Билигин бассаапка бэлиитикэ бөлөхтөрүгэр сорох дьон сэбиэскэй былааһы сиилииллэр. Чуолаан «кырыктаах-кырыыстаах 90-с сылларга» сопхуос ыһыллыыта, үп-харчы кырыымчык буоллаҕына 70-80-с сылларга сопхуос кыахтаах, олох үчүгэй этэ. Ас-таҥас баар, орто хамнас 100 солкуобай – баһаам тиийэр этэ. Арыгыһыты ЛТП-га эмтээн киһи гыналлара, үлэ булан биэрэллэрэ. Ону билигин 90-с сыллары кытта биир халыыпка киллэрэн, куһаҕан этэ диэн кэпсииллэр.
В.И.Ленин олохтообут былааһыгар лозуннара да ордук этэ – «один за всех, все за одного» диэн. Билигин «все за одного…» эрэ диэни хааллардылар. Ол аата Буутун эрэ туһугар диэн хаалла. Кинини утарбыты хаайан эбэтэр күн сириттэн сүтэрэн иһэллэр. Ленин этэн хаалларбыт тыллара: «Власть советам, земля крестьянам, хлеб народу» диэбитин «власть олигархам, земля китайцам, кредит народу» диэн курдук буолла.
Кырдьык оннук. Кытай тыаны кэрдэн Күн судаар төбөтүн курдук киччэччи ылан, чэчэгэйигэр эрэ курдук абына-табына эрэ хаалларда, Сибиир гааһын сиэтэн ылла. Норуот кирэдьиит хабала хандалытын кэтэн олорор. Күн судаар ыраахтааҕы доҕотторо алыҕаартар көмүскэ көмүллэн, солкоҕо сууланан, харчыга харахтара хараҥаран доллары доллоһута уһаардылар. Остуоруйаҕа курдук дыбарыастарга олороллор. Чааһынай көтөр ааллара, борокуоттара диэн.
Сэбиэскэй былаас киһи тэҥ бырааптаах буоларын олохтообутун умуннулар. Сталин байар иһин дураһыйбатаҕа, ол иһин тулалыыр дьоно үбү-харчыны уорбат этилэр. Сталин иннигэр-кэннигэр баайа диэн уларыттар кителлээх, библиотекалардаах этэ диэн кэпсииллэр. Билигин сорох дьон «били бытыктаах оҕонньор баара буоллар» диэн сэмээр Сталины ахталлар. Былыр киниттэн куттанан «дьыбардаахха саҥарбат» этилэр. Билигин олигархтары уодьуганныырга оннук тойон наадатын билбиттэр. Ол кэмҥэ уоруохтааҕар буолуох, сыччах биир Сталин туһунан мөкүнү саҥардыҥ да баһыҥ барар. Биир киһи Сталин мэтириэттээх хаһыакка ас суулаан аҕалбытын, улуу киһини түһэрдэ диэн үҥсэн хаайыыга ыыппыттара. Кытаанах сокуон этэ. Дьон сүөһүнү көрөн туран хоргуйан өлөллөрө. Билигин былаас уорбутун аньыыта, былыр уоруохтааҕар кутуйах хасааһын булан тыыннаах хаалар баҕаттан сиэтэхтэринэ “норуот өстөөҕө” буолан түүнүктээх түрмэ диэки түҥкүнүү тураҕын.
Билигин собуоттары атыылаан Арассыыйа дьиэтиттэн бүтэһигин тиийэ таһар, арыгыһыт аҕалаах дьиэ кэргэн курдук буолла. Туох даҕаны собуоттарынан оҥорор үп киллэрбэт, сир баайын эрэ атыылаан олоробут. «Бүтэн хаалыа» диэн санаан да көрбөккө күннээҕинэн олоробут. Ленин сүүс сыл анараа өттүгэр киһи бырааба тэҥ буолуохтаах, баай-дьадаҥы диэн арахсыа суохтаах диэн өрөбөлүүссүйэ оҥорбута. Буржуйдары, помещиктары уодьуганнаабыта. Билигин буржуй олигарх диэн аата уларыйан төннөн кэллэ. Ким умналыыра, ким сытыйа байара көҥүлэ. Күн судаар эдэр ойоҕо Кабаева үс сүүс мөлүйүөннээх массыына ылбыт. Саатар отут да мөлүйүөн буолбатах – үс сүүс мөлүйүөн! Ырай олоҕун курдук дыбарыастарын эмиэ көрдөрдүлэр. Кабаева ийэтэ тиийэ эмиэ харчынан ыһыахтанар хотун буолбут. Күн судаар атастара, билсиилээхтэрэ, тулалыыр дьоно эмиэ сытыйа байбыттар.
Оттон манна биһиэхэ балыыһалары, быраастары көҕүрэттилэр. Буутун салгыы оннук көрүлүүрүн бүтэр уһуга кэлэн, көннөрүүлэри оҥордо. Дьону харантыыҥҥа хам хаайан олорон баран, биирдэ босхолоон быыбарга талларда. Дьон дьиэҕэ хааттаран тууйуллан олорон, эмискэ чэбдик салгыны эҕирийэн Күн судаарга махтанан таллылар. Билигин бэйэтэ бэйэтин ньуулга түһэринэн, илини-арҕааны быһаарбат буолуор диэри олорор кыахтанна. Кини түөс-маас барара наадата суох, син-биир олигархтар дьаһайаллар.
