Бастаан ону баһаарыам иннигэр манныгы этэн ааһыым. Хаһыаттарга суруйар буолбутум 30-тан тахса сыл буолла. Бу хамсык ыарыы бүрүүкээн «хаайыыга» олорбутум сыл аҥарыттан орто. Ол иһин суруйар «ыарыым» өссө бэргээтэ.
Онтон бары билэ сылдьаргыт курдук эһиилгиттэн тыа хаһаайыстыбатыгар улахан уларыйыылар киирээри тураллар. Ол уларыйыыларга өйдөөбөтүм, саарбахтыырым, утарсарым да элбэх. Ол иһин тутуу былдьаһан суруйа сатыыбын. Ону баалаамаҥ, күнүүлүү, сүөргүлүү санаамаҥ. Таарыччы бу «Туймаада» хаһыат суруйууларбын харыыта суох таһаарарыгар махтанабын.
Онтон мин бу уларытыыларга тугу сөбүлээбэппин, утара сатыыбын? Ол…
Чааһынай бас билиини, көҥүлү күөмчүлээһини
Ханнык баҕарар сайдыы таба суолу, хайысханы тутуһууттан, бас билии көрүҥүттэн, хайа баҕарар, ордук оҥорон таһаарааччы үлэһит үлэтин түмүгэр күнү-дьылы, бириэмэни аахсыбакка улахан интэриэстээх буолуутуттан быһаччы тутулуктаах диибин. Маныаха мөккүһэр киһи суох ини.
Мин саныахпар оҥорон таһаарыы элбииригэр, көдьүүстээх буолуутугар, саамай кылаабынайа, бас билии көрүҥэ быһаарар. Онтон бас билии сүнньэ чааһынай уонна уопсай диэн икки суолга арахсар. Уопсай бас билии судаарыстыбаннай, коллективнай, кооперативнай, акционернай уо.д.а. арахсыбытын иһин сүнньэ син биир – уопсай. Кыттыгас бас билии. Итилэртэн хайалара ордугуй?
Биллэн турар – чааһынай бас билии. Туох баар Ийэ Айылҕа тыынар тыыннааҕа аан бастаан бэйэтэ тыыннаах сылдьарын, аһыырын иһин охсуһар. Били улуу Напалеон: «Желудок управляет миром», – диэбитин курдук. Мин Сэбиэскэй Сойууһу үөхпэппин. Үчүгэйэ элбэх этэ. Онно барыта кэриэтэ судаарыстыбаннай, уопсай бас билии, уопсай үлэ этэ. Атын эйгэни ылбакка тыа хаһаайыстыбатыгар харыыта суох харчы угуллан син ситиһиилэрэ бааллара. Түмүгэ тугуй? Түмүгэ биллэр. Ыһыллыбыппыт. Хайдыбыт хоруудалаах хаалбыппыт.
Билигин сайдыылаах дойдуларга тыа хаһаайыстыбата барыта чааһынай билиигэ олоҕурбут дьоҕус, обургу фермерскэй хаһаайыстыбаларынан уонна кинилэр араас холбоһуктарынан үтүмэннээхтик сайыннылар буолбатах дуо? Кинилэргэ биһиги курдук уопсай бас билиилээх КП-лар бааллара буолуо дуо? Бука, суохтара буолуо. Оччотугар кинилэр сыыһа суолу тутуһан ити үлүгэрдээх бэйэлэригэр баппат элбэх аһы-үөлү оҥороллор дуо? Холобур, чугастыы Кытайы даҕаны ылан көрүҥ.
Дьон оҥорон таһаарыы эйгэтигэр бэйэлэрэ суопсунас бас билэрдээх, толору хаһаайын буоллахтарына хайдахтаах курдук турунан үлэлииллэрин, элбэҕи ситиһэллэригэр төһө баҕарар холобурдары аҕала туруохха сөп.
