Биһиги, кырдьаҕас коммунистар, Мэҥэ Хаҥаласка буолбут улуус баһылыгын быыбарыгар Тихонов Д.И. кыайыытын үрдүктүк сыаналыыбыт. Бу “ЕР” туруорбут киһитин кыайыы төһөлөөх хам баттааһын, хараардыы, түһэрэ сатааһын, биэс төгүллээн оҥостон туран сууттаһыы оҥоһуллубутун үрдүнэн, онно бэриммэккэ өрө охсон тахсыы, тоҕо анньан өрөгөйдөөх кыайыыны ситиһии – бу олус улахан кыайыыга дьулууртан, тулууртан, өйтөн-санааттан, улахан билииттэн-көрүүттэн уонна саталтан таҕыста.
Маны таһынан штабын састаабын сөпкө, күүскэ, кыахтаах дьону талан, күүскэ үлэлиирин ситиһэн маннык кыайыы баар буолла. Маны барытын сөпкө дьаһайан, салайан үлэлэтии улахан дьоҕуртан, сатабылтан, билииттэн-көрүүттэн тахсара чуолкай. Ону Дмитрий Иванович дьэ кыайа тутта. Онон штаб бары чилиэннэригэр биһиги улахан махталбытын тиэрдэбит.
Отут сыл устата хаһан да ситиһиллибэтэх, олус улахан кыайыы буолла. Былаас партиятын урут даҕаны утары турааччылар бааллара да, маннык чаҕылхай кыайыыны ким да ситиһэ илигэ.
“Единэй партия чилиэнэбин”, – диир да, син биир утарар оппозиция аатыттан бу партия (партия да буолбатах, чиновниктар бөлөхтөрө) ыытар үлэтин утаран, үлэһит норуот аатыттан, кини туруорсар боппуруостарын сүрүн сыал-сорук оҥостон “ол боппуруостары олоххо киллэриэм, дьиҥнээх норуот интэриэһин көмүскэһэбин” диэн аһаҕастык этэн, туруоран, дьэ норуот аатыттан кандидат буоларын көрдөрбүтэ. Боростуой үлэһит дьон халыҥ араҥатын санаатын табан, бэйэтигэр күүскэ тардан, түмэн хаһан да ситиһиллибэтэх чаҕылхай кыайыыны ситистэ. Онон биһиги кырдьаҕас коммунистар бу эдэр киһи күүстээх үлэтин, улахан кыайыытын уруйдуубут-айхаллыыбыт!
Билигин бу үүнэн иһэр эдэр, үлэлииргэ улахан баҕалаах, кытаанах дьулуурдаах, сатабыллаах ыччаппытыгар бары өттүттэн өйөбүл, тирэх буолан үлэтигэр көмөлөһөн, араас туһааннаах специалистар бүтүннүү саба түһэн улууспут, бар-дьоммут олоҕо тупсарын туһугар туох баар утарсыыны, хайдыһыыны тохтотон, хаалларан туран, били коммунистар этэллэринии “биир киһи курдук” турунуоҕуҥ! Түмсэн, сомоҕолоһон таһаарыылаахтык үлэлиэҕиҥ-хамсыаҕыҥ! Д.И.Тихонов ылыммыт сыалын-соругун дьулуурдаахтык, кимиилээхтик олоххо киллэриэ, кыайыа-хотуо диэн бигэтик эрэнэбит.
Биһиги улуус кырдьаҕас коммунистарын санаабытыгар республика салалтата бука бары, Ил Дархан А.С.Николаев итини барытын сөпкө өйдөөн, күүстээх өйөбүлү эдэр киһиэхэ оҥоруохтара диэн бигэтик эрэнэбит. Бу ханнык эрэ биир киһи интэриэһэ буолбатах, бу бүтүн улахан улуус дьонун-сэргэтин баҕа санаата, дьулуһуута, туруорсуута, эрэлэ-итэҕэлэ буолар. Ону быыбар чаҕылхайдык көрдөрдө. Онон ханнык да хайдыһыы, туорайдаһыы тахсара сатаммат.
Норуот талбыт киһитин үлэтэ таһаарыылаах, саҥаттан-саҥа үрдүк ситиһиилээх буоллун!
А.Е. Чичахов,
А.М. Андреев,
кырдьаҕас коммунистар.
Майа с.