Skip to content

Туймаада.ру

Общественно-политическое сетевое издание

  • Личный кабинет
  • Подписка на «Туймаада.ру»
Primary Menu
  • СҮРҮН СИРЭЙ
  • РЕДАКТОР
    КОЛОНКАТА
  • ОБЩЕСТВО
  • ДАЙДЖЕСТ
  • ОЛОХ
    КӨСТҮҮЛЭРЭ
  • БААЙ
    БАЙАНАЙ
  • ИЧЧИ
  • ТАПТАЛ
    ТААБЫРЫНА
  • АУДИО
    КЭПСЭЭННЭР
  • Архив газеты
    «Туймаада»

Коркин биллэ илик кистэлэҥнэрэ

tuymaada 29 октября, 2026

Биһиги, сэрии кэнниттэн 1950-60 сс. төрөөбүт уонна билиҥҥи да көлүөнэ, үксүбүт ийэлээх-аҕалаах, дьиэлээх-уоттаах, ый аайы кыра да буоллар кэлэр хамнастаах төрөппүттэрдээх этибит.

Онон аччыктаабатах, санныбытыгар таҥастаах, ийэ-аҕа болҕомтотугар, сыыһаны оҥордохпутуна дьарыйыллан, иитиллэн, кинилэр тапталларын оскуоланы бүтэриэхпитигэр диэри билэн улааппыт көлүөнэ эбиппит. Онтон буолуо, биһиги ийэлэрбит-аҕаларбыт, 1925-1930 сыллаах төрүөхтэр, ханнык олоххо олорбуттарын соччо бачча итэҕэйбэппит, билбэппит. Дьоммут да соччо-бачча кэпсээбэттэрэ.

Егор Неймохов уонна Дмитрий Эверстов «Тустууга анаммыт олох» диэн Дмитрий Петрович Коркин олоҕун суолун арыйан суруйбут документальнай-художественнай, 1980 сыллаахха тахсыбыт кинигэни болҕомтолоохтук ааҕан баран, улуу тренер оҕо сылдьан олорбут олоҕуттан сыаллаан ийэлэрбит-аҕаларбыт олохторун аһыытын-ньулуунун өйдөөбүт курдук буоллум.

Ханнык да оройуонтан 1935-1945 сс. Д.П.Коркин төрөөбүт Чурапчы оройуонугар тулаайахтар (беспризорниктар) элбэхтэрэ саарбахтаммат.

Саха сиригэр оннук бэрээдэгэ суох беспризорник оҕо суох этэ диир буоллаххытына алҕаһыыгыт. Ону мин суруллубут кинигэттэн холобур быһыытынан көрдөрөн дакаастыам дии саныыбын. Ону таһынан тус бэйэм “беспризорниктар” диэн хайдах оҕолорун 1970 сылларга детдомовецтары кытта биир оскуолаҕа үөрэнэн, эппинэн-хааммынан билбит киһибин. Биир-икки да бэрээдэгэ мөлтөх детдомовец бэйэтин саастыылаахтарын, оскуола оҕотун бүтүннүүтүн да начаас “баттыыра». Манна учуутал да, баспытаатал да көмүскүүр кыаҕа суох этэ.

Киин сирдэргэ, холобур Ленинградка гражданскай сэрии кэнниттэн маннык оҕолорго аналлаах оскуолалары (ШКИД ) курдугу арыйан эрдэттэн дьаһаммыттара. Саха сиригэр оччолорго тулаайах оҕолору иитэр үөрэтэр детдом дьиэтэ суоҕун кэриэтэ этэ.

Билигин кинигэбитигэр төннүөххэ. Кинигэ биир ааптара – Дмитрий Эверстов, Д.П.Коркин кэргэнин Александра Семёновна Коркина бииргэ төрөөбүт эдьиийэ Мотуруона уола буолар.

