Сыл бүтүүтэ өрүү буоларыныы араадьыйаҕа, тэлэбиисэргэ “иэскин-күүскүн, коммунальнай өҥө иһин бириэмэтигэр төлөө уонна подарокта ыл” диэн реклама курдук биллэрии баар.
Дьэ ити курдук бириэмэтигэр төлөөбөт дьон улуустарга да бааллар. Дьиҥэр ханна да буоллун – уоппутун-гааспытын, коммунальнай да өҥө буоллун – тус бэйэбит олохпут туһугар туттан олорон, ити этиллэр тэрилтэлэр тустарыгар өҥө оҥорор дьон курдук өссө манньа ылабыт дуо? Ол аата иэстэрин сүгүн төлөөбөт дьон үксээн, араас албаһы туттан эрдэхтэрэ.
Санаан көрүҥ эрэ: өрөмүөн кэмигэр дуу, быстах саахал тахсан дуу уоппут-гааспыт арахсан хааллаҕына биһиги саҕа айманар дьон суох буолар. Кими да, хайдах да саҥарыахпытын булбаппыт, олохпут биирдэ ньим гына түһэр.
Дьиҥэр элбэх оҕолоохторго, кырдьаҕастарга, кыаммат араҥа ыалга, инбэлииттэргэ араас көмө, өйөбүл бөҕө көрүллэр. Онон ити этиллэр иэһи-күүһү төлүүргэ усулуобуйа баар. Ити тэрилтэлэргэ иэспитин төһө бириэмэтигэр төлүүбүт да соччонон кинилэр үлэлэрэ тахсыылаах буолар. Араас өрөмүөн кэмигэр матырыйаал да наадата баһаам буолуохтаах, ол туһата биһиэхэ эмиэ туһаайыллар.
Онон, өрөспүүбүлүкэбит инники сайдыытыгар эмиэ биир тирэх буолар төлөбүрдэрбитин бириэмэтигэр төлүөҕүҥ. Ол дойдубут аптарытыатын бүтүн Россия иннигэр өрө тутарбытыгар биир тирэх буолар. Мунньа-мунньа элбэх сууманы төлүүр уустук, ый аайы төлүүр быдан ордук, аҕыйах харчы наада. Хаһан баҕарар тэрилтэлэрбитин биһиги өйдөөн, кинилэр биһигини өйөөн олордохпутуна ханнык да кэмҥэ дьиэбит сылаас, сырдык буолуо. Ол түмүгэр үлэ, үөрэх тахсыылаах буолара – туһата бэйэбитигэр эрэ.
Зинаида ЕГОРОВА.