Хаһыаттарбын хойутаан да буоллар ааҕа сатыыбын. Конституцияны көннөрүү туһунан суруйуулар элбэхтик тахсыбыттар. Ульяна Винокурова, Нина Герасимова бэккэ ырытан, анаалыстаан суруйбуттар. “Саха сирэ” баарын биллэрбит, үктээри гыммыттарыгар “чыып” диэбит.
“Туймаадаҕа”, куруутун буоларыныы, үгүс санаа этиллибит. Ону барытын итэҕэйэр уустук уонна булгуччу итэҕэйиэхтээххин диэн ким да модьуйбат.
“Тайком поехал на охоту?” диэн информация киһи хараҕар быраҕыллар. Айсен Николаев Орто Халымаҕа сибиитэтин кытта андылыы сырытта, бэйэтэ бэйэтинэн режими кэстэ диэн сэмэлээбиттэр. Кини дьон иннигэр телевизорга тахсан (Путин курдук) республикаҕа хоруоналаах вирус туһунан бүгүҥҥү балаһыанньаны кэпсээччи. Ону эрдэ суруттаран баран андылыы барбыт диэн суруйдулар. Мин итини итэҕэйиэхпин баҕарбаппын, ол төрүөтэ: бастакытынан, ити быһылаан буолта буоллар “Туймаада” суруналыыһа Иннокентий Оконешников Орто Халыматтан ким хайа иннинэ суруйуох этэ, ол суох. Иккиһинэн, итинник улахан быһылаан урут эмиэ буолан айдаан тахса сылдьыбыта, онон улахан салалта итинниктэн бука туттунуо этэ. Хайаан бэйэтэ бэйэтинэн куһаҕан холобуру үтүктүөй?
Ол уруккуну санаан ааһар буоллахха, Айылҕа харыстабылын миниистирэ Е.Чемезов уонна эколог-учуонай Д.Саввинов Орто Халымаҕа тиийэн болдьох иннинэ кустаабыттара арыллыбыта. Оччоттооҕуга оройуон баһылыга В.Григорьев хонтуруоллаабатах дуу, тэрийбит дуу. Кинини кэлин миниистир оҥорбуттара. Ити быһылааны олохтоохтор хаһыакка суруйаннар, онтон биллэн хаалбыта. Эколог кыргыттар, Л. Егоровалаах, прокуратуранан бэрибиэркэ ыыттарбыттара быһылаан кырдьыга дакаастаммыта. Оччотооҕу прокуратура суругун куоппуйатын кыргыттар миэхэ биэрбиттэрин экологтар архыыптарыгар биэрбитим. Оттон бу саҥа информация кырдьык буоллаҕына – иэдээн! Сабарын сабыахтара да сотуллубат мэҥ буолан сылдьыа турдаҕа.
Хаһыат “Туймаада-дайжест” балаһатыгар “Что пишут о Сергее Фургале” диэн информацията, бука, бары ааҕааччы болҕомтотун тартаҕа. Биллэн турар, телевизор каналын астаххына атын кэпсээн, оттон манна – атын. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ кыһалҕалаахтык иитиллибит, бэйэтэ атаҕар турбур, икки үрдүк үөрэҕи баһылаабыт. ЛДПР партияттан Госдумаҕа үс болдьоххо дьокутааттаабыт. Кини 2018с. губернатор быыбарыгар “Едро” киһитин ырааҕынан кыайан былааһы кыынньаабыт. Кини кэмигэр кыраай уонна Хабаровскай куорат думаларыгар С.Фургал дьоно (ЛДПР) 36 мандааттан 30-ун ылбыттар, “Едро” баара-суоҕа 2 мандаакка тиксибит, быыбар түмүгүн көтүрэ сатаабыттара табыллыбатах. Кини губернатордыан иннинэ 4600 дьиэҕэ албыннаппыт дьон (обманутые дольщики) баар эбит, ону икки сыл иһигэр 700-кэ тиийэ аччаппыт. Киһи кэрэхсиирэ Кытайга атыыламмыт сирдэри уонна тэрилтэлэри төннөрөр үлэни күүскэ ыытан испит. 70 сыл устата Амур өрүһү дуогабар быһыытынан москвичтар ылбыттарын, олохтоохтор өрүстэригэр балыктыылларын бобоору гыммыттарын утары үлэ ыытан испит, Трутневы кытта сатаспатах.
