Ити туһунан саамай сөпкө аһаҕастык, сытыытык Госдума депутата, коммунист Коломейцев Николай Васильевич бу күннэргэ эттэ.
Кини этэр эбит: “…Дьэ, кытаанах быыбардар саҕаланнылар. Бу быыбардар 2024 сылга кулун тутарга саамай түмүгэ, туга-ханныга көстөр буолла”. Саамай сөпкө этэр. “Ол да иһин былаас үөһэ араҥата күүстээх хамсаныыны саҕалаата. Олус уустук балаһыанньа үөскээтэ. Хабыр хапсыһыы сэрии толоонугар эрэ буолбат буолла, олох бары эйгэтигэр өтөн киирдэ. Уонна норуот халыҥ араҥатын баҕа санаатын, туруорсуутун утары кытаанахтык турда. Ити былаас өттүттэн олус кутталлаах хамсааһын саҕаланна. Итинник сүрүн Сокуоннары кэһэн, күүс өттүнэн хам баттаан, быыбар хаппаанньатыгар уларытыылары киллэрии, олохтооһун кэлин уһугар үтүөнү оҥорбото, аҕалбата чуолкай. Итини капиталистар, олигархтар күөттүүллэр. Тыыннарын уһата сатыыллар. Сылаас олбоххо олоро түһээри, сиэри-аһаары. Итини олоххо киллэрэргэ былаас туох баар кыаҕын барытын туһана сатыыр, араас суол ааһар албаһын сирэйэ-хараҕа суох киллэрэр. Маннык түбэлтэҕэ быыбар аһаҕас, сөптөөх уонна чахчы чиэһинэй быыбар ыытыллар кыаҕа суох. Итинник түбэлтэлэри ааспыт быыбардар чаҕылхайдык көрдөрөн тураллар. Бу правовой государство сокуоннарын уонна демократия төрүт көрдөбүлүн куруубайдык кэһии буолара көстөн турар”, – диир эбит.
Манна Коломейцев Н.В. биэс суол сүрүн быыбар Сокуоннарын кэһиилэри аҕалар. Олус чуолкайдык, кылгастык сүнньүн этэр, ону наадалааҕынан ааҕаммын киллэрэбин.
1. Бастатан туран быыбар комиссиятыгар биһиги дьоммутун – коммунистары киллэрбэттэр. Маны олоххо киллэрэр туһугар араас суол Инструкцияны оҥороллор уонна онтуктарыгар олоҕурбута буолаллар. Бу көстөн турар күөх албын дьайыы, олохтоммут сиэри-майгыны, бэрээдэги кэһии.
2. Сыл аайы араас суол докумуоннары уларыта сылдьан, соруйан уустугурдан көрдүүллэр. Итиннэ чопчу, биир ирдэбил суох. Манна быыбар комиссиялара төһө баҕарар талбыттарынан сыл аайы уларыта сылдьан көрдүүллэр. Бу бас-баттах барыы чаҕылхай туоһута. Ити курдук биһиги дьоммутун коммунистары быыбарга араас албаһынан киллэрбэттэр. Араас албаһынан биһиги депутакка кандидаттарбытын эмиэ туораталлар. Дьэ, ити кырдьык, сыл аайы итинник буола турар.
3. Агитация кэмигэр араас мэһэй оҥоһуллуута элбии турар. Маны таһынан “былаас партията” диэн ааттанааччы сылы быһа агитацияны араас ньыманан ыытар. Манна радио, ТВ толору туһаныллаллар. Оннооҕор быыбардааччыны кытта көрсүһүүгэ, бэсиэдэлэһиигэ араас мэһэйдэри оҥороллор. Былаас партиятыгар аан барыта аһаҕас. Онтон коммунистарга ыксары сабыылаах буоларын ситиһэ сатыыллар. Бу тэҥэ, сөбө суох быһыы.
4. Быыбар ыытыллар күнэ – биир күн буолуохтаах. Оччоҕо эрэ чиэһинэй, сөптөөх, кырдьыктаах быыбар ыытыллыыта ситиһиллэр. Аны кэтээн көрөөччүлэр усталлара, хаартыскаҕа түһэрэллэрэ көҥүллэммэт буолла. Үгүс сиргэ устар камералар да суохтар.