Ылан көрүөҕүҥ Арассыыйабытын. Маҥнайгынан, дойду сэриитин уонна иэдээннээх 3 өрөбөлүүссүйэлэр кэннилэриттэн дойдубут букатын эстэн, дьон маассабай хоргуйар турукка киирбиттэрэ. Онтон В.И. Ленин төрүттээбит саҥа экономическэй политиката (НЭП) киирэн сири бааһынайдарга түҥэтэн, чааһынай бас билии киирэн аҕыйах сылынан ас-үөл аһара дэлэйэн тас дойдуларга, Англияҕа тиийэ атыылыыр буолбуттара.
Онтон 30-с сыллартан, бааһынайдар аһара байаары гыннылар диэбитин, чааһынай бас билиини суох оҥорон барыларын күүстэринэн кэриэтэ холкуостарга киллэрбиттэрэ. Арыый өрүттэн, кыаҕыран эрэр бааһынайдары кулаак оҥортоон, баайдарын-дуолларын биир харчыта суох былдьаан ылан ыспыттара, сорохторун хаайыыга симпиттэрэ, суоһарбыттара, оҕолору-уруулары 5 мөл. курдук киһини сыылкаҕа ыыппыттара.
Түмүгэр 1937 сыллаахха, оннооҕор Украина, Паволжье курдук сирдэргэ иэдээннээх хоргуйуу тахсан, сорохтор суруйалларынан мөлүйүөнүнэн киһи хоргуйан өлбүтэ, киһи киһини сиэһинэ кытта тахсыталаабыта дииллэр. Мин маны барыта кулаактааһын уонна чааһынай бас билиини бобон холкуостааһын содула диибин.
Сэрии кэнниттэн холкуостаахтарга куотан хаалыахтара диэн паспорт биэрбэт этилэр. Харчынан хамнас диэн төрүт суоҕа. Араас нолуок бөҕөтүн түһэрэллэрэ. Төҥүргэс нолуога (оттор маһын иһин) диэн кытта баара. Өрөбүл, уоппуска диэни билбэттэрэ. Арааһа, оччотооҕу кырдьаҕастартан «уоппускаҕын ылбатыҥ дуу?» диэтэххэ «ол аата туохпутуй?» дииллэрэ эбитэ буолуо. Холкуостаахтар эрэйдээхтэр сыл түмүгүнэн биирдэ үллэстэр дохуот ылаары, «көлөһүн күнүн» иһин түбүгүрэллэрэ. Барыта үрдүттэн былаан, хамаанда буолара. Быйыл саас өл-төрөө, булгуччу бачча гектарга бурдук ыһыахтааххын диэн буоларын курдук. Ол саҕана билигиҥҥи курдук биир баҕананы туруорбакка сылдьан алааһы иккитэ «күрүөлээн», эбэтэр ыһыын иэнин «халлаан диэки көрөн баран» бэйэҥ суобаһыҥ төһө көҥүллүүрүнэн «бачча гааны» ыстым диэн албыннаан харчы, дохуот аахсар суоҕа. Барыта ачаахтаах маһынан мээрэйдээн, араас боломуочунайдар хонтуруолларынан ылыллара.
Холкуостаахтар балаһыанньалара өссө мөлтүөҕүн кэм ыал аайы биирдии-иккилии ынаҕы көҥүллүүллэрэ. Элбэх ынахтанарыҥ бобуллара. Сэрии кэмигэр, кэнниттэн даҕаны чааһынай сүөһүгүн идэһэ оҥосторуҥ, сонуоктан тохтубут куолаһы да хомуйарыҥ бобуллара, сэмэлэнэрэ. Ол курдук мин I кылааска үөрэнэрбэр эһэм соҕотох кырдьаҕас биэтин киэһэ хараҥарыыта өлөрөн, балаҕан иһигэр соһон киллэрэн «уора-көстө» астаабыттарын чуолкай өйдүүбүн.