Д.Эверстов тыллаах-өстөөх, саха тылын учуутала, национальнай ыстаныыга, куобахха эдэр сылдьан Саха АССР экс-рекордсмена, национальнай ыстаныыларга маастар этэ. Спортка сыһыаннаах буолан уонна эдьиийигэр куруук хоно-өрүү ыалдьыттыы сылдьан күтүөтүн кытта элбэхтэ алтыспыт, кэпсэппит киһи.

Дмитрий Петрович мээнэ аһыллан, туора дьону кытта ис кистэлэҥин кэпсэппэт киһинэн биллэрэ. Ол эрээри чугас аймахтарыгар оҕо сааһын кыһалҕатын кэпсээбит эбит. Биллэн турар сороҕун кинигэҕэ кыттыгас ааптардар буоланнар, Е.Неймохов “урууллаан” толору сиһилии суруллубатаҕа, бэчээттэммэтэҕэ да буолуо. Ол эрээри кинигэ геройун оҕо сааһа олус табыллан суруллубут.

Миитээ (Д.П.Коркин) 1928 сыллаахха төрөөбүт, оҕо сааһа оччотооҕу бары холкуостаахтар оҕолорунуу үөрүүтэ, дьоло суох эбит. Аҕалара Бүөтүр малатыылкаҕа илиитин өлөрбүтүн кэннэ, 1935 сыллаахха сатаан эмтээбэккэлэр өлөөхтөөбүт. Ийэлэрэ Маайа түбүркүлүөс ыарыылаах буолан эмиэ уһаабатах. Маайа эрэйдээх өлөөрү сытан саҥардыы ыал буолбут Суоччут Мэхээлэ уонна Балаайа диэн эдэр дьоҥҥо үс оҕотун иитэллэригэр көрдөспүт. Ону эдэр ыал ылыммыт. Инньэ гынан ийэлэрэ анараа дойдуга чэпчээн айаннаабыт.

«…Сүүрбэлэриттэн саҥа тахсыбыт убайбыт Мэхээлэ саҥаспынаан Балаайалыын биһигини иитэ ылбыттарын, балтым биһиккини атахпытыгар туруораары, бэйэлэрэ да инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан сыккыраан олордоллор, биир хомнуур тылы биһиэхэ эппэккэ уонунан сылларга, ол иһигэр сэрии кэминээҕи ас-таҥас тиийбэт үлүгэрдээх күннэригэр систэрин көннөрбөккө үлэлээбиттэрин өйдөөтөхпүнэ, мин кинилэр хайдах курдук муҥура суох үтүө санаалаахтарын, киэҥ-холку майгылаахтарын сөҕөбүн уонна үйэм тухары бу ийэ-аҕа буолбут дьоммор махтанабын… » (стр. 16).

Уончалаах уол Миитээ атын сиргэ, Арыылаахха бастакы кылааска үөрэнэ киирбит. Саҥа уолу оччолорго олохтоох, эмиэ тулаайах уолаттар тута тутан-хабан, атаҕастаан барбыттар.

Былыргы кэмҥэ оҕо оҕону атаҕастааһына сутуругунан охсуу буолбатах этэ. Кыһын ситэн эккирэтэн кэлэн эбэтэр дьиэтигэр баран иһэр оҕону тоһуйан туран хаарга булкуйаллара, хоонньугар, ыстааныгар хаары симэллэрэ. Күһүн оскуола аһыллыытыгар өһүүр оҕолорун тустубута буола сылдьан тоҥонохторунан ойоҕоһун ньүөлүтэллэрэ. Эбэтэр өрө көтөҕөн таһааран буорга ньиччи быраҕаллара. Бастакы кылааска киирбит саҥа уол переменаҕа таһырдьа тахсыбытыгар:

