РФ, СР үтүөлээх артыыската, опернай ырыаһыт Надежда Шепелеваҕа «Саас килбик мичээрэ» – сүүс сааһыгар анаммыт ахтыы кулун тутар күнүгэр Дьокуускайга Н.Д.Неустроев аатынан «СМАРТ» библиотекаҕа истиҥ иэйиилээхтик ааста.
Социалистическай үлэ Ггеройа, норуот суруйааччыта, драматург Д.К.Сивцев — Суорун Омоллоон кэргэнигэр Надежда Шепелеваҕа «Эрэлчээнэ доҕорбор» диэн анаабыт хоһоонун А.Д.Макарова аатынан культура колледжын студена Иван Григорьев долгутуулаахтык аахта.
Күн уотун сылама
Күндү таас ырааһа
Сибэкки кэрэтэ
Сиибиктэ намчыта
Дьэдьэн им кэйиитэ
Отон ас кутуута
Саас килбик мичээрэ
Сайын наҕыл чуумпута
Эйиэхэ баар эбээт.
Эдэркээн бэйэлээх
Эриэккэс кэрэмэс
Эрэлчээнэ доҕоруом…
Надежда Семеновна 1950 с. ыллаабыт «Көлүкэчээн» диэн ырыатын долгуйа, астына иһиттибит. Ону тэҥэ уп-уһун баттахтаах турарын, олорбут олоҕун көрдөрөр хаартыскаларын слайдаҕа көрдөрөн истилэр.
Надежда Семеновна Дьокуускайга 1923 с. кулун тутар 4 күнүгэр төрөөбүт. Бииргэ төрөөбүттэр уоннар: биэс кыыс, биэс уол. Ийэлэрэ Пелагея Гавриловна сэрии сылларыгар олох ыарахаттарын тулуйсан, оҕолорун үөрэхтээх, үлэһит дьон оҥортоон «Мать-героиня» аатын ылбыт.
Надежда Семеновна Табаҕа сэттэ кылаастаах оскуолатын, сэрии сылыгар педагогическай рабфагы бүтэрбитэ. Университекка үөрэнэ сырыттаҕына үчүгэйдик ыллыырын бэлиэтии көрөллөр. РФ үтүөлээх артыыската Антонина Николаевна Клещева сүбэтинэн 1950-с сыллар саҕаланыыларыгар Москваҕа Гнесиннээҕи музыкальнай училищеҕа киирэр, училищеҕа үөрэнэ сылдьан вокалга дьарыктанар. Үөрэҕин Ураллааҕы Модест Мусоргскай аатынан консерваторияҕа салгыыр. Үөрэммит сылларыгар учуутал, профессор Зоя Васильевна Щелокова опернай ырыаһыт буоларыгар олук уурбута.
Үөрэҕин бүтэрээт Дьокуускайга төннүбүтэ. 1950-60-с сылларга Надежда Шепелева талаана өссө арыллан, Рахманинов суруйуутугар «Алеко» Земфира, П.Чайковскай «Евгений Онегин» Татьяна оруолугар, Недда в «Паяцах» Р.Леонковалло, Вера Кошевая «Молодая гвардия» Юлия Мейтуса, Наталия в «Бурю» Т.Хренникова, Галька в «Гальке» с Монюшко, Г.Григорян «Лоокуут уонна Ньургуһун» операҕа Ньургуһун, 1957 с. Москваҕа буолбут СР искусствотын декадатыгар П.Чайковскай «Чародейка», Г.Григорян «Северная–Весенняя» арияны, «Нюргун Боотур» опернай спектаклга «Айыы Умсуур удаҕаны» о.д.а. сүрүн оруоллары үрдүк таһымнаахтык толорбута.
«Көлүкэчээн», «Долгунча» о.д.а норуот, саха композитордарын ырыаларын сөбүлээн ыллыыра. Надежда Семеновна 1952 с. Городской совекка, онтон ССРС Верховнай советын төрдүс ыҥырыытыгар депутатынан, 1972 с. республика культуратын министрин солбуйааччытынан үлэлээбитэ.
Д.К.Сивцев — Суорун Омоллоон кыыһа, доруобуйа харыстабылын туйгуна Люция Дмитриевна, Надежда Семеновна бииргэ үлэлээбит дьүөгэлэрэ, үөрэппит оҕолоро Дмитрий Кононович Надежла Семеновналыын дьиэ иһигэр эйэлээхтэрин, дьоҥҥо эйэҕэстэрин, үрдүк культуралаахтарын сиһилии кэпсээтилэр. Надежда Семеновна үөрэппит оҕото ВШМ оскуоланы соҕотох кыһыл көмүс медалынан бүтэрбит Андрей Семенович Дедюкин ахтыы-махтал тылларын этэн, скрипкаҕа оонньоон иһитиннэрдэ.
