Оройуон эрдэххэ, Хаҥалас тєрүт аатын тєнүннэриигэ уонна демократ аатыраммын элбэхтик саҥарыллыбыт, мєҕүллүбүт урааҥхайбын.
Хаҥалас тєрүт аатын тєнүннэриини улаханнык утарбыт дьон күн бүгүнүгэр Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо аатыран, саха тэҥэ суох буолан сылдьаллар. Сатаатылар даҕаны саһыл саҕаланнахтара дии – мєккүєр суох. 4 солк. сыаналаах мас хайытар сүгэбин туора илгэммин, оройуон биир баай тэрилтэтиттэн леспромхозтан тахсан барбытым. Үєһээттэн мєлтєх дьону анаталааннар, соруйан ыспыт эбиттэр, кыанар кыахтаах тэрилтэни.
Мин дьолбор диэххэ, дьиэм аттыгар начаалынай оскуолаҕа харабыл үлэтэ кєстєн, үйэбэр үлэлээбэтэх сымнаҕас, сылаас үлэлэнэн хааллым. Соһуйуом быатыгар эдэр учууталлардааҕар элбэх хамнастаахпын. Тоҕо? Ночнуойум диэн, бырааһынньыктааҕы күннэрим диэн – додо курдук харчы буолла, таах сытар-олорор киһиэхэ.
Киһи табылыннаҕана табыллар буолар эбит. Ынаҕы ыахтааҕар буолуох хайа єттүттэн ыанарын билбэт киһи, аны ынахтанан хааллым. Бэйэтин кэмигэр биллиилээх ыанньыксыт, ыччат наставнига, ийэ кынным Р.С.Кирикова сүєһү тєрдє буоллун диэн ньирэйдээх ынаҕы уонна тєрүєхтээх бургунаһы биэрдэ.
Дьэ биһиги үс оҕолоох ыаллар кєнєн, килэс гына түстүбүт ээ. Арыгыны сылы-сыллаан испэт буола сылдьыбыт кэмнэрдээх этим. Кутуйах түүлэннэҕинэ ычча диэбитинии, аны ыанар ынаҕым эбиллэн үүт туттарар, үүт атыылыыр киһи буоллум. Кэргэним Надям ырааһынан, чэбэринэн аатырбыт дьахтар, онон үүт ылааччыларым элбээн, эбиллэн иһэллэр. Кэтэх хаһаайыстыба буоламмын нолуок эҥин диэни тєлєєбєппүн, бэтэринээрдэргэ эрэ биэрэбин. Үүт сыанатын бэйэм быһабын. Мин сыанам судургу, быһа буолар – биир киилэ үүтүм икки бухааҥка килиэп сыанатыгар барар этэ. Күн бүгүҥҥү сыанаҕа таһаардахха киилэ үүтүм 90-100 солк. буолар, киһи кєлєһүнэ тиллэр харчыта диибин. Атыыттан ордубут үүппүн туттарабын. Бастаан райпотребсоюзтар тутар этилэр, олохтоох маҕаһыыҥҥа ыйаан, үүт сыатын таһааран кэмигэр бородууктанан, харчынан тєлєһєр этилэр.
Биһиги дьоммут «новатордар» ээ, кавычкалаах мєлтєх «новатордар», тєттєрү єттє буолааччы. Үүккүтүн аны Нємүгүгэ илдьэн туттараҕыт диэн буолла. Дьокуускайдааҕы гормолзавод филиала – Мохсоҕоллоох үүт собуота тутар үһү. Селекционнайдарым үксүлэрэ үүт туттарбаппыт диэн сууланан кэбистилэр. “Үүт туттарар дьолтон кєрдєрбүтүнэн туран матарымаҥ, эһиги олохтоох былаастар үлэни уонна үлэ миэстэтин тэрийии тєлєрүйбэт эбээһинэскитинэн буолар”, – диэн этиилээх Покровскай куорат тойонугар, астаапкаҕа олорор полковник Н.А.Весвалоҕа киирбитим үтүє түмүктээх буолла.
Манна мин нууччалары хайгыыбын. Мохсоҕоллоох үүт собуотун дириэктэрэ В.И.Коада уонна Весвало уопсай тылы буланнар, үүт туттарааччыга транспорнай ороскуот диэн биир күҥҥэ 200 солк. тєлүүр буолбуттара. Мин курдук дьаранаас киһиэхэ ыйга 4000 солк. үчүгэй харчы этэ.
“Дьокуускайтан «Гормолзаводтар» мунньахтыы тахсыбыттар, кэлэн иһит”, – диэн буолбутугар, дьаһалта улахан саалатын толору киһи мустубутугар хойутаан тиийдим. Трибунаҕа биир сытыы тыллаах-єстєєх, сэниэлээҕэ-кыахтааҕа тута харахха быраҕыллар араатар кэпсиир да кэпсиир. Биир кэм тараҕай тєбєтє лэкээриҥнээн олорор. Єйдєєн-дьүүллээн кєрбүтүм Ю.И.Бабенко эбит. Боксаҕа Сэбиэскэй Сойуус спордун маастара, Арассыыйа үтүєлээх тириэньэрэ, үүт собуотун гендириэктэринэн буолбут.