“Оок, үчүгэй да киһи турар эбит, тустуохха эрэ… – диэн саҥа киниэхэ туһуламмытын өйдүөн икки ардыгар Миитээни кэнниттэн иһирдьэ анньан кэбистилэр, аккаастанаары илиитинэн садьыаланан көрбүтэ – анараа эристиин ытарчалыы харбаабыт. Баттаҕа киччэччи кыргыллыбыт төгүрүк төбөлөөх уол сэнээбиттии ханньастыбыт уоһун өйдөөн хаалла. Сонно ыбыс-ыарахан эрэт сүнньүттэн ыга баттыы түстэ, сир-халлаан ньиргийиэр дылы күүскэ охтон түстэ… Доргуйбут ыарыытыттан ытыах курдук буолан иһэн, тула оҕолор үөрэ-көтө туралларын көрөн ханнан хаалла…” (стр.24).

Оччолорго 1938 сыллардаахха билиҥҥи курдук дэриэбинэлэр үөскүү илик кэмнэрэ. Арыылаахха бука былыргы таҥара дьиэтигэр оскуола аһыллыбыт буолуохтаах. Уонна таҥара дьиэтин таһыгар чугас, биэс-алта ыал балаҕаҥҥа олороллоро буолуо. Үөрэнэр оҕолор үксүлэрэ 2-5 биэрэстэлээх сиртэн алаастартан сатыы сылдьан үөрэнэллэрэ.

Миитээ оскуолаҕа 2 биэрэстэлээх сиртэн икки уолу кытта аргыстаһан үөрэнэрэ. Табаарыстарынаан куруук улахан кылаас уолуттан – “тойонтон” атаҕастанар буоланнар, кыһалҕаттан тустуу приёмугар үөрэхтэрин кэнниттэн аргыстаһан төннөн иһэн биир ырааһыйаҕа бэлэмнэнэр буолбуттар.

Дьиэлэригэр аргыстаһан төннөн иһэн хайдах гынан ити приёмтан мүччү көтөр толкуйугар түспүттэр. Ол гынан кыра Коркин уол контр-приёму сабаҕалаабыт. Үөрэнэ сылдьан кыра уолаттарга контр-приёмун оҥорорго бэлэмнэнэ сатаахтаабыт. Суруллубутун аахтахха.

“Тойонноро” бааһынайдаан ыбылы тутан быраҕан эрдэҕинэ, быраҕыллааччы илиитинэн көмөлөһүннэрэн, приёму оҥорооччуттан тутуһан охтуохтаах сиригэр ыарыылаахтык, быраҕыллыбыт бурдуктаах куул курдук көхсүнэн түспэккэ, туора баран атаҕынан тура түһэ сатыахтаах курдук эбит.

Биирдэ киһилэрэ куолутунан кэлэн, Миитээни эмиэ хам тутан бааһынайдаан охторбут. Контр-приёмун тутта сатаабыт да күүһэ тиийбэккэ табыллыбатах, тас иэнинэн түһэн доргуйбут.

«…Суол былаһын тухары “тоҕо табыллыбата, ол аата албаһым мөлтөх буоллаҕа, биитэр күүһүм тиийбэт дуу” диэн араас санаалар моһуоктаатылар. Кырдьыга, Коляҕа күүһүнэн хотторор буолан ыарырҕатта…. Миитээ өсөһөн туран ити албаһын элбэхтэ хатылаата… Элбэх эрчиллии кэнниттэн сотору киһитин бэрт кэбэҕэстик эргитэн кэбистэ. Кыайыы үөрүүтэ күүһү-уоҕу киһи бэйэтэ дьулуһан хамсаннаҕына, сүүрдэҕинэ-көттөҕүнэ түргэнник киллэриниэн сөбүн итиннэ билбитэ…” (стр.26).

1942 сыллаахха дьонун батыһан 14-тээх уол хоту Булуҥҥа көһөрүүгэ сылдьыбыта. Кэлин интернатка олорон үөрэммитэ. Онно да кыра кылаастан баппакка оскуолаттан үүрүллүбүт, муннун анныгар бытыга үүнэн эрэр олохтоох уол киэһэ интэринээт оҕолорун тустубута буолан ыгыта-хайыта тутуталыыр эбит. Ону бэйэтин албаһынан эмиэ оннун булларбыт.