Аныгы дьон, ордук ыччаттар, холкуос диэн туох тэрээһин буоларын ис дьиҥин билбэттэрэ бааламмат. Арай кинилэртэн уонна барытын уопсайдаан КП-ры («холкуостары») тэрийэ сатыыр тойоттортон баран хаалыахтара диэн пааспардарын былдьаан ылан баран өрөбүлэ, уоппуската суох үлэлэтэр киһи холкуос диэн тугун син өйдүө этилэр. Эбэтэр билигин ити арыычча кыаҕыран бас билэр маҕаһыыннаммыт, кафеламмыт эҥин ИП-ры наһаа байдыгыт диэн «кулаактаан», туох баар баайдарын, маҕаһыыннары-байдары босхо тутан ылан баран, бэйэлэрин хаайыыга укпут, сыылкаҕа ыыппыт киһи биһиги хомуньуустар урукку политикабытын син өйдүө этилэр. Онтон билигин…
Холкуоһу өйөөччүлэр бааллар дуо?
Бастатан туран, холкуос уонна КП (коллективнай предприятие) биирдиҥилэр. Кинилэр бас билиилэрэ уопсай. Ол иһин кинилэр үлэһиттэрэ икки «миэнэ» уонна миэнэ буолбатах «уопсай» диэн икки өйдөөхтөр. Хаһан даҕаны 2 «өйдөөх» үлэһит хайа таттарара, уопсайтан бэйэтин диэки хайа «тарда» сатыыра чуолкай. Кыратыттан ыллахха КП суоппара, тырахтарыыһа бэйэтин чааһынай тиэхиньикэтигэр хармааныттан төлөөн ГСМ куттара, уопсай үлэҕэ күнү-дьылы аахсыбакка, толору кыһаллан үлэлиирэ саарбаҕын ааһан суох буолуо.
Ону үрдүнэн уопсайдааһыны («холкуостааһыны») өйөөччүлэр элбэхтэр. Урукку сэбиэскэй-партийнай үлэһиттэртэн саҕалаан улахан учуонайдарга, салайааччыларга тиийэ. Ол «ыарыы» билиҥҥи салалтаҕа өссө бэргээбит курдук. Ордук тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын аҥарын оҥорор кэтэх хаһаайыстыбалары сэнээһин, эһии политиката баран эрэр. Ол курдук эһиилгиттэн кэтэх ыаллартан үүтү туппат, күлүү гыммыт курдук үүтү 10 солк. туттардыннар эбэтэр бааһынайга, КП-га киирдиннэр диэн аһаҕас политика барда.
Холобур, мин «Кыым» хаһыакка «Миниистир А.Атласовтан 9 ыйытыы» диэн суруйуубар Александр Павлович маннык хоруйдаабыт: “Кэтэх ыал, бастатан туран, бэйэтин үүт-эт аһылыгынан хааччынаары сүөһү ииттэр. Барыыска, дохуокка үлэлиэн баҕарар буоллаҕына, бааһынай хаһаайыстыба эбэтэр тэрээһиннээх хаһаайыстыба тэриниэх тустаах. Маны таһынан, Дойду Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин ыытар политиката – кыра хаһаайыстыбалары түмээһин. Түмсэн, кыттыһан улахан хаһаайыстыба тэриннэххэ үлэ таһаарыылаах да, түмүктээх да буолар”, – диэбит.
Барыта өйдөнөр. «Холкуостааһын» бэлиитикэтэ, кэтэх хаһаайыстыбаны туоратыы өссө күүһүрэр буолбут. Ол даҕаны иһин ордук кэлин 5 сылга наар «чэбдигирдиллэр», 100 ынахтан эрэ элбэх сүөһүлээхтэри, 300 гектартан эрэ элбэх ыһыылаахтары күүскэ өйөөн бааһынайдарга үксүлэригэр, кэтэхтэргэ барыларыгар үүт субсидиятыттан ураты туох даҕаны көмө оҥоһуллубатын кэриэтэ буолла. Кэтэхтэр оҥоһуллар эт-үүт аҥарын оҥороллорун үрдүнэн, кинилэр табаары оҥорооччу буолбатахтар диэн өйдөбүл соҥнонор.
