1991 сылтан бэттэх Саха сирин историятын “саҥалыы” үөрэтэбит диэн үөһээ-аллараа тутуу бөҕөтө буолбута. Ол түмүгэр “Советскай былаас кырдьыгы барытын саба баттыы сыппыта” диэн өйдөбүл үөскээбитэ. Онон киһи иилэн ылара суох курдук этэн таһаарбыттара.
Чэ, онон история мөккүөрдээх түгэннэрин өссө биирдэ үөрэтэн көрүөххэ. Бастакытынан, казак В.Поярков Нам волоһыгар, Бөтүҥҥэ кириэппэскэ 300 саханы, 300 сүөһүнү тыыннаахтыы умаппыта диэн буолар. Бу олоҕо суох, өйтөн булан суруйуу буолар. 17 үйэни үөрэтэн, учуонай буолбут А.А.Борисовы кытта кэпсэтэ сылдьыбытым. Кини онно эппитэ: “Оччолорго да казактар икки ардыларыгар бэрт былдьаһыы баар эбит. В.Поярковы соруйан холуннаран суруйбут суруктара буолар”, – диэбитэ.
Дьиҥинэн ити кыргыһыыга 22 саха боотура өлбүт. Сорохтор билиэн түбэспиттэр. Аны бэйэбит тэҥнээн көрүөххэ. 300 саха олороругар-утуйарыгар кырата 30-40 балаҕан наада. Аһаҕас халлаан анныгар утуйбат буоллахтара. Ол маһын тыаҕа тахсан кэрдэн, тиэйэн киллэриигэ элбэх көлө ирдэнэр. Бачча элбэх киһи аһыыр аһа? 300 сүөһү сиир ото, иһэр уута? Ону хантан маннык элбэх ууну, оту аҕалаллар? Өссө туспа дал, кыбыы баар буолуохтаах. Оччотугар отой гектарынан тайаан сытар кириэппэс наада. Аны сахалар алаастарынан, хас эмит көстөөх сиринэн бытанан олороллор. Ону барыларын кэрийэн, тиэйии аҕалыы… Онон хайдах да кыаллыбат буолан тахсар.
Иккиһинэн, 1922 с. бэс ыйыгар Никольскайга 500 саханы кыһыллар кус оҕотун курдук ытыалаан кэбиспиттэрэ диэн буолар. Нам киһитэ суруйан турар: “Оччолорго Никольскайга 500 киһини олордор дьиэ-уот суох этэ”, – диэн. Дьиҥнээх докумуоннар кэпсииллэринэн, Г.Семенов командирдаах, 120 киһилээх үрүҥ этэрээтэ турбут. Кыргыһыыга 60 повстанец өлбүт. Никольскайга сэриилэспит Кыһыл Армия регулярнай чаастарын соҕурууттан М.К.Аммосов аҕалбыта. Ити туһунан ким да саҥарбат ээ.
Үсүһүнэн, 1941-45 сс. Аҕа дойду сэриитигэр 37 тыһ. саха өлбүт диэн буолар. Ону дьаныһан туран дакаастыы сатыыр дьон бааллар. Оттон ону дьиҥнээх докумуоннарга олоҕуран, ырытан көрдөххө хайдаҕый? Биллэрин курдук, Саха сириттэн фроҥҥа 62343 киһи ыҥырыллыбыт. Мантан төһө саха саллаата баар буолуой?
Бастаан сахалар түөлбэлээн олорор оройуоннарын көрөбүт: Нам – 1116, Горнай – 1377, Чурапчы – 1508, Мэҥэ-Хаҥалас – 2776, Таатта – 2281, Амма – 1665, Уус-Алдан – 2054, Бүлүү – 1786, Ньурба – 1821, Сунтаар – 1997, Үөһээ Бүлүү – 1833 киһи сэриигэ барбыт. Ол аата 20355 саха диэн буолар. Манна Якутскай уонна промышленнай оройуоннары киллэрбэтим. Онно сүрүннээн кэлии дьон олорбуттара. Онтон олохтоохтортон 2-3 тыһыынча саллаат барбыт буолуохтаах. Хотугу оройуоннарга ыҥырыы барбатаҕа. Араас сирдэргэ олорор, үөрэнэр, үлэлиир эрэ дьон кыттыбыттара. Холобур, Дьааҥыттан 30-ча киһи сэриигэ сылдьыбыта биллэр. Якутскайтан, промышленнай уонна хотугу оройуоннартан барбыт сахалары аахтахха 23-24 тыһ. киһи курдук тахсар. Манна улахан араастаһыы суох буолуо дии саныыбын. Онон сэриигэ өлбүт, сураҕа суох сүппүт саха саллаатын ахсаана 11-12 тыһ. буолуон сөп.
Тыылга 40-50 тыһ. саха хоргуйан өлбүтэ диэн суруйуу эмиэ олоҕо суох. Оннук официальнай дааннай суох даҕаны. Ыалдьан, кырдьан, оһолтон эмиэ элбэх киһи олохтон бардаҕа дии. Хас биирдии оройуонтан краеведтар суруйаллара буоллар чуолкай соҕус сыыппара тахсыа этэ.
Өлүөхүмэттэн, Хаҥаластан, Кэбээйиттэн төһө саха барбыта биллибэт. Киһи дьиибэргиирэ диэн, Саха сириттэн ыҥырыллыбыттар уонна Забайкальскай байыаннай уокуругун штабын дааннайын кытта араастаһыы баар.
Лазарь РОЖИН.