– Чиэһинэйдик эт эрэ, бу эн эмтээх оттору атыылыыгын, олор чахчы туһалаахтар дуо?
– Туһалаах буолумуна! Уолбар дьиэ тутан биэрдим, кыыспар даача атыылаһыахтаахпын…
– Алуо! Хайа, түүн 2 чаас саҕана утуйбат эбиккин дуу?
– Суох, утуйбаппын. Эн хантан өйдүөххүнүй… Романтика диэни билбэт сордооххун. Түүҥҥү сибэкки 2 чааска тыллар, ол кэмҥэ сулустардыын кэпсэтэҕин, кэрэ ыра санааҥ нарын ырыа буолан иһиллэр…
– Ээ, арыгылыы олорор эбиккин дии.
Эһиги өйдөөн көрдүгүт дуо? Коронавируһунан ыалдьан карантиҥҥа бара сылдьыбыт тойотторбут уонна хотуттарбыт хайдах эрэ дьиктитик бары бэркэ загаардаан, тупсан аҕай тиийэн кэлэллэр дии.
– Иһит эрэ, табаарыс Жуков. Мин олус да дьикти түүлү түһээтим, – диир Сталин. – Москва уонна Минскэй куомуннаһан Киевкэ саба түспүттэр диэн түһүүбүн, оттон Германия канцлера биһигини тохтото сатыыр!
“Титаник” капитана хараабылын өсөһөн туран, бэрт эрэллээхтик туттан-хаптан аарыма айсберга салайан илтэ. Ол кэнниттэн тимирэн эрэр хараабылтан быыһана сатааччылары барыларын таҥнарыахсыттарынан биллэрдэ – “бэһис колонна, таҥнарыахсыттар!”.
“Көр-күлүү” театра сотору сабыллар диэтилэр. Тоҕо диэтэххэ, билигин туохтан да киһи күлэрэ суох үһү. Күллэххинэ – хаайыыга барыаҥ.
Биллэрии: “Соҕотох эр киһи (20 киилэ гречкэ, 16 киилэ ириис, 115 бааҥка тушёнка) бииргэ олороору кэрэ аҥардыын билсиэҕим. Дьахтар саахардаах, бурдуктаах уонна мокоруоннаах буолара ордук. Бииргэ утуйуо суохпутун сөп”.
10 тыһыынча дворнигы хантан да буолар кыаххыт суох. Оттон 400 тыһыынча полицейскайы хантан буллугут?!
Казахстаҥҥа Алматы куоракка россияннарга анаммыт культурнай тур программата:
— «Бэтмен» диэн американскай киинэни көрүү.
— «Макдональдс» кафеҕа сылдьыы.
— «Кока-кола» утаҕы боруобалааһын.
Улахан мунньах бэрэссэдээтэлэ:
– Бүгүн икки боппуруоһу дьүүллэһэбит. 1. Тоһоҕону оҥорон таһаарыы үлэтин тупсарыы. 2. Марска көтүү. Тоһоҕону аны кыайан оҥорбот буолбуппутунан сибээстээн, тута иккис боппуруоска киирэбит…
Артыыстан ыйыталлар:
– Эн киинэҕэ ардыгар бандьыыттары, ардыгар полицейскайдары оонньуугун. Дьэ бука ыарахан буолуо ээ, сырыы ахсын уларыйа сылдьыаххын наада – сороҕор үчүгэй, сороҕор куһаҕан буолаҕын.
– Ээ, ыарахана суох. Билигин уларыйа сатыыр наадата суох…
Кырдьыы бэлиэтэ: холодильниккар ас аҕыйыыр, ол оннугар эмп элбиир.
* * *