5. Билигин аны электроннай испииһэк оҥоһуллар буолла. Уонна электроннай куоластааһын киирдэ. Итини хайдах да хонтуруоллуур кыаҕыҥ суох. Тута талбыттарынан оҥорон иһэллэр. Дьэ, ити курдук быыбар ыытыллар. Биһиги туруорсуубут олоххо киирбэт, туох да туһата суох хаалан иһэр. Ол иһин билиҥҥи быыбары дьон аанньа ахтыбат, итэҕэйбэт. Ол түмүгэр үгүс киһи быыбарга отой да кыттыбат буолла. Маннык албын түбэлтэлэр, маннык чиэһинэйэ суох быыбардар тугу туһалыылларый?
Ити Коломейцев Н.В. саамай сөптөөх этиилэри Госдумаҕа аһаҕастык, күүскэ эппит. Ити ирдэбиллэр хайаан да олоххо киириэхтэрин наада. Уонна син-биир олоххо киириэ диэн биһиги, коммунистар, мас-таас курдук бигэтик эрэнэбит. Хайа муҥун албын салҕанан бара туруой?!
Быыбар диэн бу бастыҥтан бастыҥы, норуот кулутун талыы буолар. Оччотугар бастыҥтан бастыҥнар депутатынан эбэтэр баһылыгынан туруох этилэр. Ити биһиэхэ кыаллыбат буолла. Быыбартан быыбарга ити көстөн тахса турар. Оччоҕо бу туох туһалаах быыбарый?! Саха норуотун уонна республикатын туһугар үлэлиэх этибит буолбат дуо? Быыбары хаһан киһилии ыытар буолабыт? Дьиҥнээх бу ирдэбиллэри коммунистар отучча сылы быһа туруорустулар да, хомойуох иһин туох да ситиһиллибэтэ. Хата былаас сыл аайы ыбылы ылан, бэйэтин былааһын дириҥэтэн, бөҕөргөтөн иһэр. Ол да иһин Чубайс курдук олигархтар көҥүл сылдьаллар. Кини эрэ буолуо дуо, сүүһүнэн ахсааннаах буоллулар быһыылаах. Ол да иһин оннооҕор быыбарбыт чиэһинэйдик ыытыллыбат буолла. Ол иһин быыбардааччы аҥаарын кыайбат киһи кыттар. Маны хайдах норуот бүттүүнүн талыыта диэххэ сөбүй? Дьиҥнээх быыбар, талан ылыы буолла диэххэ сөп дуо?
Урут советскай былаас сылларыгар быыбарга хайаан да 90-тан тахса бырыһыан быыбардааччы кыттар этэ. Ону сымыйа демократтар күлүү-элэк оҥостоллоро. Онтон билиҥҥи быыбар туһунан тугу да саҥарбаттар. Саһан хааллылар. Син кыбыстар быһыылаахтар. Итини этэн эрдэхтэрэ “сымыйа кырдьык үрдүгэр ыттыбат” диэн. Кырдьык син-биир кылбайан тахса турар. “Коммунистар тыыны хачайдаамаҥ” дииллэр да, хата бэйэлэрэ ыксары хачайдыыллар. Ол ити Госдума депутата Николай Васильевич дакылаатыттан да, чуолкайдык көстөр. Хата биһиги наар өрүһүйэ эрэ сатыыбыт.
Бу былаас наадалаах өттүн бэйэтигэр өрүү туһанар, оттон төрүт улахан ирдэбиллэри норуот туһугар биири да олохтообот, истэ да барбат. Дьэ, ити курдук отут сыл олорон кэллибит. Инникитин итинник тугу ситиһэбит? Иннэ-кэннэ биллибэт, түгэҕэ көстүбэт. Сыана үрдүү, олохпут ыарыы, сиэр-майгы, бэрээдэк сатарыйа турар. Албын, сымыйа, үспүкүлээн өрөгөйдүүр. Рынок системата сиир буолла.
Ытыктабыллаах бар-дьонум! Ыксары толкуйданар кэм-кэрдии син-биир ыга анньан кэлэ турар. Сөптөөх суолу талар кэм кэллэ. Буолаары турар быыбардары чиэһинэйдик ыытыаҕыҥ!
Онотуолуй ЧЫЫЧААХАП, кырдьаҕас коммунист,
урукку советскай-партийнай үлэһит, үрдүк категориялаах
история учуутала.
“Туймаада” хаһыат, 24.08.2023 с.