Ильяны санаатым да эдэр сааһым үтүөкэн кэмнэрин, күөгэйэр күннэрин саныыбын. Кини аҕата Уус Алдаҥҥа Түүлээх нэһилиэгэр олохтоох уоттаах сэрии бэтэрээнэ, ситэтэ суох учуутал үөрэхтээх Илья Михайлович Ушницкай Түүлээххэ Алдан өрүскэ балыктаан элбэх киһини хоргуйууттан быыһаабыт дьоҥҥо-сэргэҕэ улахан умнуллубат үтүөлээх.
Ийэтэ Түүлээхтэн төрүттээх Ульяна Степановна Алексеева сэрии кэмигэр холкуос бэрэссэдээтэлинэн үлэлээн сут-сутурҕан, хоргуйуу сылларыгар биир да киһини хоргуппатах, норуот номоҕор киирбит дьаһаллаах бэрдэ дьахтар. Илья Ильич итинник бэйэтин кэмнэригэр дьоннорун туһугар хорсуннук үлэлээбит амарах дууһалаах дьон 1952 сылга ыам ыйын 12 күнүгэр алта оҕолоруттан төрдүс киһинэн төрөппүт ыччаттара. Ол да иһин Идья олоҕу олус дириҥник ырытан сыаналыыра. Доҕотторугар өрүү көмөлөһө сылдьар ыалдьытымсах амарах дууһалааҕа.
Урут билиҥҥи “Триумф” утары Ойуунускай уулуссаҕа, оччолордооҕу «Эдэр коммунист» хаһыат үлэһиттэрин олордор үс хостоох квартиралаах этэ. Мин олорор уопсайбыттан муус ураҕаһынан үүрүллэн, ол квартира хаһаайына “Эдэр коммунист” хаһыат эппиэт сэкиритээрэ, Үөһээ Бүлүү биир чаҕылхай ыччата Василий Осипович Васильевка көһөн күккүрээн тиийэбин. Мин кэннибиттэн Семен Попов-Тумат, Егор Неймохов, Василий Васильев-Харысхал, Федор Стручков, Петр Федоров – суруналыыстыка диэн баран муннукка ытаабыт, суруналыыстыка эйгэтигэр бары да бэйэлэрин кэмнэригэр дьоһуннаах суолу-ииһи хаалларбыт уолаттар кэллилэр.
Бэйэбитин «Холостуойдар республикалара» диэн ааттанан олус бэркэ, эн-мин дэһэн наһаа тапсан олорбуппут. Онно эдэр кэскиллээх суруналыыстар, сааһырбыт суруйааччылар биһиэхэ бочуоттаах ыалдьыттарынан буолаллара. Кинилэр истэригэр Илья Ушницкай, Иван Ушницкай, Василий Капитонов, Гаврил Егоров-Дьурантай, тутааччы Василий Платонов, врач Николай Арбыгин, Иван Иванович Иванов о.д.а. бааллара. Кырдьаҕас суруйааччылар: поэттар Василий Гольдеров, Семен Руфов, Николай Герасимов-Айталын, Василий Сивцев о.д.а. күндү ыалдьыт буолан, бэйэлэрин кэс тылларынан эдэрдэргэ сүбэ-ама буолаллара. Айар үлэҕэ суол-иис ыйаллара.
Хара сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри Ойуунускайдар квартираларыгар айар үлэ умсулҕана, ол ырытыыта, кэпсэтиитэ буолара. Хата мин онно арааһа бэртээхэй суруналыыстыкаҕа норуодунай институту буор-босхо барбыппын отой да билбэккэ хаалбыт быһыылаахпын. Кэлин бу квартираҕа олорбут суруналыыстартан Саха АССР үс улахан норуодунай суруйааччыта тахсыбыттара: Егор Неймохов – Томпо Мэҥэ Алдан, Семен Попов-Тумат – Чурапчы чулуута, Василий Васильев-Харысхал – Амма ааттааҕа. Бу уолаттар дьоһуннаах ааттара эмиэ биһиги олохпутуттан айар үлэҕэ сыһыаҥҥа элбэҕи кэпсиир түгэн.
Арааһа, ол да иһин хата бу кырдьар сааспар суругунан дьарыктанан, эбиитин РФ СД депутата Петр Револьдович Аммосов курдук бөдөҥ судаарыстыбаннай лиидэр киһиэхэ көмөлөһөөччү буоллаҕым. Онон оччотооҕу эдэр сааһым манна ааттанар доҕотторугар бука барыларыгар истиҥник махтанарбын иһитиннэрэбин.
Бу квартира олохтоохторо олоччу холостуой уолаттар. Бары бу дьиэттэн ыал буолбут эрэ киһи тахсарын курдук илии тутуһан кэпсэттибит. Илья онно кэлбит-барбыт, сытыы-хотуу, элбэх атастаах-доҕордоох, булугас-талыгас өйүнэн аатырара. Сылбырҕа, сытыы-хотуу, бэрт бэһиэлэй киһи быһыытынан уолаттарга олус сөбүлэппитэ.
ССРС систиэмэтэ олус бэртээхэй систиэмэ этэ эрээри, билигин санаатахха кэккэ итэҕэстэрдээх эбит. Оччолорго КПСС салалтатынан олорбуппут, олоччу үөһэттэн дьаһал, разнарядка. Тойон эттэ – бүттэ. Дьон социальнай кыһалҕата толору хааччыллара, ол эрээри аһаҕастык итэҕэһи ыйар кириитикэ суоҕа гражданин айар толкуйдуур дьоҕурун улаханнык мөлтөппүт эбит. Көстөрүн курдук, норуот билигин да көҥүл ырыынакка баччааҥҥа диэри бу отут сыл устата уһуктан, ирэ-хоро кыайан киирэн дьарыктана илик. Ол иһин олохпут таһыма сүрдээх намыһах.
