Ыччаты үрдүккэ кэрэҕэ, үрдүкү маастарыстыбаҕа иитиигэ хаһааҥҥытааҕар да улахан суолта бэриллиэхтээх. Ыччаппыт оччоҕо эрэ үчүгэйгэ, кэрэҕэ, үрдүк ситиһиигэ, сайдыылаах, айымньылаах олоххо талаһыаҕа.
Киһи олоҕо наһаа да кылгас эбит. Онон ити боппуруос оҕо, ыччат толкуйугар түргэнник киирэрин наадатыгар сөптөөх тэрээһиннэр салалта өттүттэн баар буолуохтаахтар. Биһиги оҕо эрдэхпитинэ ол үрэх баһа ыраах бөһүөлэккэ араас ситиһиилээх дьон биирдэ эмэ кэлэллэрэ ураты бэлиэҕэ киирэрэ. Оскуолабытыгар көҥүл тустууга иккис эрэсирээттээх Петр Семенович Васильев уонна бастакы эрэсирээттээх Николай Гаврильев физкультура уруогун биэрэ кэлиилэрэ ордук уолаттар ортолоругар адьас улахан бумунан буолбута. Эрэсирээттээх бөҕөс дьону хас биирдии хамсаныыларын, хайдах туттан хаамалларын батыһа сылдьан бэйэлэриттэн кистээн көрүү-истии бөҕө буоларбыт. «Итинник гынна», «маннык тутта», «оннук хамсанна» диэн омун-төлөн буолан, дьон истибэт сиригэр бүөмнээн сипсиһэрбит. Кинилэр тугу эппиттэрэ ханнык да сокуоннааҕар чуолкайдык, булгуччу толоруллара. Кинилэр иккис эрэсирээттэригэр ымсыырыы бөҕө. Адьас орто аан ийэ дойду улуу бухатыырдарын курдук көрөрбүт. “Иккис эрэсирээти толорбут киһи”, – диэн туолара-туолбата биллибэт, адьас муҥур улахан баҕа санаалаах буоларбыт.
Оскуола кэнниттэн тута доруобуйа мөлтөх буолан, тубдиспансерга киирэн балтараа сыл эмтэнэн тахсабын. Диспансертан тахсааппын кытта оройуон сборнай хамаандатыгар ылан, Дьокуускай куоракка киллэрэн спартакиадаҕа туһуннардылар. Элбэх уол миэстэлэһэн, бастаан үөрүү-көтүү бөҕө буолан дойдулаатыбыт. Федор Никонович Готовцев диэн сүрдээх бэртээхэй киһи спорткомитет бэрэссэдээтэлэ баара. Мүрүгэ кэлбиппитигэр миигин тоҕо эрэ соҕотохтуу кэбиниэтигэр ыҥырда. Үөрбүт-көппүт ахан. Остуолун тардарыттан эрэсирээт киниискэтин уонна бастакы эрэсирээт значогун таһааран түөспэр иилэн кэбистэ. Оо, онно үөрбүппүн эриэхсит! Хайдах туттуохпун, хаамыахпын да бирээмэ сатаан араарбат гына астынным. Чуут адьас үөрүүбүттэн өйүм көтө сыста быһыылааҕа. Ол значок түөспэр иилиллэн, Тандаҕа тиийэн ханна эрэ ууруллубута. Саатар бииргэ үөрэнэр оҕолорбор бу муҥкутах муҥнаах кыбыстан көрдөрбөтөхпүн. Арааһа, ол курдук устунан сүппүт.
Сотору ССРС спордун маастарыгар кандидат, ССРС спордун маастара диэннэри толоруллар этэ эрээри, оннук дохсуннук өрөгөйдөөн үөрбүппүн төрүт өйдөөбөппүн.
Маны тоҕо аҕынным? Оҕо кыра сааһыттан сөптөөх сыал-сорук туруорунан кимиэхэ эрэ, туохха эрэ, үтүөҕэ-кэрэҕэ тардыстан улаатара ордук диэрибин аҕынным. Ол туһугар республикабыт спордун министерствотынан араас элбэх тэрээһиннэр, күрэхтэһиилэр ыытыллаллар даҕаны. Олортон биир саамай улахан суолталааҕын ахтан аһарыахпын баҕардым. Мин олимпийскай чемпион Павел Пинигин тренерэ Георгий Бураковтуун анаан-минээн биирдэ оҥостон туран кэпсэтэн, киинэҕэ устан турабын. Кини онно биир олус улахан наадалаах этиини оҥорбута. «Биһиги олимпиецтарбытын үчүгэйдик үөрэппэтибит, билэ-көрө сатаабатыбыт. Суругунан өйдөбүнньүктэри кинилэр тустарынан отой оҥорботубут. Бу хаарыан кыһыл көмүскэ тэҥнээх кинилэр дьоҕурдарын, албастарын, хамсаныыларын, кыайыыга дьулуурдарын, үрдүкү ситиһиилэрин элбэхтик ырытан, суруйан кэлэр көлүөнэҕэ анаан хаалларыахха баара. Ол биһиэхэ кыаллыбата», – диэбитэ бу сүдү киһи.
