Бу күннэргэ Сахабыт сиригэр олус куйаас күннэр турдулар. Маннык уот абытай итиини киһи эрэ барыта тулуйбат. Ол курдук сорох дьон төбөлөрө ыалдьар, дабылыанньалаах дьон эмиэ олус эрэйдэнэллэр. Холобур, мин аһара куйаас күҥҥэ уһуннук сылдьары тулуйбаппын, тута дабылыанньам түһэн нукаай буолабын, төбөм ыалдьар. Үрдүк дабылыанньалаах дьоҥҥо куйаас күн эмиэ соччото суохтук дьайар.
Кэлиҥҥи кэмҥэ бэйэм кэтээн көрөрбүнэн, эдэр да дьон ортотугар үрдүк дабылыанньалаахтар бааллар. Урут саастаах эрэ дьоҥҥо баар дии саныырым.
Үрдүк дабылыанньа диэн тугуй? Мантан хайдах сэрэнэ сылдьыахха сөбүй? Туох содуллааҕый? Хайдах гынан аҕыйах ахсааннаах сахабыт дьонугар өйдөтүү, сэрэтии үлэтин ыытабытый?
Бу туһунан барытын сиһилии суруйар, сырдатар сыалтан, Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа үрдүк категориялаах терапевт-бырааһа Варвара Дмитриевна Ядрихинскаяны кытта көрсөн кэпсэттим.
– Варвара Дмитриевна, үрдүк дабылыанньаны “гипертония” диэн ааттыыллар. Гипертония диэн тугуй? Барыта туохтан уонна хайдах үөскүүрүй?
– Гипертония диэн хаан баттааһына буолар. Ол аата тымырдарыҥ кыарыыллар. Холестериныҥ үрдээһиниттэн эмиэ тахсыан сөп. Гипертония икки көрүҥҥэ – “первичнэй” уонна “вторичнай” диэҥҥэ арахсар. “Первичнэй” диэн олохсуйбут ыарыы, “вторичнай” диэн кэлин араас ыарыылартан сылтаан сыыйа ыалдьыаххын сөп. Холобур, бүөрдэрэ ыалдьар дьон үрдүк дабылыанньалаах буолаллар. Уларыйа сылдьар дабылыанньалаах дьон эмиэ баар. Ол аата кэлин ол ыарыылара сыыйа ааһыан сөп. Оттон олохсуйбут дабылыанньа диэн хаһан да ааспат, сүппэт. Ол аата 160-180 тиийэ үрдүөн сөп. Гипертониялаах дьоҥҥо сүрэхтэрин уонна тымырдарын үлэтэ уларыйар. Кэлин бэйэҕин харыстаммат түгэҥҥэр, ыарыыҥ бэргээн инсультка, инфартка тиэрдиэн сөп.
– Киһиэхэ дабылыанньа баар буолуута удьуордаргыттан бэриллэр дуо?
– Биллэн турар, үгүс ыарыы удьуордаргыттан бэриллэр. Өскөтүн эбэҥ, эһэҥ, төрөппүттэриҥ дабылыанньалаах буоллахтарына, эйиэхэ кэлин эмиэ баар буолуон сөп. Ол гынан баран удьуордарым бары доруобайдар, дабылыанньалара суох диэн аһара үөрэр наадата суох. Киһиэхэ ханнык баҕарар кэмҥэ үөскүөн сөп.
– Оччотугар таах сылдьар киһиэхэ дабылыанньа туохтан үөскүүрүй уонна кини ону хантан билиэн сөбүй?
– Наһаа уойар, элбэх аһыы, туустаах-тумалаах аһынан үлүһүйэр, арыгы иһэр, табах тардар, хамсаммат-имсэммэт дьон ыалдьыахтарын сөп. Күүскэ санаарҕыыр, стресс ылбыт дьоҥҥо эмиэ соһуччу тахсар. Ол иһин олоххор буолар араас кыһалҕалары умна, тумна сатаа. Төһөнөн искэр уһуннук тутаҕын, санааҕа ыллараҕын да, ол барыта бэйэҕэр охсуулаах.
– Өскөтүн дабылыанньаҥ тахсан баран түспэтин. Оччотугар тугу сүбэлиигин?
– Саамай үрдүк дабылыанньа 180-ҥа тэҥнэһэр. Ол гынан баран 160 эмиэ үрдүгүнэн ааҕыллар. Өскөтүн дабылыанньаҥ тахсан баран өр кэмҥэ кыайан түспэт буоллаҕына, тута бырааска тиийэн эмп анатыахха наада. Бэйэҕит хаһан даҕаны билбэт эмтэргитин иһимэҥ. Уопсайынан маннык ыарыылаах дьон бэйэҕитин кэтэнэ сылдьыҥ.
– Варвара Дмитриевна, үрдүк дабылыанньа киһи доруобуйатыгар туох кутталы үөскэтэрий?