Оччолорго салалтаҕа кириитикэ диэн адьас көрүллүбэт этэ. Быһаччыта салайааччы буолла – кини күн ыраахтааҕы. Оттон биһиги Ильябыт оччотооҕу модун күүстээх салалта аадырыһыгар кириитикэ жанрыгар олус хорсуннук уонна бастакынан киирбит суруналыыс быһыытынан аатырыан аатырбыта. Сытыы, чуолкай тыллаах-өстөөх үрдүк таһымнаах киритиичэскэй ыстатыйаларынан дьону улаханнык уолуппута даҕаны, сөхтөрбүтэ даҕаны. Ити КПСС кэмигэр бастакы уонна улахан атыттарга дьоһуннаах холобур буолар хардыы этэ.
Илья Ильич Ураллааҕы государственнай институт суруналыыстыка факультетын сахалартан бастакынан бүтэрбитэ. Ол да иһин сахалартан бастакынан Дзержинскэй бириэмийэ лауреата буолбута. Үгүс элбэх наҕараадалаах, хайҕал, махтал суруктардаах этэ.
КПСС бу хроническай ыарыыта бэл билигин да баар. РФ ФС уонна биһиги Конституциябыт быыбардааччыга салалтаны кириитикэлиири көҥүллүүрүн ааһан сокуонунан өйүүр судаарыстыбаны салайыыга норуот санаатын, этиитин истэр эрээри билиҥҥи суруналыыстар кириитикэ жанрын адьас да кыайан туһаммат буоллулар. Холобур, билигин ил дарханы эбэтэр баһылыгы кириитикэлээтэххэ ханнык эмэ чиновник кириитикэлээбит киһи үрдүгэр түспүт буоллаҕына РФ ФС УК статьятынан эппиэттиир УК статьята баар.
Норуот өй-санаа өттүнэн сайдыытыгар, быраабын улаханнык күөмчүлэтэн бүк түһэн күн бүгүн түҥкэрэн олорор. Бу үрдүкү салалта быһаччы улахан итэҕэһэ. Кини эбээһинэһэ норуот туруорсуутун олоххо киллэрии буолуохтаах. Олохпут сайдыытын тиэмпэтэ эмиэ оннук таһымынан устар. Биир эмэ элбэх саҥа айар идеялаах саталлаах үлэһит көһүннэҕинэ ол киһини өйөөн норуотун чуолаан эдэр ыччатын кэрэҕэ, үрдүккэ иитэрин, үөрэтэрин оннугар салалтабыт олус күүскэ хабырдык ол бизнесмени хам баттыыр.
Билигин салалта маннык түктэри дьаһалларын кириитикэлиир суруналыыс тоҕо эрэ суох. Көҥүл ырыынак систиэмэтигэр киирбиппит 30 сыл буолла эрээри, билигин да уһуктубакка утуйа сытабыт. Ол иһин дьон-норуот сайдыыга тахсыыта аһара бытаарар, мунар-тэнэр. Бу мантан да көстөр Илья Ушницкай өссө ааспыт үйэ 70-с сылларыттан салалтаҕа кириитикэни саамай сөпкө, олус күүскэ өрө тутан саҕалаабыт эбит. Өскөтүн бу көһүтүллүбэтэх адьырҕа ыарыы олус эрдэ ылан наһаа эрдэ үйэлээбэтэҕэ буоллар, өрүү инники күөҥҥэ сылдьыбыт хорсун новатор, норуот дьиҥнээх биһирэбилин хайы-үйэ оччолортон ылбыт суруксут инники күөҥҥэ сылдьар улахан норуодунай суруйааччы буолар лаппа кыахтааҕа.
Илья Ильич Таатта улууһун хаһыатыгар редакторынан олорон Алексеевскай оройуону бэйэтин төрүт аатынан – Таатта улууһа диэн бэрт үгүстүк үлэлэһэн уларытан ааттатан бар дьонун махталын ылыан ылбыта.
Биһиги доҕорбут Илья Ильич Ушницкай бэйэтин кэнниттэн тапталлаах кэргэнэ Ольга Федотовналыын бэртээхэй Николай, Федот, Ульяна диэн оҕолору хаалларан, аҕыс сиэннэнэн кини сырдык чаҕылхай олоҕо билигин да улахан сайдыылаах эдэр дьонунан салҕанар.
Илья Ильич баара буоллар ыам ыйын 12 күнүгэр 70 сааһын туолуохтааҕа. Биһиги УоТ “Сомоҕо күүс” Ытык Сүбэтэ кини дьиэ кэргэттэрин, оҕолорун, сиэннэрин бу аҕаларын, эһэлэрин 70 сыллаах юбилейнай даататынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит. Тоҥтон толлубат, ириэнэхтэн иҥнибэт уһун дьоллоох-соргулаах, үрдүк таһымнаах айымньылаах олоҕу хас биирдиилэригэр баҕарабыт.
Доҕорбут Илья Ильич олоҕун салгыы олорор оҕолорун сүһүөхтэригэр туруорбут тапталлаах кэргэнигэр Ольга Федотовнаҕа итии-истиҥ эҕэрдэ уонна Илья элбэх ахсааннаах доҕотторун аатыттан дириҥ, улахан махталбытын тиэрдэбит.
УоТ “Сомоҕо күүс” Ытык Сүбэтэ.
Дьокуускай к.