Аҕыйах хонуктааҕыта, от ыйын биир куйаас күнэ сатыылаан турдаҕына, Анатолий Иванов 202-с микрорайоҥҥа ууттан киґини быыһаабыт эбит. Сөтүөлүү сылдьар икки киһиттэн биирдэрэ үөскэ киирэн баран, сэниэтэ эстэн тимирэн эрдэҕинэ хата Анатолий таба көрөн ууга ыстаммыт уонна кинини кууһан баран, дэлби сылайдар даҕаны, харбаан кытылга таһаарбыт.
Ууга былдьана сыспыт сөтүөлээччилэр итирик туруктаах сылдьыбыттара билиннэ. До±оро хайыыр даҕаны кыаҕа суоҕуттан уу кытыытыгар хаһыытыы эрэ турбут. Эбэҕэ киирэн тоҕо дьэ арыгы иһэллэрэ буолла? Сэрэммэттэрэ бэрт эбит.
Арай ити түгэҥҥэ Анатолий суох буоллун? Ол киһи ууга тимириэхтээх этэ. Иэдээн дии…
Ууттан киһини өрүһүйбүт, холобурга сылдьар хорсун быһыыны көрдөрбүт Анатолийынан биґиги киэн туттабыт. Кини тымныы уунан эти-сиини чэбдигирдиинэн дьарыктанар, уһун дистанцияҕа харбыыр уонна сүүрэр. Бу ыарахан түгэҥҥэ Анатолий үтүө санаата, дьаныардаах эрчиллиитэ улаханнык көмөлөспүттэригэр биһиги, табаарыстара, саарбахтаабаппыт.
Анатолий – сүрдээх сэмэй киһи. Үчүгэй хаартыскалаах да буоллаҕына, биэриэ суоҕа. Онон туох баарынан таһаардым.
Михаил СИДОРОВ.
tuymaada.ru