Уолаттар үчүгэйдэр эбит, Валерий Пурбуевич Доржиев даҕаны баар буолуохтаах диэн сэрэйэ саныыбын. Юрий Иванович дьэ туран бэлэх, подарок бєҕєтүн түҥэттэ ээ, оттон. Сэппэрээтэри эрэ биэрбэтэ быһыылаах, эҥинэ бэйэлээх электричиэстибэнэн үлэлиир сэби-сэбиргэли хото биэртэлээтэ. Дьон үєрүү-кєтүү бєҕєтє этэ.
Биһиги дьоммут «новатордыылларын» тохтоппоттор, «Хаҥалас-Ас» диэни тэрийэннэр үүккүтүн онно туттараҕыт диэн турдулар. “Эс, кэбис, бириэмийэ уонна бэлэх биэрэр, ыарахан соҕус сыанаҕа тутар тэрилтэҕэ «Гормолзаводка» туттарыа этибит”, – диэн аҕыйах киһи аахсан кєрбүтүн айах атыппакка, «Хаҥалас-Ас» үүтү тутар тэрилтэ буолла.
Мэҥэттэн тєрүттээх икки-хас дьахтары кєтүтэн аҕалан хотун оҥортоотулар-хайаатылар, ол быыһыгар баар-суох үтүє үлэлээх, бигэ баҕалаах «Самыртай» ТХПК-ны эһэ-тохтото сатаабыттарыгар улаханнык утарсаммыт, «Самыртайы» чєлүнэн хаалларбыппытын билэр-єйдүүр дьон баалларын чопчу билэбин уонна кинилэргэ эрэнэбин. Дьон кэнники кэмҥэ олус «умнуган» уонна куттас буолла диэн кєнєтүнэн билиниэххэ наада.
«Самыртайы» эһэ сатааһыннарыгар тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччыта арыаллыыр дьонноох тахсан тылбай-єспєй буолбута. Хачыкааттарбыт уонна II-с дьєппєннєрбүт «Самыртайтан» тахсаннар, үүттэрин «Хаҥалас-Аска» туттарар буолбуттара, улуу эбэни уҥуордаан туран. Күн бүгүнүгэр СХПК «Самыртай» үүнэр-сайдар, Саха ТВ экраныттан түспэт курдук кєрєбүн.
«Хаҥалас-Ас» даҕаны, хайа муҥун, салайааччытыгар табыллан үлэтэ биллэрдик сэргэхсийдэ, тубуста. В.И.Иванов дьоҥҥо-сэргэҕэ ытыктанар, ыллыктаах тыллаах-єстєєх эдэр, дьоһуннаах киһи. Хомуньуус саҕаттан «статистика – лукавые цифры» диэн баара, күн бүгүнүгэр сахалар сайдаммыт, барҕара (I саха конгреһа) байаммыт, орто хамнаспыт 60 тыһ. солк. куоһарда курдук ээ.
Мин тєттєрү сүргүєх киһи куолубунан “хамнас кыра, ынах сүєһү аҕыйыы турар, дьон дьадайар, ыччат иэдэйдэ, сүрэҕэ суох буолла” диэн этэрбин сєбүлээбэт, єссє кыыһырар дьон олус элбэхтэр. Оттуур ходуһата суох Селекционнай станцияҕа 27 ыал ынахтаах-астаах этэ, күн бүгүнүгэр чороҥ оҕотох биир ыал ынахтаах хаалла. Ис дьиҥэр ыллахха үлэ баар – сүрэх суох. Киһини барытын үрдүк үєрэхтии сатаабыттара дьэ атынынан, мєкүнэн чаалыйан таҕыста дии. Эмиэ сымыйаны этэбин дуу?
Хара үлэни үлэлээбэтэх, хара үлэҕэ оҕо сааһыттан сыстыбатах киһини таһыйан, сынньан даҕаны үлэлэппэккин, син-биир автовокзал диэки бара туруоҕа. Автовокзалга уулусса нєҥүє куорат борохуолката баарыттан сылдьыбыт эрэстииммин, онон билэбин.
Дьон-сэргэ болҕомтолоох, болҕомтолоохтор хаһыат сыыппаратын, стат-дааннайдары итэҕэйбэт буоллулар. Хаҥалас улууһугар былырыын 5880 тонна үүт соҕотуопкаламмыт диэн буолар, быйыл былаан 6400 тонна үһү. Эттэххэ дєбєҥ, тыһыынчанан тоннаны ыахха диэтэххэ уустуктардаах сорук буолуох курдук. Эттээх-сииннээх, куҥнаах соҕус тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрэ Нємүгүгэ, Улахан-Ааҥҥа уонна I Дьєппєҥҥє баалларын билэбин уонна оттон бааһынайдар барахсаттар, бэйэм курдук кэтэх дьон сайыҥҥы үс ыйга үлүмнэһэн кєрүєхтэрэ буоллаҕа.
Аны күһүн сыыппараны хатайдаан, уруһуйдаан былаан туолбут аатырыа. Ону токкоолоһор, ирдэһэр кыахтаах эбэтэр баҕалаах киһи баар диэтэххит дуу? Орто хамнаспытын сатаан ааҕан таһаарбат тыа сирин олохтоохторо, дьэ итинник мүччү-хаччы, сиирэ-халты дьаһанан олороохтуубут. Бэйэбитин салайынан (саланан буолбатах) олорор ааттаах дьон, дьэллик ыты баһын-кєһүн билэн оннун булларбат буоллахпытына, ханна тиийэбит? Ханна?
Ермолай СКРЯБИН.
Хаҥалас.
tuymaada.ru