Айылҕа барахсан маанылаан, анаан айбыт Арыттаах диэн күөлүгэр саас барахсан, бу мин маннык сарыыссабын ээ диэн тигинээн-таҥынаан, кыстаабыт хаарын уулларан, курулаан-харылаан, тиийэн кэлбитэ.
Хоту дойду хоһуун дьонун сиэринэн биһиги дьоммут эмиэ ох курдук оҥостон, уонча хонукка анды куска сытаары бэйэлэрин илиилэринэн туттубут балок дьиэлэригэр ыксаан-бохсоон, тугу эрэ куоттараары гыммыт дьон сиэринэн Бөлөрүүс тыраахтыр прицебэр тиэллэн кэлэн, түһүүлэнэн кэбиспиттэрэ. Иккилии буолан пааранан арахсан, ким ханан арахсан дьэһээккэ туттан сыталларын бас-көс киһилэрэ үллэртии охсубута.
Оппуостаах Өндүрэй базаттан биэрэстэ аҥаара тэйиччи сиргэ үчүгэй уу тахсыбытын булан, дьэһээккэлэрин начаас үлүгэрдик тутта охсон, харыалларын манан ордук буолуо диэн түһэртээн бачыгыраттылар уонна киирэн олорунан кэбистилэр.
Син биирдиилээн эмэ кус кэлэр, ону тоһурҕата олордулар. Саас туттубут дьиэлэрэ ыраахтан багдайан, ыҥыра-угуттуу турар. Итинник син уонча кустанан баран, түүн 12 диэки чэйдээн кэлиэххэ диэн дьэһээккэттэн тахсан, атахтарын сүһүөхтэрин мускуйа турдахтарына түөстэрэ кылбайан, уонча үөл кус сирилэтэн кэллилэр. Биһиги эрэттэрбит сааларын үрдүгэр түһэн ытыалаан кууһуннарааттарын кытта, үөртэн икки кус тэллэх курдук бардылар. Харыаллар ортолоругар түһэн өрөҕөлөрө кылбайа сытта. Өлбүт курдуктар.
Тыыны соһон киирэн ылыаҕы сүрэҕэлдьээһин барда, чэйдээн кэлэн баран ылыахпыт диэн соруктаах сирдэрин диэки хаама турдулар. Базаларыгар тиийэн күө-дьаа кэпсэтэн, кус ханан, хаһан киириэх курдугун ырытыһан баран дьэһээккэлэригэр төннүү буолла. Тыыларын соһон тилигирэтэн аҕалан били маарыыҥҥы икки кустарын ылаары гыммыттара, арай уулара ып-ырааһынан көрө сытар – кус хаалларбыккыт дуо диэбиттии мэлдьэһэн, эрэһэ долгуннарын харыалларга охсулуннаран дьиримнии сытар.
Дьэһээккэ иһигэр киирэн уолаттар тугу да хас да биэрэстэ сиртэн тэһэ көрөн ылар 12-лээх халампаастарын уонна аныгы муоданан туттуллар буолбут подзорнай турбаларын үрдүгэр түстүлэр. Уонна дьэ олорон эрэн күөл хас быттыгын-муннугун сүдү сэптэринэн били маарыын өлөртөөбүт кустарын, разведчиктар курдук, көрдөөбүтүнэн бардылар. Утары, уҥуор уу талааннынарын көрдөххө туохтар эрэ уста сылдьаллар. Төһө да аатырдаллар подзорнайбыт да, 12-лээх халампааспыт даҕаны чуолкайын кыайан көрдөрбөтүлэр.
Омуннаах киһи Оппуос баран олору хомуйталаан кэллэххэ табыллар диэт, саатын ылан тыытыгар киирэн уҥуор диэки туһаайан, эрдэн кулуппаайдаан барда. Хоту дойду, сыыдам сырыытынан аатырбыт тыытынан Оппуос көрүөх бэтэрээ өттүнэ бэлиэтии халампаастаабыт сиригэр тиийэн, ытыалаан тиҥиргэтэн барда. Өндүрэй турбанан көрөн олордоҕуна, киһитэ тугу эрэ сырса-сырса тохтоло суох ытыалыыр. Онтон син өлөрдө быһыылаах, тыытыгар тугу эрэ ыараханы лис гына быраҕар тыаһа иһилиннэ уонна иэрийэ-иэрийэ күлэн тоҕо барара иһиллэр. Оннук күлэ-күлэ тыытын дьэһээккэтин диэки салайда. Санаан кэлэ-кэлэ, сотору-сотору күлэн тоҕо барар.
Оннук балайда соҕус өр бириэмэ устан кэллэ. Туохтан итиччэ үлүгэр тохтообокко күлэҕин диэн Өндүрэй ыйытыытыгар, чаҕыллаларбыт чуораайы буолан хаалбыттар диэн күлэ-күлэ кэпсээтэ. Баарыан тахсан иһэн ытыалаан түһэрбиттэрбит чахчы чаҕыллалар этэ, онон кус өр ууга сыттаҕына чаҕылла чуораайы буолар эбит диэн быардара ыалдьыар диэри күллүлэр.
Син балачча олорон, уончалыы андылаах икки үөрү түһэрэн ытан ботуччу кустаннылар, түһэрэн, холбоон ытан, икки үөр эрэ буоллар да уонтан тахса андыланнылар. Тумустааҕынан барыта сүүрбэттэн таҕыста. Онон син настырыанньаланан олордохторуна, алта үөрдээх куба күөл ортотугар түһүнэн кэбистилэр уонна аа-дьуо наллаан аһаан бардылар.
Кубалар барахсаттар кылбаһан, моонньулара күөкэһэн олордохторуна күөллэрин иэнэ кыччаабыт курдук буолла – бу бэйэлээх эбэҕэ кинилэр эрэ баалларын курдук сүр нарын куоластарынан ыҥырса-ыҥырса, син балачча төттөрү-таары уһуннулар, сууннулар-тарааннылар, тото-хана аһаатылар быһыылаах. Бу суунан-тараанан, аһаан ньамалаһа олорор үөргэ биир, доҕорун сүтэрбит соҕотох куба кэлэн кыттыһа сатыырын үөр кубалар чугаһаппакка үүрэ сылдьаллар, аттыларыгар түстэр эрэ бу сордооҕу ууну таһыйан, кырбаары гынан үүрэн иһэллэр.
Атыыр кубалар итинник дьаабыланар быһыылаахтар, кыһаллыбат кубалар эмиэ бааллар. Соҕотох куба барбакка, эргиллэн кэлэ-кэлэ элиэтии сырытта. Омуннаах киһи Оппуос халампааһынан кубалары кэтии олорон, айманан туран кэллэ.
– Доо, кэпсииллэрэ отой да сымыйа эбит. Куба вернай да вернай диэн ырыа айаллара ханна баарый, ити куба кубаларга үөмэ сылдьар дии, көр-көр. Ол эмиэ үөмэн чугаһаан эрэр. Билигин эрэ уһуктан кэһэтэлиэ. Көр-көр, эрбит уһугунна… Түүҥҥү үөмээччини хаһаайын кэһэттэ, отой да холдьохто. Бары уһуктан үүрэн бардылар дии. Дьэ, ноко, кубаларга да дьахтарга түүнүн үөмэр эрэттэр баар эбиттэр!
Андыһыт.