Былырыын Сибиир умайан, Элиэнэ өрүспүт чөҥөрүччү уолан, буруоҕа тумнастыбыппыт. Суох. Күн судаар америка баһаарыгар ыыталыыр. Негрдэргэ, Сирияҕа көмөлөһөр. Киниэхэ арассыыйатааҕар тус бэйэтин аата-суола эрэ наада.
Дьэ бу Күн судаар маннык быһыытын сөбүлээбэт дьон баар. Николай Платошкин аһаҕастык кириитикэлээн хаайыллыбыта. Баара-суоҕа олоххо буола турар, баар көстүүнү эппитин иһин. Ол аата норуокка ыйга 12 тыһ. солкуобай тиийбэт. Нолуок элбэҕэ бэрт. “Үөрэх, эмтэнии төлөбүрдээх, олигархтар мөлүйүөнүнэн, миллиардынан ыһыахтаналлар, собуоттар атыыланнылар, баайбытын омуктар туһаналлар”, – диэбитин иһин хаайдылар. Бу баар батталы көрөн туран саҥарбакка, ньимилийэн сылдьыахтаахпытын курдук.
Сэбиэскэйтэн хаалбыт суос-соҕотох Грудинин сопхуоһун үрэйдилэр. Кыралаан онно-манна тоһутан ыскайдаатылар. Грудинин Арассыыйаҕа суох кэрэ көстүүлээх пааркалары оҥорон, дьону хамнастаан Москубаны аһата олорбут. Ону норуот сөбүлээн быыбарга талбытын иһин, атаҕын кыаһылаан бакаайылаан кэбистилэр. «Дьэ Күн судаартан ураты кими эмит хайҕаан, талан холонон көр эрэ, хаайыы харахтаныаҥ!».
Ол курдук аны Хабаровскай тойоно Фургал диэн норуот туһугар үлэлээччи баара билиннэ. «Норуот туһугар үлэлээн баҕалаа эрэ, түрмэҕэ түүнүгүрүөҥ!». Фургал тулаайах дьоҥҥо бастаан дьиэ тутар эбит. Биһиэхэ бастаан кэлии омуктарга биэриэхтэрэ. Госдума мунньаҕар Фургал «оҕолору босхо аһатыахха» диэбитигэр, соһуйан чэйдэригэр чачайа сыстылар. «Уон биир миллиарды бэйэбит туттуохтааҕар, оҕолору аһатыахха», – диир. Уонна тойоттор хамнастарын, бэйэтин гиэнин тиийэ биирдии мөлүйүөнү сарбыйда. Бу маннык ханна да буола илик. Тойон бэйэтин хамнаһын сарбыммытын «олорор мутукпутун кэрдээри гынаҕын дуо?!» диэбиттии, дьыала дириҥии илигинэ хаайа оҕустулар.
Дьэ онуоха хабаровскайдар халаан уутунуу халыйан, көмүөл мууһунуу күллүр-баллыр тыаһаан тоҕо сууллан таҕыстылар. Буолумуна, тойон хамнаһын сарбыйар, норуот туһугар үлэлиир киһи мээнэ суох.
Фургал ЛДПР киһитэ эбит. Бас быстар баһылыктара Жириновскай этэн-тыынан, силэ бырдаҥалаан сүрдээх киһи буолар этэ. Фургалы хаайбыттарыгар үөхсүбүтэ буолла да, кэнники уота-күөһэ сөҕүрүйэн, иһийэн хаалла. Баҕар тугунан эмит «айаҕын» бүөлээбиттэрэ буолуо. Эмиэ ЛДПР-тан Дегтярёв диэн киһини Фургал оннугар туруорбуттар. Күн судаар дьэ иннигэр туора түспүт «дүлүҥнэри-иэһэрдэри» ыраастатта. Арба сахалар Айанньыт Хаабыһап Сааскабытын, эмиэ өлүөр киһини далай ааргы оҥорон хаайан сыталлар. Краснодар чаҕылхай былааһы утарааччытын Марина Мелихованы эмиэ хаайан сытыараллар. Онон Күн судаар ыраахтааҕыбыт бэйэтин ньуулга түһэриннэ. Ким да мэһэйдэспэт буолан, кыһыл оҕолуу буккураан утуйар буолуохтаах.
Арай түһээтэҕинэ ким эрэ: «Путин во-ор!» диэн кулгааҕар сарылыыр. Олоро биэрэн «һуу!» диир.
– Хайа, хабаровскайдар уоскуйдулар дуо?
– Суох. Эбиитин Питер миитиҥҥэ таҕыста.
– Һуу! Үлүгэр да эбит. Москвалар тахсыбатылар ини?
– Тахсан. Бу түннүгүҥ анныгар кэлэн тураллар.
– Түүл диэбитим илэ эбит дии! Кэтэбиллэри-харабыллары күүһүрдүҥ! Хамнастарын эбиҥ. Һуу! Хоруона дьаҥ иккис долгуна хаһан кэлэ охсор. Бэйэм хоруонабын усталлара буолла! Харантыыҥҥа хаайталыы охсон, хам-бааччы утуйуллуо этэ. Саатар баксыына биэрэн күүстэрин өһүлбүт киһи.
Дьэ, итинник. Күн судаар саҥаттан саҕалаары ньуулга түһэринэн, ыраас лиискэ ыраастык суруйуон оннугар хара чэрэниилэни тоҕон, дэлби дьабахтаан, бачаачайдаан саҕалаата. Били Конституцияа көннөрүүлэригэр өссө эбии ханнык саҥа «бэлэхтэр» бааллара буолла. Үтүөнү оҥорбут киһи норуот өстөөҕө буолар кэмэ…
Родион ДАНИЛОВ
-Ородьумаан.
tuymaada.ru