Куттуур коронавирустара туохха-ханна тиийбитин көрүөҕүҥ. Россияҕа эпидемия саҕаланыаҕыттан бүгүҥҥү күҥҥэ диэри 750 киһи өлбүт диэтилэр. Ол аата эпидемия тарҕаныаҕыттан, чэ, кэлиҥҥи үс ыйга диэҕиҥ. Оччотугар ыйга Россия үрдүнэн 250 киһи өлбүт. Биһиэхэ бу соторутааҕыта биир саастаах дьахтар өлбүтүн эттилэр.
Биһиги эмиэ кэлиҥҥи үс ыйы ылан көрүөҕүҥ. Коронавирус эпидемиятын кэмигэр (пандемия диэни соруйан туттубаппыт) үс ыйга төһө киһи, ханнык ыарыылартан өлбүтүн суруйуоҕуҥ.
Коронавирус туһунан тута ахсаанын икки төгүл кыччатан кэбиһиэҕиҥ уонна тоҕо оннук гынарбытын быһаарыаҕыҥ. Тоҕо диэтэххэ бу вирус аан дойдуга, ханнык баҕарар грипп вируһун курдук, олус түргэнник тарҕаммыта. Билигин тарҕанан бүппүт буолуохтаах. Сыстыганнаах ыарыыны курдук, киһи бу вируһу илдьэ сылдьарын билиэ да суоҕун сөп. Киһи эттигин улахан аҥаара араас микробтар уонна вирустар буолаллара быһаарыллыбыта ыраатта. Бу өссө араас микроорганизмнары, илиистик эҥин курдук “кыыллары” аахпакка туран.
Тоҕо бу айылаах микробтартан уонна вирустартан киһи тута өлбөтүй диэн ыйытыаххыт. Тоҕо диэтэххэ киһи организмыгар бары микробтар кутталлаах буолбатахтар, туһалаахтар элбэхтэр. Оттон атыттарыгар “антитела” – хаан плазмата үөскээн иммунитеты күүһүрдэр, кутталлаах микробтары уонна вирустары утарсар. Ол түмүгэр киһи букатын да ыалдьыбат. Оттон “антителалары” үчүгэйдик оҥорбот организм ыалдьыан сөп.
Аны ыалдьан өлбүт дьону хайдах быһааралларый? Анализ ылаллар, онно коронавирус баар буолла даҕаны үөһээттэн ыйыы-кэрдии күүһүнэн бу киһиэхэ “коронавирустан өллө” диэн түмүк суруйаллар. Ити курдук сүрэҕэ ыалдьан эбэтэр эчэйииттэн баһа хампарыйан өлбүт киһини “коронавирустан өллө” диэн суруйуохха сөп. Тоҕо диэтэххэ организмыгар коронавирус баар буоллаҕа дии. Өссө отой да ааһа баран “атах грибогуттан өллө” диэн суруйуохха сөп.
Коронавирус тарҕаныыта үгүс медицина үлэһиттэригэр “муода” курдук буолла. Бу ыарыыны утары охсуһууга бюджеттан элбэх харчыны биэрэр буоллулар, ол иһин “коронавирус” диэн диагноһы хото туруораллара киһини сөхтөрбөт. Биир итинник диагнозтаах ыарыһахха 60-тан 200 тыһыынчаҕа диэри солкуобайы көрөллөр. Онон итинник ыарыһахтары билигин көмүскэ тэҥниир буолан эрэллэр.
Аны туран киһиэхэ эрэ барытыгар итинник диагноһы туруортарар эмиэ да эрэйдээх, ол иһин соҕуруу балыылаһарга медиктэр бэйэлэрэ “повально” – олус хойуутук ыалдьар буоллулар. Бэйэҕит да истэргит буолуо дии – “ол поликлинаҕа 40 медик сутуллубут, 75 медик коронавируһу кытары контактааҕа билиннэ… Балыыһа сабылынна”.
