Былааспыт сылтан сыл ахсын норуоту хабахха тыыннарара элбээтэр элбээн иһэр. Российскай Федерация Конституцията тутуһуллубат буолла, онтон Саха сирин Конституцията тутуһуллубат буолбута ыраатта. Эбиитин быйыл Конституционнай сууппутун суох онорбуттара.
Туохтан төрүөттээн Конституция тутуһуллубат диир буоллаххытына, быһаарабын: бу турбут ковид ыарыыбытынан сибээстээн куар-код киллэрэн дьон кэлиитин-барыытын хааччахтаатылар. Миитинниир, мустар бобулунна. Россия Конституциятын 31-с статьятыгар сурулла сылдьар: «Граждане Российской Федерации имеют право собираться мирно, без оружия, проводить собрания, митинги, демонстрации, шествия и пикетирование».
Прививканы күүс өттүнэн соҥнооһун да дьон быраабын кэһии буолар. Прививка көҥүл өттүнэн буолуохтаах диэн дойдубут президенэ Владимир Путин эппитэ да, тутуһуллубат. Аны туран бу ааспыт өрөбүлгэ, ол эбэтэр сэтинньи 28 күнүгэр аан дойду ийэлэрин күнүгэр анаан биэс эдэр ыччаттар уулуссаҕа тахсан видеоролик устаары, ааһар дьонтон боппуруос ыйыталаһан барбыттарыгар тутатына полиция сотрудниктара баар буола түспүттэр да барыларын тутаттаан полиция отделыгар илдьэттии барбыттар. Сценарий быһыытынан бу эдэр ыччаттар ааһар дьону тохтотон ийэлэргитин эҕэрдэлээҥ диэбит эбиттэр, туох даҕаны политиканы кыбыппакка эрэ. Ону ол диэбэккэ отделга илдьэн барыларыгар протокол толорбуттар – Административнай Кодекс 20.2 ыстатыйатынан «Нарушение установленного порядка организации либо проведения собрания, митинга, демонстрации, шествия или пикетирования».
Мантыкпыт ыстарааба да ботуччу соҕус, 10 тыһыынчаттан 30 тыһыынчаҕа диэри эбит. Баайсыылара диэн бары биир өҥнөөх саарпыктаахтар уонна сорохторугар таҥастарыгар «Новые люди» диэн суруктаахтарын иһин. Билэргит курдук быйыл Госдума быыбарыгар Саха сиригэр «Новые люди» партия үһүс миэстэни ылбыта. Бу партияҕа куорат урукку мээрэ Сардаана Авксентьева баар. Ити оннугар «Единэй Россия» партияттан итинник тахсыбыттара буоллар хайыа эбиттэрэ буолла, тутуохтара этэ дуо? Суох буоллаҕа. Ол эрээри билэр дьон этэллэринэн, ити “Новые люди” диэн баай дьон партиялара харчы төлөөн, биллэ-көстө сатаан провокациялаабыттар диэн быһаараллар. Соруйан полицияҕа тутуллан, боростуой дьон диэкибит диэн көрдөрөөрү. Итини итэҕэйиэххэ сөп.
Онтон бу сайын учууталынан үлэлиир Айылҕаана диэн дьахтар күүһүнэн биэрэр вакцинаны утаран соҕотоҕун пикеткэ тахсыбыта. Сокуонунан соҕотоҕун плакаттаах пикеттыырыҥ көҥүллэнэр, арай хаамыа суохтааххын уонна улаатыннаран саҥарар микрофона суох буолуохтааххын. Дьэ бу Айылҕаана туох да микрофона суох уонна ханна да хаампакка соҕотоҕун плакаттаах чороллон турдаҕына, полициялар кэлэн тараччы тутан ылан отделга илдьэ баран 10 тыһыынчаҕа ыстарааптыыллар. Ол кэннэ күһүн үлэтигэр тиийбитигэр дириэктэрэ үлэтиттэн устан кэбиспит. Бука үөһэттэн бирикээс ыллаҕа. Билигин кинини ханна да үлэҕэ ылбаттар, дьиэтигэр олорор.
Шамаммын дэнэр Александрга психо-неврологическай диспансерга көрдөрөр бириэмэтигэр кэлбэтэ диэннэр эмтиир бырааһа ОМОН этэрээттээх шаман дьиэтигэр тиийэн аанын алдьатан киирэн тутан ылаат, балыыһаҕа симэн кэбиһэллэр. Билигин сууттанан Новосибирскай куоракка психбалыыһаҕа сытар. Оттон Виктор Лебедев хаһыс да төгүлүн суукка кэлбэт даҕаны, тоҕо эрэ сатаан күүс өттүнэн аҕалбаттар.
Тоҕо сокуон барыбытыгар биир тэҥник үлэлээбэтий, тоҕо Конституция кэһиллэрин билэ-көрө олорон прокуратура үлэһиттэрэ харахтарын симэн олороллоруй?
Одун.