1976 сыллаахха Дьааҥы оройуонун Адыаччы нэһилиэгэр учууталлыы сылдьар кэмим этэ. Биир күн “Адыаччы сопхуос суоппардара Дьокуускай куоракка таһаҕас тиэнэ барар буолбуттар” диэн сурах иһилиннэ.
Оскуолам дириэктэрэ олору кытта барыс диэтэ, оскуолаҕа табаарга сайаапка оҥорбуттара бэлэм буолан, кэлэн ылыҥ диэн биллэрбиттэр. Эбиитин мин бэйэм эмиэ хайыһар сакаастаан турабын, ол иһин барсар буоллум. Бэйэм да сири-дойдуну көрүөм этэ, хоту сир суоллара хайдах буолар эбиттэрин билиэм этэ диэн бүччүм санаалаахпын. Дьокуускайга үс грузовой массыына барар диэтилэр, баралларыгар мантан металлолом тиэнэн бараллар, куоракка илдьэн туттарар гына диэн буолла.
Үлэхтээх күммүтүгэр Гоша диэн күһүн, саас бэркэ диэн тапсан бултуур уолум, аллар атаһым, сааһын тухары уруулга олорор уопуттаах суоппар киирэн кэллэ, бардыбыт диэн буолла. Бэлэм олорор киһи тахсан ЗИЛ кабинатыгар олорунан кэбистим.
Син балачча айаннаан Лазо диэн көмүсчүттэр бөһүөлэктэригэр тиийэн кэллибит. Остолобуойдарыгар чэйдээтибит уонна заправкаларыгар тиийэн бензин кутуннубут. Бу турдахпытына Дьокуускайтан толору таһаҕас тиэммит массыыналар кэлбиттэрин көрөн тиийэн кэпсэттибит, ол дьон: “Үрэх уута тааҥнаабыт, онон эһиги үөһээнэн, хайанан, айанныыргыт ордук буолуо”, – диэн сүбэлээтилэр. Онон биһиги кинилэр эппиттэрин ылынан, Ньэлгэһэ хайатын суолунан айаннаатыбыт. Хаайыылаахтар оҥорбут суоллара диэн билэбит, үчүгэй гынан баран эргиир суол буолан дьон үксэ өрүһүнэн сылдьаллар. Хайабыт үөһээ өттүгэр икки тииккэ хаптаһын сааллан турар, онно: “990 хаайыылаах 500 милиционер көрүүтүнэн үлэлээбиттэр” диэн суруллубут. Ол хаайыылаахтар 1941 сыллаахтан ыла Дьокуускайга барар суолу таһынан авиаплощадка туппут эбиттэр.
Хайаны таҥнары түстэххэ аллараа айылҕа бэйэтэ анаан оҥорбутун курдук улахан баҕайы оҥхой сир баар эбит, ньуура син эриэ-дэхси, 300х200 курдук иэннээх, тула өттө хайалар. Манна хаайыылаахтар олорор бараактарын – түөрт дьиэни туппуттар. Кэпсииллэринэн, бастакы дьиэҕэ сүүрбэ биэс сылга түбэспиттэр сыппыттар, иккискэ уон-уон биэс сыллаахтар. Бараактар көлүүчэй боробулуоханан төгүрүтүллүбүттэр, түөрт өттүгэр харабыл вышкалар хороллон тураллар. Тэйиччи турар дьиэлэр милииссийэлэр киэннэрэ быһыылаах.
Суолу оҥороллоругар куһаҕан бадарааннаах сирдэргэ маһы туора уурдарар эбиттэр, ол үрдүгэр тааһы бытарыттаран куттарбыттар. Атын кураанах сирдэри баһымньынан, лаппаахынан үлтү сыстаран суол оҥотторбуттар. Маны эт харахпытынан көрөн, сиһилии үөрэтэн улаханнык сөхтүбүт. Онтон суолбутун батыһан үөһэ таҕыстыбыт. Биир сиргэ тиийбиппит көбүс-көнө гына дэхсилээн суоруллубут. Сөмөлүөт түһэр гына площадка оҥорон хаайыылаахтар үлэ бөҕөтүн көрсөөхтөөбүттэр. Бу порт кытыыларыгар кыраһыыннаах буочукалары туруорбуттар, олор истэригэр суп-суон битииллээхтэр. Балары сөмөлүөттэр кэлэн түһэллэригэр уматар буолуохтаахтар.
