Бу үтүө тэрээһин туох түмүктээх буолла? Куорат ыһыаҕар мустубут, улуустартан кэлбит дьон тарҕаһа илигинэ Конгреһы тэрийбиттэрэ делегат кыттыытын улаатыннарбыта саарбаҕа суох. Бэккэ дьаһаныы буолбута да, хомойуох иһин, ыҥырыылаах эрээри кыайан баран кыттыбатаҕым.
Арай Софрон Данилов 1992 сыллаахха бастакы Конгресска саха дьонугар анаан дакылаатын дьоҥҥо санатаары “Отут сыл устата туох уларыйда” диэн ыстатыйа суруйан “Ил Түмэн” уонна “Туймаада” хаһыаттарга бэчээттэппитим. Ону батсаапка эмиэ тарҕаппыт эбиттэр. Биллэн турар, отут сыл устата уустук олохпутугар үтүө да, мөкү да баар аҕай буоллаҕа да барытын эридьиэстиир кыаллыбат, ханнык да хаһыат сирэйигэр баппат. Софрон Данилов дакылаатыгар эппитинии, баар итэҕэстэр аччаайаллар диэн мөкү да өрүттэри ахта сатаабытым. Үтүө да өттүн умнубатаҕым.
Буолан ааспыт Саха омук Конгреһыгар бу сырыыга туох кэпсэтии таҕыста, төһө үчүгэй дакылаат ааҕылынна, ол түмүгэр ханнык хайысханы тутуһарбыт ыйылынна диэн дьон кэтэһэрин билэбин. Ити барыта сахалыы бэчээккэ сырдатыллар ини диэн дьон эмиэ кэтэһэр. Итиччэ мустан баран, репрессияттан куттанан кирик-хорук туттунуу суох ини. Баары-баарынан эппэтэххэ туох туһалаах уларыйыы тахсыа буоллаҕай, уруккубутунан олоруохпут буоллаҕа, хаһан сиртэн симэлийэн бүтүөхпүтүгэр диэри. Тугу эмэ торумнаары, сүбэлэһээри муһуннахтара. Мээнэ тылга тииһимэҥ, былааһы кыйахаамаҥ, барыта этэҥҥэ, үүнүү-сайдыы бөҕөтө диэнинэн салайтарбыт буоллахтарына, Конгресстан туох көдьүүс кэлиэй.
Ити Конгресс үлэтин түмүгүн дьон кэтэһэрин туһунан суруйдум. Оттон бу сылга сытайан туран хас да ый устата көрү көҕүлүттэн туппуппут, онон эрэ олорбуппут, үлэ диэни умнубуппут туһунан аҕам саастаахтар мөҕүттэллэрин истэбин. Кырдьыга даҕаны Бороҕоҥҥо ыытыллыбыт, куһаҕан быһылааннаах оонньуулар от оттонор былдьаһыктаах кэмнэригэр ыытылынна. Арыый эрдэ дьаһанар кыаллыбатах. Баччаҕа оттоон ыраатыллара, биир сыл бэс ыйын 25 күнүгэр сиилэстээһиҥҥэ киирбиппитин өйдүүбүн. Илин Эҥэргэ аһыҥа тутуу былдьаһан урутаан “окко киирбитин”, алаастары кураанахтаан эрэрин кэпсииллэр. Биһиги оонньуу сылдьабыт. Уопсайынан наһаалааһын барда, ол чуолкай. Бу кэмнэргэ 2 самолет, 2 вертолет суулуннулар, дьон өллө. 87 сиргэ ойуур умайар, ол иһигэр ытык сирбит Өлүөнэ остуолбаларыгар. Республикаҕа траур эбэтэр ыксаллаах быһыыны-майгыны биллэриэхтэрэ эбитэ буолуо, атыттар.
Бороҕоҥҥо оонньууга 1800 спортсмен кыттарын хаһыат киэн тутта, сөҕө суруйар. Оттон төһө суруналыыс өрө мэҥийэн тиийбитин ааҕан сиппэккин. Бэл тыа хаһаайыстыбатын “сайыннарааччы” Прокопий Хабаров спортивнай суруналыыс буолан онно тиийбит. Атын ыалдьыттар спортсменнааҕар элбэх быһыылаахтар. Аныгы хомуньуустар тойонноро бэл онно тиийэ охсубут. Урукку обком бастакы сэкэритээрэ правительствонан график бөҕөнү оҥотторон, оонньуулары кэмигэр ыыттаран, тохтотон окко киириини тэрийбитэ ыраатыа эбитэ буолуо.
Бу биһиги, сорох кырдьаҕастар, мөҥүттэр дьүһүммүт буолбатах быһыылаах. Наһаалааһын барбытын сөбүлээбэттэрин Үрдүк айыылар, эбэтэр Мүрү Эбэ иччитэ кытта биллэрдилэр курдук. Киһи билбэтэх, хаһан да буолбатах Улахан холорук түспүтүн этэбин. Тутатына киин ханаалтан көрдүбүт, ити иэдээни. Биһиэннэрэ кистии, сымната сатаан буолуо, кэлин эрэ кэпсээбиттэрэ. Ким эрэ атаҕын, сиһин тоһуппутун эмиэ.