Миитээ ити курдук оскуолаҕа уонча сыл, сэрии буолан тохтуу-тохтуу эрэйдэнэн үөрэнэн сэттэ кылааһы бүтэрбитэ. Уҥуоҕунан 164 см, ыйааһына 54 киилэ да буоллар бэйэтин эрчийэн 60-70 киилэлээх, сааһынан аҕа саастаах, баппат уолаттары кытта тэҥҥэ аахсан улааппыт эбит.

Дьокуускайга кэлэн 2 №-дээх оскуолаҕа, орто үөрэҕи бүтэрээри үөрэнэ сылдьан, бииргэ үөрэнэр 70 киилэ ыйааһыҥҥа тустар, кэлин аатырбыт тустуук, тренер Николай Румянцевы кытта тэҥҥэ эрийсэр эбит. Оскуоланы бүтэрэн баран үөрэнэ барарыгар харчы мунньар сыалтан биир сыл куоракка үлэлиир. Онтон табаарыһа Н.Румянцев Ленинградка эрдэ тиийэн үөрэнэ сылдьан ыҥыран, Ленинградка баран Герцен аатынан пединститутка нуучча тылыгар үөрэнэ киирэр.

Кэргэнэ Александра Семёновна этэринэн, Дмитрий Петрович нуучча тылыгар оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан ыарырҕатар буолан, ол итэҕэһин туоратаары үөрэххэ киирбит. Аан дойдуга тиийэ биллэр айымньылаах суруйааччылардаах нуучча тылын, культуратын үөрэппитэ кэлин улаханнык туһалаабыт эбит.

Кинигэҕэ хомойуох иһин Ленинградка үөрэнэр кэмэ, Аан дойду литературатын, гуманнай буолууга акылааты ууруспут суруйааччылары, бөлөһүөктэри, преподавателлэри кытта хайдах алтыспыта суруллубакка хаалбыт.

Д.П.Коркин ханнык да дьыаланан дьарыгырдар ымпыктаан-чымпыктаан, түгэҕэр тиийэ үөрэтэр адьынаттаах киһи эбит.

Бу күннэргэ кэргэнин, Александра Семёновна Коркинаны куоракка киирэн көрсөн Ленинградка үөрэнэр кэмин туоһуластым. Семёновна миигин 1 кылааска үөрэппит учууталым. Кини оҕолору олус сөбүлүүрэ. Ол туспа кэпсээн. Тапталлаах кэргэнин Д.П.Коркин туһунан маннык кэпсээтэ:

– Ленинградка тиийэн түөрт сыл устата дойдутугар кэлбэккэ, кини киһи буоларын курдук, ылсан үөрэммит. Көмөлөһөр киһитэ суох буолан сайын аайы үлэ булан үлэлээн, кыһын үөрэххэ туттар тээбиринин, таҥаһын сабын, аһыыр аһыгар харчы мунньар эбит. Наһаа элбэхтик музейдарга, театрга сылдьан көрөн-билэн, кинигэни соһо сылдьан ааҕан бэйэтин билиитин хаҥаппыт. Кэлин үлэбэр, нуучча тылын уруогар туттуом диэн классик суруйааччылар айымньылара артистарынан кэпсэнэр 30 пластинкатын атыыласпыт, Араас нагляднай пособиеҕа туттарга аналлаах хартыыналары, альбомнары мунньуммут. Өссө 3 курс кэнниттэн Украинанан, Прибалтийскай республикаларынан сылдьан музейдары, биллэр суруйааччылар олохторун сиһилии билсэн кэлбит… Нуучча тылын, литературатын бука биллэҕэ буолуо оҥоробун. Тренердээбэккэ учууталлаабыта буоллар эмиэ ситиһиилээх буолуох этэ. Кини 38 сааһыгар миигин кэргэн ылбыта. Очолорго быара улаханнык ыалдьар эбит этэ. Болгарияҕа баран эмтэнэ сатаабыта, баҕар онон салгыы үлэлээбитэ буолуо…