Конституцияны көннөрүү быыбарыгар агитациялыы тахсыбатах, дьоҥҥо бэйэҕит билиҥ диэбит, түмүгэр биһиэхэ Саха сиригэр курдук, нэһилиэнньэ 40% утары куоластаабыт. Ити иннигэр, былааска тахсаат, регионугар быыбары чиэһинэйдик ыытары, ханнык да бадьыалка тахсыбатын ситиспит. Биллэн турар, С.Фургал рейтинэ Путиннааҕар аһары үрдээбит. Тутан барбыттарын сөбүлээбэккэ 60 тыһыынчаҕа тиийэ киһи бырачыастыы тахсыбыт. Тутулуга суох хаһыаттар итинник сырдаталлар.
Оттон киин телевидение кэпсээнэ атыннаах. С.Фургал сүүрбэччэ сыллааҕыта киһини өлөрүүгэ тиийэ буруйу оҥорбут ынырык криминал эбит. 60-ча тыһыынча киһи бырачыстыы тахсыбытын биир суруналыыс “ити барыта криминаллар өйүү таҕыстылар” диэн айахтаппыт, ону атын суруналыыс “итиччэ элбэх киһи барыта криминаллар үһү дуо, онно ыччаттар, дьахталлар, оннооҕор кыра оҕолор бааллар” диэн көмүскэһэр эбит. Былаас С.Фургал уруккутун биэс тарбах курдук билэрин этэр уонна тоҕо эрдэ туппакка оонньуу сылдьыбытын бакаа быһаара илик, кэлин сырдатара буолуо. Ону быһаарыан иннинэ улахан криминалы туһана түһэр санаалааҕа табыллыбатах, С.Фургал атын суолунан барарга санаммыт курдук.
Киин былаас күнүүһүтэ биллэр суол, регион баһылыга рейтинэ наһаа үрдүүрүн сөбүлээбэтэ чуолкай. Рейтинг туһунан манныгы суруйбуттара баар. “Норд-Ост” трагедиятыгар террористары кытта кэпсэтэ “Едролар” Кобзон уонна Рошаль барбыттара биллэр. Борис Немцов барыахтааҕын Путин көрдөһөн барбатах. Тоҕо? Путин оппозиция рейтинэ үрдүөн баҕарбатах. Ити туһунан Борис Немцов бэйэтэ кэпсээбитэ баар эбит. Дьэ итинник буккуллан олоробут.
Саха сиригэр Конституцияны көннөрүүнү утардахпытына баһылыкпытын ууратыахтара, иэдээн буолуо диир саҥалар иһиллитэлээбиттэрэ. Дьаарханыы төрдүттэн сыыһата биллэр. “Куһаҕан” сахалар, биһиги 40% утарбыппытыгар Айсен Николаев туох да буруйа суох. Кини С.Фургал курдук бэйэҕит быһаарыҥ диэбэтэҕэ, хас күн аайы ыҥырыы бөҕөтүн оҥорбута, оттон телевидениетын, хаһыаттарын этэ да барбаккын, араас дьону булан тыл бөҕөтүн этиппиттэрэ.
А.Николаев итинтэн ордук тугу гыныаҕай, 60-ча бырыһыан үрдүкү былаас туһатыгар буолбутугар махтал ылыахтаах, аччаатаҕына мэтээлгэ тиксиэхтээх. Трутневы астаах-үөллээх көрсөр, оптимизация оҥор диэбиттэрин толорбута. гааһы-ньиэби ылалларын, тыаны кэрдэллэрин утарбат, “АЛРОСА” тугу да оҥордук кыһаллыбат, көмүскэһэр, этэллэрин барытын тук курдук толорор, мэһэй буолар ойуун Сашаны дьаһай диэбиттэрэ буолуо, сүүрбэччэ бөтөс тиийэн оннун булларбыттара. С.Фургалга курдук тыһыынчанан киһи көмүскэһэ тахсан былааһы аймаабата биллэр. Рейтинэ Путин киэнинээҕэр намыһах, кини күлүгүн быһа хаампатах регион баһылыгын уонна хантан булуохтарай. Онон С.Фургал курдук былаас иннигэр аньыыны оҥорбот биһиги баһылыкпытыгар туох да куттал суоһаабат.
Киһи хомойоро баар, Арассыыйаҕа да, биһиэхэ да быыбарынан наһаа үлүһүйэн ыһыктыныы буолла: хоруоналаах вирус тыын ылла быһыылаах, күүһүрэн кэллэ; хонтуруол мөлтөөн ойуур баһаара сири-дойдуну бүтэрдэ.
Иван БУРЦЕВ.
tuymaada.ru