Айылҕаҕа, күннээҕи олоххо киһи хараҕар көстүбэт дьиктилэр, сырдык уонна хараҥа күүс үйэттэн үйэҕэ харсыһа сылдьар. Маннык көстүүнү бука үөһэттэн айдарыылаах, ураты оҥоһуулаах, эбэтэр атыннык эттэххэ аһаҕас эттээх эрэ дьон көрөн-истэн эрдэхтэрэ…
“Кэргэҥҥэр чугаһаама, кыратык кэһэйэ түстүн! Өссө сутуруктаан кулгаах тааска сырбата түһэн ыларыҥ буоллар, өссө үөрүөм этэ! Һа-һа-һаа!”.
– Сырбата даа? Ээ, олус сүрдээх дии, оҕолорум уһуктуохтара, кэбис, кэргэммин тыыппаппын.
“Уопсайынан эн эр киһигин дуу, дьахтаргын дуу?! Мөлтөх да киһигин, күлүү гынабын мин эйигин!”.
– Суох! Мин эр киһибин!
“Оччоҕо бу дьиэҕэ ким тойонун көрдөр! Тоҕо куруутун арыгы иһэргин бопсоруй! Мэһэйдэһэ сытыйан!”.
Саргылы ити санаа тырыта тыыппытын кэннэ кырдьык да кыратык сахсыйан, киммин-туохпун биллэрдэхпинэ табыллыыһы дии-дии тэлиэс-балыас үктэнэн дьахтар үрдүгэр түстэ…
– Айакаа! Саргыл, хайдах буоллуҥ?! Ама, мантан ыла аны кырбанарым эрэ итэҕэс буолла дуо? Аата сүрүн! Хайдах буоллуҥ?!
“Кырбаа, кырбаа! Эн биһикки икки ардыбытыгар мэһэй эрэ буолар дьахтар! Аны утарылаһан көрөөр эрэ! Мин кинини бас билэбин, эн буолбатах! Һэ-һэ-һээ! Хата мин эһиги уу хараххытыгар көстүбэппин. Ол эрээри түүннэри-күнүстэри киниэхэ олорсо сылдьабын. Миигин хаһан да сатаан быраҕыа суоҕа! Һа-һа-һаа! Билээхтээбэт буоллаҕыҥ, эн көрбөккөр биһиги тугу гынарбытын. Аһыы утах иһэ-иһэ туора дьахталлары көрөбүт. Итирдэҕинэ кини хараҕар марба да дьүһүннээх кэрэчээнэҕэ кубулуйар. Дьон төбөтүн иирдэрбин наһаа сөбүлүүбүөн! Эһиги дьиэҕитигэр киирсиэхпиттэн ыла сыһыаҥҥыт тосту уларыйда, тапталгыт уостан эрэр, хармааҥҥыт да кураанахсыйда. Күн аайы мэйиитин иһигэр олорон “ис… ис… бүгүн эмиэ ис…” диибин. Онтон туохха эмэ түбэһэн дуу, биитэр ханна эмэ тоҥон өлөн дуу хааллаҕына миэхэ син биир. Атын да киһини булуом. Мин аллараа дойду оҕотобун, атыннык эттэххэ арыгы абааһытабын. Биһиги элбэхпит, ким баҕарар моонньутугар иилистиэхпитин, күлүгүн батыһан барсыахпытын сөп. Мөлтөх дьону курдат көрөн талабыт – «бу миэнэ… ол миэнэ…» дэһэбит. Барахсаттар билээхтээбэт буоллахтара – биһигини кытта таптал сүтэрин, оҕо-уруу умнулларын, дьиэ-уот хааларын, доруобуйа бүтэрин, олох кылгыырын… Төһөнөн элбэҕи иһэр да, соччонон мин күүһүрэн, баараҕадыйан иһэбин. Онон үөрэ-үөрэ айаҕар аһыы утаҕы кутан аһата олоруом. Бөкчөйөн, харааран өлүөр диэри! Һа-һа-һаа! Аны наһаа элбэҕи истэҕинэ аҥаар атаҕынан анараа дойдуга үктэнэр эбээт! Ханна баҕарар моһолго түбэһиэн сөп, этиһэн-охсуһан да туруон сөп… Мин онтон үөрэбин эрэ, моонньугар мэҥэстэн олорон сытыы тыҥырахпынан сүрэҕин-быарын дьөлүтэ кэрбиибин, хара хааныгар уста сылдьан иһиттэн сиибин. Өйүгэр-мэйиитигэр силлии-силлии, сибигинийэ сылдьабын. Сирдээҕи дьон ону көрбөккүөт, билбэккиэт! Кыыһырдан көрөөр эрэ миигин! Өссө күүскэ кырбатыам! Истэҕин дуо?! Хантан истиэххиний, акаары дьахтар! Һа-һа-һаа!”.
– Иирдим дуу мин, бу тугуй?! Бэйэлээх бэйэм тапталлаах кэргэммэр илиибин көтөхтүм? Оо, хайдах да гынан бириэмэни эргиппэт буоллаҕым. Өссө дьиҥнээх эр киһибин дэнэбин. Бу саатын-суутун. Суох! Мантан ыла бэйэбин көннөрүнэбин! Аны хаһан да арыгы испэппин! Бүттэ!