Оччолорго Чурапчыга интернат олохтоохторо тустуунан эрэ олорбуппут. Кэргэним ыалдьар буолан, көр, оннооҕор бэлиэтэнэр сурунаалын илиитигэр туппат этэ. Ол сурунаал ыйааһына быарын ыарытыннарара үһү. Муоста кыратык да доргуйдаҕына эмиэ биллэрэр этэ. Онон дьиэбэр муустары-мастары, булуустан эт таһаарыытын, эттээһинин бэйэм оҥорорум.

Интэринээт оҕолорун аһатарбыт. Сылга 5-6 сүөһү этин астаан остуолга уурарым. Дьарыктанар оҕолор кэлэн аһыахтара диэн остуолга миин, соккуой буһаран, килиэптэрин кырбаан уо.д.а. астары ууран баран үлэбэр барарым. Онтукайбын кэлэн оҕолор аһаабыт буолаллара. Дьиэбит аана куруук аһаҕас. Ол аһаппыт-сиэппит оҕолорбуттан биирдэрэ тренерин үлэтин, методикатын “эргэрбит, туттууттан таҕыста” диэн мунньахха тыл этэн соһуппута. Үөрэхтэнэн, республикаҕа биллэр тренер буолан баран эттэҕэ үһү. Этэргэ дылы киһи эриэнэ иһигэр, сүөһү эриэнэ таһыгар…

Барахсаным оннук ыалдьа-ыалдьа оҕолорун аҥардас тустуунан эрэ дьарыктаабатаҕа. Киэҥ билиилээх, сайдыылаах буолалларыгар тылынан-өһүнэн, араас улуу дьон олохторун туһунан кэпсээнинэн, Ленинградка тугу иҥэриммитин билсиһиннэрэ сылдьыбыта. Оҕолор Москваҕа күрэхтэһэ бардахтарына, барсар тренергэ Москваҕа ханнык музейдарга, театрдарга оҕолору сырытыннарарын этэн ыытара… Онон интэринээт оҕото аҥардас тустуук буолбакка, сэрии кэминээҕи беспризорниктар курдук арыгы иһэн баран күүстэригэр эрэ эрэнэн дьону уолуктуу сылдьыбаттарын курдук, сырдык-ыраас санаалаах дьон буолалларыгар баҕарара, онно көҕүлүүрэ. Хомойуох иһин, ол барыта туолбат этэ. (Биир тустууга Вячеслав Карпов аатырбытын уйбакка арыгыһыт буолбутугар төһөлөөх хомойбута буолуой! -Автор). Олус ыалдьар буолан ол өйүн-санаатын ситэ биэрбэтэх буолуон сөп.

Сүрдээх килбик, боростуой киһи этэ. «Заслуженный тренер СССР” знагын Дьокуускайга кэппэтэ, кистии сатыыра. Оччолорго итинник бэлиэни мээнэ биэрбэттэрэ, Союз иһинэн уонча тренергэ баар буолуохтаах. Урал хайатын кэннигэр, Сибииргэ соҕотох этэ. Москваҕа бардаҕына кэтэрэ. Оччоҕуна күрэхтэхтэһиилэргэ, улахан стадиоҥҥа сэттэ бэрэбиэркэни ааспакка сулбуччу ааһара.

Миэхэ “үйэбин уһаттыҥ”, “консультаным” диэн махталын биллэрэрэ. “Эн биһикки биирдэ да кыыһырсыбатахпыт курдук саныыбын… Оннук этэ дуо? Оннук бөҕө буоллаҕа…”.