Төрөөбүт дойдубар Уус-Алдаҥҥа сиэр-туом кэһиллэр буолбута чахчы.
Мүрүнү уоллардылар. Эбэни көмүскээн кырдьаҕас хомуньуус А.Пухова сурук суруйа, мунньахтары тэрийэ сатаабыта да, кыайбакка анараа дойдуга аттанна. Истиэх, болҕойуох бэйэлээхтэр буолуо дуо, улуус аныгы салалтата. Эбэ орто дириҥэ 1,7 м буолбута ыраатта, билигин төһөтө хаалтын билбэтим. Орто уҥуохтаах киһи кэһэн туоруур уута. Мүрү Эбэ Саха сирин 26 ураты, харыстанар күөллэрин ахсааныгар киирэр эбээт. Боппуруос Айылҕа харыстабылын министиэристибэтигэр, Ил Түмэҥҥэ кытта көрүллэ сылдьыбыта да туһа тахсыбатаҕа. Тоҕото биллэр: Эбэ курааҥҥа кытыла иһирдьэ киирэр, ону сотору күөл таһыма чөлүгэр түһүө диэн мэйиилэригэр оҕустарбакка, батыһан киирэн дьиэ туттан барбыттара. Ону көҥүллээбит, онно кыттыспыт улуус баһылыктара. Эбэни чөлүгэр түһэрдэххэ дьиэлэрбит ууга барыахтара диэн, кинини уунан хааччыйааччы Дьэҥкиидэни (Илин Үрэх) тимир-бетон быһытынан бохсон олороллор. Сыра, харчы бөҕөнөн тутуллубут “Лена-Мүрү” систиэмэ кыра, иһэр уу ылыллар Куоһаҕас күөлүн эрэ толорор аатырар. Систиэмэ быраҕыллара буолуо, турбаларын армяннар быһан ылан тиэйэ сылдьаллара иһиллибитэ.
“Хос үрэх” диэҥҥэ, Бороҕонтон биэрэстэ аҥаара сиргэ, 1945 сыллаахха республика Кыайыы ыһыаҕын ыыппыта. Тоҕо онно ыытыллыбыта өйдөнөр: чугас уонна айылҕата кэрэ. Мин сэрии огдообото ийэбиниин сылдьыбыппын өйдүүбүн. Бу үтүө, кэриэс сири Бороҕон бөҕүн тоҕор сир оҥостубуттара улуус салалтатын “үтүө” дьаһала этэ. Кэлин дьон бырачыастаан ыраастыы сатаабыттара да чөлүгэр түһэ илик, түһүө да биллибэт.
Эмиэ Мүрүгэ уу киллэрэр “Бурҕаанай” үрэҕин силлиһэ кэриэтэ турар “Бүөр” күөлгэ бөҕү тоҕуу саҕаламмыта. Хас да сыл куппуттара, билигин ону тохтоппуттарын билбэтим. Уус-Алдантан Ил Түмэн дьокутаата П.Аммосов дойдутугар тахсаары сылдьан бөх боппуруоһун туох диэн туруорабын диэн ыйыппыта. “Ситэри сиэтиннэр, ити күөл аны чөлүгэр түспэт, арай кир “Бурҕаанайга ” киирбэт гына модьоҕотун үрдэтэллэрэ буоллар”, – диэбитим. Ити муҥур уһукка тиийэммин. Тоҕо диэтэххэ хаһыаттарга суруйа, Айылҕа харыстабылын министиэристибэтигэр уонна Ил Түмэҥҥэ туруорса сатаабытым да, нууччалыы эттэххэ истиэнэни гороҕунан тамнаабыт курдуга, кыһанар, өйдүү сатыыр киһи көстүбэтэҕэ. Сайынын “Бүөр” күөл кытылын толорон баран кыһын бульдозерынан иһирдьэ астараллара. Биир оннук үлэҕэ Хоро чулуу тракториһа М.Тролуков көмөлөһөөччүтүн кытта ууга тимирбиттэрэ. Араас мазут, химия кытта кутуллар буолан муус ситэ тоҥмокко былдьаммыттара. МЧС дьоно, уу анна көстүбэт буолан, үһүс күннэригэр эрэ өлүктэри хостообуттара. Ким да сэмэлэммэтэҕэ, ити итинэн хаалбыта…
Таҥара баар дии-дии судаарыстыба таҥара дьиэлэрин тутар, аһатар, хамнастыыр, итэҕэли тэнитэ сатыыр. Мин эмиэ итэҕэллээхпин, сиэр-туом диэни билэбин. Өймөкөөн хайаларыгар студент геологтары илдьэ сылдьан саҥа кэлбит сирбэр уоту аһатарым. Оҕолор маҥнай күлсэллэрэ. Күһүҥҥэ диэри бэйэлэрэ уоту аһатар, оту-маһы мээнэ тыыппат буолаллара. Бэл киин куораттар оҕолорун үөрэтиэххэ сөбө.
Оттон Бороҕоҥҥо буолбут түгэн Мүрү Эбэ тулуйа сатаан баран кыыһырбытын, кэлэйбитин аан маҥнай биллэрбэтэ дуо? Кыыһырбытын кэнэҕэс да биллэриэ суоҕа диэн ким мэктиэлиирий?
Иван БУРЦЕВ.