Ньэлгэһэ хайатын таҥнары түһэн, аны Тополинай хайаларыгар кэллибит. Бу хайаны түһүүгэ суол кытыытыгар хас да хара-үрүҥ тааһынан оҥоһуллубут бюстар тураллара. Кимнээх кимиэхэ туруорбуттарын билэ сатаабакка, ааһа айанныы турдахпыт дии. Хас да сиргэ массыыналар аллараа түһэ сытар этилэр. Билэргит курдук, Тополинай хайата үрдүк уонна олус туруору. Бу бэйэлээх туруору хайа сирэйин хаайыылаахтар эрэйдээхтэр баһымньы, лаппаахы эрэ көмөтүнэн суоран суол оҥороохтообуттарын сөҕө-сөҕө айаннаан иһэбит. Хайаны эргийэ, алта миэтиртэн арыый кэтит суол оҥоһуллубут. Дьэ кытаанах үлэ диэтэҕиҥ… Үгүс харах уута, элбэх көлөһүн да тоҕуннаҕа, хас киһи бу суолга суорума суолламмыта буолуой? Туох эмэ тиэхиньикэлээх да буоллахтарына ыарахан үлэ буолаахтыа…
Бу хайа суолугар, чуолаан кыарыыр сиригэр, Лазо салалтата саҕаланыытыгар уонна бүтүүтүгэр икки рация туруорбуттар. Онон бу кыараҕас суолга массыыналар утарыта көрсүбэт гына сибээһи олохтообуттар. Биир өттүттэн иһэр массыына баар буоллаҕына, утары иһээччилэр тохтоон тураллар. Үчүгэй бэрээдэги олохтооннор ыарахан таһаҕас тиэммит массыыналар куттала суох айанныыр буолбуттар. Ону таһынан кэмиттэн кэмигэр ремонтнай уонна горючай тиэммит массыыналар дьуһуурустубалара олохтоммут. Бу дьэ олус наадалаах, суоппардарга абыраллаах дьаһал эбит диэн хайҕыы санаатым.
Ити курдук айаннаан Тополинай хайаларын этэҥҥэ туораан, сыыр аннынаҕы заправкаҕа тиийдибит. Биир нуучча, КГБ үлэһитэ быһыылаах, индикаторнай банаарынан массыынабытын эргийэ сылдьан тыктарда, бэрэбиэркэлээтэ бадахтаах. Тимир өрөһөлөммүт кузовпытын ордук кичэйэн көрдө-иһиттэ. Сэрэйдэххэ, көмүс көрдөөн эрдэҕэ. Сотору соҕус илиитинэн сапсыйда, салгыы айанныырга көҥүл биэрдэ.
Куораппытыгар хас да хонук айаннаан, этэҥҥэ тиийэн кэллибит. Кэлээт да металлолом тутар сири көрдөөн булан, Даркылаахха туох эрэ күрүөлээх ыскылаат баарыгар тимирбитин туттардыбыт. Дьэ биир туонна тимирбит төһө эрэ элбэх харчы буолар диэн эрэҥкэдийэ санаабыппыт, 70 эрэ солкуобай биэрэннэр сиргэ силлээтибит: таах-сибиэ эрэйи көрөн, массыынаны да илиһиннэрэн. Хата дьыалаларбытын икки хонугунан ситиһэн, араас ыскылааттары кэрийэн оскуолам турбаларын, сүүс хайыһарбытын, атын да сопхуос таһаҕастарын толору тиэнэн, сыалбытын ситиспит дьон сиэринэн дойдубут диэки айаннаан куугунаттыбыт. Бу сырыыга үрэхтэринэн, үрүйэлэринэн айаннаан бэрт кэбэҕэстик, быһалыы буолан түргэнник да айаннаан дойдубутун этэҥҥэ булбуппут.
Дьэ ити курдук Гошабынаан хаайыылаахтар эрэйдээхтэр үгүс үлэни көрсөн оҥорбут суолларынан сөҕө-махтайа, хоту сир кэрэ айылҕатын астына көрө айаннаабыппытын отой умнубаппын. Итиччэ уһун айаҥҥа эрэллээх суоппардаах буоламмын холкутук, сынньалаҥнык айаннааммын доҕорбор уонна да атын ол сырыыга тэҥҥэ сылдьыспыт уолаттарбар, Адыаччы сопхуос хоһуун суоппардарыгар махтана саныыбын.
Семён КОЛЕСОВ.
Нам, I Хомустаах.