэ Международнай валютнай фонда дьаһайар.
Аан дойдуга мировой финансовай элитэ диэн баар. Доллар систиэмэтэ аан дойдуну баһылаан олорор. Ону Мировой банк, Международнай валютнай фонда, федеральнай резервнэй систиэмэ хайысхалыыллар. Холобур, АХШ тас иэһэ 16 трлн. доллар. Ону ФРС туох да тутулуга суох доллары бэчээттээн сабан олорор. Билигин доллар көмүс хаһаастан тутулуга суох, виртуальнайдык бэчээттэнэр буолан турар уонна атыыланар. Россия Международнай валютнай фондаттан көҥүлэ суох солкуобайы бэчээттиир кыаҕа суох. Россия Киин баана МВФ ыйыытын толоро олорор. Ити курдук дойдубут таһыттан хайысхаланан, салаллан олоробут. Финансовай систиэмэбит 95 % тастан салаллар. Холобур Киин баан, Сбербанк биһиэнэ буолбатах. Газпром правлениетын чилиэннэрин 90 %-на омуктар. Онон доллартан босхолоно иликпитинэ кризистэр буола туруохтара уонна анаан-минээн да оҥоруохтара.
Кэпсэттэ
Александр ЯКОВЛЕВ-Айсан, “Туймаада”
хаһыат тэрийээччитэ, кылаабынай редактора.
«Туймаада» хаһыат, 26.11.2020 с.