“Эс! Ама хайаан! Иһэҕин! Син-биир миигин кыайбаккын, тыҥыраҕым сытыы, быарыҥ сүмэтин күн аайы супту уулуубун. Сүрэххин тэһитэ кэйэн, тыыҥҥын иһиллээн тэйиэм! Мааны остуолларга күндү ас мин буолабын. Кытаатыҥ, үөрүҥ-көтүҥ, дьонноргутун күндүлээҥ! Мин кураанах куртаххытын үөрдэ-көтүтэ манньатыам, хоҥ мэйиигитин сиэм-аһыам! Тыыннааҕыҥ тухары соһулла сылдьыам! Уҥа да хайыс, хоту да бар!”.
– Аанчыгыам, миигин бырастыы гын дуу, көрдөһөбүн! Бэттэх хайыһыый? Утуйдуҥ дуо, сыллыый?
– Хос иһиттэн таҕыс, чугаһаама миэхэ! Икки харахпар көстүмэ!
– Абааһы көрдүҥ дуо?
– Көрөн!
– Абааһы дуо? Ээ сымыйалыыр ити! Этэбин дии, эһиэхэ мин көстүбэппин диэн. Истимэ! Үүрүллэ-үүрүллэ манна олоруоҥ дуо, бардыбыт! Таҥын! Билигин атаһыҥ Гириисэ төлөпүөннүө.
Төлөпүөн тыаһа тырылыы түһэр, алдьархай ааҥнаабытын курдук түүннэри ыал олоҕун аймыыр…
– Бачча түүннэри эмиэ хайалара субуоннууруй? Хайа эрэ арыгыһыт табаарыһыҥ дуо? Биитэр көрсүүлэнниҥ дуу?!
– Гириисэ-Гириисэ, уоскуй, чэ! Уол оҕоломмут үһү, сууйабыт дуо диир.
– Эчикийэ! Эйиэхэ куруук туох эрэ сылтах көстөн иһэр ээ! Оччоҕо эмиэ бардыҥ дуо?!
– Бардым, чугас доҕорум салҕааччыламмытын бэлиэтиир буоллахпыт. Уол оҕо күн аайы төрөөбөт. Хата эн миэхэ хаһан бэлэхтиириҥ буолла?
– Тугу?
– Уол оҕону.
– Күн аайы арыгылыыр киһиттэн хайдах муус доруобай оҕону төрөтүөхпүнүй? Икки кыыстаахпыт дии, кинилэри да иитэн-аһатан атахтарыгар туруордарбыт – ол да сөп.
“Пыы, үөҕүллэ-үөҕүллэ олороҕун дии! Һа-һаа! Үчүгэйдик бу дьахтарга баһыйтарбыккын! Ньамах курдуккун, һэ-һээ!”.
– Аанчык, оччоҕо тугуй, миигин улуу иһээччи диир эбиккин дуу?! Инньэ диир буоллаххына сырыт! Уол оҕону төрөтөн биэриэн баҕалаах дьахталлар баһаам инилэр!
– Бар! Бар! Эйигинэ да суох олоруохпут! Өссө эҥин-араастаан тыллаһан эрэҕин. Сааппаккын даҕаны! Наһаа да уларыйбыккын! Урукку Саргыл ханан да суох буолбут! Ыый-ыый-ыыйбыан! Хаарыан тапталбытын, олохпутун аһыы утах суурайдаҕа… Хаһааҥыттан маннык арыгыга ылларбытыҥ буолла…
“Ха-хаа! Дьэ, дьэ, дьэ, дьэ, дьээ! Айдаарсан, арахсан эрэллэр! Бэрт да бэрт! Мин саҥам төһө да иһиллибэтэр, тас көрүҥүм төһө да көстүбэтэр, Аанчык, иһит! Эн кэргэҥҥэр киһи уҥуохтарыттан сыстыбытым уонча сыл буолла. Аҕатын буорга кистээри турдаҕына сир анныттан таба көрөн, киниэхэ сыыллан тахсыбытым. Ытаан ньаҕайдана турдаҕына айаҕар аһыы утах буолан киирсибитим. Урукку талан ылбыт киһим оһолго түбэһэн өлбүтэ. Кинини анараа дойдуга атаараат “хайа эрэ тыыннаах дууһаҕа киирэбин?” диэн толкуйга сылдьыбытым. Истэҕин дуо, Аанчык?! Чэ, быраһаай! Аны кэргэниҥ бу дьиэҕэ төннүө суоҕа, баҕаҥ хоту «икки харахпар көстүмэ» диэбитиҥ бу түүн туолуо – анараа дойдулар кулгаахпар сибис гыннылар, быһахтаах киһини аара суолга бэлэмнээн олорор үһүлэр!”.
Арыгы абааһыта көҥүлүнэн айбардаан, батыһа сылдьар хара күлүк буолан ыал аҕатын аһыы утахха умсаран кыайдаҕын… Хаарыан дьону суорума суолга үктэннэрдэҕин!
САРДААНА.