– Үрдүк дабылыанньа киһи уорганыгар барытыгар сэрэҕи үөскэтэр. Ол курдук, саамай тыын уорганнарыҥ – сүрэҕиҥ, төбөҥ мэйиитэ, бүөрүҥ, харахтарыҥ мөлтүөхтэрин сөп. Туох баар уорганнарыҥ барыта бэйэ-бэйэлэрин кытта сибээстээхтэр. Маны таһынан үчүгэйдик харыстаммат түгэҥҥэр мэйииҥ үлэтэ кэһиллэн, кэлин инсультка кубулуйуон сөп. Инсульт элбэх киһи олоҕун илдьэ барар. Ол иһин киһи бэйэтин эрдэттэн көрүнэ, дабылыанньатын кээмэйдэнэ сылдьыахтаах.
– Дабылыанньаны төһө элбэхтик кээмэйдэниэххэ сөбүй?
– Сорох дьон ыарыйдахтарына биирдэ көрүнэллэр, көрдөрүнэллэр. Дьиҥэр, дабылыанньаны оскуола эрдэхтэн сылга саатар биирдэ кээмэйдэтиэхтээххин. Оччоҕо эрэ “вторичнай” көрүҥүнэн ыалдьыбаккын. Ордук оҕо күүтэр, оҕо былаанныыр дьахталлар болҕомто ууруохтаахтар. Ону таһынан 45-50 саастарын кэнниттэн (ыйдааҕылара бүтэр кэмэ) ордук кээмэйдэнэ сылдьыахтаахтар.
– Үрдүк дабылыанньалаах дьон организмыгар өссө туох уларыйыы, кэһиллии тахсарый?
– Сүрэххэ охсор. Салгыы атахтарыҥ иһиэхтэрин сөп, сылайа, утуктуу сылдьар буолаҕын. Орто саастаах уонна сааһырбыт дьон ону-маны өйдөрүгэр тутан хаалаллара уонна көрөллөрө мөлтүүр, куһаҕаннык утуйаллар, аһыыр баҕалара сүтэр. Онон, гипертония диагноһын туруордулар да, соһо сылдьыбакка эмтэнэн барыахтааххын. Бэйэҕитигэр туспа АД кээмэйдиир аппаратта ылыныҥ. Оччоҕо ханна да буолларгыт куруук көрүнэ сылдьыаххыт.
– Оттон гипертониялаах дьоҥҥо туспа аһылык, диета диэн көрүллэр дуо?
– Биллэн турар, аскын-үөлгүн көрүнэ сылдьыахтааххын. Сыалаах-арыылаах, туустаах-тумалаах астартан аккаастаныахха. Холобур сыалаах эт, арыыта элбэх үүт аһылыктар, сыыр, сымыыт саһархайа, сливочнай арыы, кытаанах маргарин, треска быара, креветка, кальмар, кокосовай, пальмовай арыылар көҥүллэммэттэр. Оттон сүбэлиир астарбыт: курага, урюк, чернослив, изюм, фасоль, горох, муора хаппыыстата, хортуоппуй, ыһаарыламматах ынах этэ, овсянай куруппа, сүбүөкүлэ, редискэ, томат, күөх луук, отон, виноград, виноград, абрикос, персик, банан, апельсин, эриэхэ, арбуз, моркуоп, сүбүөкүлэ, кыһыл биэрэс, хара хаптаҕас, лосось балык, макрель, сельдь о.д.а. Төһө кыалларынан калийынан, магнийынан баай, битэмииннээх, иҥэмтиэлээх астарынан аһааҥ.
– Киһи дабылыанньатын түһэрэр саамай ордук ханнык препараты сүбэлиэҥ этэй?
– “Хинаприл-ингибатор”. Бу препарат үрдүк дабылыанньаны тута түһэрэр, сүрэх, бүөр үлэтин чэпчэтэр, киһи мэйиитигэр кислороду уонна иҥэмтэлээх веществону киллэрэр. Препарат киһиэхэ суукка кэриҥэ дьайар, ол иһин кинини күҥҥэ 1 иһэр саамай сөп. Бастакы кэмнэргэ препарат киһиэхэ чэпчэкитик, үчүгэйдик дьайар, иһээккин кытары тута дабылыанньаҕын түһэрэ охсубат да буоллар, көмөтө улахан. Дабылыанньаҕын куруук хонтуруоллуу сылдьар. “Хинаприл” сүрэх быччыҥа (гипертрофия) улаатарын уонна бүөр үлэтин тутулун тупсарар.
– Варвара Дмитриевна, самаан сайыммыт саамай үгэннээн турар кэмэ. Куйаас күннэргэ дабылыанньалаах дьон олус эрэйдэнэллэрин билэбин. Кинилэргэ тугу сүбэлиэҥ этэй?
– Аһара итии, куйаас күн, биллэн турар, дабылыанньалаах дьоҥҥо араастаан дьайар. Ол иһин куйааска төбөҕүтүгэр сэлээппэлээх, былааттаах сылдьыҥ, күнтэн хаххаланар ачыкыта кэтиҥ. Самаан сайыҥҥа ыалдьымаҥ, үөрэ-көтө сылдьыҥ, дуоһуйа сөтүөлээҥ, айылҕаҕа элбэхтик дьаарбайыҥ диэн сүбэлиибин.
Наталья ПРОТОПОПОВА.
tuymaada.ru