Ити курдук сонуннар элбэхтэр. Балыыһа карантиҥҥа сабыллан хаалар, дьиҥнээх атын ыарыынан ыалдьыбыт дьону ылбаттар. Медиктэргэ эгэ эрэ, бэрт буоллаҕа дии: үлэлээбэккэ олороҕун, эбиитин коронавирустан “эмтэннэҕэ” буолан харчы ылаҕын. 75-һи 200-кэ төгүллүөҕүҥ эрэ: 15 мөлүйүөн солкуобай балыыһаҕа кэлэр, өссө хамнас… Туох да наһаа үчүгэй! Бу мин соҕурууҥу куораттар балыыһаларын туһунан этэбин, биһиэннэрэ итинниккэ тиийбэт инилэр диэн эрэниэҕиҥ.
Сир үрдүгэр мөлүйүөнүнэн вирус баар, олортон 6 тыһыынчата киһи-аймахха биллэр. Коронавирус тарҕаммыта олус ырааппытын, инньэ сүүрбэччэ-отучча сыл буолбутун бэйэҕит да иһиттигит-биллигит ини. Оннооҕор сууттаһыылар кытта буолбуттар: “Дело о продаже больного коронавирусом бенгальского котёнка” (pravo-zoozahita.ru) – Приморскай кыраай суута 2018 сыл алтынньы 13 күнүгэр буолбут. Манна этиллэр: “В 2016 году истица купила котёнка редкой породы, который через месяц погиб. Ветеринарное заключение – коронавирус”.
Үөһэ суруйбуппутугар олоҕуран, хорсуннук этиэххэ сөп: “коронавирустан өллө” диэн түмүктээһин икки төгүл кыра буолуохтаах – үс ыйга 750 өлүү оннугар 375 өлүү.
Туох барыта тэҥнээн көрдөххө биллэр. Статистика дааннайдарын ылан арифметическай ньыманан суоттаан таһаардахпытына, үс ыйга маннык буолар: коронавирустан – 375 өлүү, арыгыттан сүһүрэн 1 370 киһи өлөр, суол саахалыгар (ДТП) – 1 700 киһи, түбүркүлүөстэн – 1 820, рактан (искэн) – 66 600, сүрэх-тымыр ыарыытыттан – 215 000. Өссө төгүл санатабыт: бу Россияҕа, үс ый иһигэр.
Санаан көрүҥ: арыгыттан сүһүрэн коронавирустааҕар уон (!) төгүл элбэх киһи өлөр. Бу сүһүрүүттэн, арыгылааһынтан сылтаан өлөрсүбүт дьону аахпакка эрэ – Сунтаарга эдэркээн кыыһы өлөрбүттэрин санааҥ… Дьалаҕай буолууттан өлүү эмиэ олус элбэх, холобур, Үөһээ Бүлүү анныгар массыына муус анныгар түспүтүгэр оҕо өллө, иллэрээ күн икки киһи тимирдэ…
Аны арыгылааһынтан, ДТП-тан, дьалаҕай буолууттан сылтаан эчэйбит, инбэлиит буолбут дьон төһөлөөх элбэхтэрэ буолуой! Ону ааҕа да барбаппыт. Түбүркүлүөс, рак, сүрэх-тымыр ыарыылаах дьон ыарыылара күүскэ дьайдаҕына инбэлииккэ тахсыахтарын сөп. Арай коронавирустан сылтаан инбэлиит буолбут дьону билиҥҥитэ тоҕо эрэ билэ иликпит. Салгыы маннык баран истэҕинэ, баҕар, омуннарыгар инбэлииккэ да таһаартыахтара – “коронавируснай инбэлиит” диэннэр баар буолуохтара.
Манан мин коронавирус куттала суох диэбэппин. Атын ыарыылары, оһоллору кытары тэҥнээн көрөн суруйдум. Коронавирустан харыстаныҥ. Атын ыарыылартан уонна оһоллортон өссө күүскэ сэрэниҥ. Өбүгэлэрбит “таҥара сэрэҕи таптыыр” диэн мээнэҕэ эппэтэхтэрэ.
Айсан.