Ырыынакка киириэхтэн араас ааттаах КП-ларга төһөлөөх элбэх көмө оҥоһулунна, иэстэрэ сотулла сатаата даҕаны өнүйбэтилэр. Холобур, өссө 2014 с. түмүгүнэн коллективнайы өрө туппут Сунтаардар – 21, Ньурбалар – 19, Уус Алданнар – 18 тыһ. ынах сүөһүлэрин эспиттэрэ. Билигин онтон эбиллибитэ буолуо дуо? Көҕүрээтэҕэ буолуо. Маннык уопсайдааһын – холкуостааһын бэлиитикэтин ыытан бу үлүгэрдээх киэҥ, баай дойдуга олорон Арассыыйа аһыыр аһын аҥарыттан эрэ ордугун оҥорон атын омуктартан, ордук Кытайдартан араас химиялаах аһынан аһаан олорорбут сымыйа дуо? Онтон биһиги сахалар ынах сүөһүбүт кыра аҥарын эрэ ордордубут, үксүн эмиэ омук аһынан үссэнэн тыыннаах олоробут.
Ону үрдүнэн ырыынактарга, маҕаһыыннарга араас ас-үөл, таҥас-сап, тиэхиньикэ арааһа тардыллан турар. Олору кимнээх оҥордулар, аҕаллылар! Ону буллулар, оҥордулар…
Көҥүл сытын ылбыт дьон
Ол – урбаанньыттар, кыра-орто, улахан бизнес дьоно. Көҥүл сытын ылан, чааһынай бас билиигэ киирбит, күнү-түүнү аахсыбакка үлэлиир урбаанньыттар, ИП-лар барахсаттар.
Айылҕа тыынар-тыыннааҕа барыта көҥүлгэ тардыһар. Сылгы үөрэ бэйэтэ мэччийэр, хаһар ыырдааҕын кэриэтэ, кутуйаҕыттан саҕалаан бары тыа, уу кыыллара бэйэлэрэ харыстанар, «бас» билэр, төрүүр-ууһуур сирдээхтэр, онтукаларын хараанныыллар, атыттартан көмүскэһэн охсуһаллар.
Орто дойдуга туох баар сэриилэр, өрө туруулар, өрөбөлүүссүйэлэр барыта сир былдьаһыытыттан, көҥүл иһин, батталы утары охсуһууттан саҕаланаллар.
Оо! Көҥүл сытын билбит, бу барыта бэйэм киэнэ – миэнэ диэн чааһынай бас билиигэ киирбит дьон, этэргэ дылы, хайаны даҕаны суулларыахтарын сөп. Онно төһө баҕарар холобурдары аҕалыахха син.
Холобура, аан дойдуга тиийэ биллибит саха уолаттара бырааттыы Ушницкайдарынан, “Индрайверы” тобулбут имигэс өйдөөх Арсен Томскайынан киһи хайаан киэн туттубат буолуой! Эбэтэр чугастыы мин быраатым Р.Е. Федотовы хайа саха билбэтэ буолуой? Дьиҥэр Руслан Еремеевиһи иккитэ эрэ көрбүт, кылгастык кэпсэппит киһим эрээри, олус чугастык санаһабыт, убай-быраат дэсиһэбин.
Аны бааһынайдарбар кэлиим. Уонча биэттэн саҕалаан сүүһүнэн сылгыламмыт Өймөкөөн «Тонор» бааһынай хаһаайыстыба баһылыга, тыа хаһаайыстыбатын билимин хандьыдаата буолбут Н.Т. Винокуров ыыппыт үлэтин киһи сөҕөр эрэ. Букатын “Үлэ Дьоруойугар” түһэриллиэн сөптөөх сөҕүмэр элбэҕи оҥорбут чулуу үлэһит. Бээ, аны Үлэ Дьоруойа диэбиттии, Саха сирэ бары киэн туттар, аатырар ыанньыксыппыт М.Н. Готовцев бэйэтэ туспа баран бааһынай хаһаайыстыба тэриммэтэҕэ, ити ылбат-биэрбэт «Танда» ТХПК-ҕа үлэлээбитэ буоллар Дьоруой буолбата чахчы этэ.