Киһи киэнэ мааныта, культурнайа этэ. Чахчыта, Ленинград (Петербург) – нуучча тылын, культуратын аһаппыт ийэтэ (Альма матер). Нуучча тылын уонна культуратын Ленинградка эрэ дириҥник үөрэтиэххэ, билиэххэ сөп. Дьокуускайга уо.д.а Сибирь куораттарыгар нуучча тылын, литературатын үөрэтии ырааҕынан Ленинградка тиийбэтэ өйдөнөр.

Д.П.Коркины үөрэҕин бүтэрбитин кэннэ учууталынан буолбакка, бастаан тустуу тренеринэн оччотооҕу оскуола директордара былдьаһа-былдьаһа үлэлэтиилэрэ биир кистэлэҥнээх курдук эбит.

Үөһээ ахтан аһарбытым курдук, сэрии кэмигэр тулаайах оҕо элбэх этэ. Кинилэр 1950-с сылларга улаатан уонна баартыйа орто үөрэҕи бүтэттэрэргэ уураах таһааран, сүүрбэлэрин ааспыт бэҕэһээҥи беспризорниктар 9-10 кылаастарга үөрэнэр буолбуттара. Бу ыччаттар бары да буолбатар арыгыны да иһэллэрэ, табаҕы да тардаллара, бэрээдэк да мөлтөх дьоно баар буоллахтара. Кинилэр оскуолаҕа эрэ куһаҕан өртүнэн биллибэтэх эбиттэр. Дэриэбинэҕэ, холкуос бэрэссэдээтэлигэр тиийэ биллэр ыччаттар эбит.

Бастаан Одьулууҥҥа нуучча тылын учуутала буолан кэлэн баран, “баппат уолаттары” тустуу секциятыгар ыҥырар. Уолаттар саҥа кэлбит чооруос саҕачча учууталы, саатар эрэ, буорга булкуйардыы уонча буолан уруок кэннэ дьиэтигэр тиийэллэр. Ырааһыйаҕа стройдатан баран биир-биир кинини боруобалыылларыгар этэр. Самбону билэр эдэр киһи бэйэлэрин буору буллартыыр, баҕар болевой приёму да сорохторугар туттан “муостарын тоһуппута” да буолуо.

“…Дэриэбинэ кырдьаҕас олохтооҕо Дьэбдьиэ уонна Карл Маркс аатынан холкуос бэрэссэдээтэлэ Т.Г.Тоскин тустуу секцията үлэлиэҕиттэн баппат ыччаттар бэрээдэктэрэ тубуста диэн саамай сөпкө этэллэр…” диэн кинигэҕэ суруллубут (стр.54).

Бэрээдэк тупсуутун чугас сытар Чурапчы бөһүөлэгин оскуолаларын директордара билэ охсоллор. Уонна туох эрэ албаһы, кэпсэтиини ыытаннар 12 км сиртэн сатыы сылдьан оройуон киинигэр эмиэ тустуу секциятын ыытарга тылын ылаллар. Оскуола директора Г.Д.Ефимов эмиэ “баппат” уолаттардаах быһыылаах. Кинилэр тустуу диэни бастаан бэрээдэги көннөрөр албас курдук ылыммыттар. Кэлин спорт көрүҥэр кубулуйбут.

Д.Коркины аан бастаан көрөн баран, оройуон киинин “өрүөллэрэ” тренер кэллэ диэн итэҕэйбэтэхтэр. Былчыҥын кытта тутан көрбүттэр. Коркин тута сэрэйбит, бэйэтин эмиэ көрдөрдөҕүнэ эрэ “өрүөллэр” кинини истииһилэр диэн. Инньэ гынан стройдатан баран таһырдьа ырааһыйаҕа илдьэн, эмиэ биир-биир тиэрэ-маары түһэртээн уоскутар.

Директор тута өйдүүр, оройдорунан көрбүт уолаттары уоскутар аптаах Коркины “Одьулуунтан былдьаан ылан манна үлэлэтиэххэ” диэн арааһа ис санаатыгар сыал туруорунар. Дьиэ биэрэн, тустар зал тутан эдэр киһини эһиилгитигэр көһөрөн аҕалар. Дьэ, итинник акылаата түспүт Д.П.Коркин улуу тренер буолар дьылҕата.