Бу адьас саамай сөпкө эппитэ. Биһиги олимпиецтарбыт ити үрдүк ситиһиилэргэ хайдах тиийбиттэрин кырдьыга этэр эппитин кэннэ өйдөөн көрдөххө, отой да биһиги билбэт эбиппит. Сөп, кинилэр киин куораттарга үөрэммиттэрэ. Мантан тахсыбыт Василий Гоголев, билиҥҥилэртэн чугастыы Леонид Спиридонов, Виктор Лебедев, Георгий Балакшин, Айаал Лазарев о.д.а тустарынан специалистар бэлиэтээһиннэрэ, кинилэр тустар албастарын, тактикаларын үөрэтэр методикаларын ырытыылар, тустууларын видеороликка түһэрэн тарҕатыы, бэйэлэрин туһунан суруйуу бэчээккэ төһө элбэҕий? Арааһа, чараас. Кинилэр үрдүкү ситиһиилэрин, үлэлэрин уопутун оҕону иитиигэ төһө таба туһанабыт?
Аны иккис курдук биһиги олимпиецтарбыт Роман Дмитриев, Павел Пинигин, Александр Иванов үлэлэрин, билиилэрин отой да хаһаамматыбыт, туһамматыбыт. Билэ-көрө да сатаабатыбыт. Муҥ саатар Георгий Бураков этэрин курдук, кинилэр ситиһиилэрин үөрэтэр үчүгэй таһымнаах суруйуулары да бу баалларына оҥорботубут. Кэлэр көлүөнэбитигэр туһаныыга хаалларбатыбыт. Манныктары билиниэххэ наада. Итиннэ адьас бука бары буруйдаахпыт.
Дьиҥэр Р.М.Дмитриев, П.П.Пинигин, А.Н.Иванов, В.Н.Гоголев курдук дьоммутун төрөөбүт түөлбэлэригэр төннөн кэлээттэрин өрө тутан, билиҥҥи таһымынан 200-300 тыһыынча солкуобай хамнастаан, саамай үрдүкү дуоһунаһы иҥэртээн бары тренердэрдэн саҕалаан СР спордун министригэр тиийэ олимпиецтар эрэ этэн-ыйан биэриилэринэн дуоһунастарга исписэлиистэри олордубут буоллар уонна олимпиецтары биир тылы утары эппэккэ кинилэр эппиттэрин хайаан да толорор бэрээдэги олохтообут буоллар тустууга эрэ буолбакка, спорт атын да көрүҥнэригэр олус элбэх, улахан, сөҕүмэр ситиһиилэр баар буолуо этилэр. Ити хаарыан методиканы күннээҕи олохпутугар адьас кырдьыгы билинэн эттэххэ туһамматыбыт. Киһи эрэ сонньуйуох хата бу сир үрдүгэр орто дойдуга практика да, түөрүйэ да өттүнэн саамай баай, үрдүк ситиһиилээх, сайдыылаах улахан судаарыстыбаларга таҥараҕа тэҥнэнэр олимпиецтарбытын сэттэлии сыл үлэтэ суох сырытыннарар адьас көлөөх дьон буоллубут. Итинник тиэрэ дьаһаллаах дьонтон дьэ тугу эрэйиэххэ сөбүй?
Билигин УоТ “Сомоҕо күүс” бэрэссэдээтэлэ, спорт ветерана Д.Д.Иванов туруорсуутунан уонтан тахса пууннаах суругу Монреаллааҕы олимпийскай оонньуулар 45 сыллаах кыайыытын юбилейынан сибээстээн СР баһылыгар, тустуу федерациятын президенигэр А.С.Николаевка киллэрбитэ. Мантан бу улуу даатаны бэлиэтээһиҥҥэ дьэ төһөтүн туһаннылар? Ыччаты спорт көмөтүнэн иитиигэ олимпиецтары символ оҥостон, кинилэр тустарынан киэҥник ыччаппытыгар билиһиннэрэн адьас улахан сүрүн болҕомтону ууруохха. Ааспыт өттүгэр сыыһа-халты хамсаныылары ырытан-үөрэтэн, хатылаабат туһугар кыһаллыахха. Үүнүү, сайдыы, бастыҥтан бастыҥ ситиһии биһиэхэ оччоҕо эрэ өрүүтүн баар буола туруоҕа.
Арамаан ДЬӨГҮӨРЭП.