Аны бэйэм Чурапчым бааһынайдарыттан бастакынан саҕалаабыт ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар бааһынай хаһаайыстыба «Хахыйах» сылгы иитэр (Седалищев М.С.) сүөһүнэн дьарыктанар «Кырымах» (Лыткин Н.Н.), «Көлүйэ» (Борисов Н.Н.), «Чараҥ» (Луковцева М.К.), «Чакыр» (И.В. Ануфриев), аҕыйах сыллааҕыта оскуолаҕа дириэктэрдии сылдьан ИП буолан хортуоппуй үүннэриинэн ситиһиилээхтик дьарыктанар Павлов Д.Д. уо.д.а. ааттыам этэ. Республикаҕа даҕаны ситиһиилээх үлэлээх фермердэр аҕыйаҕа суох буоллахтара. Кинилэр бары көҥүл сытын билэн, чааһынай бас билиигэ киирэн, «бу миэнэ, бэйэм киэнэ» диэн өйдөөх-санаалаах буолан ситиһиилэргэ тиийдэхтэрэ.
Ол эрээри кинилэр бары, арай, 30-с сыллар эбитэ буоллар, кулаах аатыран сууттаммыт эбэтэр сыылкаламмыт, туга да суох хаалбыт буолуо этилэр. Оччолорго байар, кыаҕырар табыллыбат этэ.
Онтон КП үлэһиттэригэр уопсай баайдарын «бу миэнэ» диэн өйдөбүл хайдах даҕаны толору киирбэтэ чуолкай. Манна бэйэбиттэн биир түгэни өйдөөн кэллим. 1992 с. саха омук I Конгреһыгар делегат буолан маҥнайгынан тыл эппитим. Онно: “Бу эһиги залга олорооччулар үгүскүт хамнас иһин үлэлиир дьон хамнасчыт (хамначчыт) буолаҕыт. Онтон мин хамнасчыт буолбатахпын, мин бааһынайбын, бэйэбин бэйэм бас билэбин, онон мин хаһаайыммын”, – диэбитим. Ким да өһүргэммэтэҕэ, сорохтор өссө: «Саамай сөпкө эттиҥ», – диэччилэр бааллара.
Билигин КП үлэһиттэрэ хамнас эрэ иһин үлэлиир хамнасчыттар буолаллар. Тойон тугу диэбитин толороллор. Хамнасчыт хаһан даҕаны ис сүрэҕиттэн кыһаллан, бириэмэни аахсыбакка үлэлиэ суоҕа.
Чэ, бээ, эмиэ наһаа уһатаары гынным. Сыыйа түмүктүөххэ.
Түмүк
Мин тыа хаһаайыстыбата таҥнары түһүүтүн биир сүрүн төрүөтүнэн сайдыы таба суолун таба булбакка, икки «куобаҕы» – чааһынайы уонна кэлэктиибинэйи тэҥҥэ эккирэтэн, маннык хобдох түмүккэ кэллибит диибин. Биһиэхэ тыа хаһаайыстыбата сүнньэ чааһынай билиигэ олоҕурбут кыра-улахан бааһынай хаһаайыстыбаларынан уонна олор араас холбоһуктарын, кээпэрэтииптэри тэрийиинэн сайдыахтаах этэ диибин. Холобур, биһиги чурапчылар курдук.
Ону таһынан билигин кэтэх бааһынай хаһаайыстыбалары күөмчүлээһини, туората сатааһыны букатын сыыһанан ааҕабын. Маннык дьаһаныыга ханнык даҕаны Кириэмил, Путин улахан сыһыаннара суох. Бу – бэйэбит олохтоох үрдүкү салалтабыт бэйэлэрин «саҥа арыйыылара». Маннык дьаһаныы кэлин син биир сэмэлэниэ дии саныыбын.
Өссө төгүл хатылыыбын. Хамнасчыт буолбакка, көҥүл киһи эрэ толору кыаҕынан таһаарыылаахтык үлэлиэҕэ.
Туругурдун КӨҤҮЛ! Көҥүл иһин охсуһуҥ, көҥүллүк үлэлээҥ, айыҥ-тутуҥ, сайдыҥ!
Уйбаан ПОНОМАРЕВ.
Чурапчы.
tuymaada.ru