СР искусствоҕа үтүөлээх үлэһитэ «Балет танца» журнал «Душа танца» приһы уонна «Приз лидер танца» номинацияны ылбыт Лира Львовна Габышева эҕэрдэ тылларын эттэ. СР бочуоттаах ветерана, культура отличнига, Надежда Семеновналыын культура министерствотыгар бииргэ үлэлээбит үөлээннээҕэ Мамлакат Дмитриевна Старостина үлэлээбит сылларын аҕынна. Модест Мусоргской аатынан Ураллааҕы консерватория выпускницата, опернай ырыаһыт Анастасия Лыткина үөрэнээччитэ, норуот артыыската «Ирина Архипова» аатынан премия лауреата, бииргэ консерваторияҕа үөрэммит дьүөгэтэ Альбина Михайловна Борисова истиҥ-иһирэх тылларын анаата.
Ону тэҥинэн СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ Вера Петровна Захарова, СР культуратын отличнига Альбина Александровна Бурцева, үрдүк категориялаах фортепиано, ДШИ-2 оскуола учуутала Балтычева Наталья Ивановна, СР культуратын отличнига, «Көмүс дорҕооннор», «Якутские мелодии», «Звуки Севера» проект конкурстарын төрүттээччи Саргылана Васильевна Гоголева, Ураллааҕы Модест Мусоргскай аатынан консерватория выпускницата хоровик Светлана Константиновна Степанова, РФ культуратын үтүөлээҕэ Юлия Титовна Сивцева о.д.а. истиҥ-иһирэх тыллары эттилэр.
Тааттаттан сылдьар СР культуратын үтүөлээҕэ, Чөркөөхтөөҕү музей үлэһитэ Изабелла Яковлевна Жерготова Дмитрий Кононович олорбут олоҕун, үлэтин туһунан киэҥник сырдатта. Дмитрий Кононович кыыһа Люция Дмитриевна, РФ доруобуйа харыстабылын үтүөлээх үлэһитэ оҕо сааһын, дьиэ кэргэнин туһунан сиһилии кэпсээтэ. Дмитрий Кононович бастакы кэргэнэ олохтон эрдэ барбытын кэннэ, икки оҕолоох тулаайах хаалбыт ыарахан кэмнэригэр, кыталык курдук кынтайбыт, чуораан курдук чугдаарбыт сопрано куоластаах, уп-уһун суһуохтаах кэрэ киһи киирэн дьиэ иһэ төһөлөөх уларыйыыны, көмөлтөнү, үөрүүну аҕалбытын санаан көрүөҕүҥ. Люция 15 саастааҕар быраатынаан Надежда Семеновна чымыдаанын кистээн аһан көрбүттэрин, тобус-толору ноталаах кинигэлэр баалларын, Москваҕа бардаҕын аайы моднай платьелары аҕаларын, оҕолорго болҕомтолооҕун, Дмитрий Кононовичтыын олус эйэлээхтэрин сиһилии кэпсээтэ.
Москва куоракка аан бастаан М.Н.Жирков аатынан ыытыллыбыт эдэр музыкант пианистар күрэхтэһиилэрин дипломана, Дьокуускай куорат 2-х Искусство оскуолатын кыһыл свидетельствонан бүтэрбит Саргылана Гоголева фортепианоҕа оонньоон сырдык тыыны биэрдэ. ДШИ-2 үөрэнээччитэ, учуутала А.В.Зайцева үөрэнээччитэ Эрсан Васильев, учуутала А.В.Зайцева И.С.Бах «Инвенция», В.Васильев В.Г.Пахульскай «Прелюдия» уонна бастакы номердаах ДШИ учуутала Н.И.Балтычева үөрэнээччитэ Санаайа Иванова фортепианоҕа Г.А.Григорян «Дьээ-буо» толорон мустубут дьон биһирэбиллэрин ыллылар.
Анаабыртан сылдьар РФ үтүөлээх учуутала, «Кыа кыымнара» литературнай түмсүү салайааччыта, «Анаабыр уоттара» хаһыат общественнай корреспондена А.Е.Спиридонова Надежда Семеновна сүдү талааныгар сүгүрүйэн ааста. Бу уустук кэмҥэ искусство, культура үрдүк чыпчаалыгар тахсыбыт талааннаах музыканнар, ырыаһыттар, үөрэтэ сылдьар оҕолоро музыкаҕа оонньоон, ыллаан ахтыы биэчэрин киэргэттилэр. Классическай музыканы, опернай ырыаһыттары истэ олорон атын зйгэҕэ киирэн дууһалын сылаанньыйан, сирэйдиин сырдаан таҕыстыбыт.
«Саас килбик мичээрэ» Н.Шепелева 100 сааһыгар анаммыт ахтыы биэчэрин Н.Д.Неустроев аатынан «Смарт» библиотека үлэһиттэрэ Беленкова Мария, Григорьева Уйгулаана, Наталья Корякина тэрийэн ыыттылар. Улахан олоҕу олорбут улуу дьоммутугар сүгүрүйэн, кинилэр олорбут олохторун, үлэлэрин оскуолаҕа, студеннарга, ыччаттарга учууталлар дириҥник үөрэтиэхтэрэ диэн бу ыстатыйаны суруйдум.
Д.К.Сивцев — Суорун Омоллоон уонна Н.С.Шепелева оҕолоругар, сиэннэригэр доруобуйаны, үлэҕэ ситиһиини баҕарабын! Барыгытын дьол-үөрүү арыаллаатын!
Галина БОРИСОВА
-Толбооно,
РФ Суруналыыстарын
союһун чилиэнэ,
СР суруйааччыта.