Д.П.Коркин кыра эрдэҕиттэн кыһалҕаттан бэйэтэ тахсар суолу көрдөөһүнэ уонна Ленинградка тиийэн Аан дойду (нуучча) художественнай культуратын дириҥник үөрэтиитэ үрдүк ситиһиини кылгас олоҕор аҕалбыт.

Оҕо сылдьан беспризорниктартан ыгыта-хайыта быраҕыллан ис органын (быарын) күүскэ доргутан, улахан охсууну ылан, баара-суоҕа 54 сааһыгар олохтон туораабыт. Күн сириттэн өссө эрдэ барыаҕын кэргэнэ Александра Семёновна харыстаан, көрөн-истэн үйэтин уһаппыт.

Федот ХАРИТОНОВ.

2019 сыл.

Continue Reading

Previous: Состоялись публичные слушания по проекту новой редакции Устава города
Next: «Саатар ыллыырбын боппот инигит!»

Похожее

«Дойдубар тиийэр суолум Берлининэн…»

«Дойдубар тиийэр суолум Берлининэн…»

13 ноября, 2026
Университет бастакы хараҥаччылара

Университет бастакы хараҥаччылара

11 ноября, 2026
Оҕо баар дьолбут!

Оҕо баар дьолбут!

9 ноября, 2026

Свежие записи

Анджелина Джоли окончательно уехала из Голливуда 1

Анджелина Джоли окончательно уехала из Голливуда

14 ноября, 2026
«Дойдубар тиийэр суолум Берлининэн…» 2

«Дойдубар тиийэр суолум Берлининэн…»

13 ноября, 2026
Названы главные правила диеты для долголетия 3

Названы главные правила диеты для долголетия

12 ноября, 2026
Университет бастакы хараҥаччылара 4

Университет бастакы хараҥаччылара

11 ноября, 2026
Под Брянском мужчина погиб при попытке разобрать БПЛА 5

Под Брянском мужчина погиб при попытке разобрать БПЛА

10 ноября, 2026
Оҕо баар дьолбут! 6

Оҕо баар дьолбут!

9 ноября, 2026
Биһиги да тибиистээбит кэмнээхпит 7

Биһиги да тибиистээбит кэмнээхпит

8 ноября, 2026

Сетевое издание TUYMAADA.RU. Свидетельство о регистрации СМИ Эл № ФС77-71324 от 17 октября 2017 г. Выдано Федеральной службой по надзору в сфере связи, информационных технологий и массовых коммуникаций.

Учредитель и главный редактор: Яковлев А.П.

Электронная почта редакции: tuymaada_2017@mail.ru

Телефон редакции: 8-914-222-85-50

16+

РУБРИКИ

  • СҮРҮН СИРЭЙ
  • РЕДАКТОР
    КОЛОНКАТА
  • ОБЩЕСТВО
  • ДАЙДЖЕСТ
  • ОЛОХ
    КӨСТҮҮЛЭРЭ
  • БААЙ
    БАЙАНАЙ
  • ИЧЧИ
  • ТАПТАЛ
    ТААБЫРЫНА
  • АУДИО
    КЭПСЭЭННЭР
  • Архив газеты
    «Туймаада»
  • Политика конфиденциальности
  • Публичная оферта и правила возврата
  • СҮРҮН СИРЭЙ
  • РЕДАКТОР
    КОЛОНКАТА
  • ОБЩЕСТВО
  • ДАЙДЖЕСТ
  • ОЛОХ
    КӨСТҮҮЛЭРЭ
  • БААЙ
    БАЙАНАЙ
  • ИЧЧИ
  • ТАПТАЛ
    ТААБЫРЫНА
  • АУДИО
    КЭПСЭЭННЭР
  • Архив газеты
    «Туймаада»
Copyright © tuymaada.ru | MoreNews by AF themes.